Кулун тутар 18 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр 1997 с. оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай муҥутуур кыайыылааҕа, СӨ успуорка маастара, өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕайга чөмпүйэнээт икки төгүллээх кыайыылааҕа, Н.К. Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик орто оскуолатын физкултуураҕа учуутала, нэһилиэк дьокутаата Степан Анатольевич Родионов көҕүлээһининэн, СӨ успуорт хамсааһына 100 сылын чэрчитинэн, «Кэнтик нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата, улуустааҕы успуорка уонна физическай култуураҕа управление, Кэнтик орто оскуолата тэрийиилэринэн улуустааҕы таһымнаах «Кэнтик хапсаҕайа» күрэх ыытылынна.
Улууска успуорт сезонун арыйар хапсаҕайга күрэх саҥа саҕалаан эрэр улуус тыатын сымса спортсмен оҕолоругар туһуланна. Оройуон 11 нэһилиэгиттэн күрэххэ 83 оҕо көбүөргэ киирсиилэрэ көрөччүлэр интэриэстэрин тарта. Күрэх элбэх эдэр кыттааччылардааҕа ыччат хапсаҕайы сэҥээрэр, кыттар буолан иһэрин туоһутун көрдөрдө. Киэҥ-куоҥ нэһилиэк успуорт саалатыгар хапсаҕай халбарытыһыылаах хапсыһыылара, күлүмэх бырахсыылар, кыайыылар буоллулар.
Чаҕылыҥныы күлүмнэс күүрүүлээх түгэннэр буолуталаан ыллылар. 10 ыйааһыҥҥа эдэр спортсменнар кыайыылаахтара быһаарылыннылар. Ол курдук, тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн бириистээх миэстэлэргэ түмүк маннык буолла:
2012-2015 сыллааҕы төрүөх уолаттарга:
22 кг: (Кэнтик оҕолоругар 6 кыттааччы): 1 миэстэ Санников Сахамин Кэнтик нэһ. - 1500 солк.; 2 миэстэ Николай Давыдов, Кэнтик нэһ.- 1000 солк., 3 миэстэ Айгылаан Саввинов, Кэнтик - 500 солк. (харчынан бириистэри Кэнтик нэһилиэгин тириэньэрдэрэ Николаев А.Л., Илларионов. Г.Х., Прокопьев. А.Т. туруордулар).
24 кг: 1 миэстэ Ярик Львов, Кэнтик – 3000 солк. (бириис спонсора - Спиридоновтар дьиэ кэргэттэрэ); 2 миэстэ Вася Михайлов, Нам нэһ.- 2000 солк. (бириис спонсора - Кэнтиктээҕи баһаарынай чаас кэлэктиибэ); 3 миэстэ Айгылаан Иванов, Кэнтик нэһ. 1000 солк.(бириис спонсора - Спиридоновтар дьиэ кэргэттэрэ).
26 кг: 1 миэстэ Ян Попов, Хоро нэһ. - 3000 солк.; 2 миэстэ Львов Арсентий, Кэнтик нэһ. - 2000 солк.; 3 миэстэ Арылхан Семенов, Кэнтик нэһ. - 1000 солк. (бириис спонсора - «Токко+» маҕаһыын ИП «Михайлова Г.К.» ).
28 кг: 1 миэстэ Айсен Тарасов, Хомустаах нэһ.- 3000 солк., 2 миэстэ Клим Петров, Кэнтик нэһ. - 2000 солк., 3 миэстэ Дамир Терентьев, Тамалакаан нэһ. - 1000 солк.(бириис спонсора - Кэнтик нэһилиэгин дьокутааттара).
30 кг: 1 миэстэ Аман Федоров, Дүллүкү нэһ. - 3000 солк; 2 миэстэ Антон Павлов, Кэнтик нэһ. - 2000 солк.; 3 миэстэ Сайаан Колтовской, Нам нэһ. - 1000 солк.(бириис спонсора - Кэнтиктээҕи олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба кэлэктиибэ).
32 кг: 1 миэстэ Ион Иванов, Балаҕаннах нэһ. - 3000 солк. сэртипикээт (бириис спонсора - Кэнтиктээҕи «Сайыына» оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ); 2 миэстэ Дима Васильев, Оҥхой нэһ. - үрдэриллэр матрас (бириис спонсора - «Чап уустара» түмэл кэлэктиибэ); 3 миэстэ Стас Степанов, Хомустаах нэһ. - хараҥаҕа түүн көрөр ачыкы (бириис спонсора - ИП «Тумусова Р.С.»).
35 кг: 1 миэстэ Богдан Петров, Кэнтик нэһ. - 3000 солк.; 2 миэстэ Айгылаан Николаев, Дүллүкү нэһ. - 2000 солк.; 3 миэстэ Марик Иванов, Хоро нэһ. - 1000 солк. (бириис спонсора - Кэнтик орто оскуолатын эр дьоно).
Муҥутуур кыайыылааҕынан Петров Богдан (Кэнтик нэһ.) буолла. Кыайыылаахха Степан Родионов 5000 солк. суумалаах уу харчынан бирииһи туттарда.
2009–2011 сыллааҕы төрүөх уолаттарга:
35 кг: 1 миэстэ Дима Михайлов, Кэнтик нэһ. 3000 солк.; 2 миэстэ Эрчим Павлов, Кэнтик нэһ. - 2000 солк.; 3 миэстэ Ярик Кузьмин, Тамалакаан нэһ. - 1000 солк. (сэртипикээтинэн бириис спонсора - Кэнтик орто оскуолата).
45 кг: 1 миэстэ Саян Попов, Хомустаах нэһ. - 3000 солк.; 2 миэстэ Мирослав Соловьев, Нам нэһ. - 2000 солк.; 3 миэстэ Сайаан Павлов, Мэйик нэһ. - 1000 солк.(бириис спонсора - Кэнтиктээҕи сынньалаҥ киин).
50 кг: 1 миэстэ Виктор Егоров, Тамалакаан нэһ. - 3000 солк.; 2 миэстэ Сайаан Мальчекитов, Кэнтик нэһ. - 2000 солк.; 3 миэстэ Еремей Васильев, Нам нэһ. - 1000 солк. (бириис спонсора - «Кэнтик нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата).
60 кг: 1 миэстэ Клавдий Захаров, Кэнтик нэһ. - 3000 солк.; 2 миэстэ Арсений Михайлов, Кэнтик нэһ. - 2000 солк.; 3 миэстэ Ярик Семенов, Оҥхой нэһ. - 1000 солк. (бириис спонсора - «Кэнтик нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата).
70 кг: 1 миэстэ Эрчим Чириков, Мэйик нэһ. - 3000 солк.; 2 миэстэ Мичил Николаев, Кэнтик нэһ. - 2000 солк.; 3 миэстэ Сергей Кетехов, Кэнтик нэһ. - 1000 солк.(бириис спонсора - Родионов С.А. бииргэ төрөөбүттэрэ).
Муҥутуур кыайыылааҕынан Айастаан Чымыев (Кэнтик нэһ.) буолла. Кыайыылаахха Степан Родионов 5000 солк. суумалаах уу харчынан бирииһи туттарда.
Тэрээһин түмүгэр 14 кыайыылаах ортолоругар жеребьевкаҕа Санников Сахамин (Кэнтик нэһ.) 5000 солк. сэртипикээти тутта (бириис спонсора - «Кырыкый нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата). Маны таһынан, эдэр спортсменнарга анал бириистэр туттарылыннылар. Ол курдук, Кэнтиктээҕи баһаарынай чаас кэлэктиибэ туруорбут 500 солк. суумалаах бирииһэ Гаврил Мордовскойга (Дүллүкү нэһ.) тигистэ. Кэнтиктээҕи олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба анаабыт 500 солк. бирииһэ Дьулусхан Чомчоевка (Хомустаах нэһ.), Давыдов А.Н. анаабыт конструктора Саид Павловка (Мэйик нэһ.), Кэнтиктээҕи ФАП-тан үрдэриллэр матраас Вася Григорьевка (Нам нэһ.), ИП «Николаева М.В.» саа ыраастыыр хомуура Ваня Терентьевка (Тамалакаан нэһ.) туттарылыннылар.
- Бу күрэх улуустааҕы успуорт управлениетын былааныгар киллэриллэн, сылын ахсын ыытыллар буолуо. Күрэхтэһии кыттааччыларын эбиэхпит, бастатан туран улуус үрдүнэн, оттон кэлин эрэгийиэн таһымыгар ыытары былаанныыбыт, – диэн Степан Родионов санаатын үллэстэр.
Тэрийээччилэр «Кэнтик хапсаҕайа» күрэххэ көхтөөх кыттыыны ылбыт эдэр спортсменнарга, тириэньэрдэргэ, судьуйаларга уонна бирииһинэн көмөлөспүт спонсордарга махтал тылларын аныыллар.
Ити курдук, нэһилиэк дьокутаатын көҕүлээһинэн уонна бирииһигэр ыытыллыбыт тэрээһин хапсаҕайы сэҥээрэр оҕолору түмэн, эдэр спортсменнары иитэн таһаарар хайысханы сайыннарар суолга үктэннэрдэ. Оттон нэһилиэк олоҕор эмиэ биир суолталаах, эт-хаан өттүнэн сайыннарар, чэбдигирдэр, чөл олоҕу киэҥ эйгэҕэ тарҕатар тэрээһин буолбутунан дьон-сэргэ сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Источник:SakhaParlament.ru