Ахсынньы ый 2-3 күннэригэр “Модун” спорт киинигэр өрөспүүбүлүкэ спортивнай нэһилиэктэрин ыччат хамаандаларын икки ардыларыгар сахалыы төрүт оонньууларга «КҮӨН КҮРЭС» ыччат түһүлгэтэ (этнофестиваль) ыытыллыаҕа.
🔹Кыттыыны ылыахтара:
2-с Малдьаҕар (Хаҥалас), Бордоҥ (Сунтаар), Чинэкэ (Бүлүү), Майа (Мэҥэ Хаҥалас), Хоро (Үөһээ Бүлүү), Мастаах (Кэбээйи), Одуну (Горнай), Бэдьимэ (Мэҥэ Хаҥалас), Мырыла (Чурапчы), Баатаҕай (Уус-Алдан) Сылаҥ (Чурапчы), Сүлдьүкээр (Мииринэй) хамаандалара.
🔹Күрэх көрүҥнэрэ, хамаанда састааба:
🔸«Кырынаастыыр» (3 уол)
🔸«Ойбонтон уулааһын» (2 уол, 1 кыыс)
🔸«Мүһэ былдьаһыы» (2 уол, 1 кыыс)
🔸Кириэс тэбии» (1уол, 2 кыыс)
🔸«Көтөх ынаҕы туруоруу» (2 уол, 1 кыыс)
🔸«Былыргылыы хабылык, хаамыска» (2 уол, 2 кыыс)
🔸«Тутум эргиир» (2 уол, 2 кыыс)
🔸«Төрүт оҕунан ытыы» (2 уол, 2 кыыс)
🔸Эстафета 8Х100 «Сүгэһэрдээх сүүрүү» (4 уол, 4 кыыс)
🔹Күрэх сүрүн бириистэрэ:
🏆I миэстэ – 300 000 солк.
🏆II миэстэ – 200 000 солк.
🏆III миэстэ – 100 000 солк.
🎗️4 миэстэ – 25 000 солк.
🎗️5 миэстэ – 25 000 солк.
Ону таһынан көрүҥнэринэн муҥутуур кыайыылаахтарга анал бириистэр олохтонуохтара.
Билсэр нүөмэргит: 89143037188
Кэлиҥ, көрүҥ, ыччаттарга ыалдьыҥ!👍🏼✊🏼
Тэрийэр хамыыһыйа