IMG 2134

Дьаархаҥҥа муус устар 24 күнүгэр төрдүс төгүлүн нэһилиэк аҕа баһылыгын бирииһигэр бэрт сэргэхтик, көхтөөхтүк “Булчут күрэҕэ” буолан ааста

Үстүү киһилээх түөрт хамаанда сааскы ылбаҕай күҥҥэ үөрэ-көтө илин-кэлин түһүстүлэр. Көрөөччү элбэҕэ булчуттары кыайыыга кынаттаата, күрэх күүрээнин күүһүртэ.                                                                                                                                                                         

Маҥнайгы көрүҥүнэн «Илимньиттэр» буолла. Бастакы киһи үтүллэн турар илими хомуйа охсон, рюкзакка уган, иккис киһитигэр биэрэр. Ол булчут курумуу саппыкылаах 25 м кураанах сиринэн, 25 м тибии хаарынан, онтон 10 м усталаах модьу тимир турба үрдүнэн, ол кэннэ аны 15 см кэтиттээх 6 м усталаах былаахы «далаһа» үрдүнэн сүүрэн кэлэн, «дулҕаттан дулҕаҕа» ойуолаан баарыан илими хомуйбут булчукка аҕалан биэрбитин, ол киһи илимин үтэн сырылатта. Дьэ, манна ыксаан сыыһа халты, үчүгэйдик баайбатах илимньит эрэйи көрдө, аргыый наллаан хомуйбут абыранна. Илими үтээт, кураанах рюкзагын үһүс булчукка биэрэр. Ол булчуппут бастакы киһи суолунан араас моһоллору туораан кэлэн фиништээтэ. «Ураанхайдар» хамаанда (С.С.Гольдеров, П.А. Бабиченко уонна Максим Семенов) бэрт эрэллээхтик кыайдылар. Иккиһи «Булчут» (А.К.Семенов, Н.Ю. Кириллин уонна          Алексей), үсүһү «Байанай»(Б.Н. Семенов уолунаан Игнаттыын уонна күтүөттэрэ Геннадий) хамаандалара ыллылар.

Иккис көрүҥүнэн  «Биатлон» эстафета буолла. Хамаанда хас биирдии булчута 100 м сири курумуулаах сүүрэн кэлэн биэс мишени спортивка сааннан биирдиитэ ытта. Хас биирдии сыыһыы ахсын 10 сөкүүндэ эбиллэр буолан, ким түргэнэ эрэ буолбакка, кыраҕы харахтааҕа, хамсаабат илиилээҕэ улахан оруолу ылла. 3 мүн. 36 сөк. онтугар 20 сөк. эбиллэн, «Ураанхайдар» эдэрдэрэ да өтөн иннилэрин биэрбэтилэр. «Байанай» 5 мүн. 01 сөк. онтугар 10 сөк. эбиллэн иккис миэстэни ылла.  6 мүн. 05 сөк. онтугар 50 сөк. штрафнойдаах «Булчут» үһүс миэстэннэн дуоһуйда.

Үһүс көрүҥүнэн «Балыксыт» күрэҕэ буолла. Икки булчут үрдэриллэн турар эрэһиинэ тыыны салгынын таһааран, хомуйан, анал хаатыгар уган үһүс булчуттарыгар биэрбиттэрин, курумуу саппыкылаах 100 м сүүрүүннэн эргийэ охсон дьонугар биэрэр. Дьэ ону икки балыксыттарбыт тыыны нуормаҕа эппиэттиэр дылы үрдэрэллэр. Бу манна дьэ ким насоһунан, ким айаҕынан үрэн сирилэттилэр. Кыттааччылартан саамай аҕа саастаахтара Борис Семенов айаҕынан тыы аҥаарын үрэн насостаах уолунааҕар быдан эрдэ бүтэн дьону сөхтөрдө. Эбэн эттэххэ, 60 сааһын быдан ааспыт Борис Николаевич табаах диэни таппат, онон киһи тыҥата төһө кыахтааҕын көрдөрдө. Бу көрүҥҥэ «Ураанхайдар» иннилэрин биэрбэтилэр. Барытын эрдэттэн толкуйдаан, өйдөөн-дьүүллээн хамсаналларынан көрөөччүлэргэ сөбүлэттилэр. Иккиһи «Байанай», үсүһү «Булчут» хамаандалара үллэһиннилэр.

IMG 2132

Төрдүс көрүҥүнэн «Сонордьут» күрэҕэ буолла. Бастакы булчут ыҥыырын, үүнүн туппутунан, бааллан турар акка сүүрэн кэлэн ыҥыырдыы охсон, 50 миэтэрэлээх сири эргийэ охсон кэлэн, ыҥыырыгар баалла сылдьар икки саһыл хапкаанын устан ылан, иккис булчукка илдьэн биэрбитин, 100 миэтэрэлээх сири сүүрэн кэлэн үһүс булчутка биэрэр. Бу булчуппут  икки хапкаанын анал сиргэ иитэлиир уонна эр-биир эһэттээн аты ыҥыырдаабыт бастакы булчукка биэрэр. Бу киһибит хапкааннарын ыҥыырыгар иилэттиир, атын сыбыдахтыы охсон, ыҥыырын туппутунан күрэҕи түмүктүүр. «Байанай» хамаанда - аҕалара сылгыһыттыы сылдьыбыта таайан, 3мүн 40 сөк. кэлэннэр, бастакы кыайыыларын суруннулар. Иккиһи 5 сөк. хаалан «Бэргэн» булчуттара ыллылар. «Ураанхайдар» 5мүн.02сөк. кэлэн үһүс буоллулар. Бу манна ыраах Абый курдук сиртэн үлэлии кэлбит, оскуола информатикаҕа учуутала Павел Бабиченко акка сыстаҕаһа сып-сап курдук туттара олохтоохтору сөхтөрдө, астыннарда. Буур табатыныы, атын сатабыллаахтык салайа тутан сирин бэрт түргэнник эргийэн кэлэн, дьонун үһүс миэстэҕэ таһаарда.

Бэһис көрүҥүнэн аар саарга аатырбыт МЦ-12 сааны бириэмэҕэ ыһыы-таҥыы буолла. Хамаандаттан биирдии булчут киирдэ. 1миэстэни «Байанай» хамаанда ылан иккис кыайыытын сурунна. 2миэстэни «Булчут», 3миэстэни «Бэргэн» хамаандалара үллэһиннилэр. Эдэрдэр- «Ураанхайдар» билбэт, туппатах саалара буолан кэнники тэбилиннилэр, кыһыылаах уопсай түмүккэ охсуулаах хотторуу буолла.

Уопсай түмүккэ 9 очколаах «БАЙАНАЙ» хамаанда 1 миэстэни ылан 10тыһ. сертификат, 2 миэстэни 10 очколаах «УРААНХАЙДАР» ыланнар 7тыһ. сертификат, 3 миэстэни 14очколаах «БУЛЧУТ» хамаандалара ыланнар 5тыһ .сертификат тутаннар, өттүк хараланнылар, илии тутуурданан, сааскы куска бэлэмнэниигэ, үп-харчы өттүнэн эбии өйүбүл ыллылар. «БЭРГЭН» хамаанда да таах хаалбата, көхтөөх булчуттар 2тыһ. сертификат тутаннар, үөрүүлэрэ үксээтэ. Инникитин да бу курдук эр дьону көҕүлүүр, өрө тутар күрэхтэр хас улуус, нэһилиэктэр ахсын буола турдуннар.

Павел КЫРЕЛОВ,

Дьаархан нэһилиэгин спортинструктора

 

Поделиться:

#Новости

Первый выход на помост: якутские гимнастки дебютировали на всероссийских соревнованиях во Владивостоке

Команда клуба получила специальный приз «За веру в победу» за своё первое выступление в…