хайыһарга Саха сирин тоҕус төгүллээх чөмпйүөҥкэтэ, Дальнай Восток, Сибиир, Урал, Орто Азия, Казахстан Универсиадаларын чөмпүйүөҥкэтэ уонна призера Анастасия Семеновна Михайлова үбүлүөйдээх 60 сааһын көрсө “Эрэл көмүс далаһата” кинигэтин сүрэхтэниитигэр Пушкин библиотекатыгар үгүс сүгүрүйээччилэр сырыттылар. Бэртээхэй кинигэ Зинаида Архипова дириэктэрдээх “Алта” кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит. Үөрүүлээх дьаһалы Анисия Иевлева салайан ыытта.
Өрөспүүбүлүкэ миниистирэ Леонид Спиридонов, Ил Түмэн депутата Елена Голомарева аатыттан Муза Винокурова, өрөспүүбүлүкэ хайыһарын федерациятыттан, “Чысхаан” хайыһары таптааччылар кулууп салайааччыта Екатерина Никитина, “Россия ийэлэрэ” Саха сиринээҕи Общественнай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Парасковья Борисова, Россия Саха сиринээҕи Паралимпийскай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев, “Бойобуой дьайыылар ветераннарын” салайааччыта Иван Черкашин истиҥ ис хоһоонноох эҕэрдэлэрин анаатылар.
Кинигэ сүрэхтэниитин үөрүүлээх чааһын кэнниттэн биир дойдулаахтара, аймахтара Таатта Уолбатыттан, Уус-Алдан Бороҕоннооҕу спортоскуолатыттан, хайыһар Лөгөйдөөҕү филиалыттан Кэптэниттэн “Ымыылаах ыллыктар” түһүмэххэ; 1 № ДьПУ, “Урожай” физкульурнай-спортивнай тэрилтэ, Курбуһах, педфак физкультурнай отделение, СГУ физическэй иитиигэ кафедрата , “Мэри Кэй” хампаанньа “Хайыһар суолунан” түһүмэххэ; физкультура управлениетыттан, Адаптивнай физическэй культура уонна спорт Кииниттэн үөлээннээхтэрэ, бииргэ үөрэммиттэр “Ааттаах аартыктар” түһүмэххэ уонна Анастасия Семеновна олоҕун аргыһа Анатолий Афанасьевич Михайловтар дьиэ-кэргэн аатыттан, оҕолоро, сиэннэрэ итии-истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Анастасия Михайлова “Сэргэлээххэ” студеннаабыт доҕотторо, биллиилээх бөҕөс Василий Стручков-Абый Бааска, Василий Аталларов гитара доҕуһуоллаах ырыалара, бииргэ төрөөбүт кыра балта Оксана хайыһардьыт эдьиийигэр анаабыт хоһоонун иэйиилээхтик толорон иһитиннэрэннэр долгуйууну, уйадыйан да ылыыны үөскэттилэр.
Кинигэ болҕомтону тардар уратылара бэлиэтэннэ. Бастатан туран, кинигэни арыйааккын кытта Анастасия Михайлова олоҕун суола төрөөбүт күнүттэн күн-бүгүнүгэр диэри хайыһар суолунан сырылатан түһүмэхтэринэн өйдөнүмтүө гына тыырыллыбыт. Ким хаһыс страницаҕа ахтыы оҥорбутун көрдөрөр “Иһинээҕитэ” суох. Ааптар суруйууларын, санааларын дьон ахтыылара лаппыйан, эбэн биэрэллэр. Ахтыылар хатыланар айгылаахтарынан, кылгатыллыбыттар, инньэ гынан, дэбигис ааҕыллымтыалар, өйдөнүмтүөлэр. Ааҕарга судургулар. Хас биирдии ахтыы дириҥник ырытыллыбыт, наардаммыт. Кинигэҕэ киирбэтэх ахтыылар кинигэ электроннай варианыгар бааллар.
Уон оҕолоох ыал иитиилэрэ буоларын курдук, үчүгэйи, үтүөнү эрэ түстүүр. Оскуола остолобуойун тотоойу, минньигэс астаах повар ийэлэрэ Анастасия Ивановна, олоххо-үлэҕэ олус көхтөөх, тракторист, хапсаҕайдьыт аҕалара Семен Софронович Ивановтар Уолбалар тутаах дьоно. Майгылаах мааныта, сайаҕас Настя Уолбатааҕы физругун Валентина Егоровна этиитинэн Бороҕон спортсокуолатын Кэптэниттэҕи филиалыгар ылыллар. “Биир дьарыгы көтүттэххитинэ биир сөкүүнэни сүүйтэрэҕит”,- диэн иитиллээччилэригэр кытаанах ирдэбиллээх тренерэ Григорий Констанинович, Анна Степановна Дьячковскайдарга “бэһис оҕо” буолан олорбут, хайыһарынан күүскэ дьарыктанан өрөспүүбүлүкэни кыайан, СГУ-гар тренер Дмитрий Николаевич Платоновка маастарга тиийэ үүммүт. Пединститут физкультурнай салаатын маҥнайгы куурсугар үөрэнэр сылыгар Д.П. Коркин иитиллээччитэ, тустуук, күрэхтэһиилэр боротокуолларын толорор солбуллубат суруксут, сотору ССРС маастарынан буолбут Анатолий Михайловтыын билсэннэр холбоһоллор, спортивнай дьиэ-кэргэни төрүттүүллэр. Уус-Алдан Кэптэнитигэр кинигэ ис хоһоонунан режиссер Михаил Лукачевскай киинэ да оҥоруон сөп диэн этиилэр эмиэ баар буоллулар.
Сахабыт сиригэр хайыһар спорда, доруобуйаларыгар хааччахтаахтар спортара сайдыыларыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит Анастасия Семеновна Михайлова “хара көлөһүнүн” үгүстүк тоҕон ССРС спордун маастарыгар кандидат, Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастарын нуормаларын толортообута элбэҕи этэр. Салайааччы уонна тэрийээччи быһыытынан эҥкилэ суох үлэлээбитин “Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ” уонна “РФ физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна” ааттара арылхайдык көрдөрөллөр. Спорка анаабыт олоҕун суолун кэпсиир аан-бастакы кинигэтин туһунан маннык санаалаах: “Кинигэ суруйан таһаарар судургута суох эбит. Ахтыыларын ааҕаммын сүрдээҕин долгуйдум. Доҕотторбор, аймахтарбар үчүгэй бэлэх оҥорбуппуттан олус үөрдүм. Туруоруммут сыалбын-сорукпун толорон иһэбин дии саныыбын. Киһи олоҕо биир көнө буолбат, үөйбэтэх өттүгүттэн ыарахаттар көрсүтэлииллэр. Ол олоххо кэлэр уустук түгэннэри үтүө санаалаах дьон өйөбүллэринэн, көмөлөрүнэн “Эрэл көмүс далаһатын” курдук эрдээхтик туоруубут. Тохтоон хаалбакка, иннибит диэки баран иһэбит. Спорка көрдөрүүлэр кэлэн иһиэхтэрэ. Адаптивнай физкультура уонна спорт Киинин дьиэтэ тутуллан олоххо киллэрилиннэҕинэ туруоруммут сыалым-соругум толору туолуоҕа”.
12 сааһыттан Бүтүн Сойуустааҕы “Орленок” пионерскай лааҕырга сылдьыбыт, оскуолатааҕы кэмнэриттэн лидерскэй хаачыстыбалаах сытыы-хотуу кыысчаан бэртээхэй тэрийээччи, салайааччы буола улааппыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин физкультура-спорт Адаптивнай Киинигэр дириэктэрдиир сылларыгар үлэһиттэригэр болҕомтолоох, дьоҕурдаах салайааччы кадрдарын көхтөөхтүк үлэлэтэн, спорт көрүҥнэринэн тренердэри таба аттаран туруортаан, доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнар оролоруттан Паралимпийскэй, Сурдолимпийскэй оонньуулар, аан дойду, Европа, Россия чөмпүйүөннэрэ, призердара тахсыталыы тураллар. Дойду сүүмэрдэммит хамаандатын хаҥаталлар. Анал байыаннай операция эчэйиини ылбыт байыастарын спордунан дьарыктаналларын көҕүлүүллэр. Саха сиринээҕи “Ийэлэр общественнай хамсааһыннарын” биһирэнэр тутаах үлэһитэ.
Анасасия Семеновна Михайлова сыралаах айар-тутар үлэтэ мэлдьитин үрдүк көрдөрүүлэрдээх. Кинигэтин сүрэхтэниитин үгэнигэр “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаланна. Эҕэрдэлиибит!
Баһылай Посельскай