saduoba

Инникитин оҕолоро аҕаларын сырдык аатын үйэтитэн күрэхтэһиини сылын аайы тэрийэн ыытыахтара диэн эрэллэрин биллэрэллэр

Анатолий Иванович Еремеев 1946 сыллаахха кулун тутар 5 күнүгэр Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1968 сыллаахха 1-кы № -дээх Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. 1971 с. тустаах үөрэҕин бүтэрэн I Дьөппөн орто оскуолатыгар физкультура учууталынан ананан үлэтин саҕалаабыта.  1968 с. олоҕун аргыһын Анисия Ивановнаны көрсөн, ыал буолан 4 кэрэ бэйэлээх куба курдук кыргыттарданан олоҕун салгыыр элбэх сиэннэрдээх.

1990 с. Хабаровскайдааҕы физкультурнай институту кэтэхтэн ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Бу кэмҥэ сааһыран эрэр киһи нормативтарын үрдүк баалга туттарарын учууталлара холобур оҥостоллоро. Спорт 12 көрүҥэр разрядтаах, ол курдук дуобакка спорт маастарыгар кандидат, көҥүл тустууга, хапсаҕайдаһан тустууга, спортивнай ориентированиеҕа  1 разрядтаах, хайыһарынан сүүрүүгэ, оҕунан ытыыга, многоборьяҕа, гиирэни анньыыга, саанан ытыыга 2-с, онтон чэпчэки атлетикаҕа, остуол тенниһигэр уонна спортивнай гимнастикаҕа  3 разрядтардаах. Спорка ситиһиилэрин туһунан ахтан ааһар буоллахха:

 - 1962 с. Өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэнээччилэр ортолоругар 60 м сүүрүүгэ – 1 миэстэ, сахалыы атах  оонньууларыгар кылыыга, ыстаҥаҕа уонна куобахха бастакы миэстэ буолбута.

- 1970 с. Дьокуускай к. копьену ыраах быраҕыыга – 1 м., өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр -2 –с миэстэ.

- 1971 с. Волейбол оонньуутугар ЯПУ хамаандатыгар киирсэн – 1 м.

- 1972 с. Оройуоҥҥа копьену ыраах быраҕыыга – 1 м., гиирэни анньыыга – 1 м.

- 1973 с. ЫБСЛКС сэкирэтээрдэрин сахалыы атах оонньуутун өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиитигэр кылыыга уонна ыстаҥаҕа – 1 м.,куобахха – 3 м. ылаттаабыта. Бу сыл Манчаары Баһылай спартакиадатыгар хапсаҕайдаһан тустууга, 68 кг- 2-с, Чурапчыга ыытыллыбыт  IV тыа сирин спортивнай оонньууларыгар хапсаҕайга - хапсаҕайга -  3 м.

- 1976 с. мас тардыһыытыгар 68 кг – 1 м.,

- 1978 с. «Октябрь 50 сыла» совхоз мас тардыһыытын күрэхтэһиитигэр 70 кг – 1 м.,

- 1979 с. «Октябрь 50 сыла» совхоз атах онньуутугар иккис миэстэ буолуталаабыта.

- 1981 – 1989 сс. Идэлээх сойуустар спартакиадаларыгар куруук инники күөҥҥэ сылдьара.

- 1988 с. Хачыкаакка «Сахаада-спорт» бирииһигэр хапсаҕайдаһан тустууга 1-кы миэстэ.

- 1994 с. Хаҥалас, Нам, Горнай улуустарын икки ардыларыгар үөрэҕирии үлэһиттэрин сайыҥҥы спартакиадатыгар мас тардыһыытыгар иккис, хапсаҕайга бастакы миэстэлэри ылаттаабыта.

- 1998 с. Саха сирин хапсаҕайдаһан тустууга фестивалын иккис призера буолбута.

- 2002 с. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Хапсаҕай-2002» турнирга пьедестал иккис үктэлигэр тахсыбыта.

- 2006 с. Покровскай к. ыһыаҕар хапсаҕайдаһан тустууга бастаабыта.

- 2007 с. Тиит Эбэҕэ ыытыллыбыт сахалыы остуол оонньууларыгар хабылыкка, хаамыскаҕа иккис миэстэ буолан үөрдүбүтэ.

- 2008 с. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, хорсун буойун Е.М.Скрябин кэриэһигэр буулдьа саанан ытыыга кыраҕы харахтаах ытааччы буолан бастаабыта.

- 2010 с. Улуус бэтэрээннэрин сахалыы остуол оонньууларын күрэхтэһиитигэр, хабылыкка уонна хаамыска хабыытыгар иккис бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ.

Анатолий Иванович Еремеев Тиит эбэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха өрөспүүбүлүкэтин Аҕаларын бастакы сийиэһин дэлэгээтэ, нэһилиэк аҕаларын түмсүүлэрин салайааччыта, 37сыл физкультура учууталынан  үүнэр көлүөнэни иитиигэ ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кини бэйэтин таптыыр спордун көрүҥэр дуобакка оҕолору уһуйбута, иитиллээччилэрэ улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ салгыы Россияҕа тиийэ күрэхтэһиилэргэ кыттыбыттара. Ол курдук бастыҥ үөрэнээччилэрэ, Костя Васильев өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ уонна призера буолбута, Настя Николаева “Белые ночи - 2007”  турнирга  кыттыбыта, Тускул Соловьев 2002 сыллаахха Россия күрэхтэһиитигэр бастаабыта сөҕүмэр ситиһии этэ.

Анатолий Иванович ылсыбыт, саҕалаабыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэрин дьэҥкэ көстүүтэ. Тустаах үлэтинэн эрэ муҥурдаммат, нэһилиэк сайдарыгар ис сүрэҕиттэн ыалдьан үлэлиирэ, ол курдук булчуттар олохтоох уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлинэн 30-ча сыл үлэлээбитэ. Бу үлэтин түмүгүнэн, «Саха өрөспүүбүлүкэтин булчуттар уопсастыбаларын бочуоттаах чилиэнэ» ааты иҥэрбиттэрэ. Итини сэргэ, өр сылларга баҕа өттүнэн норуот дружинатын начаалынньыгынан үлэлээбитин иһин «Туйгун дружинник» аат иҥэриллибитэ. Оттон, быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэ 17 сыл эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Ити курдук, 20 –тэн тахса сыл оскуола идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн бэрт тахсыылаахтык үлэлээн үгүс-элбэх наҕараадалардаах. Бу биир соҕотох киһи үлэтэ-хамнаһа диэтэххэ, туох да муҥура суох элбэх үлэ, кытаанах тулуур, үгүс кэм барбыта көстөр. Киниэхэ, «Саха өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ», «Учууталлар учууталлара», «Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитн туйгуна», «Азия оҕолоро» фонда стипендиата дьоһун ааттар иҥэриллибиттэрэ.

А.И.Еремеев оҕолоро, кини олоҕун салҕааччылара, улахан кыыһа Мария Нартахова Намҥа оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлиир, түөрт оҕолоох, икки сиэннээх. Мария кыра уола саахымакка улууһугар өрүү миэстэлэһэр. Иккис кыыһа Анна Еремеева Дьокуускай куоракка Ю.А.Гагарин аатынан култуура  киинигэр исписсэлииһинэн үлэлиир, икки оҕолоох. Анна уола Дьулустан Пестряков мини-футболга «Заря» футбол кулуубугар оонньуур (нападающай), кини оҕо сылдьан хапсаҕайдаһан тустуунан уонна көҥүл тустуунан эрчиллэ сылдьыбыта, күрэхтэһиилэргэ кыттара. Үһүс кыыс Саргылана Еремеева Мохсоҕоллооххо дьон быстах олорон ааһар дьиэлэригэр сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Саргылана остуол тенниһигэр  оонньуур, уола «Цементник» мини-футбол хамаандатын чилиэнэ. Кыра кыыс Наталья Ефимова Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун үөрэнэн бүтэрбитэ, үс оҕолоох. Чурапчыга оҕо уһуйааныгар физкультура  салайааччыта.

Бэрт үтүө тэрээһин, Анатолий Иванович Еремеев улууска элбэхтик күрэхтэспит «Саадуоба укте» диэн, биэс көрүҥҥэ хамаанданан күрэхтэһии Тиит Эбэҕэ кулун тутар 18 күнүгэр санаторнай оскуола саҥа спортка саалатыгар, буолан ааста. Манна барыта 17 хамаанда кыттыыны ылла, ол иһигэр нэһилиэктэр биэстии киһилээх уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан анаан-минээн бу көрүҥнэргэ кытта 4 хамаанда кэлэн күрэхтэһии тыҥааһынын күүркэттилэр. Усулуобуйатын сырдатар буоллахха, биир кыттааччы биэс көрүҥҥэ саахымакка, дуобакка, баарыска, уксааҥҥа уонна остуол тенниһигэр күрэхтэһэр. Онон, бу көрүҥнэргэ барыларыгар биир тэҥ үчүгэйдик оонньуур буоллаххына, үчүгэй түмүгү ситиһэҕин. Күрэхтэһии хара ааныттан, сытыытык, кимиилээхтик саҕаламмыта. Бу сырыыга биир тэҥ үчүгэй күүстээх оонньооччулардаах Нөмүгү нэһилиэгин - I хамаандата биир тэҥнэһиилээх Күөрдэмнэртэн хотторуу хомолтотун да биллэр да, сэттэ түһүмэхтэн 5 аҥаар очукуолаах  инники күөҥҥэ таҕыста уонна бастакы миэстэ буолан кыайыы өрөгөйүн биллэ. Онон, бастаабыт хамаанда А.И.Еремеев оҕолоро туруорбут кубогынан, хас биирдиилэригэр күн уотуттан иитиллэр тэрилинэн уонна 10000 солк уу харчынан туттулар. Иккис дьоһун миэстэҕэ биэс очукуолаах Покровскай к.- I хамаандата таҕыста, хамаанда кыттааччыларыгар хас биирдиилэригэр ,  3-түү миэстэлээх сиргэ-уокка илдьэ сылдьарга аналлаах балааккалары бириис быһыытынан туттардылар. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ ыаллыы Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскайыттан ох курдук оҥостон  кэлбит оонньооччулар тигистилэр. Кинилэр утуйар мөһөөхтөрү бириис быһыытынан уонна харчынан биһирэбили ыллылар. Итини тэҥэ кыттыбыт хамаандалар бары анал бириискэ тиксэн үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Бу күрэхтэһиини 20 сыл улууспутугар “Саадуоба укте” көрүҥү пропагандалаан кэлбит А.Н.Николаев иилээн-саҕалаан ыытта уонна олохтоох ырыа айааччы Михаил Атласов ырыатын өрө көтөҕүллүүлээхтик толорон дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылла.

Инникитин оҕолоро аҕаларын сырдык аатын үйэтитэн күрэхтэһиини сылын аайы тэрийэн ыытыахтара диэн эрэллэрин биллэрэллэр.

Роман Васильев,

күрэхтэһиини тэрийээччи, Күөрдэм олохтооҕо

Поделиться:

#Новости

Первый выход на помост: якутские гимнастки дебютировали на всероссийских соревнованиях во Владивостоке

Команда клуба получила специальный приз «За веру в победу» за своё первое выступление в…