Аан дойду спортивнай эйгэтигэр инники күөҥҥэ сылдьар бу көрүҥ тириэньэрэ хас биирдии оҕону кытта остуол тенниһин оонньуутун сүрүн быраабылатын, оонньууга сатабыллары, албастары көрдөрдө. Улууспут остуол тенниһигэр федерациятын бэрэссэдээтэлэ А.В. Михайлов: - Профессор Джан Шон Инь Саха өрөспүүбүлүкэтин остуол тенниһигэр федерациятын толорооччу дириэктэрэ М.Е. Андреев ыҥырыытынан кэлэ сылдьар. Биһиги улууспутугар аан-бастакынан таҕыста, маннык улахан таһымнаах тириэньэри улууспут физическэй культураҕа уонна спортка управлениета (салайааччы Ю.Ю. Никифоров), Хаҥаластааҕы Оҕо спортивнай оскуолата ( дириэктэр В.П.Громов) уонна улуус остуол тенниһигэр федерацията буолан ыҥыран тэрээһин тэрийэ сылдьабыт. Ыҥырыылаах тириэньэри кытта сөптөөх хайысхалаах үлэни ыыттахпытына, «кыһын биир ыйга кэлэн эрчийэн, дьарыктаан спортсменнар таһымнарын үрдэтиэхпин сөп» диир, - диэн билиһиннэрдэ Андрей Викторович.
Маастар-кылаас саҕаланыытыгар, омос көрдөххө кытаанах майгылаах курдук тириэньэр сыыйа сирэйэ сырдаата. Тэрээһини ракетканы сөпкө тутууттан, мээчиги кытта үлэттэн саҕалаата. Анал дьарыктары тенниһи охсорго оҥордо. Биһиги оҕолорбут сатабылларыттан, үөрэҕи тута ылалларыттан астынна. Манна даҕатан эттэххэ, оҕолорбут ааспыт сыл Сахабыт сирин үөрэнээччилэрин спартакиадаларын чөмпүйүөннэрин быһыытынан таһымнара үрдүк.
Оҕо спортивнай оскуолатын Булгунньахтаахтааҕы филиалын тириэньэрэ Иннокентий Кононов түөрт оҕону анаан-минээн аҕалбыт, санаатын маннык үллэһиннэ: - Маастар кылааска Покровскайтан, Улахан Аантан уонна Булгунньахтаахтан анаан оҕолору эрчийэ аҕаллыбыт. Бу улахан таһымнаах тириэньэртэн оҕолор да биһиги да үөрэнэрбит олус элбэх. Аны биир нэдиэлэнэн остуол тенниһигэр оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһии буолуохтаах. Онно бэлэмнэнэрбитигэр саамай үчүгэй түгэн үөскээтэ, -диир тириэньэр.
Бу тэрээһиҥҥэ оҕолорго бэйэтин саастыылаахтарыгар өрөспүүбүлүкэ бастакы нүөмэрдээх теннисчитэ Улахан Аантан Вика Артамонова сырытта. Итини сэргэ, быыс булан улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ А.П. Антонов оҕолору, тириэньэрдэри уонна спорт салайааччыларын кытта көрсөн ааста.
Уйбаан УЙГУУРАП,
ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.