Классическай тустууга сахалартан бастакы ССРС чөмпүйүөнэ Д.Г. Максимов кэриэһигэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ турнирыгар 15 улуустартан, куораттартан, ол иһигэр, илин эҥэр Амматтан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Уус-Алдантан, Чурапчыттан, Тааттаттан, киин улуустартан Намтан, Хаҥаластан, Горнайтан, арҕаа улуустартан Ньурбаттан, Үөһээ-Бүлүүттэн, хоту улуустартан Анаабыртан, Эдьигээнтэн, Үөһээ-Дьааҥыттан, Нерюнгриттэн, Дьокуускайтан 16 уонна 17 саастаах 176 уолаттар күөн көрүстүлэр.
Турнир Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэнээччилэрин Спартакиадатын программатыгар киллэриллибит буолан, суолтата улахан. Турнир үөрүүлээхтик аһыллыытыгар Саха өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, Олимпийскай эрэл училище дириэктэрэ Семен Чердонов эҕэрдэлээтилэр, ситиһиилэри баҕардылар.
Сахабыт сиригэр греко-римскэй тустуу аҕыйах сыллааҕыта тэриллэн, саҥа сүһүөҕэр туран эрэ. Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищеҕа базаланар. Икки-үс сыллааҕыта арыллыбыт спортивнай саалаҕа тэлгэммит икки көбүөрүнэн хапсыһыылар буоллулар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка Министиэристибэтэ, училище салалтата болҕомто ууруллар буолан көрдөрүүлэр кэлэн эрэллэр. Бүтүн Россиятааҕы турнирга олимпийскай эрэл училище иитиллээччилэрэ Мэҥэ-Хаҥалас Хаптаҕайын ыччата Сергей Павлов 67 кг, Булунтан Иван Шамаев 60 кг, Амматтан Артур Константинов бастааннар Россия маастарынан буолары ситиспиттэрэ. Россия көбүөрүгэр мэтээллэри ылаттыыллар. Амма Болугурун ыччата Александр Андреев Россия үөрэнээччилэрин Спартакиадатыгар боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Бу ааспыт өрөбүлгэ Белоруссия греко-римскэй тустууга чемпионатыгар Амма ыччата Александр Гурьев 55 кг бастаата уонна маастар нуорматын толордо. Маастары толору, Бүтүн Россиятааҕы турнирдарга уонна дойду күрэхтэһиитигэр мэтээли ылыы сыралаах үлэнэн, күүстээх дьарыгынан кэлэр. Маныаха, сүрүн тренер Матвей Матвеев, тренердэр Кирилл Павлов, аан дойду чөмпүйүөнэ Рустам Аджи көдьүүстээхтик үлэлииллэрэ көстөр. “Триумфка” 30-ча оҕону Христофор Потапов дьарыктыыр.
Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ Александр Карелин, Роман Власов суолта биэрэн, кэлэн сүбэ-ама биэрэн, ыкса сибээһи олохтообуттара, дьоһун өйөбүлүнэн буолар. Классическай тустуу уйатынан биллэр Новосибирскайга олорор-үлэлиир тренер, Саха Өрөспүүбүлүкэтин греко-римскэй тустууга федерацтяьын вице-президенэ Дмитрий Румович Ушницкай ахсаабат кыһамньытын уурар, хамсатыылаах дьаһаллары оҥортуур.
Сүрүн тренер Матвей Матвеев тустуохтарын сөптөөх оҕолору була-тала өрөспүүбүлкэ Үөрэхтээһин экспедициятын кытта бииргэ сылдьыһан кэлэр-барар. Сүүмэрдэммит талааннаах оҕолор Олимпийскай эрэл училищеҕа ылыллан, бэлэм усулуобуйаҕа үрдүттэн олорон дьарыктаналлар.
Бэйэтин кэмигэр греко-римскэй тустууга аан дойду чөмпүйүөнэ, призера, Европа призера, Олимпийскай оонньуулар икки төгүллээх кыттыылааҕа, спорт үтүөлээх маастара Рустам Аджи этэринэн, көрдөрүүлэр кэлэллэрин туһугар үлэ тэтимнээхтик барар. Оҕолор Дальнай Восток күрэхтэһиилэригэр кыайыы туһугар, хоодуоттук туттан, эрэллээхтик киирсэр буолбуттар. Сүрүн сыал-сорук Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирии. Билигин Дальнай Восток чемпионата, онтон салгыы, Россия көбүөрэ күүтэллэр. Ситиһии кэлэрэ утумнаах дьарыктан, дьиссипилиинэни, бэрээдэги, режими кытаанахтык тутуһууттан кэлэр диэн ааҕар. Биир албаһы, Александр Карелин, Роман Власов курдук, үрдүк техникалаахтык, “до автоматизма” оҥорон, утарсааччыны биилиттэн кууһан, 4-5 баалга быраҕыыны кэбэҕэстик оҥорор туһугар, ити албаһы олус элбэхтик хатылыыллар. Уонна үчүгэй тустуук буолуон баҕалаах оҕолор холобур оҥостор кумирдаах буолуохтаахтар диир. “Греко-римскэй тустуунан оҕолору босхо дьарыктыыбыт, ханнык да ыарахаттартан чаҕыйбакка сайдыы туһугар иннибит диэки баран иһэбит”,- диэн сэһэргиир аатырбыт классик-бөҕөс, тренер Рустам Иванович Аджи.
Син спорт ханнык баҕарар көрүҥэр курдук, турнир дьоҕурдаах оҕолор баалларын көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин Спартакиадатын суотугар киллэриллибит буолан, көҥүл тустуунан дьарыктанар оҕолор турнирга хото кэлэн кытыннылар. Греко-римскэй тустууга үөһэнэн тусталлар, атахха киирбэттэр, атахтаабаттар. Алҕаска атахтааһын албаһын оҥороору сэрэтии ылаллар. Иккитэ сэрэтии ыллахтарына икки баал сүүйтэрэллэр. Үөһэттэн тутуһан, бэрт кыраһыабай бырахсыылар буолуталаатылар. Илии, сис үлэтэ элбэх. Ол да иһин бу классическай тустууга илии күүһэ сайдар. Өттүктээһин албаһын элбэхтик тутталлар. Уонна паартер балаһыанньатыттан быраҕыылары оҥорорго илии уонна сис күүһэ быһаараллар. Баҕар ол иһин буолуо, классиктар быһыыларынан-таһааларынан, былчыҥнара хойуутунан, хайдах эрэ, биллэллэр.
Хапсыһыылар түмүктэринэн, 13-15 саастаах уолаттарга 32 кг Егоров Мичил (Амма), итинтэн үөһэ ыйааһыннарга Давид Попов (Амма), Игорь Атоллоров (Үөһээ-Бүлүү), Ильдар Птицын (Мэҥэ-Хаҥалас), Максим Андросов (Анаабыр), Айсен Потапов (нам), Айаал Данилов (Анаабыр), Артем Винокуров (Амма), Мирко Брощев (Үөһээ-Бүлүү), Иван Скрипченко (Нерюнгри), Арсен Сидоров (Горнай), Артем Захаров (Амма), Ашот Григорян (Дьокуускай), Эрчимэн Соловьев (Мэҥэ-Хаҥалас), 110 кг Александр Крюков (Амма) бастаатылар.
Улахан 16-17 саастаахтарга 42 кг Тимур Иванов (Нам), итинтэн үөһэ ыйааһыннарга Антон Постников (Таатта), Михаил Прокопьев (Хаҥалас), Вова Литвинов (Үөһээ-Бүлүү), Юрий Винокуров (Дьокуускай), Дмитрий Винокуров (Уус-Алдан), Данил Арьянов (Мэҥэ-Хаҥалас), Сергей Лигер (Нерюнгри), Евгений Матвеев(Дьокуускай), Гарик Кондаков (Уус-Алдан), Марат Темербаев (Дьокуускай), 120 кг Альберт Парфенов (Горнай) кыайыылары ситистилэр.
Хамаанданан түмүккэ, Амма бастаата, Мэҥэ-Хаҥалас иккис, Дьокуускай үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.
Бастыҥнар анал бириистэр хаһаайыттарынан буоллулар.
Греко-римскэй тустуунан Дьокуускайга анаан-минээн дьарыктаналлар, улуустар ылсан дьарыктана иликтэр. Ханнык баҕарар спорт көрүҥэ сайдыыны ылыыта биирдиилээн көҕүлүүр дьонтон улахан тутулуктаах. Дмитрий Румович Ушницкай, Матвей Матвеев, Рустам Аджи, Кирилл Павлов, Христофор Потапов тыһыынчанан сылларга тэнийэн-сайдан кэлбит, бастакы Олимпийскай оонньууларга киллэриллэн, киэҥ биһирэбилинэн туһаныллар греко-римскэй тустууну сайыннараллара махталлаах.
Сахаттан бастакы ССРС спордун маастара Дмитрий Максимов туйаҕын хатарааччылар элбээтиннэр!
Баһылай Посельскай