Бэс ыйын 3 күнүгэр, субуотаҕа, Намҥа Александр Игнатьев аатынан “Эркээни” стадионугар ааспыт үйэ дэгиттэр маастара, рекордсмена В.В. Николаев кэриэһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин чемпионата физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар ананна. Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Ньурба, Үөһ-Дьааҥы, Сунтаар, Таатта, Уус-Алдан, Хаҥалас уонна Дьокуускай куорат хамаандалара кытыннылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Михайлович Мохначевскай, “Манчаары” аатынан спорт национальнай көрүҥнэригэр Өрөспүүбүлүкэ Киинин дириэктэрэ, Ил Түмэн депутата Геннадий Анатольевич Васильев, Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Петр Васильевич Абрамов, Бүлүү улууһун физическэй культураҕа уонна спорка управлениетын начальнига Гаврил Степанович Евсеев, Нам улууһун физическэй культураҕа уонна спорка управлениетын начальнига Павел Гаврильевич Иванов, чемпионат сүрүн судьуйата Максим Николаевич Оегостуров, уһулуччулаах атах оонньооччу Василий Васильевич Николаевы кытта бииргэ үөрэммиттэр ааттарыттан Россия уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ Андрей Николаевич Тимофеев чемпионат үөрүүлээхтик аһыллыытыгар эҕэрдэлээтилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна” бэлиэнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин сахалыы атах оонньууларыгар федерациятын толорооччу дириэктэрэ Максим Николаевич Оегостуров, Намнааҕы оҕо спортоскуолатын тренерэ Николай Александрович Кейментинов наҕараадаланнылар.
Быйылгы чемпионат сүрүн уратытынан сүүрэр-көтөр күннэригэр, ойор-тэбэр дэгэттэригэр сылдьар спортсменнары сэргэ, оҕолор, аҕам саастаах ветераннар түмсэн күрэхтэспиттэригэр буолла. Күн-дьыл төһө да куйааһынан илгийэр сыралҕан күннээҕин иһин, күүстээх тыаллаах, киһини дьагдьатар. Төһө да ыал хоту ыстаныылар буолбуттарын иһин, көхсүлэриттэн сэниэлээхтик үрэр тыалтан ойооччулар умса оҕустаран бүдүрүйэн ылаллар. Онон, “баарыстааһын” көмөлөспөтө. Кылыыга 45 м 20 см, ыстаҥаҕа 44 м тахсалыыны, куобахха 40 м кирбиилэр ылылыннылар.
Орто уонна улахан саастаах оҕолор, дьахталлар, ветераннар сэттэлии туостарга ойдулар. Уолаттарга ааспыт үйэ “хоруола” Николай Санниковка маарынныыр Дьокуускай куорат классическай гимназиятын 10 кылааһын үөрэнээччитэ 16 саастаах Денис Дягилев уолаттарга абсолютнай чөмпүйүөнүнэн буолары ситиспитин таһынан, 22 м 30 см “куобахтаан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин маастарга кандидатын нуорматын толордо: “Ыстаныы көрүҥнэринэн 2020 с. дьарыктанабын, тренерим Василий Романович Алексеев. Эрдэ сүүрүүнэн дьарыктанар этим. Кылыыны ыарырҕатабын, үһүс буоллум, ыстаҥаҕа иккис көрдөрүүлэнним. Бастыҥ көрдөрүүлэрим уһуну ойууга 5 м 65 см, тройнойга 12 м 50 см. Сахалыы атах оонньуутун күрэхтэһиитэ чугаһаатаҕына, чочуйан биэрэбит. Сүрдээх интэриэһинэй, умсугутуулаах. Маастары толорорго кыһаллыам”.
Нам орто оскуолатын 9 кыл. Үөрэнээччитэ Анастасия Матвеева кыргыттарга абсолютнайдаата: “7 кылааска волейбол секциятыгар дьарыктана сырыттахпына тренерим Николай Афанасьевич Кейментинов ыҥыран, онтон ыла атах оонньуутугар көспүтүм. Сөбүлүүбүн. Көрдөрүүлэрим уһуну ойууга 4 м 50 см, тройнойга 10 м 60 см, бүгүн кылыыга 20 м 01 см, ыстаҥаҕа 20 м, куобахха 16 м түһүтэлээтим. Кыайыыбын эһээбэр аныыбын”.
Уолаттарга Чурапчы Сылаҥыттан төрүттээх-уустаах, сибээс колледжын 1 куурсун бүтэрбит 16 саастаах Артем Пермяков абсолютнай чөмпүйүөнүнэн аатын ылбытын таһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин маастарын нуорматын толордо: “Туруоруммут сыалбын-сорукпун толордум. Кылыыбар 42 м 97 см, ыстаҥабар 40 м 90 см, куобахпар 34 м 75 см түһүтэлээммин, үс көрүҥ түмүгүнэн 118 м 62 см ыламмын, сүрүн сыалбын-сорукпун маастары толордум. Аҕам көрдөрүүлэрин куоһарталыахтаахпын. Бастыҥ көрдөрүүлэрим уһуну ойууга 6 м 39 см, тройнойга 13 м 29 см, олору эмиэ тупсартыахтаахпын. Ыстаныы көрүҥнэринэн 4 кылаастан фанаттаан дьарыктанабын. Бастакы тренерим Иван Петрович Пестряков, билигин Кай Николаевич Адамовка эрчиллэбин. Күрэхтэһиилэринэн олоробун. Атах оонньуутун таламмын сөптөөх суолу тутуһан иһэбин диэн үөрэбин, астынабын. Үчүгэй результаттар кэлиэхтэрэ диэн эрэллээхпин. Спорка ситиһиилэрбин аҕабар Михаил Николаевичка, ийэбэр Анна Январьевнаҕа аныыбын”.
Хоту Дьааҥыттан физкультура учуутала, экстремал-айанньыт Олимпий Андреевич Потапов түөрт оҕону аҕалан кытыннаран төрдүөн миэстэлэстилэр: “Дьааҥыттан 10 оҕо “Юные якутяне” оҕолор спартакиадалырыгар кэлбиппит. Спортивнай форма оҥостуммуппут. ГТО-ҕа кытынныбыт. Бу атах оонньуутун чемпионатыгар Настя Берегинская, Диана Иванова, Раиса Старостина уонна уолум Рома Потапов бары үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэргэ тиксэннэр үөрүүбүт улахан. Атах оонньуутунан уонча оҕону эрчийэбин. Кэлэ-бара айаммытыгар көмөлөспүт “Юные якутяне” тэрилтэҕэ, улууспут үөрэҕин салаатыгар уонна Дьааҕы оҕо спорка оскуолатын дириэктэригэр Виктор Петрович Ощепковка махтанабыт”.
Аҕам саастаах ветераннар икки бөлөҕүнэн күрэхтэһэннэр, билигин да чөл, тэтиэнэх туруктаахтарын көрдөрдүлэр. Ветераннарга Чурапчыттан Афанасий Дорофеев: “Уонча сыллааҕыта олоххо киллэриллибит “Эҥсиэли” стадион көрүүтэ-истиитэ, туруга үчүгэйин көрөммүт үөрдүбүт. Ветераннары кытыннаралларыттан, “Сахаада-спорт” маастарын киллэрбиттэриттэн эмиэ үөрэбит. Саастаах спорт ветераннара сүрдээхтик ылсан дьарыктанар буоллубут. Күрэхтэһэрбит да элбээтэ, сэргэхсийдибит. Анаан дьарыктанар буоламмыт көрдөрүүлэрбит тупсан иһэллэр. Астынабын. Биһи Илья Дыдаев, Владимир Софронов уонна мин буоламмыт үһүө буолан кэлэммит үһүөн миэстэлэстибит. Илья Дыдаев 21 м кылыйан, 20 м ыстаҥалаан, 18 м куобахтаан, абсолютнай чөмпүйүөнүнэн буолары ситистэ. Сыалбытын-сорукпутун толордубут!”.
35-49 саастаах ветераннарга Намтан Максим Софронов, Бүлүүттэн Николай Николаев, Дьокуускайтан Петр Протодьяконов инники күөҥҥэ сырыттылар.
Кэлин сылларга дьахталларга иннин биэрэ илик “Модун” спорткомплекс инструктора Валерия Олесова абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын ылла: “Наһаа үөрдүм. Тымныы тыаллаах буолан, көрдөрүүлэрим үрдүк буолбатахтар. Соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы сбортан кэлбиппит, күүстээх дьарыктартан сылайбыппыт ааһа илик. Чэпчэки атлетиака маастары толорор сыаллаахпын-соруктаахпын. Маастар буоларга эрэллээхпин. Кыайыыбын аҕабар уонна тренербэр Максим Николаевич Оегостуровка аныыбын”.
Эр дьоҥҥо Уус-Алдан Суоттутун бастыҥ кылыыһыта Ньургун Сокольников кыһыҥҥы кэмнэргэ күрэхтэһиилэри көтүппүтэ, эчэйиитин оһоруммута. Билигин үчүгэй туругар киирэн эрэрин көрдөрдө. 45 м 20 см кылыйан бастаата: “Атах оонньуутун чемпионатын биһи бырааһынньык курдук ылынан күүтэбит. Формабар саҥа киирэн эрэбин. Акцеммын тройнойга уурабын. Бэс ыйын 16-17 күннэригэр Үөһээ-Бүлүүгэ өрөспүүбүлүкэ чэпчэки атлетикаҕа чемпионатыгар кыттарга бэлэмнэнэбин. Тренерим Максим Николаевич Оегостуров. Питерга баар тренер эмиэ ыйар-кэрдэр. Ыстаҥабын сөбүлээбэтим, чүгэйдик чувствуйдаабакка да хааллым. Кылыым нормальнай. Күүс тахсан, куобаҕым эбиллэн иһэр. Тройнойга 15 м тахсаҕа суоттанабын. Россия ыччаттарын күрэхтэһиитигэр кыттыам”.
Абсолютнай чөмпүйүөн аатын ыстаҥаҕа бастаабыт “Модун” спорткомлекс тренерэ Кай Адамов абсолютнай чөмпүйүөнүнэн буолары ситистэ: “Күрэхт этэҥҥэ ааста. Бастакы күрэхтэһиибит буолан барыбыт да көрдөрүүлэрбит мөлтөх соҕустар. Эрчийэр оҕолорум Юлия Лифу миэстэлэстэ, Артем Пермяков асболютнайдаата. Бэйэм улахан оҕолорбун кытта тэҥҥэ дьарыктанабын. Кылыыга Ньургун Сокольников куруутун кыайар. Үс көрүҥ түмүгүнэн кыайаммын, үөрэбин. Быыппах сүһүөххэ охсор эбит, истэр этим эрээри, бэйэбинэн дьэ биллим. Бэс ыйын 10 күнүгэр буолар Добрянцев турнирыгар уонна бэс ыйын 21 күнүгэр Уус-Алдан Бэйдиҥэтигэр буолар турнирдарга үчүгэй результаттар кэлиэхтэрэ дии саныыбын. Ньургун Сокольниковтыын киирсиэхпит”.
Эр дьоҥҥо куобах кыайыылааҕынан Ньурбаттан Эрэл Тихонов таҕыста, Тааттаттан Андрей Васильев, Сунтаартан Мичил Яковлев иккис уонна үһүс миэстэлэннилэр. Абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын Кай Адамов (“Модун” СК) ылла, Ньургун Сокольников (Уус-Алдан), Сергей Захаров (Мэҥэ-Хаҥалас) иккис-үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.
Аатырбыт кылыыһыт биир дойдулаахтара Бүлүүлэр бэркэ тэринэн кэлбиттэр. Уон араас солотуулаах мэтээллэргэ тигистилэр. Спорт ветерана Николай Николаев үс көрүҥҥэ үһүөннэригэр иккис миэстэлэри ылаттаан, троеборье түмүгүнэн үрүҥ көмүс мэтээлгэ тигистэ. Дьахталларга Зоя Попова куобахха боруонса мэтээли, кыра саастаах кыргыттарга Алина Капитонова үс көрүҥ түмүгүнэн абсолютнай чөмпүйүөҥкэнэн буолла. Владлен Петров куобахха уонна абсолютнайга үһүс миэстэлэнэн киэн туттар кынаттаах кылыыһыттарын аатын-суолун түһэн биэрбэтилэр. Хамаанданы тренердэр Туяра Ивановна Рожина уонна Наталья Владимировна Попова бэлэмнээбиттэр. Сүрүн бириистэри - кэнбэирдэри, Бүлүү улууһун физическэй культураҕа уонна спорка управлениетын начальнига Гаврил Евсеев туттартаата.
Атах оонньооччулары бэс ыйын 10 күнүгэр Покровскайга буолар Анатолий Анатольевич Добрянцев, бэс ыйын 21 күнүгэр Уус-Алдан Бэйдиҥэтигэр Дмитрий Михайлович Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй республикатааҕы турнирдара күүтэллэр.
Баһылай Посельскай