“Мин улууһум киэн туттар дьоно” серияҕа “Сахаада” (сүрүн ред. Г.П. Стручков) кинигэ кыһатыгар

Майа уонна Хара оскуолаларын физкультураҕа учуутала Илья Романович Назаров туһунан кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Энтузиаст, наставник, новатор физкультура учуутала, тренер, атах оонньуутугар Саха АССР спордун маастара Илья Романович Назаровка анаммыт кинигэ сүрэхтэниитэ өрөспүүбүлүкэ учууталларын XX-һис “Педагогическай дьаармаҥкаларын” чэрчитинэн, Ураһалаах алааһыгар буолла.

naz 33 33

Төһө да ыарахан ыарыыга ылларан сырыттар, Илья Романович кылгастык кэлэн, кинигэни көрөн астыммытын биллэрдэ.

Новатор, энтузиаст, наставник

Илья Назаров 1968 с. Майа орто оскуолатын, 1971 с. Дьокуускайдааҕы 1№ педучилищены бүтэрэн Майа оскуолатын физкультураҕа учууталынан үлэтин саҕалаабыта. 1973-1990 сс. Хара аҕыс кылаастаах оскуолаларыгар таһаарыылаахтык уонна айымньылаахтык үлэлиир кэмигэр Хабаровскайдааҕы пединститут физическэй иитиигэ отделениетын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Ити үлэлиир сылларыгар физкультура уруоктарыгар туттуллар оборудованиелары оҥортообута.

naz 6 6

Уруок устата биир кылаас оҕолоро  спортивнай саалаҕа баара-суоҕа биир мүнүүтэ иһигэр таҥыллар-хомуллар спортивнай снарядтары туруортаабыта. Ыраах-чугас оройуоннартан делегациялар кэлитэлиир буолбуттара. Кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр, уопут атастаһыы семинардара, аһаҕас уруоктар ыытыллыбыттара. Ханна да суох Стандартнайа суох оборудованиелары көрөөрү ССРС Киин телевидениетиттэн, Германияттан, Чехословакияттан суруналыыстар кэлэн кэпсэппиттэрэ, киинэҕэ устубуттара, хаһыаттарга, сурунаалларга ыстатыйалар тахсыталаабыттара. Тыа сирин физкультуратын учууталын айар үлэтин билинии киэҥ, биһирээһин улахан этэ.

naz 8 8

Айымньылаахтык үлэлиир физкультура учууталыгар наҕараадалар да өр күүттэрбэтэхтэрэ. 1975 с. социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, онтон салгыы, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотата, “Старшай учуутал”, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка Кэмитиэтин бэлиэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин Гранын хаһаайына, 2004 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала ааттар үөрүүлээх түгэннэргэ туттарыллыбыттара.

Эҕэрдэлэр

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Илья Романович Назаровка, ааптардарга Февронья Николаевна Егороваҕа, Дмитрий Афанасьевич Егоровка эҕэрдэ бастыҥнара этилиннилэр.  

naz 34

Өрөспүүбүлүкэ, улуус салайааччылара, Илья Романович үөлээннээхтэрэ, доҕотторо, кинигэни биһирииллэрин биллэрдилэр. Чуолаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, Мэҥэ-Хаҥаластан Ил Түмэн депутата Тихон Скрябин, учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт дириэктэрин солбуйааччы Николай Бугаев, институт общественноһы кытта үлэ отделын салайааччыта Дария Санникова, СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ, Айыы оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Светлана Игнатьева, Майа нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Вячеслав Санников, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Альбина Григорьева, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун президенэ Михаил Гуляев, Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар баһылыгынан үлэлээбит, Илья Романович үөрэнээччитэ Аполлон Попов, улуус үөрэҕин Управлениетын начальнигын солбуйааччы Михаил Петров, Харатааҕы физкультура уонна спорт лицейин дириэктэринэн уһуннук үлэлээбит, биллиилээх марафонец Афанасий Илларионов, физкультура учуутала Петр Ефимов, оскуоланы бииргэ бүтэрбиттэр уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр, Илья Романович Назаровка уонна кинигэ тахсыытыгар көмөлөспүттэргэ наҕараадалар туттарылыннылар.

naz 35

Улуус, нэһилиэк дьаһалталарыгар, сылдьыбыт дьоҥҥо, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар, библиотекаларга кинигэлэр босхо түҥэтилиннилэр.

naz 36

“Ураты суоллаах-иистээх учуутал”

Саха АССР физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара”, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун үөрэҕин салаатын инспекторынан, Хара чэбдигирии-спорт лицейин дириэктэринэн үлэлээбит, биллиилээх стайер, марафонец, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун  уонна Хара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Петрович Илларионов: “Мин 1978 сыллаахха оройуон үөрэҕин салаатыгар инстпекторынан үлэлээн, Илья Романовичтыын билсэн, күн бүгүнүгэр диэри, ытыктанар педагог. Хаһыаттарга, сурунаалларга ыстатыйалар тахсыбыттара. Ааптардарга махтанабыт. Кылгас кэмҥэ матырыйаал хомуйаннар дьоһун кинигэни таһаартардылар. Новатор учуутал үлэтин, олоҕун киэҥник арыйар. Методическай пособие курдук эмиэ суруллубут. Физкультура учууталларыгар улахан көмө. Илья Романович оҕону иитиигэ киэҥ, туспа көрүүлэрдээх, ону дьулуурдаахтык олоххо киллэрбитэ. Хараҕа саҥа оскуола үлэҕэ киириитигэр бэйэтин баҕатын, идеятын олоххо киллэрэр кыахтаммыта. Стандартнайа суох физкультура уруоктарыгар, кылаас таһынааҕы үлэлэргэ туһаныллар оборудованиелары, снарядтары туттубута. Төрөппүттэр, механизатордар, сварщиктар көмөлөрүнэн оҥорбуттара.  Уопутун тарҕатан республиканскай семинардары, аһаҕас уруоктары ыыппыппыт. Василий Павлов диэн черчение учуутала оборудованиелары, упражнениелары чертежка түһэрбитин тарҕаппыппыт. Илья Романович курдук физкультура учууталлара элбии турдунар!”.

Кинигэ ааптардара

Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын уонна үрдүк үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, физико-математическай наука кандидата, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, суруналыыс, хас да спортивнай кинигэлэрдээх Дмитрий Афанасьевич Егоров:

naz 37

“Кинигэ сүрэхтэниитэ олус үчүгэй табыгастаах кэмҥэ ыытылынна. Дириҥ ис хоһоонноох, улахан суолталаах кинигэ. Өрөспүүбүлүкэ, “Саха” НКИХ архыыптарын туһанныбыт, “Тыа сиригэр хайдах олороҕун учуутал?” Лена Керемясова видео-передачаларыттан, киинэ-сурунааллар матырыйаалларыттан ыллыбыт. Сүүрбэттэн тахса матырыйааллары куйаар-кодунан видео-роликтары киллэрбиппит кинигэбитин олус киэргэтэр дии саныыбын. Илья Романович улахан талааннаах, айылҕаттан айдарыылаах, саҥаны айарга күүскэ дьулуһар, уруок ыытар сурунаалларын таблица оҥортообут. Онон, методическай пособие курдук кинигэ. Физкультура учууталлара үлэлэригэр күннэтэ туттуохтарын сөптөөх “Остуол кинигэтэ”. Олоҕо-үлэтэ толору сырдатылынна. Олус кылгас кэмҥэ, баара-суоҕа биэс ый иһинэн таҕыста. Үлэ тэтимнээхтик, күүскэ саҕаламмыта. Үгүс хаартыскалардаах, таблицалардаах. Ааптардар бэйэбит да астынныбыт, дуоһуйууну ыллыбыт. Бары көмөлөспүт дьоҥҥо махталбытын тиэрдэбит!”. 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх учуутала, “Учууталлар учууталлара”, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ педагогическай үлэтин ветерана, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Мөҥүрүөн уонна Майа нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Илья Романович Назаровы кытта Майа орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ, Фефронья Николаевна Егорова: "Кинигэ таһаарыта сыралаах, улахан үлэ. Өй-санаа түмүллүүтүттэн, суруйар киһигэр ис-сүрэххиттэн, дууһаҕынан ыалдьан, тус олоҕун,  бэйэтин, методикатын ис хоһоонун үчүгэйдик билэр киһи суруйуон сөптөөх. Илья Романович Республика киэн туттар, тыа сирин оскуолатын учуутала. Физкультураҕа уонна спорка олоҕун бүтүннүүтүн анаабыт, энтузиаст, наставник, новатор учуутал. Кинигэ сүрэхтэниитэ ис сүрэхтэн ыытылынна. Ахтыы бөҕө эттилэр. Учуутал, киһи, спортсмен, тренер быһыытынан арылынна. Научнай-педагогическай, методическай күүстээх кинигэ буоларын бэлиэтээтилэр. Республика учууталларын “Педагогическай дьаарбаҥкаларыгар” түмсүү буолан, улуустар учууталлара сырыттылар, элбэҕи биллилэр-көрдүлэр. Кинигэҕэ тиксэннэр, дьиэлэригэр дьоһун бэлэхтээх тиийэр буоллулар.  Илья Романович курдук новатор учуутал айымньылаах үлэтэ сурукка-бичиккэ киллэрилиннэ, үйэтитилиннэ. Эдэр учууталлар үөрэтэр-иитэр үлэ сүөгэйин, сүмэтин талан, кэскиллээх педагогическай, айымньылаах үлэлэригэр туһаныахтара”.

naz 27 27

Сэттэ түһүмэхтэрдээх, 60-ча ахтыылардаах, физкультура учууталын үлэтин ньыматын быһаарыылардаах, 368 страницалаах, киэҥ ааҕааччыга ананар бэртээхэй кинигэ олус кэрэхсэбиллээх.

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости