TYa6tuup840

Антонина Константинова  - экстремал-айанньыт

Соторутаа±ыта бассаап б³л³хт³рµгэр омуннаах-т³л³нн³³х кэпсэтии б³±³ кµ³дьµйбµтэ

Ол кэпсэтии сµнньэ: “Уонча сыллаа±ыта Тоня Константинова диэн бэрт дьарамай, кыра у²уохтаах кыысчаан Сааскылаахтан Дьокуускайга бэлисипиэтинэн айаннаан кэлбитэ. Би´иги бэйэбит дьоммут ту´унан суруйбат, кэпсээбэт эбиппит, хата ханнык эрэ кытай ту´унан ы´а-то±о кэпсиибит”, – диэн этэ. Кинини айан суолугар к³рсµбµт суоппардар э²ин суруйбуттар этэ да, ол кэпсэтиилэргэ бэрт элбэх сыы´а баара (ханнык ыйга, хас сыллаахха айаннаабытыгар э²ин).

Антонина Константиноваттан урут икки т³гµл улахан интервью ылан турабын. 2006 сыллаахха бэлисипиэтинэн Дьокусскайтан Сунтаарга, онтон Сунтаартан Дьокуускайга айанын кэннилэриттэн. Оччолорго кини са²а µрдµк µ³рэ±и бµтэрбит 22-лээх кыысчаан этэ. Ол сыл кини Анаабыр Сааскылаа±ар экэнэмии´инэн µлэлии барбыта.

Онтон аны 2008 сыл саа´ыгар Антонина эмиэ эмискэ со´уппута. Бу сырыыга кини тус хоту сытар Сааскылаахтан Дьокуускайга айанныырга бы´аарыммыт этэ. Ол хорсун айана этэ²²э тµмµктэммитэ: Антонина муус устар са²атыгар Сааскылаахтан турунан баран, ыам ыйын са²атыгар Дьокуускайга айаннаан кэлбитэ.

Антонина оччолорго интервью биэрэ кэлэригэр бэлисипиэтинэн сµµрдэн кэлээт, эмискэ туормастаан хорус гыннарара, мэлдьи дьо±ус µрµсээк сµгэ´эрдээх буолара. Онтон бэттэх номнуо 9-11 сыл аа´а охсубут. Кини билигин “Шерл” диэн тырааныспар хампаанньатыгар µлэлиир эбит.

Антонина Константинова бµгµн “Кыым” сэргэх ыалдьыта. Онон у´уну киэ²и эргиппэккэ, кэпсэтиибитин ол хорсун айантан са±алыахха.       

IMG 20170207 WA0025

– Тоня, Сунтаарга бэс ыйыгар айаннаабыккын ки´и ³йдµµр да, ылынар да. Оттон 40 кыраадыстаах бытар±ан тымныыга Анаабыртан Дьокуускайга бэлисипиэтинэн айанныырга ылбычча ки´и санаммат ээ. Ха´ан итинник санаа µ³скээбитэй?

– 2006 сыллаахха, µ³рэхпин са²а бµтэрбит сылбар Сааскылаахха µлэлии тиийбитим. Онно сыл кэри²э µлэлээт “саас уоппуска ылан, бэлисипиэтинэн Дьокуускайга тµ´µннэххэ хайдах буолуой?!” диэн санаа µ³скээбитэ. Дьо²²о ити санаабын этэн к³рд³хпµнэ “кµлэн-оонньоон этэр” дии саныыллара, соччо итэ±эйбэттэрэ. Биир кы´ын “балыы´а±а анаан Дьокуускайтан Анаабырга массыына сµµрдэн а±алабыт” диэн буолбута. К³рд³´³ммµн ол массыынанан айаннаспытым, суол хайда±ын к³рбµтµм-истибитим.

– Т³´³ да муус устар са²ата буоллар, бытар±ан тымныы кµннэр турбуттар дии.

– Оннук, Сааскылаахтан бастаан турунарбар 38 кыраадыс тымныы этэ, сарсыныгар 42 кыраадыс буолбута. Тымныытын аа´ан, уун-утары сып-сытыы, ки´и сирэйин бы´ыта биэртэлиир тыал µрэн сирилэтэрэ. Мааскалаах этим да, улаханнык абыраабата±а.

– Туох ³йµ³лээх, тэриллээх этигиний?

– Бэлисипиэтинэн итинник ыраах айанныыр ки´и та´а±а´ын т³´³ кыалларынан чэпчэтэ сатыыр м³ккµ³рдээх. Ол да буоллар “ыстаан” диэн бэлисипиэт кэннигэр ыйанар анал µрµсээк ыгыччы симиллибитэ. Онно утуйар м³´³³ччµк, балаакка, ичигэс та²ас баара. £йµ³м диэн килиэп, суухара, эриэхэлэр, бэчиэнньэ, а±ыйах кэмпиэт уонна уулаах бытыылка.

– Суол та´ыгар б³р³ баарын истэн, бастаан утаа эйигин массыына арыаллаабыт этэ дии.

– Ол ту´унан суоппардар кэпсээбиттэрэ. Хоту сир б³р³т³ олус кутталлаах, ол и´ин миигин массыына арыаллаабыта. Уолаттар боруобалыыбыт диэн са²а харабыыны илдьэ барбыттара. Кинилэр мин иннибэр тиийэн, ол б³р³нµ номнуо ³л³рбµттэр этэ. Массыына±а кэлээппин кытта то²уу хаары кэ´эн, б³р³нµ со´он а±албыттара. Эдэр б³р³ этэ. Хомойуох и´ин, онно тµ´эрбит хаартыскаларым кэлин сотуллан хаалбыттара. Ол тµгэни санаатахпына, билигин да хара±ым уута кэлэр.

– Суоппардар со´уйа к³р³н, хайаан да тохтоон кэпсэтэн аа´ар буолуохтаахтар.

– Оннук, хайаан да тохтууллар. Тэлэбиисэргэ кэпсээбит, ха´ыаттарга суруйбут буоланнар, µгµстэр мин айаным ту´унан билэллэр этэ. Тохтоон кэпсэтэллэр, хаартыска±а тµ´эрэллэр. Бастаан утаа со´уйарым, куттанарым да±аны. Кэлин бэйэм дьону кытта кэпсэтээри, аралдьыйа да тµ´ээри тохтуулларын кµµтэр буолбутум.

– £л³³н Дьэли²дэтигэр бэлисипиэттээх о±олор к³рсµбµттэр этэ дии.

– Бастаан утаа суолум туундара устун тыргыллар буолла±а. Били, ырыа±а ылланарыныы “тула ³ттµм тула хаар, чуучугуруур тунал хаар”. Сып-сырдык хаар, ки´и хара±а саатар. Ол истэхпинэ иннибэр хас да хара бээтинэ к³´µннэ. Дэлби уолуйан, сµрэ±им айахпар тахса сыспыта. Онно суол та´ыгар бултаммыт б³р³ ³йбµттэн-санаабыттан ³сс³ да арахса илик буолла±а. Ол и´ин ыга куттанан, чочумча тохтоон турдум. Т³´³ ³р оннук туруохпунуй, инним диэки сы±арыйарга сананна±ым дии. Ол бээтинэлэрим улааттар улаатан бардылар. Дьоннор эбит. Куттаммытым син биир ааспата, “суол бандьыыттара бы´ыылаах” дии санаатым. Бэлисипиэттээх о±олор туралларын к³р³н баран µ³рбµтµм а±ай. Эрэйдээхтэр дэлби то²муттар этэ.

Дьэли²дэ±э итинник а´ара исти²ник к³рсµбµттэрэ. Сарсыныгар суолга таба´ыттары к³рсµбµтµм. Кинилэр табаларын Анаабыртан £л³³²²³ µµрэн и´эллэрэ. Онно табалары µйэбэр аан бастаан к³рбµтµм, эбиитин балаакка±а хоммутум. К³с таба´ыттар кы´ыннары балаакка±а хоноллор диэни истэ-истэ с³±³рµм. Балаакка и´э сып-сылаас буолар эбит. Хаары ыраастаан баран, балааккаларын туруора охсоллор, эргиччи таба тириитинэн хайаллар, тимир о´охторун оттон тигинэтэн кэби´эллэр. Ити балаакка±а мин, бэл, бэлисипиэпин со´он киллэрбиттим.

– Буур±а±а тµбэспэтэ±и² дуо?

– Хоту буур±а мэлдьи со´уччу тµ´эр, ол-бу билгэлээ´ини, ³т³ к³рµµнµ билиммэт. £л³³н сэлиэнньэтигэр олох чуга´аан баран, массыыналар субуру´ан а6ай тураллара. Айан суолун буур±а олох тибэн кэбиспит этэ. Халлаан халларын кэтэ´эн “КамАЗ” кэбиинэтигэр хор±ойбутум. Онно икки кµн олорбутум тухары наар утуйан тахсыбытым. Сылаам киирбитэ оччо эбитэ дуу, буур±алаах кµн баттыыра дуу – утуйуохпун эрэ ба±арарым. Ити кэм²э массыыналар субуру´ан туруулара килэмиэтиргэ тиийэ у´аабыта. Ол бириэмэ±э биир да массыына иннин диэки миэтэрэ да курдугу сы±арыйбата±а. Суоппардар хаары ыраастыы, кµрдьэ сатыыллара да, ол туох да ту´ата суох µлэ этэ. Хаар айан суолун олох саба тибэн кэбистэ±э дии. 

Мин массыына±а олорорбун £л³³н сэлиэнньэтигэр истэн баран бураан ыыппыттара, ол сыар±атыгар “аппын” кытта тиэллэн сэлиэнньэ±э киирдэ±им дии. Тибии типпит учаастагын итинник туораабытым. £л³³н сэлиэнньэтигэр эмиэ а´ара µчµгэйдик к³рсµбµттэрэ.

– Суолга ойуур кыыллара тахса сылдьыбыт тµгэннэрэ суо±а дуо?

– £л³³нт³н Удачнайга диэри айанныырбар б³р³л³р т³тт³рµ-таары сундулуспут суолларын сотору-сотору к³р³рµм. Куттанабын да хайыахпыный, инним эрэ диэки дьулу´ар м³ккµ³рдээхпин. Удачнайга ыалга тµспµтµм. Итии чэйи и´эн сыпсыйар, сымна±ас оро²²о утуйар, бэл, олорон эрэ тэлэбиисэр к³р³р хайдахтаах курдук µчµгэйин, дьэ, итинник тµгэннэргэ билэ±ин. Ол эрээри айыл±алыын алты´ар, кинилиин бииргэлэ´эр олус µчµгэй. Суол, чу²кунуур чуумпу уонна тыал ки´ини алыптаах турукка киллэрэр.

WErSlIiVom8

– Удачнайтан тµ´µµлээх-тахсыылаах ба±айы суол са±аланар дии.

– Оннук, тµ´µµтэ-тахсыыта бэрт элбэх эрээри, суол µчµгэй. ¥³´э тахсыы кэллэ±инэ, ыарахан ыйаа´ыннаах бэлисипиэккин µтэн эрэ та´аараргар тиийэ±ин. Тубус-туруору тахсыылаах сир буолла±ына, дэлби быста±ын, ол эрээри µ³´ээттэн сири-дойдуну анаара к³рд³ххµнэ, олус дуо´уйа±ын, хайдахтаах курдук ыараханнык дабайан тахсыбыккын да умна±ын. Онтон, дьэ, µ³рэн-к³т³н, к³т³рг³р кынаты² эрэ суох буолла±ына, аллараа диэки дьурулуу тура±ын. Олоххо эмиэ итинник со±ус дии саныыбын. Бу Орто туруу-бараан дойдуга чэпчэки суол диэн суох, Та²ара эйигин дьоллоох о²оруон ба±арда±ына, эриирдээх-мускуурдаах, ыарахан суолунан айаннатар.

– Туундараттан са±алаан сир-дойду омооно уларыйарын к³р³ и´эр бэрт интэриэ´инэй буолуо?

– Оннук б³±³ буолла±а дии, ыраах айа²²а саамай интэриэ´инэйэ диэн ол. Чернышевскайга ГЭСкэ бара сылдьыбытым, ол иннинэ балыгы µ³скэтэр ха´аайыстыба±а ыалдьыттаабытым. Биир ыал дьиэтигэр ы²ыран хоннорбута. Дьикти µчµгэй буору´унан кµндµлээбиттэрэ.

Хаартаны илдьэ сылдьабын, мэлдьи µ³рэтэбин. Онно биир нэ´илиэнньэлээх пуун баарын к³рбµтµм (аатын умнубуппун), хата, сынньанан аа´ыам диэн µ³рэ санаабытым. Онтум олох да быра±ыллыбыта ырааппыт б³´µ³лэк эбит. Амырыын хартыына, олох иэним кэдэ²нии-кэдэ²нии ааспытым.

¥гµс к³рсµбµт дьонум миигин омос к³р³³т, омук сириттэн сылдьар ки´и дии саныыллара. “Би´иги суолларбытынан то±о омуктар эрэ бэлисипиэтинэн сылдьыахтаахтарый?” – диэн кинилэртэн ыйытааччыбын.

– Онтон Сунтаар, Ньурба, ¥³´ээ Бµлµµ, Бµлµµ улуустарынан аа´аргар суол хаалан, ³рµстэр хаайан турар кэмнэрэ этэ буолла±а дии.

– Ол эмиэ биир куттал этэ. £рµ´µнэн туоруур суол омооно эрэ сытар, икки субур±а тыргыллар. Аны ол субур±а² уунан туолан турар, туораан хаарга µктэнээри гыннаххына – анна барыта уу. “Оо, ама, хаалар, хаайтарар буолла±ым дуу?” – диэн санаа µµйэ-хаайа тутара. Ити улуустарынан аа´арбар ³рµ´µ туораа´ын саамай ыарахан тµгэннэрим этилэр.

– Эн билигин ³сс³ да эдэргин дии, ³сс³ ханна эрэ айанныахха диэн санаа µµйэ-хаайа туппат дуо?

– £йбµн тутта±ым дии (кµлэр). Билигин итинник о±о санаа эмискэ к³т³н тµспэт буолла±а. ¥лэлиэхпин, кыра уолчааммын иитиэхпин наада. Туох эрэ санаа кыыма кылам гынан аа´ааччы. Са²а сири-дойдуну к³р³р, сонун сирдэринэн айанныр ба±а санаа µгµс ки´иэхэ баар. Ол бы´ыытынан мин да аан дойдуну кэрийэ барыахпын, сылдьыбатах куораттарбар э²ин сылдьыахпын ба±арабын б³±³ буолла±а.

– Тоня, эйигин “Кыым” аа±ааччыларын аатыттан Дьахтар кµнµнэн э±эрдэлиибин.

– Махтал.

– £сс³ маннык ыйытыылаахпын: эр дьон ханнык хаачыстыбаларын с³бµлээбэккиний?

– Куттас буолууну уонна ки´иэхэ собус-соруйан ку´а±аны о²орууну. Ити эр дьо²²о эрэ буолбакка дьо²²о барытыгар сы´ыаннаах. Мин дьону дьахталлар уонна эр дьон диэн араарбаппын. Ки´и аймах, сµнньµнэн, биир.

Кэпсэттэ Федор РАХЛЕЕВ, "Кыым" хаhыат.  09.03.2017

Поделиться:

#Новости