“Эйэ! Маай! ГТО!” девизтээх акцияҕа үс күн устата тилэри, сарсыарда 9 чаастан киэһэ 5 чааска диэри Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадион Дьокуускай куорат олохтоохторунан, ыалдьыттарынан туолла. ГТО-ну туттарыылар бүтэһик күн культура-сынньалаҥ пааркатыгар буоллулар.
Бастыҥнарга - наҕараадалар
Саха сиригэр биллэриллибит “Үлэ Сылыгар” уонна “Физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар” анаммыт ГТО фестивалын үөрүүлээхтик аһыллыытыгар фестиваль кыттыылаахтарын Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин профсоюзтарын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ проректора Михаил Федоров, сүрүн судьуйа Альберт Васильев эҕэрдэлээтилэр.
Физкультура уонна спорт активистарыгар, кыһыҥҥы уһун күннэргэ ГТО кэрдиистэрин кыһыл көмүс бэлиэлэргэ туттарбыттарга наҕараадалааһыннар буоллулар. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна” бэлиэлэр физическэй культура уонна маассабай спорт Управление отделын начальнигар Алексей Аржаковка, 4 № оҕо спортоскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Павел Глухаревка, Футбол оскуолатын отделын начальнигар Изумира Николаеваҕа; ГТО Бүтүн Россиятааҕы физкультурнай-спортивнай комплексын кыһыл көмүс бэлиэлэрэ ХИФУ студеннарыгар Арчылан Семеновка, Игорь Алексеевка,
ветераннарга Европа, Аан дойдутааҕы оонньуулар кыайыылааҕар Варвара Макароваҕа, Музыка үрдүкү оскуолатын баспытааталыгар Екатерина Кладкинаҕа, “Саха гимназия” физкультураҕа учууталыгар Алексей Алексеевка, орто оскуола үөрэнээччилэригэр Людмила Колосоваҕа, Айастан Андросовка, Данил Шумиловка, Анастасия Жирковаҕа, Карина Зайцеваҕа, Евгения Шипошинаҕа, Георгий Кобяковка, Одун Максимовка, Тимур Семеновка, Мария Васильеваҕа, Самаана Васильеваҕа, Нарыйа Яковлеваҕа дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттарылыннылар.
Мелодист, өрөспүүбүлүкэ куонкурустарын кыайыылааҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Мирослав Егоров үҥкүүлээх-битиилээх ырыатынан эҕэрдэлээн спорт бырааһынньыгын түһүлгэтин киэргэттэ.
Физическэй культура уонна маассабай спорт Управление телеграмм-каналын сурутааччыларыгар IRON фирма спортивнай көстүүмнэрдээх уонна спорт Министиэристибэтин тэрилтэлэригэр сылдьар абонеменнардаах анал бириистэри оонньотон туттарыылар буоллулар.
ГТО маассабайдык туттарыыта 2013 сылтан саҕаламмыта
Фестиваль биир сүрүн көҕүлээччитэ уонна тэрийээччитэ, 2013 сыллаахха физическэй культураҕа уонна маассабай спорка Управление начальнигынан үлэлии олорон ГТО-ну аан-бастаан саҕалаабыт, билигин Футбол оскуолатыгар дириэктэрдиир Николай Гаврильевич Цыпандин санаатын кытта үллэһиннэ:
“Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи ГТО нуормаларын туттара кэлбит. Хас биирдии упражнениелары туттарыыларга уһун уочараттарга тураллар. Ити нэһилиэнньэ эт-хаан өттүнэн дьарыктаныыга болҕомтотун күүһүрдүбүтүн арылхай көстүүтүнэн буолар. Бу күннэргэ биир да күн тохтобула суох араас тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр, спартакиадалар буола туралларыттан киһи санаата көтөҕүллэр. Үлэ кэллэктииптэриттэн, профсоюзтартан сайаапкалар киириилэрэ уҕараабат. Күннээҕи олохпутугар “Спорт норма жизни” буолбута, маассабас үрдээбитэ харахха быраҕыллар. Дьон көхтөөх. Биһи футбол оскуолабыт тэрилтэтэ Нерюнгрины кытта бииргэ үлэлэһэбит. Группаларбытын саастарынан арааран күрэхтэһиилэри ыытабыт. Кыайыылаахтары өрөспүүбүлүкэ таһыгар күрэхтэһэ баралларыгар наҕараадалыыбыт. Биир үлэһиппит Виталий Онуфриев Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллибитэ, ГТО Бүтүн Россиятааҕы фестивалыгар өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүү барарга бэлэмнэнэр. Биһи, спорт салайааччылара нэһилиэнньэ физкультуранан уонна спордунан утумнаахтык дьарыктанарыгар табыгастаах усулуобуйа оҥоруохтаахпыт”.
ГТО – чэгиэн, чиргэл турук көстүүтэ
Көрүҥнэр аайы ГТО туттарааччылара дьаныһан туран, санааларын ууран кытыннылар. Эдьигээн улууһун баһылыга Василий Сорокин кэлэн көрө, уопут ыла сылдьар. “Мэҥэ-Хаҥалас” диэн суруктаах формалаахтар көстөллөр. Сыал-сорук араас. Үгүстэр, ордук эдэр өртүлэрэ, кыргыттар, уолаттар ыарырҕаталлар. Турниктарга, снарядтарга аан бастаан холоноллоро биллэр.
Онтон саастаах өттүлэрэ, спорка үгүстүк көлөһүннэрин тохпут ветераннар сыстаҕастар, кыһыл көмүс бэлиэҕэ туттара сатыыллар. Быйыл атах оонньуутугар “Сахаада-спорт” маастарынан буолары ситиспит Афанасий Дорофеев, спорт комментатора Александр Ушницкай күүс көрүҥнэригэр “туйгуннук” туттартаатылар. 1 км сүүрүүнү ыарырҕатарбыт буолуо диэн бараннар сүүрүүлэрин эмиэ кыһыл көмүс бириэмэнэн түмүктээтилэр.
Дьокуускайдааҕы автодорожнай техникум үлэһитэ Николай Иванович Никаноров сүүрүү бөлөҕүн баһылаан-көһүлээн, олус чэпчэкитик дэгэйэн, бастакынан кэллэ:
“Бэҕэһээ тардыныыга, гиирэҕэ, миэстэттэн ойууга, анньыныыга наһаа аһары барбакка кыһыл көмүскэ туттартаабытым. Бүгүн сүүрүүгэ сааскы халлаан тыаллаах, тымныы соҕус. Кыһыл көмүскэ туттардым ини диэн эрэллээхпин, судьуйаларга тиийэ иликпин. Өрдөөҥүтэ манна педфагы бүтэрбитим, физкультура учуутала идэлээхпин. Специальноһым сүүрүү – 1 км 40 км диэри сүүрэбин, онон, сүүрүү миэхэ саамай чугас көрүҥүм. Бастакы эргиирбэр, утарсааччыларбын үөрэтэн, орто тэтиминэн барбытым. Онтон биир эргиир хаалбытын кэннэ, сэниэбин, самочувствиебын көрөммүн эбэн биэрдим. 150 м хаалбытын кэннэ финишнэй спруттаатым. Рывоктаатым. Дьарыгым диэн, кыһыны быһа волейбол оонньообутум. Дьоҥҥо или-эйэни, дьолу баҕарабын!”.
Үһүс күн, өрөбүлгэ, культура уонна сынньалаҥ пааркатыгар мэһэйдээх сиргэ 3 км уонна 5 км сиргэ сүүрүүлэр, итиэннэ, “скандинавскай хаамыыга стаартаатылар. Паарка түгэҕин диэки баар ырааһыйаҕа граната, мээчик быраҕыыта буоллулар. Кэбээйи Куокуйуттан эдэр-эмэн саастарыгар боксаҕа уонна волейболга бастакы разрядтаах спортсмен, билигин 77 саастаах ветеран Егор Еремеевич Соловьев 3 км сири “скандинавскайдаан” тулуппата, 33 мүнүүтэнэн кэлиэхтээх нуорматын букатын “эрдэ” кэлэн, билигин да туйгун туругар сылдьарын көрдөрдө!
Кыһыл көмүс бэлиэлээхтэргэ көҕүлээһиннэр бааллар
Фестиваль түмүгүн сүрүн судьуйа Альберт Григорьевич Васильев иһитиннэрдэ: “Икки күн түмүгүнэн 3187 киһи кэлэн кытынна. Быйылгы ГТО гормативтара уларыйбыттара. Саастарынан кэрдиистэр (ступень) эбиллэн, элбээн биэрдилэр. Былырыыҥҥа диэри 11 кэрдиис эбит буоллаҕына, билигин 18 кэрдиискэ диэри эбиллэн биэрдэ. I-кы кэрдиис 6 саастаах оҕолор, бүтэһик XVIII кэрдиис 70-н үөһэ саастаах аҕам саастаахтар. Аҕыйах хонугунан оҕолорго туспа фестиваль ыытыахпыт. Наҕараадалааһын кварталга биирдэ буолар. Кыһыл көмүс бэлиэлэр дастабырыанньаларыгар Россия спорка миниистирэ (Олег Матыцин) , онтон, үрүҥ көмүс уонна боруонса бэлиэлэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин миниистирэ (Леонид Спиридонов) илии баттыыллар.
ГТО-ну туттарбыт студеннарга уонна үлэһиттэргэ араас стипендиялар, бириэмийэлэр курдук араас көҕүлээһиннэр (стимулированиелар) көрүллэллэр. Онон, материальнай интэриэс баар. Ону үөрэх тэрилтэлэрэ уонна үлэ коллективтара, профсоюзтар бэйэлэрэ быһаараллар. Былырыын улуустары, оройуоннары кытта холбоон 5000 кэриҥэ киһи фестивалга кыттыбыта, быйыл өссө элбиирэ буолуо диэн санаалаахпыт. Саҕалааһын, көрдөрүү үчүгэйдэр”.
Дьэ, ити курдук, быйылгы ГТО фестивала улахан дьоҥҥо түмүктэннэ. Докумуоннар толорууга, ырытыыга сылдьаллар. Сотору кэминэн - оҕолор фестиваллара. ГТО нуормаларын туттарыылар сыл устата тестирование кииннэригэр күн аайы ыытыллаллар.
ГТО фестивала бэрт көдьүүстээхтик ааста.
Эрчиллиҥ, чэгиэн-чэбдик буоларга дьулуһуҥ!
Ситиһиини тосхойдун!
Баһылай Посельскай