Былырыын саҥа дьыл иннинэ Өймөкөөн улууһугар тиийэ сылдьыбыппыт. Томторго. Муустаах ууга сөтүөлүүр учууталларын Афанасий Дорофеев үөрэҕин тарҕатыынан дьарыктанар Николай Романович Дьячковскай салайааччылаах Чурапчы “Чэбдиктэрэ”, “Хотугу эргимтэҕэ” марафоҥҥа күрэхтэһээччилэр, ол иһигэр, омуктар эмиэ бааллара
Физкультураны уонна спорду өрө тутар, чөл олох аргыстаах дьон. Чурапчы уҥмат тыҥалаах быһыйа Василий Лукин биэтэккэ бастакынан кэлбитэ. Иллэрээ сыл эмиэ бастаабыта.
Ол туһунан сиһилии суруйан, кэпсээн турабыт.
Томторго спорду өрө туталлар. Тыйыс айылҕалыын эҥэрдэһэн, тымныытынан аатырар бу сиртэн-дойдуттан элбэх биллиилээх спортсменнар тахсыбыттара. Кинилэр ортолоругар, спордунан утумнаахтык дьарыктанар, “Чысхаан” да буолан ыалдьыттары алгыстыыр Андрей Винокуров бэйэтэ күрэхтэһэрин таһынан, ыччаттары спорка көҕүлүүр. Төрөөбүт нэһилиэгэр, улууһугар кыайыы очколарын аҕалтыыр, хамаандатын туһугар сүүрэр-көтөр. Олоххо ураты көрүүлээх. Спорт киһиэхэ туһаны биэрэрэ элбэх диэн ааҕар. Болҕомтону тардар өйдөөх-санаалаах.
Андрей Николаевич, төрүт удьуор бу дойду киһитэ буоллаҕын, спордунан дьарыктаныыҥ хайдах этэй?
Оннук. Бэйэм 1976 сыллаах төрүөх киһибин. Оскуолаҕа кыра кылаастарга тустуунан дьарыктанар этим да, ыйаһыным улахан буолан, бэйэбиттэн икки сыл улахан саастаах оҕолору кытта тустаммын кыайтарар этим. Инньэ гынан, тустуубун бырахпытым. Оскуоланы бүтэриэхпэр диэри спортан олох тэйиччи киһи этим. Кылааспар саамай аҕыйахта тардынарым, саамай бытааннык сүүрэрим. Физкультураҕа саамай мөлтөхтөрө этим.
Онтон, 1994 с. Иркутскайга үөрэнэ барабын. Бастакы кууруска “Посвящение в студенты” буолла. Биолог-охотовед идэтигэр үөрэммитим. Онно, дьэ биирдэ, 80 уолу сүүртүлэр. Бастаан 5 км, онтон 3 км. Уон буоламмыт бүтэһик бөлөххө сүүрэн кэллим. Санаам түһэн, санаарҕаатым. 18 саастаах уол толкуйдаан көрдүм. Бу 18-пар маннык дьон кэнниттэн сылдьар буоллахпына, 28, 38, 50 саастарбар хайдах буолабыный диэн. Олох спорка чугаһыыһыкпын диэммин, хара-күүспүнэн спордунан дьарыктаныыбын саҕалаабытым.
Ол 1994 сылтан саҕалаан бараммын, билиҥҥээҥҥэ диэри спорпунан дьарыктана сылдьабын. Спорт миэхэ наһаа элбэх үчүгэйи биэрдэ. Элбэх табаарыстарданным. Уонна мин бэйэм спортсмен-энтузиаст киһибин. Спорду сөбүлүүбүн, чөл олоҕу тутуһабын. Киһи патриот буолуохтаах дии саныыбын. Олохпор барытын ситистим. Баһаарынай чааска начальнигынан үлэлиибин. Сылгыһыппын. Куруутун айылҕаҕа, тыаҕа сылдьабын. Хара үлэҕэ эриллэн кэллим. Хас күн аайы сарсыарда 5 чааска турабын, биир чаас дьарыктанабын. Бокуойдаах буоллахпына, кыһын заалга сылдьа сатыыбын. Сорох күҥҥэ иккитэ дьарыктанабын.
Ханнык көрүҥнэринэн дьарыктанаҕыный?
Саха киһитин быһыытынан хапсаҕайынан уонна мас тардыһыытын көрүҥнэринэн дьарыктанабын. Улууһум чиэһин мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга ыарахан ыйааһыҥҥа көмүскүү сатыыбын. “Манчаарыга” бэйэм холбор үчүгэйдик тустубутум. Ыйааһыммын 90 кг диэри түһэрбитим. Көннөрү күннэргэ, холобур, билигин 100-н тахса кг ыйааһыннаахпын. Арааһынай спортивнай методиканан туһанабын, тымныы уу куттабын, аччыктыыбын даҕаны. Дыхательнай гимнастиканан эмиэ дьарыктанабын. Тарскайга тустуохпун баҕарбытым да, хайдах эрэ, хамаандаҕа кыайан киирбэтэҕим. 46 сааспар Тарскайга тустуом дии санаабытым даҕаны, табыллыбата. Чэ, буоллун, кэмим кэлэн иһиэ. Кэнники, гиирэни сөбүлээн эрэбин, боксаны да сөбүлүүбүн, мээчиктиибин. Хаалыктаах да хаамыыны, сүүрүү эмиэ сөбүлүүбүн.
Туох эрэ сыаллаах-соруктаах буоллаҕын?
Киһи билигин “Зона комфорта” киирэн хаалла. Мин онтон тахсар идэлээхпин. “Зона комфорта” таҕыстаххына, буһан-хатан, бу тымныыга, ардахха-хаарга, тыалга, илистэн, тулуурдаах буолаҕын, эр киһи быһыытынан сайдаҕын. Тыйыс усулуобуйаҕа олорор буолаҥҥын олоххо наада дии саныыбын.
Саамай кылаабынайа, ыччаты көҕүлүүбүн. Көбүөргэ да ыҥырабын, мас да тардыһыыга олордобун. Манна биир итэҕэһэ диэн, миэхэ спаринг-партнерум суох. Ол иһин күчүмэҕэйдэри көрсөбүн. Ол да буоллар, бэйэм бэйэбэр тренердээн, бэйэм бэйэбин көҕүлээн. Киһи улахан баҕалаах буоллаҕынан, элбэҕи ситиһэр дии саныыбын. Спортан ыраах киһи бу улуус сборнайыгар киирэр эбит буоллахпына, ол төһө да ветеран саастаах буолтум иһин, бэйэм бэйэбэр хайҕаллаах дьыала дии саныыбын.
Эдэрдии эрчимҥин тута сылдьаргыттан сылктаатахха, удьуордаргар сэниэлээх дьон бааллар быһыылаах?
Мин төрдүм үчүгэй. Эһээм 104 сааһыгар, эбээм 90 сааһыгар өлбүттэрэ. Аны, эһээм аҕабын 76-гар оҥорбута. Эбээм онно 49 этэ. Онон үчүгэй генофоннаахпын. Уонна, 55 сааспар диэри бэйэбин программалыырбынан, өрөспүүбүлүкэ көбүөрүгэр тустуохтаахпын, мас тардыһыахтаахпын диэн санаалаахпын. Бэйэбэр оннук планка туруоруннум. Хара үлэни элбэҕи үлэлиибин. Сайыны быһа оттоон, мастаан, кыһынын сылгыбын көрөбүн-истэбин, техникабын кытта кытта өрө тустабын. Ол барыта тулууру ирдиир. Спордум миэхэ тулуурдаах буолууну биэрэр. Күҥҥэ иккитэ тымныы уу куттабын, кыһынын муустаах ууну. Тымныы уу, спордум туһалыыр. Уонна духовнай практиканан дьарыктанабын, саха итэҕэлинэн олоробун. Киһи бу олоххо туох эрэ үчүгэйи оҥоро кэлиэхтээх, дойдутун чиэһин көмүскүөхтээх диэн өйдөбүллээхпин.
Ол иһин билигин үчүгэйдик аһыыбын, саахыры уонна үүт аһы сиэбэппин. Арыыны, сыалаах эти сиибин, киһи аһыырын барытын аһыыбын. Тото аһыырбын сөбүлүүбүн. Бу саҥа Дьыл кэнниттэн ыйааһыным наһаа эбилиннэ, ынырык доруобай буоллум. Күн өрүү-өрүү “тягаҕа” 180 кг тардыалыыбын. “Жими” оҥоробун.
Вассаапка “Тардыныы” группата диэн баар, онно киириэххин сөп эбит?
Киириэхпин с6п эбит да, вассаабым суох, инстаграмым эмиэ суох, суох гыммытым. Тоҕо диэтэххэ, миэхэ бириэмэ күндү, бириэмэбин харыстыыбын. Ол оннугар, ютуб көрөбүн, образовательнай контент көрөбүн, тустууну көрөбүн. Сайда, билэ, ааҕа сатыыбын. Тус олоҕум күн аайы сайдыыга барар. Күн аайы тугу эрэ оҥоро сатыыбын. Өрөспүүбүлүкэттэн маннык интэриэһинэй дьон кэлэллэрэ, миэхэ энгергетика биэрэр. Наһаа туһалаах. Бүгүн Сахамин Афанасьевы уонна Елена Голомареваны Өксөкүлээх Өлөксөй сэргэтигэр буранынан илдьэ сырыттым. Алгыстаатым. Дьону кытта алтыһаҥҥын билэриҥ-көрөрүҥ кэҥиир, сайдаҕын.
Спорка көрдөрүүлэрдээх буолуохтааххын?
“Индигииркэ Кубогар” мас тардыһыытыгар бастаабытым, Василий Шараборин курдук өрөспүүбүлүкэ турнирдарыгар миэстэлэһээччибин. Хапсаҕайга Бөҕө Тараҕай, Юрий Васильев, Савелий Оконешников, Геннадий Попов турнирдарыгар бириистэрин ылаттаабытым. Ыарахан ыйааһыҥҥа. Күрэхтэһиилэргэ кыттарбар арыый атын көрүүлээхпин. Тустууга биликтэһэммин астыныыны, дуоһуйууну ылабын. Миэхэ онтуката наада. Кыайтардахпына даҕаны улаханнык хомойбоппун, кыайдахпына оннук наһаа үөрбэппин. Миигин күөн көрсүһүү, күөн күрэс процеһа ордук умсугутар. Күүстээх маастары утары таҕыстахпына, холобур, Александр Рюминныын киирсэрбэр, миигин туох албаһы оҥорон суулларарыттан интэриэһиргиибин. Хапсаҕай туспа философиялаах тустуу көрүҥэ. Мас тардыһыыта биир оннук. Тарскайга Өлүөхүмэ иннинэ, ыарахан ыйааһыҥҥа путевка ыла сылдьыбытым. Майаҕа тустубутум. Чурапчыга Тарскайга күүстээх маастардарга түбэспитим. Маҥнайгы эргиири ааспатаҕым. Ол да буоллар, улууһум туһугар, күүһүм-кыаҕым, доруобуйам баарын тухары, күрэхтэһиэм, улууһум чиэһин көмүскүү сылдьыам.
Спорка кумирдардааххын дуо?
Анатолий Баишевы, Уйбаан Белолюбскайы, Увар Тимофеевы, Евгений Алексеевы, Юрий Старостины убаастыыбын. Ити дьону кытта элбэхтик тустубутум. Биир дойдулаахтарым Евгений Сивцев, Вас Сивцев олох үчүгэй уолаттар. Улахан спортсменнары кытта алтыһаҥҥын эн эмиэ үүнэҕин-сайдаҕын. Инньэ гынан, сайдыы бара турар, биир сиргэ турбаппын. Күүстээх спортсменнары, үчүгэй дьону көрдөхпүнэ астыныыны-дуоһуйууну ылабын.
Холобур, бу бүгүн биһиэхэ, Томторго биллиилээх дьоннор кэлэннэр, миэхэ хайдах эрэ олус үөрүүлээх күн буолла. Дьол, иэйии киирэр. Улахан спортсмменнар кэлэннэр энергия биэрэллэр. Энергия атастаһыыта буолар. Ол иһин мин күрэхтэһиилэри кэрийэрбин наһаа сөбүлүүбүн. Күрэхтэһиигэ барыта табаарыстарым буолан хааллылар. Хапсаҕайдьыттар, мас тардыһааччылар, ханна да тиий – билэр дьонум. Күүстээх спортсменнар табаарыстарым буолан хааллыллар. Бырааһынньык курдук. Көрүстэхпитинэ өйдөһөбүт, үөрэбит, өйөнсөбүт. Спорт диэн киһини өрө көтөҕөр олох туспа эйгэ.
Инникитин туох сыаллааххын-соруктааххын?
Күрэхтэһэр санаалаа, былаан элбэх. Наһаа баҕалаахпын. Ыраах баҕайы олорорбут эрэ күчүмэҕэйдэри үөскэтэр. Күрэхтэһиилэргэ үксүгэр бэйэҥ проезкынан сылдьаҕын. Улууһум, нэһилиэгим баһылыктара, спорт управление өйүүллэригэр эрэллээхпин.
Дьиэ-кэргэниҥ туһунан?
Олоҕум аргыһа Саргылаана Николаевна Ньурба Маалыкайа, бу Бороҕон нэһилиэгэр баһылык солбуйааччытынан үлэлиир. Кыыһым Вера быйыл Маалыкайга эһээлээх эбээтигэр олорон орто оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Дьокуускайга мединститукка быраас идэтигэр үөрэнэр. Уолум Коля тренер Владимир Николаевич Саввиновка пиэрибэй кылаастан көҥүл тустуунан дьарыктанар, Тарскай чемпионатыгар үһүс, Пинигин турнирыгар иккис, Бувайсар Сайтиев турнирыгар үһүс миэстэлэри ылаттаабыта. Үөрэҕэр “туйгун”. Бэрээдэги, дьиссипилиинэни тутуһар, дьоһун киһи. Кэргэним эмиэ спортзаалга сылдьар. Онон, кыра-кыралаан спордунан дьарыктанар дьиэ-кэргэммит.
Күн аайы дьарыктаныахха наада диибин. Көтүппэккэ, мэлдьитин. Результат биэрэргэ, күн аайы күрэхтэһэргэ бэлэм буолуохтааххын дии саныыбын. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ формаҕар сылдьыахтааххын. Хаһан баҕарар, төгүрүк сыл. Спордунан дьарыктанар киһи дьарыктаммат дьонтон атын таһымҥа сылдьар. Чөл олоҕу тутуһабын. Арыгыны, табаҕы утарабын. Эдэр ыччакка чөл олоҕу пропагандалыы сатыыбын.
Спорт туһатын туһунан билиини-көрүүнү хантан ылаҕыный?
Спорт туһунан элбэх литератураны үөрэттим. Куруутун ааҕабын, сурунабын. Сарсыарда дыхательнай гимнастика оҥоробун. Сүүрбэ сыл буолла дневник суруммутум. Сарсыардаттан киэһэҥҥэ диэри тугу гыммыппын, тугу дьарыктаммыппын, тугу үлэлээбиппин, күн-дьыл хайдаҕын. Оннооҕор муус хаһан тоҥмутун, хаар хаһан түспүтүн, уу кэлбитин, айылҕа хаамыытын бэлиэтэнэбин. Барытын кэтээн көрөбүн. Сылларынан миэхэ бааллар. Ханнык баҕарар күнү арыйдым даҕаны барыта көстөн кэлэр. Дневник киһини бэрээдэктиир уонна киһи точнай буолар, олоҕун сааһыланар. Ютубу көрөбүн, үөрэнэрин элбэх.
Спортан ураты, олоххо сыһыаныҥ туһунан?
Духуобунаһынан дьарыктанабын, онон, бэйэм бэйэбэр астына-дуоһуйа сылдьабын. Олоххо ситиһиэххэ сөбүн ситистим дии саныыбын. Наадалааҕым барыта баар. Бэрт кыраҕа наадыйабын. Кыраҕа сөп буолабын. Инньэ гынан, миигин тугунан эмэ соһутар, дьиктиргэтэр, куттуур кыаллыбата буолуо. Буола турар быһыыга-майгыга холкутук сыһыаннаһабын. Харчы миэхэ улахан сыалым-соругум буолбатах, харчыга улахан суолта биэрбэппин. Киһи ис туругун бэйэтэ үөрэтиэхтээх, билиэхтээх диэн толкуйдуубун. Сайдыы диэки баран иһиэхтээххин. Элбэххэ үөрэнэ сатыыр буоламмын, миэхэ олоҕум интэриэһинэй.
Үс ыттаахпын, икки лаайка, биир лабрадор. Бултуубун, балыктыыбын. Саха сиэринэн сөбүн көрөммүн сылдьабын. Аһары барбаппын.
Дьэ, итинник, Андрей Николаевич Винокуровтыын кулуупка бастыҥнары наҕараадалааһыны кэтэһэ олороммут, дьон мустуор диэри ирэ-хоро, бэрт сэргэхтик кэпсэттибит. Сценаҕа үөрүүлээх түгэн саҕаламмытын биллэрэн, музыка ньиргийбитигэр, тохтоотубут. Бултааһын, айылҕаҕа сылдьыылар тустарынан элбэҕи кэпсиирэ хаалла.
Саҥа Дьылынан, саҥа ситиһиилэринэн, Андрей Николаевич!
Баһылай Посельскай
Өймөкөөн – Дьокуускай