- Аҕам Николай Николаевич II Дьөппөҥҥө төрөөбүт, манна улааппыт киһи. Кини бииргэ төрөөбүттэрэ уон киһи, онон биһиги халыҥ аймах буолабыт. Ийэм Татьяна Петровна Бүлүү Өкүндүтүттэн төрүттээх, аҕабын кытта Томскай куоракка устудьуонну сылдьан билсэн ыал буолбуттар. Бииргэ төрөөбүттэр түөрпүт, саамай улахаммыт эдьиийбит Алена буолар. Онтон Женя диэн убайым кэлэр. Мин кэннибиттэн бырааппыт Петя баар. Биһиги үһүөн тустуунан дьарыктаммыппыт. Убайым – спорт маастарыгар кандидат, быраатым – спорт маастара.
- Төрөөбүт дойдуҥ, II Дөппөн нэһилиэгэ, умнуллубат ойор-тэбэр оҕо сааһыҥ туһунан ахтан аас эрэ.
- Эрчиллиигэ сылдьыбытым сыл аҥаарын буолбутун кэннэ Олег Дмитриевич Хабаровскайдааҕы физкультурнай институту бүтэрэн кэлбитэ. Оҕолору мунньан баран «ким тустуунан эрчиллибитэй» диэн ыйыталаспыта. Ити кэмҥэ тустуу олох муода курдук этэ. Туох баар дэриэбинэ оҕото барыта тустууга киирбитэ.
- Эдьиийим Алена Николаевна математика учуутала, ол иһин физика-математика лицейыгар киллэрэр сыаллаах этэ. Онон дойдубар тохсус кылааһы бүтэрбитим кэнниттэн, миигин бэлэмнээн Дьокуускайга саас аҕалбыта. Итиннэ тургутар эксээмэннэри ааһаммын, лааҕырга киирбитим уонна сайыны быһа сылдьыбытым. 10-11 кылаастарга үөрэнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейы бүтэрбитим. Ити кэмнэргэ кылгас кэмҥэ тустууттан тохтуу сылдьыбытым. Ол гынан баран, тустуубун олус сөбүлүүр буолан, СГУ «Юность» стадион икки этээстээх мас дьиэтин спортивнай саалатыгар Федот Архипович Соловьевка эрчиллиигэ кэлбитим. Бу кэмҥэ Олег Дмитриевичтаах мунньахтааннар “«Зал борьбы» сырыт, Будимир Григорьевич Яковлевы таллыбыт” диэннэр сыһыарбыттара. Онтон ыла, 11 кылаастан саҕалаан, тустан бүтүөхпэр диэри Будимир Яковлевка эрчиллибитим, дьарыктаммытым.
- 1996 сыллаахха Атлантаҕа Олимпийскай оонньуулар төрүттэммиттэрэ 100 сылын туолуутун бырааһынньыга хайдах курдук тэрээһиннээхтик, кэрэтик-күндүтүк ыытыллыбыттарын тэлэбиисэринэн көрбүппүт. Бу сыл Олимпийскай оонньуулар кэннилэриттэн тута I Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньууларын күрэхтэһиитэ тэриллибитэ.
- Мин тустар ыйааһыммар финалга олимпиец Герман Контоев уонна Европа чөмпүйүөнэ Захарук финалга тахсыахтара диэн дьон барыта күүппүт этэ. Ону мин Герман Степановиһы кыайан кэбиһэн, хаартыны буккуйан турардаахпын. Бу саҕана Герман Контоев Европаҕа хаста да тустубут кэмнэрэ этэ. Финалга тахсан тустуубар Захаругу сөбүлээн туттар албаспар түбэһиннэрэн, бурҕалдьылыы кэтэн бырахпытым, “мельницалаабытым”. Дьэ, манна ыалдьааччылар хаһыыларыттан спорт дыбарыаһа «хайда» сыспыта. Бу тустууга 5-3 ахсаанынан хотторбутум, уопутум суоҕа таайбыта.
- Будимир Григорьевич букатын туспа эйгэлээх киһи уонна олох ураты суоллаах-иистээх тириэнньэр буолар. Кини олус муударай, мындыр. Киниэхэ эрчиллибитим, тустубутум тухары биирдэ да куолаһын соноппотоҕо, холку баҕайытык сүбэлиир. Онтон хотторор түгэммэр мөхпөт, кыайар да кэмнэрбэр биирдэ да хайҕаабатаҕа. Итинник дьиктитик иитэр-такайар этэ. Кини бөлөҕүнэн буолбакка, чопчу биирдиилээн тустууктары табыллан дьарыктыыр киһи. Ол да быһыытынан, спортсменнары ситиһиигэ тиэрдэр. Мин иннибинэ аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса призерун, Россия чөмпүйүөнүн Петр Юмшановы, кини кэнниттэн миигин ылан, эппиппит курдук, үс олимпийскай цикл бииргэ үлэлээбиппит. Мин кэннибиттэн улахан көбүөргэ Иннокентий Иннокентьевы уонна Семен Семеновы таһаартаабыта. Билигин Герман Устиновы эрчийэр, ити курдук туспа, ураты буочардаах спортсменнары иитэлиир.
- 1998 сыллаахха олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин тус тириэнньэрэ Георгий Бураков Саха сиригэр кэлэн, тириэнньэрдэри кытта сүүмэрдэммит хамаанданы эрчийбитэ уонна олус элбэҕи оҥорбута, биэрбитэ. Мин бу кэмҥэ сүүмэрдэммит хамаандаҕа баар этим. Россияҕа эдэрдэргэ иккис миэстэ буолбутум уонна ити сыл Сидней куоракка аан дойду түһүлгэтигэр тахсаммын финалга тиийэн Болгария бөҕөһүгэр Николай Псалатка (кэлин улахан дьоҥҥо Европа, аан дойду чөмпүйүөнэ) хотторбутум. Манна үрүҥ көмүс мэтээли ылбытым.
- Устудьуоннар ортолоругар ыытыллар Россия чөмпүйэнээтигэр Саха сириттэн элбэх буолан кыттыбыппыт. Бу күрэхтэһиигэ миигин таһынан Кирилл Павлов уонна Николай Чукров буолан ыйааһыннарбытыгар бастаабыппыт. Ити түмүгүнэн Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэммит устудьуоннар ортолоругар ыытыллар аан дойду күрэхтэһиитигэр Японияҕа Универсиадаҕа барбыппыт. Николай Чукров V миэстэ, Кирилл Павлов II, онтон мин ыйааһыммар бастаабытым.
- Мин бу олимпиадаҕа номнуо Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн барбытым. Дьиҥинэн, ыйааһыммар казахтар күүстээх тустууктар элбэхтэр этэ. 2003 с. Алуштаҕа Украина, Россия, Греция, Казахстан, Армения о.д.а судаарыстыбалар тустууктара кыттыылаах холбоһуктаах улахан эрчийэр түмсүүтэ буолбута. Тургутан көрөр тустууларга барыларын кыайбытым. Манна казахтар көрөннөр, Казахстаҥҥа ыҥырбыттара. Итиннэ, Иван Сивцев, Будимир Яковлев буолан кэпсэтэммит, Казахстаҥҥа көспүтүм. Бу сыл ахсынньыга Азия кубогар барыларын кыайаммын, Казахстаннар Азия кубогын хаһаайыннарынан буолбуппут. Словакия куоратыгар норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай путевканы былдьаһар турнирга бастааммын, олимпиадаҕа путевка ылбытым уонна турнир «Бастыҥ тустууга» анал бирииһин кубогын туппутум. Ити кэнниттэн, турнирдарга кыттан миэстэлэспитим, онтон Олимпиадаҕа тиийбитим. Сэттэ киилэ курдук ыйааһын түһэрбитим, ити саҕана ыйааһын түhэриини үчүгэйдик билбэт буоламмын аччыктаан, эрэйдэнэрим. Бастакы киирсиибин, Американские игры кыайыылааҕа Макдональд диэн канадеһы кытта тустубутум. 8-0 кыайан иһэммин ситтэрэ сыспытым, 9-7 кыайбытым, алдьархайдык тустубуппут. Ити саҕана, быраабыла атын этэ, биһиги бөлөххө Серафим Борзаков (Европа, аан дойду чөмпүйүөнэ, олимпиада призера) баар этэ. Кинини бэрт сыралаах киирсиигэ тилэхтээн охторон кыайбытым. Инньэ гынан, бөлөхпүттэн тахсыбытым. Үһүс эргииргэ инники күөҥҥэ сылдьар, аан дойду түһүлгэтигэр үһүс миэстэлээх японеһы утары тахсабын. Кыайыыга баҕата олус. Бу киһини кытта тоҕус мүнүүтэ тухары тустаммын, ыарахан киирсиигэ 3-2 ахсаанынан хоппутум. Ити курдук финал аҥаарыгар киирбитим, манна эмиэ Европа, аан дойду чөмпүйүөнэ, Олимпиада призера Эльбрус Тедеев миигин утары тахсыбыта. Бииртэн биир улахан титуллаах бөҕөстөр түбэһэн испиттэрэ. Тедеевы бастаан 2-0 кыайан испитим, киһим биир кэм, түс да түс буолар, атахтаан биир баалы ылан баран «кириэс» диэн албаһы оҥорон, өссө биир баалы эбии сурунна, ахсаан 2-2 буолла. Туста аҕай сылдьабыт, онтон 15 сөкүүндэ хаалбытын кэннэ киниэхэ биир баалы биэрбиттэрэ, миэхэ сэрэтии инньэ гынан халбархай балаһыанньаҕа кыайан турар. Эльбрус Тедеев финалга тахсыбыта. (Мин «Чемпион клуб» диэн сурунаалга Эльбрус Тедеев биэрбит интервьютун ааҕан турабын. Онно кини: “Мин саамай күүстээх утарсааччыбын Леонид Спиридоновы тустан кыайар кыаҕым суоҕа, сылатан эрэ кыайар туруктааҕым” диэн эппит этэ – У.У.)
- Ити кэнниттэн 2006 сыллаахха олус улахан таһымнаах Азия чөмпүйэнээтигэр саха бөҕөстөрүттэн бастакы чөмпүйүөн буолбутуҥ. Эн тустар ыйааһыҥҥар Азия тустууктара саамай күүстээхтэр. Дьэ, 2008 сыл тигинээн кэлбитэ, тустуук быһыытынан өй-санаа, эт-хаан, күүс-уох өттүнэн саамай сиппит-хоппут кэмиҥ этэ. Пекиннээҕи XXIX Олимпийскай оонньууларга Олимпиада боруонса мэтээлин иһин тустууга, Индия бөҕөһө Сушил Кумар (2010 с. Москваҕа аан дойду чөмпүйүөнэ буолбута) мэһэй буолбута.
- Эһиилигэр, 2009 сыллаахха, Данияҕа аан дойду чөмпүйэнээтигэр боруонса мэтээли ылбытыҥ.
- Аан дойду таһымыгар тустаргар хайдах былааннаан тустар этигиний?
- Тус олоххор сыһыаннаах ыйытыктарбын биэриэм. Оҕо сылдьан кими холобур оҥостор этигиний?
- Аһылык туһунан, ханнык астары сөбүлүүгүнүй?
- Сынньалаҥҥар айылҕаҕа, тыаҕа булка төһө сылдьаҕыный?
- Ырыа-тойук өттүгэр, саха эстрадатын ырыаһыттарыттан ордук кимнээҕи сэҥээрэн истэҕин?
- Дьиэ кэргэниҥ туһунан ааҕааччыларга билиһиннэр эрэ.
- Аҕа быһыытынан оҕону иитиигэ туох сонун көрүүлээххиний?
Уйбаан УЙГУУРАП