Саха сирин хайыһарга 26 төгүллээх чемпиона, спорт маастара Семен Черноградскай аатын билбэт спортсмен ахсааннаах буолуо. Кини эдэр эрдэҕинэ сиппэтэҕин, сааһыран баран ситэн турар. 50 сааһын туолан баран Финляндияҕа тиийэн сэттис буолбута – 24 дойду эдэр хайыһардьыттарыттан кини иннигэр биэс финн, биир швейцарец түспүттэрэ. Ити көрдөрүү хатыланыан сөп. Красноярскай кыраай чемпионатыгар 14 сыл балыс дьон күрэхтэһиилэргэр үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Ол эмиэ хатыланыан сөп.
Оттон Семен 18 саастааҕар ССРС спордун маастарын нуорматын Улан-Удэҕэ толорбута. Дьокуускайга 24 маастартан 23-н кыайбыта. Юниор уол 23 ССРС маастарын барыларын кэннигэр хаалларбыта. Ити 50-тэн тахса сыл буолла.
Семен Ильич көрдөрүүлэрин аһара түспүттэр бааллар. Ол эрээри, кини 23 көрдөрүүтэ билигин даҕаны хатылана иликтэр. Онтон 10 көрдөрүүтэ 50 сыл хатыламмакка турдулар уонна хаһан эмэ хатыланаллара саарбах.
Саха сирин спорка чиэһин 14 сыл көмүскээбит история учуутала Швецияҕа аан дойду кубогар кыттыытын туһунан Москваҕа сылга биирдэ тахсар хайыһардьыттар сурунааллара 10 (!) сыл буолан баран, “Биһиэхэ, Россияҕа, маннык спортсменнар бааллар!” диэн анаан-минээн “Мэтириэттэр” рубрикаҕа суруйан турар. Итинник билиниини Саха сириттэн ылбыт спортсмен суох.
Петр ПАВЛОВ