Муус устар 1 күнүгэр Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгэр бэрт астык, сонун күрэх буолан ааста. Дьаархан төрүт олохтооҕо, нэһилиэк биир ытык киһитэ, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, тыыл бэтэрээнэ, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр 45 сыл үлэлээбит туруу үлэһит, настаабынньык, Коммунистическай үлэ удаарынньыга Куонаан Саабыс Баһылайап төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах «Тиэргэн баһылыгын түбүктэрэ» диэн ааттаах, тыа киһитин күннээҕи көрсөр түбүктэрин успуорт көрүҥнэригэр майгыннатан биэс түһүмэхтээх улуус таһымнаах күрэх ыытылынна.
Саас кэлиитэ эрдэлээн, ириэрэн суол-иис алдьанан син кыттыах дьон кыайан кэлбэтилэр. Барыта 8 эр бэрдэ кыттан күүстэрин, сымсаларын тургутустулар, өбүгэлэрбит илдьэ кэлбит мындыр дьаһаныыларын күрэххэ кэлбит дьоҥҥо, ыалдьааччыларга көрдөрдүлэр. Күрэх үөрүүлээх аһыллыыта нэһилиэк килбэйэр киинигэр сабыс-саҥа тутуллубут концертнай площадкаҕа лоп курдук 14:00 ч саҕаланна. Эҕэрдэ тылы сэрии бэтэрээнэ Николай Николаевич Петров эттэ. Ол кэннэ хаан быраата Револий Кырелов, сүөһү көрүүтүгэр бииргэ үлэлээбит Степан Данилов уонна оҕолоро тыл эттилэр, үтүө-мааны аатын ахтан санаан аастылар…
«Ойбон алларыыта»
Маҥнайгы көрүҥ бөһүөлэк анныгар сытар ааттыын да Ойбон күөлгэ күнүс 14:30ч саҕаланна. Быйыл муус халыҥ - 1м 10см курдук халыннаах мууһу тэһэн ойбон уунан туолуор диэри түһүннүлэр, сытыы анньыылар сирдиргии түстүлэр. Аргылов Арсен (Күүкэй) - 2м59с ойбонун уутун толорон күрэҕин кыайыынан саҕалаата. Арсен эдэрдэргэ Сунтаар улууһун ойбон алларыытыгар чемпиона буоларын өссө төгүл дакаастаата, Дьаархан дьонугар-сэргэтигэр бастыах киһи бастыыр эбит дэттэрдэ. Кини улуус, республиканскай куйуур, «Булчут биатлона» күрэхтэрин хас да төгүллээх кыайыылааҕа, призера. Олохтоохтор ытыстарын тыаһын аһымматылар. 2м - Михайлов Юрий (Маар күөл) - 4м30с көрдөрөн ылла. Юрий Сунтаар улууһун биир күүстээх мадьыныта, киэн туттар спортсмена. Республика, улуус хас да төгүллээх кыайыылааҕа, призера. 3м - Бабиченко Павел (Дьаархан)- 6м05с уутун толорон ылла. Муус сымнаан, сыстыһан ойута барбакка үрдүк көрдөрүүлэр көрдөрүллүбэтилэр, саатар бары кэриэтэ ойбоннорун кыараҕас гынан эрэйи көрдүлэр.
«Тоҥуу хаарынан сүүрүү»
Эр бэртэрэ 100м сиртэн кыһыл былаах түһээтин кытта бары тэҥҥэ, кэккэлэспитинэн туран түстүлэр. Бастакы миэстэ - Бабиченко Павел (Дьаархан, ыраах Абыйтан кэлэн үлэлии сылдьар). Буур табалыы, тэппит атаҕын кубулуппакка, тамайа бурҕайан хаарын ытыйа оонньотон иннин кимиэхэ да биэрбэтэ, көрөөччүлэрин-ыалдьааччыларын астыннарда. Иккис миэстэни бэрт кыранан хаалан Аргылов Арсен ылла. Үһүс Михайлов Александр (Тойбохой). Александр - баһаарынай чаас үлэһитэ, онон МЧС курдук тэрилтэҕэ кыахтаах дьон үлэлииллэрин көрдөрдө. Аныгы үйэҕэ сотовай камератынан сүүрүү баһыттан-атаҕар диэри уһуллан, хос-хос көрүү түмүгэр атын миэстэлэр чопчу быһаарылыннылар.
«Оҕустаах бостуук»
Икки туруору маска бааллыбыт строплентаны оҕустуу миинньэн, атахтарын кириэстии хатыйан, тутуспакка олорон тайах мастарынан биир мүнүүтэҕэ ынахтарын таба охсуохтаахтар. Ынахтара – 20 см уһуннаах лэкэ. Сири таарыйбакка, атахтарын араарбакка, суулуннахтарына хат миинньэн төһө элбэх таба охсуулара ааҕыллар. 1 миэстэ - Михайлов Юрий 15 ынахтаах ылла. 2 миэстэ - Бабиченко Павел эмиэ 15 ынахтаах сэрэбиэй түмүгүнэн буолла. 3 миэстэ – Аргылов Арсен 13 ынахтаах буолла. Саамай аҕыйах ынахтаах бостуук нэһиилэ үс ынахтанна, оҕустан бырахтарыы да баар буолла. Бу көрүҥ көрөөччүлэри олус астыннарда, быардара быстыар диэри күллэртээтэ.
«Оҕуһа куоппут үүт таһааччы»
Икки толору 40-нуу лиитэрэ үүттээх билээгилэрин оҕус сыарҕатыгар ылан уурталыыр итиэннэ сыарҕатын 20м соһон илдьэн фиништиир. 1 миэстэ - Михайлов Юра, 22,75сек. көрдөрөн ылыан ылла, биир бэйэтэ 100 киилэлээх киһи улахан таһаҕас оҥостубата, бэйэтэ куһаҕан оҕустааҕар кыахтааҕын көрдөрдө. 2 миэстэни Михайлов Александр – 22,93сек. көрдөрүүлээх бэрт кыранан хаалан ылла. Александр 70 киилэлээх киһи да ис туруга, кыаҕа күүстээҕин көрдөрдө. 3 миэстэни Бабиченко Павел - 23,31 сек. ылла. Саамай мөлтөх көрдөрүү 31,47 сөкүүндэҕэ тэҥнэстэ.
«Оргуһуохтаах уу баһыы»
Бу көрүҥҥэ икки 7л биэдэрэнэн ойбонтон уу баһан баран оргуһуоххар сүгэн 10м тэйиччи турар үүт билээгитин толоруу буолла. Уутун аара тохпут, тиийэн баран уураары тохпут диэн, сыыһа-халты хамсаныылар дьэ манна буоллулар. Көрөөччүлэр ыһыылара-хаһыылара биир үксүн кыттааччылары кыаһылаата. Ол да буоллар 1 миэстэҕэ 1,41с көрдөрүүлээх Михайлов Юрий иннин бу да сырыыга кимиэхэ да биэрбэтэ. 2 миэстэни 1,50 сөкүүндэлээх Дмитриев Анатолий (Сунтаар) ылла. Бу күрэх саамай аҕа, 36 саастаах кыттааччыта. Анатолий бу курдук күрэхтэри, куйуур күрэҕин көтүппэккэ сырса сылдьан күрэхтэһэр бэрт чэгиэн спортсмен. 3 миэстэни 2,04с. көрдөрүүлээх Михайлов Александр ылла уонна баһаарынай идэтин сөпкө талбытын туоһулаата.
Биэс көрүҥ түмүгунэн олус эрэллээхтик 9 очколаах Ю.Ю. Михайлов (Маар күөл) бастакы миэстэни ылыан ылла уонна Куонаан Саабыс оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут сыаналаах бириистэринэн, мэтээлинэн, грамотанан уонна өйдөбүнньүк бэлиэннэн наҕараадаланна. 2 миэстэ 13 очколаах Бабиченко П.А. (Дьаархан) ылан олохтоохтор киэн туттууларынан буолла. 3-с миэстэ 18 очколаах Михайлов А.А.(Тойбохой) буолан наҕараада, бириис эгэлгэтин туттулар. Биэс көрүҥ аайы бастаабыттар туһунан бириис тутаннар үөрүүлэрэ өссө үксээтэ. Ону таһынан Куонаан Саабыс улахан кийиитэ Александра Гаврильевна бу күрэх саамай аҕа саастаах уонна эдэр саастаах кыттааччытыгар диэн кэмбиэрдээх уу харчыннан бириис туруорбутун 36 саастаах Дмитриев Анатолий уонна 21 саастаах Иванов Дьулус (Тойбохой) ылан астыннылар, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Грамота, бириис наарданыар диэри Сунтаар улууһугар аан бастакынан, бука республикаҕа да аан маҥнайгытын эбитэ буолуо Куонаан Саабыс үтүө аатын бирииһигэр сыарҕалаах оҕустары сүүрдүүгэ күрэх буолла. Күрэххэ үс оҕус кытынна. Балаһыанньа быһыытынан оҕустар саастарынан, ыйааһыннарынан, боруодаларынан итиэннэ өҥнөрүнэн-түүлэринэн арахсыбаттар. Оҕустар ох курдук оҥостон, сүүстэрин аннынан өһүччү көрөн 150м тэйиччи, түһэр сирдэригэр тиийэн туруммуттарын кэннэ кыһыл былаах түһээтин кытта түһүнэн кэбистилэр. Ыһыы-хаһыы сүрдэннэ. Сыарҕаларыгар биир билээги толору уулаахтар. Оҕус хаһаайыттара оҕустарын сиэппитинэн сүүрэллэр…. Биэтэккэ чугаһаан иһэн үс саастаах Кубаҕай диэн оҕус туора ыстанан, хаһан эргийэн кэлиэр диэри, атын оҕустар тоҕо туруохтарай – кэнники үһүс миэсэҕэ тэбилиннэ. Оҕус хаһаайына Альберт Кузьмин, сүүрдээччитэ улууска биллэр ат баайааччы, сылгыһыт Стас Архипов. Иккис миэстэ – Вася диэн ааттаах биэс саастаах оҕус кэллэ. Хаһаайына Васильев Олег (Ньурбаттан күтүөт). Олег оҕус иитиитин лаппа баһылаабыт, элбэх сүөһүлээх киһи. Бастакы миэстэни Паана диэн үс саастаах оҕуһа спортивнай албаһы туттан туран (иннигэр киирэн суолун мэһэйдээн) Петров Анатолий ылла, итиэннэ Куонаан Саабыс кыра уола Артем Петров туруорбут тыһы ньирэйин хаһаайынынан буолан кыайыы өрөгөйүн биллэ. Үс оҕус үһүөн хаһаайыннарыгар сүрдээх үчүгэй бириистэри тэптилэр. Дьон оҕус сүүрдүүтун аһара бэркэ сэргээтэ. Итиэннэ сыл ахсын Кыһыны атаары программатыгар киирэр буолла.
Күрэх бэрт тэрээһиннээхтик, биир да мөккүөрэ суох, олус иллээхтик үөрэ-көтө барда. Күрэстэһээччилэр да көрөөччүлэр да сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар. Күрэхтэһиини ыалдьыппыт спорт диэн баран муннукка ытаабыт, улуус биир биллэр спорткомментатора Сергей Филиппов (Маар күөл) комментарийдаан дьону-сэргэни чуҥкуппата, астыннарда. Судействоҕа көмөлөспүт РСДЮШОР Дьаарханнааҕы филиалын тренеригэр Станислав Саввич Гольдеровка, күрэх бары спонсордарыгар, К.С. Васильев оҕолоругар, сиэннэригэр, чугас аймахтарбар, ийэбэр Александра Гаврильевнаҕа уонна «Хочо» МУП директора, спорт биир күүстээх пропагандиһа, элбэх күрэхтэри тэрийэн ыытар Василий Петрович Илларионовка уонна аҕалара Куонаан Саабыс аатынан күрэхтэ тэрийэн ыыт диэн эрэммит эдьиийбэр Альбина Кононовна Петроваҕа махтал тылларын аныыбын! Бу күрэх умнуллубакка сэһэн-тэппэн буолан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсэнэ турдун! Куонаан Саабыс үтүө майгыта, үтүө аата ааттана турдун!!!
Павел КЫРЕЛОВ,
«Дьаархан» МТ спортинструктора