Дьахталларга Таатта, Уус Алдан, Чурапчы икки хамаандата, (Павловскай) Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Дьокуускай; эр дьоннорго (Танда) Уус Алдан, Таатта, Чурапчы, Дьокуускай – уопсайа 11 хамаанда хомуллубут. Саамай ыраахтан биһиги, Бүлүү хамаандата (Ирина Дильденкина, Елена Григорьева, Лариса Герасимова, Светлана Бубякина, Ольга Федорова, Дария Сыромятникова, Розалия Нюрбинцева, куоракка дылы аҕыс, Чурапчыга дылы үс чаас айаннаан, тиийбиппит.
Бу бэртээхэй күрэхтэһии 87 сыллааҕы Чурапчы оскуолаларын выпускниктара Николай Иннокентьевич Аммосов, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта; Иннокентий Николаевич Архипов, урбаанньыт, улуус мунньаҕын депутата; Владимир Дмитриевич Сивцев, Чурапчы сэлиэнньэтин баһылыга; Иван Петрович Лукин, үөрэх управлениетын специалиһа; урбаанньыттар Агафья Петровна Попова, Ирина Степановна Николаева; ЯРНД үлэһитэ Евдокия Васильевна Гоголева, Управление автодорог РС(Я) сүрүн специалиһа Степанида Николаевна Кривошапкина уо.д.а. көҕүлээһиннэринэн тэриллэн ыытылынна.
Күрэхтэһиилэр эрийсиилээхтик баран көрөөччүлэри да, кыттааччылары да астыннардылар. Түмүккэ дьахталларга Ирина Дильденкина хапытааннаах Бүлүү хамаандата финалга мэҥэ хаҥаластары 2:0 хотон бастаатыбыт.
Үһүс миэстэҕэ Уус Алдан таҕыста. Эр дьоҥҥо Вячеслав Атласов салайааччылаах тандалар (уус алданнар) бастакы миэстэ буолан үөрдүлэр-көттүлэр. Куораттар иккис, таатталар үһүс буоллулар.
Бүлүү улууһун Хампа орто оскуолатын 87 сыллааҕы выпускниктара бииргэ үөрэммит доҕордоро, улуус биир бастыҥ спортсмена, элбэх төгүллээх республика, улуус волейболга күрэхтэригэр призера Семен Гоголев сырдык кэриэһигэр икки анал бириис олохтообуттара уонна уолаттарга “Бастыҥ оонньооччу” үрдүк аатын сүкпүт Владимир Бугаевка микроволновканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттара. “Киэһэ банкетка остуолбутугар олорсон билсиспитэ. Уолбут биһиги табаарыспытын билэбин, бииргэ оонньообуппут диэн олус долгуйан ахтыбыта. Онон биһиги кылаас эмиэ олус үөрдүбүт, бирииспит Сенябыт билэр уолугар түбэстэ диэн.
Иккис бирииспит – кухонный комбайн биһиги хамаандаҕа оонньообут, кыргыттарга бастыҥ нападающай уонна бастыҥ оонньооччу үрдүк ааттарын сүкпүт Саргылаана Назароваҕа тиксэн эмиэ астыннарда”, – диэн үөрүүлэрин ватсап ситимин устун үллэстиннилэр.
Ону таһынан бастыҥ оонньооччу аатын ыллылар Семен Данилов (Дьокуускай), Лена Брызгалова (Мэҥэ Хаҥалас), Саргылаана Назарова (Бүлүү), Владимир Бугаев (Мэҥэ Хаҥалас). Вячеслав Атласов (Уус Алдан), Саргылаана Назарова (Бүлүү) – бастыҥ нападающай буоллулар.
Түгэнинэн туһанан, чурапчыларга барҕа махталбытын биллэриэхпитин баҕарабыт – бу маннык курдук үрдүк тэрээһиннээх күрэхтэһиини иилээн-саҕалаан тэрийбиттэригэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр, остуол тардан, алаадьынан, саламаатынан күндүлээтилэр. Ыраас уу, итии чэй, үүт, саахар остуоларга мэлдьи турар буолар, онон кэлэ-бара, сынньана таарыччы аһыы сырыттыбыт.
Киэһэ музейга экскурсияҕа сырыттыннардылар, баһылык салайан бэйэлэрин массыыналарынан. Онтон банкеттыыр саалаҕа дьоро киэһэ салҕаммыта.
Волейбол дьону-сэргэни түмэр, сомоҕолуур сүдү күүстээх диэни өссө биирдэ итэҕэйдибит. Чөл олоҕу өрө тутан, хамсанан-имсэнэн, эдэр сааспыт кэрэ кэмнэрин уһатыахха, мээчиктээн тэйиэххэ. Уонна бу маннык күрэхтэр үгэскэ кубулуйаллара буоллар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит. Өрүү көхтөөх, дьоллоох, доруобай буолуҥ!
Розалия НЮРБИНЦЕВА,
Бүлүү хамаандата