Сайыммыт үгэнэ. Биһи Сахабыт сиирин тарбахха баттанар спортсменнарбыт күүскэ эрчиллэр үтүө кэмэ. Олортон биирдэстэрин, орто уонна уһун дистанцияларга сүүрүүлэргэ Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Наталья Леонтьева уонна кини тренерэ Дмитрий Васильевич Колесов сүрүн сыаллара-соруктара - эһиил Бразилия Рио-де-Жанейро куоратыгар сайыҥҥы Олимпийскай оонньууларга бэлэмнэнии. Дьокуускай куоракка культура-сынньалаҥ пааркатыгар, "Туймаада" стадиоҥҥа эрчиллэ сырыттахтарына көрсөн кэпсэттибит.
- Дмитрий Васильевич, дьэ, эрчиллии-бэлэм хайдаҕый?
- Аҕыйах хонуктааҕыта, бэс ыйын сүүрбэһис күннэригэр, Бурятияҕа Бүтүн Россиятааҕы турнирга кыттан кэллибит. Надежда Мироманова диэн Советскай Союзка улаханнык аатыра сылдьыбыт спортсменка бирииһигэр. Ити күрэхтэһиигэ кыттыыбыт сүрүн сыала-соруга Бурятия биир сүүрүк кыыһа быйыл Россияҕа бастаан турар, 5 уонна 10 км сирдэргэ сүүрүүгэ. Ону кытта киириһинэрээрибин. Тоҕо диэтэххэ, манна Саха сиригэр, Натальяҕа тэҥҥэ сырсар киһитэ суох. Ол иһин чугастыы ити региоҥҥа баран кытынныбыт. Онно, бастакы күрэхтэһиибитигэр, кини сүрүн дистанцията буолбатах да буоллар, бэлэмнэнэ таарыйа диэн 1500 м кыттыбыта. Наталья хара маҥнайгыттан сүүрүүнү баһылаан-көһүлээн барбыта уонна оннук утарсааччыларыттан атыытын тутан биэтэккэ кэллэ. 4 мүн 26 сөк сүүрүүтүн түмүктээн, Россия чемпионкатын Анна Федорованы 6 сөк хаалларда. Анна Федорова Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирсэн Европа ыччаттарын күрэхтэһиитигэр бараары сылдьар кыыс. Инньэ гынан, бэйэбит бэлэммитин бэрэбиэркэлээтибит.
Ол кэнниттэн иккис күрэхтэһиибит Бурятия олимпиецтарын бирииһигэр нэдиэлэ кэриҥинэн буолбута. Онно Монголия сүүрбэччэ киһилээх кэлэн кытынна. Чугас реионнар бары бааллар. Саамай күүстээх хамаанданы Иркутскай аҕалбыт этэ. Бу күрэхтэһиигэ Наталья Леонтьева бэйэтин сүрүн дистанциятыгар 3 км сүүрдэ. Манна эмиэ сүрүн утарсааччытынан, Россия чемпионката Анна Федорова буолла. Ону кытта сүүрүүгэ Наталья эмиэ сүүрүүтүн хара маҥнайгыттан баһылаан-көһүлээн саҕалаата. Атыытын улаатыннаран, биэтэккэ эмиэ бастакынан кэллэ. Россия чемпионкатын 14 сөк хаалларда.
Итинэн, Наталья Леонтьева бэлэмэ үчүгэйин көрдөрдө.
Билигин Кисловодскайга ый аҥаардаах сборга барабыт. Ол кэнниттэн тута аан дойду чемпионатыгар сүүмэрдиир суолталаах Россия чемпионатыгар 5 км кыттыахтаахпыт. Онно, утарсааччылара олус үчүгэй көрдөрүүлээх сылдьаллар. Быйыл. Натальяны киирсиэ диэн эрэнэбит. Бииргэ эрчиллэр, сборданар, хас да сыл бииргэ күрэхтэһэн кэлбит кыргыттара. Ким ханан күүстээҕин, мөлтөҕүн билэбит.
- Наталья Леонтьева көрдөрүүлэрэ төһө эбиттэрэ буолла?
- Наталья 5 км сүүрбэтэҕэ икки сыл буолла. Былырыын атаҕар улахан эчэйии ылбыта. Урукку бастыҥ көрдөрүүтэ 15 мүн 32 сөк. Быйыл Россия чемпионката Башкирия кыыһа Гульшат Фазлитдинова 15 мүн 18 сөк кэлэн бастаата. Атын күүстээх кыргыттар көрдөрүүлэрэ 15 мүн 30 сөк - 15 мүн 40 сөк икки ардыларынан. Аҕыйахтыы сөкүүндэ бэйэ-бэйэлэриттэн быысаһаллар. Онон, күрэхтэһиигэ ким- хайдах бэлэмнээх, ким-хайдах настройдаах кэлбитинэн кыайыыны ситиһиэҕэ. Бу соторутааҕыта Бурятия күрэхтэһиитин иннигэр Наталья Ерино куоракка олимпийскай чемпионка Печенкина бирииһигэр баран кыттыбыта. Россия саамай күүстээх сүүрүгүн, Европа призеркатын, Сочига буолбут күрэхтэһиигэ Европаҕа сүүмэрдээһиҥҥэ иккис миэстэлэммит Людмила Лебедеваны кытта киирсибитэ. Онно тэҥ киирсиигэ 0,2 сөк хотторон турар. Биэтэккэ аннараа кыыс фотофиниш быһаарыытынан санаа курдук инники тахсыбыта.
Онон, бэлэмэ куһаҕана суох. Тоҕо диэтэххэ, Ериноҕа тиийдэ тиийээт кыттыбыта. Биллэрин курдук, часовой уратыбыт улахан. Алта чаас көтүү. Онон аннараа кыыс балайда табыгастаах балаһыанньалааҕа. Ол да үрдүнэн, Наталья бэйэтин бэрэбиэркэлэнэн кэллэ. Россия улахан күүстээх сүүрүгүн кытта тэҥҥэ сүүрдүм диэн санаата улаханнык көннө.
- Эһиги наар соҕуруу дьарыктанаҕыт дуу?
- Соҕуруу баран дьарыктаныыларбыт бу кэнники кэмҥэ улаханнык мөлтөөтүлэр. Тоҕо диэтэххэ, Натальяны олимпийскай программаттан таһааран, үбүлээһитэн тохтотон тураллар. Онон, ааспыт күһүҥҥү кроһун сэтинньи-ахсынньы ыйдарга сбордарга баран кэлиитин - айанын, түһүүтүн, аһылыгын барытын бэйэтэ уйуммута. Тохсунньуга Россия күрэхтэһиилэригэр эмиэ бэйэтин харчытынан баран кыттыбыта. Киниэхэ толору үбүлээһин бара турар диир табыллыбат. Итинник бэлэминэн Россияны кыайар уустуктардаах. Итини салалта өйдүөн наада. Биһиэхэ бу стадиоҥҥа саамай түргэнник сүүрэр спортсмеммыт өтөрүнэн көстүө суоҕа дии саныыбын. Бэйэбит оҕолорбут маннык таһымҥа таҕыстахтарына өйөбүл баар буолара наада. Материальнай өттүнэн өйөбүл суох буоллаҕына спортсмен спортсмен быһыытынан бүтэр. Ханныгын да иһин, Россия таһыма сүрдээх улахан. Билигин Россияҕа бастаатын да Европаҕа киһи холкутук бастыан, миэстэлэһиэн сөп. Ити ордук, кыргыттарга.
Биһи ыам ыйыгар Сочига баран кыттыахтаах этибит, хамаанданан чемпионакка. Ону үбүлээһин суох буолан сатаан барбатыбыт. Онон, ити хамаанданан түмүгү таһаарар Европаҕа кыттыбатыбыт. Ити, биллэн турар, куһаҕан. Сочига баран кыттыбыппыт буоллар, бэйэбит таһыммытын көрүнүөхтээх этибит. Уонна туруга үчүгэйинэн, Европаҕа дуу, эбэтэр атын норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарга кыттарга быраап ылыа этибит. Биһиэхэ ол кыаллыбата.
- Оччоҕуна, эһиги, сүрүн сыалгыт-соруккут Россия чемпионатыгар кыттарга диэн. Онтон салгыы хайдах буоларый?
- Биһи билигин Натальялыын кэпсэтэн турабыт, үбүлээһин итинник мөлтөх да буолар түбэлтэтигэр, биллэн турар, Россияҕа үчүгэйдик көрдөрүөхпүтүн наада. Спорт министиэристибэтэ биһиэхэ көмөлөһө сатыыр. Тоҕо диэтэххэ, Михаил Дмитриевич өйөөбөтө буоллар, биһиги улаханнык ырааппат дьоммут. Кэнники кэмҥэ биһиги үбүлээһиммит ШВСМ-тан тохтотуллан, билигин аны спорт министиэристибэтигэр көстүбүт. Ону спорт министиэристибэтэ таба өйдөөн, сыаналаан, суолта биэрэн, өйдүө дии саныыбын. Биир баар-суох сүүрүк кыыһын үбүлээһинин тохтоппокко көмөлөһүө дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, Наталья, ханныгын да иһин, 2006 сыллаахтан Россияҕа төрдүс-бэһис сылдьар. Ити стабильнай. Итинник тохтоппокко сүүрэ сылдьар спортсмеммыт биһиэхэ суох. Универсиадаҕа Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн Саха сириттэн соҕотох кини кыттан турар. Наталья сүүмэрдэммит хамаандаҕа баарын баар. Сүрүн сорукпут - Россияны быйыл кыайыахпытын, эбэтэр аан дойдуга кыттыыны ылар нормативы толоруохпутун наада. Норматив 5 килэмиэтиргэ 15 мүн 20 сөк. Россия атырдьах ыйын 3-5 күннэригэр Чебоксар куоракка буолар.
Уонна биһи өссө биир улахан былааннаахпыт. Ол туһунан билигин улаханнык саҥарар эрдэ. Олимпийскай сылга Наталья дистанциятын уларытаары сылдьар. Балаҕан, алтынньы ыйдартан бүтүннүү онно көһөн ол дистанцияҕа бэлэмнэниэхпит. Барытын толкуйдаан, ырытан турабыт. Онон, олимпийскай сылга ол дистанцияҕа улахан быһаарыылаах охсууну оҥоруохпут. Бу Россия иһигэр эрэ буолбакка, ол дистанцияҕа Европа таһымыгар үчүгэйдик сүүрэр курдук.
Билигин биһиги үксүн бэйэбит куораппытыгар эрчиллэбит. Соҕуруу баран үөһэ хайаҕа эрчиллиибит кыаллыбата. Арай, муус устарга спорт министиэристибэтин көмөтүнэн Кисловодскайга сборданан кэлбиппит.
Бүгүҥҥү балаһыанньабыт ити курдук.
Тренер Дмитрий Васильевич Колесов этэрэ оруннаах. Кыаллара буоллар, киһи ылыныан сөп этиилэрдээх. Д.В. Колесовтыын кэпсэтэн бүтүүбүтүгэр, хаһан да буоларыныы, өрүүтүн үөрэн мичилийэ сылдьар, Наталья Леонтьева тиийэн кэллэ. Дорооболостубут. Кылгас токоолоһуу кэнниттэн, сурукка-бичиккэ тиһэр гына кэпсэтэргэ сөбүлэстэ.
- Наталья, дьэ, сылдьыы, бэлэм-дьарык хайдах баран иһэрий?
- Билигин бэлэмнэнии үчүгэйдик баран иһэр. Ыам - от ыйдарыгар манна кэлэн эрчилинним. Ол быыһыгар, Сибииргэ, Бурятияҕа күрэхтэһиилэргэ баран кэллибит. Дьарык былаан быһыытынан баран иһэр.
- Бурятияҕа кыттыыгыттан көрдөххө, бэлэмнэнии үчүгэй быһыылаах?
- Ол күрэхтэһиигэ мин толору кыахпынан сүүрбэтэҕим. Күрэхтэспэтэҕим ыраатта, бу сезоҥҥа. Бэйэбин тургутан көрөрдүү сүүрбүтүм. Итиннэ көрдөрүллүбүт бириэмэм улахан тугу да эппэт. Көннөрү бэйэни көрүнүү, бэрэбиэркэлэнии этэ. Ити иннинэ Ериноҕа олимпийскай чемпионка Печенкина бирииһигэр кыттыбытым, 3 км иккис буолбутум. 9 мүн 13 сөк кэлбитим. Онтон, Бурятияҕа 9 мүн 32 сөк кэллим. Эрчиллии кэриэтэ ааспыта.
- Эн Россия, Европа сүүрэр суолларыгар, аан дойду таһымнаах норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэргэ улахан быһыйдары кытта тэҥҥэ эрийсэҕин. Кинилэр тустарынан тугу этиэн этэй?
- Мин утарсааччыларым билигин күрэхтэһии бөҕөнү күрэхтэһэ аҕай сылдьаллар. Ыам ыйыгар бастакы күрэхтэһии Россия хамаанданан бастыыр иһин чемпионата Сочига буолбута. Мин үбүлээһиним суох буолан онно кыайан барбатаҕым. Дьиҥинэн, бэлэмнэниим үчүгэй этэ. Хомойуох иһин, ити бэртээхэй күрэхтэһиигэ кыттыы кыаллыбатаҕа. Манна дьиэбитигэр, бэйэбит хотуруоллуур старт оҥорбуппут. Ол Сочига ким кыайбыт Европа чемпионатыгар кыттар быраабы ылыахтааҕа. Онно кыайбыт Гульшат Фазлитдинова диэн Башкирия кыыһа 5 км кыттар быраабы ылбыта уонна ол кыттан Чебоксарыга буолбут күрэхтэһиигэ бэһис миэстэлэммитэ.
- Россия чемпионката Фазлитдиновалыын хайаһаҕыный?
- Дьиҥинэн, кыайар кыыһым. Сааһынан миигиттэн балыс. 5 уонна 10 км кыайар этим. 3 км буоллаҕына Россия лидер кыыһын, быйылгы Европа кыһыҥҥы чемпионатыгар бастаабыт Елена Короткинаны конкурса суох быһа киллэрбиттэрэ, ол сүүрэн үһүс буолла. Европа хамаанданан чемпионатыгар 3 км 9 мүн 20 сөк, онтон 5 км 15 мүн 48 сөк кэлэн бастаатылар. Мин бастыҥ көрдөрүүм 5 км 15 мүн 32 сөк, 3 км 8 мүн 57 сөк.
- Олох, биир баайыы эбиккит?
- Оннук. Бары тэҥмит. Холобур, бу кыһын мин Россияҕа бэһис-алтыс буолбутум. Бары 1-2 сөкүүндэ араастаһыылардаах сиирэ-халты бириэмэлэри көрдөртөөбүппүт. Онон, кинилэри кытта киирсиэххэ сөп. Ол иһин баччааҥҥа диэри эрчиллэ сырыттахпыт дии.
- Оччоҕо, сүрүн сыал-сорук?
- Сыалбыт-сорукпут, тэҥ буолбакка, баһыйыахха наада диэн. Ол иһин дьарыкпытын, методикабытын уларытаммыт, эрчиллэр сирбитин эмиэ уларытан, эрчиллэргэ табыгастаах суолу, үлэ хайысхатын көрдүүбүт. Бастыҥнары ситэр курдук. Саамай кылаабынайа, барыта үбүлээһинтэн тутулуктаах. Айаҥҥа, сбордарга сылдьарга уонна витаминизацияҕа харчы үчүгэйдик көрүллэрэ буоллар. Улахан спорка харчы элбэҕи быһаарар. Билигин бу сборга бараары сылдьабыт. Россия чемпионатыгар кыттарбытын спорт министиэристибэтэ үбүлүүр буолла.
- Эйиэхэ бастайааннай спонсор наада эбит. Баччааҥҥа диэри спонсора суох эбиккин? Урут "Якутзолото" (ген.дир. А.А. Федоров) үбүлүүрэ дии.
- Оннук. Мин спорка сылдьыахпыттан Александр Афанасьевич Федоров үбүлүүр этэ. Ол да иһин улахан спорка таҕыстаҕым. Саамай тахсар, үүнэр-сайдар кэммэр кини өйөөбүтэ, көмөлөспүтэ. Киниэхэ махтанабын. Ити тэрилтэ, хомойуох иһин, билигин суох. Спонсоры көрдүү сатыыбыт. Баҕалаахтар син бааллар эрээри, аан дойдутааҕы уонна дойдубут ис балаһыанньалара кытаанаҕынан кыаллыбат быһыылаах.
- Чувашия киин куоратыгар Чебоксарыга буолар Россия чемпионатыгар 5 км кыттаҕын дуо? Онно Сүрүн утарсааччыларын кимнээх буолуохтарай?
- Кыттан. Ити үөһэ этэн аһарбыт кыргыттарым - Гульшат Фазлитдинова, Елена Короткина уонна Елена Ноговицына диэн Удмуртия кыыһа бааллар. Ити саамай сүрүн утарсааччыларым.
- Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ буоларгынан киин сиртэн туох көмө баарый?
- Саас уонна күһүн Кисловодскайга сбордууллар. Стипендия эҥин курдук материальнай көмө оҥорботтор. Сылга биирдэ спортивнай форма биэрэллэр.
- Онон, сүрүн старт Россия чемпионата эбит?
- Оннук, сүрүн старт Россия чемпионата. Салгыы улахан күрэхтэһиилэргэ кыттыы, барыы-кэлии барыта Россия чемпионатыттан тутулуктаах. Хайдах кыттаргыттан, көрдөрөргүттэн. Ааспыкка кэпсэппиппит курдук, туох-баар бэлэмнэниибит 2016 сылга туһаайыллан баран иһэр.
- Арай, спонсор көстүбэтин, улахан өйөбүл оҥоһуллубатын. Оччоҕо?
- Ол спонсорство суох диэн баран эрчиллиибин быра5ан кээстэхпинэ, кэлин кэмсинэ сылдьыам дии. Онон, син-биир, бүтэһигэр тиийэ иннибит диэки баран иһиэхтээхпит, туох-баар кыахпынан-күүспүнэн эрчиллиэхтээхпин, күрэхтэһиилэргэ кыттыахтаахпын!
Чэ, Наталья, биһи эһигиттэн күүтэрбит, кэтэһэрбит элбэх эбит. Тапталлаах Сахаҥ сирэ, саха дьоно, спорка, чэпчэки атлетикаҕа сүгүрүйээччилэр, Эйиэхэ эрэнэрбит баар эбит. Россия да кэтэһэр буолуохтаах. Улахан стаарка санана сылдьарын үчүгэй. Онон, соҕотох курдук санаммакка, салгыы өссө күүскэ дьарыктан, бэлэмнэн. Соргу тосхойдун, сүүрэр суолун чэпчэки буоллун, кыайыыны-хотууну, ситиһиилэри баҕарабыт! Барыта арыллан, кэлэн иһэригэр эрэнэбит!
Кытаат!
Сахаларын эрэ сирин чиэһин буолбакка, бүтүн Россия чиэһин көмүскүү сылдьар, Олимпийскай оонньууларга ситиһиилээхтик кыттыахтарын сөптөөх бастыҥ ыччаттарбыт санаа хоту, кыахтарын толору арыйар дьарыктанар усулуобуйалар үөскэтиллэллэригэр баҕарыаххайын!
Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ.