Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?
– Надежда Николаевна, кэпсэтиибитин кимтэн кииннээххиттэн, хантан хааннааххыттан саҕалыахха.
– Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин. Улуус киинигэр Исидор Барахов аатынан оскуолаҕа үөрэммитим. Кыра кылааска үөрэнэр эрдэхпиттэн интэринээккэ олорбутум. Онно уруокпутун үөрэтээт да, уһун остуолга хабылык оонньоон тахсарбыт. Онтон ыла сахалыы остуол оонньууларын сөбүлээбитим.
Уус Алдан кийиитэбин, онон Найахы оскуолатыгар өр сылларга үлэлээбитим. Үлэлиир кэммэр оҕолору хаамыскаҕа дьарыктыырым.
Сахалыы остуол оонньуулара 1992 сылтан успуорт көрүҥүн быһыытынан билиниллибиттэрэ. Итиннэ энтузиаст Андрей Иванович Донской улахан оруоллаах. 90-с сыллар саҥаларыттан өрөспүүбүлүкэтээҕи федерация үлэлээн барбыта. Кэлиҥҥи уонтан тахса сылга Успуорт төрүт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ хабылык, хаамыска улуустарга тарҕаналларыгар киэҥ хабааннаах үлэни ыытта. Ордук күүстээх үлэ 2012 сыллаахтан ыытыллан эрэр дии саныыбын.
“Хаамыска”, “камушки”, “беш таш”, “топ таш”...
– Хабылык, хаамыска ханнык улуустарга ордук күүскэ тарҕанна?
– Үчүгэйдик үлэлиир федерация элбэх. Холобур, Сунтаарга (салайааччы Мария Васильева), Тааттаҕа (Николай Никифоров), Үөһээ Бүлүүгэ (Туйаара Варламова), Аммаҕа (Алена Чирикова), Уус Алдаҥҥа (Степан Литвинцев), Чурапчыга (Гаврил Нохтунскай), Мэҥэ Хаҥаласка (Екатерина Куприянова), Ньурбаҕа (Макар Гаврильев). Ити улуустарга элбэх күрэхтэһии ыытыллар. Күрэхтэһиилэргэ уһуйаан оҕотуттан саҕалаан сааһыра барбыт дьоҥҥо тиийэ кытталлар. Онон федерациялар киэҥ хабааннаах үлэни ыыталлар. Итини таһынан доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо эмиэ күрэхтэһиилэр тэриллэллэр.
Холобур, Сунтаар улууһа кэнники сылларга хабылыгы, хаамысканы олус күүскэ тарҕатта. Сыл устата элбэх күрэхтэһиини тэрийэн ыыталлар. Сунтаар федерациятын үлэтин энтузиаст Мария Васильева иилиир-саҕалыыр. Онон Сунтаарга элбэх үчүгэй оонньооччу баар буолла. Тааттаҕа Николай Никифоров салайааччылаах федерация эмиэ олус үчүгэйдик үлэлиир. Онно уһуйааҥҥа сылдьар саастаах оҕолорго хамнастаах тириэньэр тутуллар. Тааттаҕа кыра саастаах оҕолортон бэтэрээннэргэ тиийэ үчүгэйдик оонньууллар.
– Хабылык төрдө-төбөтө быдан дьыллар мындааларыгар киирэн бара турар быһыылаах дии? Холобур, хаһаактар өрүс тааһынан “камушки” диэн оонньууну оонньуулара диэн буолар.
– Чинчийээччилэр: “Ити оонньуу Былыргы Грецияҕа үөскээбит”, – диэн суруйаллар. Арассыыйаҕа, Азия сорох дойдуларыгар өрүс тааһынан оонньуур эбиттэр. Холобур, Орто Азияҕа “беш таш”, “топ таш”, “шагай” диэн оонньуулар бааллар. Сорох сирдэргэ сүөһү, кыыл уҥуоҕунан оонньууллар эбит.
Сахалар даҕаны балык сиһин уҥуоҕунан, таба, ынах сүөһү уҥуохтарынан оонньуу сылдьыбыттар. Онон бу олус киэҥник тарҕаммыт оонньуу эбит. Орто Азия дойдуларыгар уонна Кореяҕа тарҕаммыт итинник хабааннаах оонньуулары көрдөххө, биһиги хаамыскабытыгар майгынныыра наһаа элбэх.
Холобур буолар маастардар
– Билигин хабылыкка, хаамыскаҕа маастар нуорматын толороллор. Ити хамсааһын хаһааҥҥыттан саҕаламмытай?
– 1992 сыллаахха федерация тэриллиэҕиттэн нормативтар олохтоммуттара. Оччолорго олус муударай салайааччылар үлэлээн-хамсаан ааспыттар. Ити нормативтар бары ымпыгы-чымпыгы учуоттаан, үчүгэй баҕайытык аттаран оҥоһуллубуттар. Онон итини уларытар-тэлэритэр наадата суох, ол оннугар спортсменнар оонньуур тиэхиньикэлэригэр болҕомтобутун ууруохпутун наада.
– Холобур, туохха?
– Хаамыскалары ытыс көхсүгэр үчүгэйдик түһэриигэ, оонньуур кэмҥэ илиини остуолтан үөһэ соҕус тутууга. Хаамыскалары үөһэ быраҕан оонньуохха наада. Ону дьон бириэмэни сүүйээри, элбэх очукуону хомуйа охсоору, хаамыскалары остуолтан наһаа намыһахтык быраҕаллар. Ити олох куһаҕан. Хаамысканы үөһэ быраҕан, хантайан туран оонньуохтаахпыт.
– Ити барыта быраабылаҕа чопчу ыйыллыахтаах буоллаҕа дии.
– Оннук, ол иһин уопсай сүбэнэн оонньуу быраабылатыгар уларытыылары киллэриэхпитин наада. Элбэх киһи итинник санааҕа кэлэн эрэр. Үчүгэй баҕайытык, киһи көрдөр көрө туруон курдук оонньуур маастардар бааллар. Хаамыскаҕа “тоҥсуур” диэн баар. Үчүгэйдик оонньуур маастар лоп бааччы “тоҥсуйар”, хаамыскалары үөһэ күөрэччи быраҕар. Мин, холобур, Үөһээ Бүлүү маастара Николай Терентьеви бэлиэтиэм этэ. Кини оонньуутун дьон бары астына көрөр. Улуус-улуус аайы киһи холобур оҥостор маастардара бааллар. Холобур, Николай Васильев (Сунтаар), Степан Родионов (Үөһээ Бүлүү), Владимир Сивцев (Таатта) курдук маастардар оонньууларын дьон холобур оҥостуон сөп.
Отучча маастар баар буолла
– Маастар нуорматын ылбычча толоруллубата буолуо дии?
– Суох бөҕө буоллаҕа дии, ылбычча толорбоккун. Хабылык уонна хаамыска омос көрдөххө, бэрт судургу оонньуу курдуктар да, араас ымпыга-чымпыга элбэх. Оонньуу бириэмэнэн хааччахтанар. Уолаттар, эр дьон - биир мүнүүтэ биэс сөкүүндэҕэ диэри, оттон кыргыттар, дьахталлар биир мүнүүтэ уон сөкүүндэҕэ диэри оонньуохтаахтар.
– Спортсменнар маастар нуорматын ханнык күрэхтэһиилэргэ толоруохтаахтарый?
– Маастар нуорматын хайаан да өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиигэ толоруохтаахтар. Холобур – Саха сирин чөмпүйэнээттэригэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ. Оттон успуорт ханнык эрэ эрэсэрээтин нуорматын улуус күрэхтэһиитигэр да толоруохха сөп.
Чөмпүйэнээттэр чопчу кэмҥэ ыытыллаллар. Андрей Донской кэриэһигэр ананар улахан дьон чөмпүйэнээтэ олунньуга ыытыллааччы. Оттон оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрэ муус устар саҥатыгар ыытыллар.
– Саха сиригэр хабылыкка, хаамыскаҕа хас маастар баарый?
– Аҕыйах сыллааҕыта 15 эҥин эрэ буоллахтарына, билигин лаппа элбээтилэр, отучча буоллулар. Дьоҕурдаах баҕайы оҕолор Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Уус Алдан улуустарыгар үүнэн эрэллэр.
“Азия оҕолоро” уонна “тогыз кумалак”
– Урут оскуолаҕа хаамысканан үлүһүйүү буола сылдьыбытын өйдүүбүн. Уруок бүттэ да оонньообутунан барарбыт. Олус үчүгэйдик, бэрт имигэстик туттан-хаптан оонньуур оҕолор бааллара.
– Оннук буола сылдьыбыта. Уолаттар ордук сөбүлээн хаамысканы оонньууллара, оттон кыргыттар хабылыктыыр этибит. Мин өйдүүрбүнэн, уолаттар оонньууну анаан уустугурдаллара. Мас хаамыскаҕа тугу эрэ угаллар быһыылааҕа, ол иһин үөһэ баҕайы көтүтэллэрэ.
– Ханнык эрэ остуол оонньуута 2020 сыллааҕы “Азия оҕолоро” оонньуулар бырагыраамаларыгар киириэхтээх диэн этэн аһарбытыҥ.
– Оннук, “Тогыз кумалак” диэн казахтар интеллектуальнай оонньуулара бырагыраамаҕа киириэхтээх. Бу оонньууга тоҕус бөкүнүктэринэн (катышки) оонньууллар. “Тогыз кумалак” Аан дойдутааҕы федерациялаах. Сыл аайы кэриэтэ Азия чөмпүйэнээтэ ыытыллар. Кытайга “тогыз кумалак” оонньуу оскуола үөрэҕин бырагырааматыгар киллэриллибит. Үөрэтэн көрөн баран, ити оонньуу оҕоҕо эргиччи туһалааҕын өйдөөтөхтөрө дии. “Тогыз кумалагы” толкуй оонньуута диэн өйдүөххэ сөп. Анал дуоска баар, онно хас биирдии оонньооччу тоҕустуу лууҥкалаах, тоҕустуу бөкүнүктээх. Үчүгэй оонньуу. Биһиги оҕолорбут эмиэ оонньуохтарын наада. Былыргы түүрдэр оонньуулара. Бу оонньуу Азияҕа киэҥник тарҕаммытын ааһан, араас барыйааннара Африка сорох дойдуларыгар эмиэ тарҕаммыт.
Дьокуускай таһынааҕы Пригороднай сэлиэнньэҕэ 12-с нүөмэрдээх оскуола үлэлиир. Бу оскуолаҕа физика-математика хайысхалаах саха кылаастара бааллар. Оскуола дириэктэрэ Михаил Уйгуров уонна учуутал Александр Чиряев “тогыз кумалак” элбэх дуоскаларын сакаастаан ылбыттара. Онон ити саха кылаастара “тогыз кумалак” оонньууну үөрэтэллэр.
Сахалыы мохсуо, “бес асык”...
– Биир кэпсэтиигэ: “Сахалар мохсуолара нууччалар “городки” диэн оонньууларыгар майгыннаабат”, – диэн этэн аһарбытыҥ.
– Итиннэ сахалар, маһынан буолбакка, уҥуоҕунан оонньууллар эбит. Сүөһү атаҕын уҥуоҕун анаан-минээн оргуталлара үһү. Итини: “Баакка уҥуоҕа”, – диэн ааттыыр эбиттэр. Сөпкө этэллэр эбит ээ. “Бабки” диэни “баакка” диир буоллахтара.
Мин уҥуоҕунан мохсуо оонньуулларын өйдүүбүн. Уолаттар эргимтэ иһигэр “бааккалары” туруортаан баран, улахан уҥуоҕунан быраҕаллара.
– Оҕолору кытта тас дойдуларга баран кэлэҕин дии. Сыалгыт-соруккут хабылыгы, хаамысканы бырапагаандалааһын буоллаҕа.
– Оннук. Казахстаҥҥа, холобур, хаамыскаҕа майгынныыр, бараан атаҕын уҥуоҕунан оонньуур оонньууларын “бес асык” диэн ааттыыллар. Асык ойыны диэн ааттаах анал федерациялаахтар. Асык диэн бараан уҥуоҕун чааһын ааттыыллар. Онон асык оонньуулар федерациялара диэн тылбаастыахха сөп.
Омук сирдэригэр сылдьан төрүт оонньууларбыт быраабылатын билиһиннэрэбит, оонньоон көрдөрөбүт. Ол кэнниттэн хайаан да күрэхтэһии ыытабыт. Кыргызстаҥҥа, Казахстаҥҥа хаамысканы түргэн баҕайытык ылыналлар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэргэ хаамыскаҕа майгынныыр оонньуулардаахтар. Хабылыкпытын да наһаа сөбүлээбиттэрэ. “Үчүгэй, интэриэһинэй оонньуу”, – диэбиттэрэ.
Улахан таһымҥа сыыйа тахсыахпыт
– Мас тардыһыытыгар сылга аан дойду таһымнаах күрэхтэһии бөҕө ыытыллар дии. Аҥаардас Аан дойду Куубага үс түһүмэҕинэн араас дойдуга ыытыллар. Итиннэ Арассыыйа, Европа, аан дойду чөмпүйэнээттэрин эбэн кэбис. Эбиитин мас тардыһыытыгар муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһиилэр туһунан ыытыллаллар.
– Биһиги итинник таһымҥа тахсыахпыт ыраах. Хабылык, хаамыска бастаан өрөспүүбүлүкэ иһигэр үчүгэйдик тарҕаныан, быраабылабыт өссө үчүгэйдик чочуллуон наада. Уонна бастакы хардыы быһыытынан сахалыы остуол оонньууларыгар Арассыыйа таһымнаах федерация тэриллиэхтээх. Билигин Саха сирин федерациятын бэрэсидьиэнинэн Дьокуускай куорат пааркатын дириэктэрэ Айаал Бурцев үлэлии сылдьар.
Хабылык, хаамыска салгыы сайдарыгар былаан, санаа элбэх. Холобур, өбүгэлэрбит хайдах оонньообуттарын курдук оонньуу барыйаана баар буолуон сөп. Ханнык баҕарар норуот төрүт оонньууларын сөргүттэҕинэ, төһө кыалларынан төрдүгэр-төбөтүгэр тиийэ, урут хайдах оонньообуттарын чопчу билэ сатыыр. Биһиги да итинтэн туора туруммаппыт.
– Мин тус санаабар, оонньооччулар сахалыы таҥастаах буолаллара ордук этэ. Ол таҥас, биллэн турар, имигэстик хамсаныыга-имсэниигэ мэһэйдиэ суохтаах.
– Ити уот харахха этии. Атын дойдуларга төрүт оонньууларын национальнай таҥастаах-саптаах олорон оонньууллар. Биһиги өбүгэлэрбит хара маҥнайгыттан остуолга олорон оонньооботох буоллахтара дии. Онон олорон эрэ оонньооһун барыйаана баар буолуон наада быһыылаах. Уонна тус бэйэм хабылык ахсаана элбиэн наада дии саныыбын.
– Успуорт араас көрүҥэ тахса сатыыр кэмигэр хабылык, хаамыска сөптөөхтүк сайдыа дии саныыгын дуо?
– Сайдыан сөп бөҕө буоллаҕа. Сөптөөхтүк дьаһаннахха, тэриннэххэ, бары силигин ситэрдэххэ, төрүт көрүҥнэрбит тоҕо сайдыахтара суоҕай?! Омук сирдэригэр хабылыкпытын, хаамыскабытын наһаа сэҥээрэллэр. Онон биһиги да көрүҥмүт сайдар саҕахтардаах диэххэ сөп.
Судьуйалааһыҥҥа да уларыйыылар киириэхтэрэ
– Хабылык, хаамыска судьуйаларын бэлэмнээһиҥҥэ туох кыһалҕалар баалларый?
– Судьуйалааһыҥҥа да уларыйыылар киириэхтэрин, үчүгэй бэлэмнээх судьуйалар элбиэхтэрин наада. Судьуйалар эмиэ сахалыы моһуоннаах анал таҥастаныахтарын сөп этэ. Билигин үлэлии турар быраабыла баар. Онон күрэхтэһии хайдах быһыылаахтык барара судьуйалартан тутулуктаах. Бастатан туран, судьуйа кытаанах, ханнык да түгэҥҥэ булгуруйбат ирдэбиллээх буолуохтаах.
Судьуйалары кытта үлэ былаан быһыытынан барар, сэминээрдэр эҥин ыытыллаллар. Тус бэйэм судьуйалар хабылыгы, хаамысканы сайыннарыыга эттээх-сииннээх үлэни ыытар улуустартан сүүмэрдиэххэ наада дии саныыбын. Холобур, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас курдук улуустартан.
Билигин хаамыска алта түһүмэхтээх. Ити түһүмэхтэр элбиэхтэрин наада. Холобур, омуктар итинник хабааннаах оонньуулара уонтан тахсалыы түһүмэхтээхтэр. Аны туран “Умсаах” диэн ааттаах хаамыска тоҕус түһүмэхтээх оонньуута баар. Бу оонньуу туспа көрүҥ быһыытынан киириэн сөп. “Умсаах” оонньуу ааптара – дуобакка аан дойду кылаастаах, успуорт төрүт көрүҥнэригэр Арассыыйа кылаастаах судьуйа Дмитрий Сыромятников. Бу уустук соҕус оонньуу, маннык хабааннаах оонньууларга баар “аан” диэн өйдөбүл баар эҥин.
Матырыйаал түмүллэн эрэр
– Хабылык, хаамыска “Тыа сиригэр – успуорду” диэн култуура уонна успуорт бэстибээлин бырагырааматыгар киирбитэ дии.
– Сахалыы остуол оонньуулара тыа сирин дьонугар анаммыт бэстибээл бырагырааматыгар киирбитэ наһаа үчүгэй. Ити көрүҥмүт сайдарыгар, киэҥник тарҕанарыгар биир эмиэ төһүү күүс буолар. “Тыа сиригэр – успуорду” бэстибээл үс түһүмэҕинэн ыытыллар. Бастакы түһүмэҕэр нэһилиэктэр хамаандалара улуустарын иһигэр күрэхтэһэллэр.
Сахалыы остуол оонньууларынан сааһыттан тутулуга суох ким баҕарар оонньуон сөп. Кырачаан оҕолорго олус туһалаах. Моторика диэн өйдөбүл баар дии. Ол быһыытынан оҕо тутар-хабар, бииртэн биир дьайыыны утуу-субуу оҥорор дьоҕура сайдар. Ити киһи этэ-сиинэ эрэ буолбакка, толкуйдуур дьоҕура сайдарыгар эмиэ туһалаах.
– Хабылыкка, хаамыскаҕа сыһыаннаах анал мэтэдьиичэскэй кинигэлэр төһө бэчээттэнэллэрий?
– Успуорт төрүт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар, атах оонньууларыгар уонна хотугу многоборьеҕа элбэх мэтэдьиичэскэй кинигэлэри, диискэлэри таһаарбыта. Оттон биһиги матырыйаалларбыт дьэ түмүллэн эрэллэр. Итинник хабааннаах кинигэлэр бэчээттэнэн тахсаллара олус наада. Төһө кыалларынан улуустарга сылдьа сатыыбын. Ити сырыыларбытыгар кинигэлэри тарҕата сатыа этибит.
Анал сөрүө туһунан
– Хабылыгы, хаамысканы биир үксүн остуол тиэнниһин остуолугар оонньооччулар. Төрүт оонньууларбыт бэйэлэрэ анал остуоллаах буолуохтарын сөп дуу?
– Остуол тиэнниһин федерацията итинник дьаһаныыны олох сөбүлээбэт. Онон тиэннис остуолларыгар оонньуо суохтаахпыт. Сорох улуустар федерациялара сахалыы моһуоннаах остуоллары оҥорторон эрэллэр. Итини Кииммит салалтата утарар. Өбүгэлэрбит ити оонньуулары бастаан утаа сиргэ олорон оонньоотохторо. Ол иһин ханнык баҕарар остуолга оонньуохха сөп.
Онон остуолга ууруллар анал сөрүө оҥоһуллуон наада. Казахтар, холобур, бэйэтэ хааччахтаах эҥин анал сөрүөлээхтэр. Итинник сөрүөнү ханнык баҕарар остуолга ууран баран оонньоон барыахха сөп. Кытайдар хаамыскаҕа майгынныыр оонньууларын төп-төгүрүк моһуоннаах сөрүөҕэ оонньууллар. Биһиэнэ эмиэ итинник курдук буолуон сөп. Биһиги итинник сөрүөлэри оҥостубуппут. Төгүрүк да быһыылаах, түөрт муннуктуу да быһыылаах баар. Итинник дьаһаныыны тус бэйэм сөбүлүүбүн.
– Надежда Николаевна, сиһилии кэпсээниҥ иһин улахан махтал! “Кыым” ааҕааччыларын аатыттан үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын!
Федор РАХЛЕЕВ