Муус устар 6-7 күннэригэр Сунтаар нэһилиэгэр XXVII төгүлүн ыытыллар хапсаҕайга биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин Саха сирин чөмпүйэнээтэ буолан ааста.

Чөмпүйэнээт быйыл САССР бастакы уонна соҕотох бочуоттаах маастара П.Е Алексеев сырдык аатыгар ананна.
Күрэхтэһиигэ 21 улуустан уопсайа 295 хапсаҕайдьыт кыттынна.

Икки күнү быһа буолбут күрэхтэһиигэ сааланы толору көрөөччү кэлэн, киирсээччилэргэ ыһыытаан-хаһыытаан ыалдьааччы элбэҕэ тэрээһини ситэрэн-хоторон биэрдэ.

Ыйааһыннарынан үс бастыҥы быһаарар киирсиилэр кэннэ чөмпүйэнээт муҥутуур кыайыылаахтарын быһаарар хапсыһыылар буоллулар. Ол курдук, 75 кг диэри ыйааһыҥҥа кыайыыны Хаҥалас улууһуттан сылдьар Очиржап Очиржапов ситистэ. Оттон 75 кг үөһээ ыйааһыҥҥа, улахан мөккүһүүлээх киирсии кэннэ, Дьокуускай бөҕөһө Эдуард Максимов кыайыы үөрүүтүн биллэ. Кыайыылаахтарга улуус баһылыга Анатолий Григорьев уһаарыллан оҥоһуллубут, бриллианнаах Аар Дархан курдарын кэтэртэ.

Тыҥааһыннаах киирсиилээх, халбас харата хапсыһыылаах, көхтөөх, сэргэх көрөөччүлээх өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай чөмпүйэнээтэ ити курдук бэрт үрдүк таһымҥа буолан ааста.

Биһиги уолаттарбыт Кирилл Павлов уонна Гаврил Михайлов кыһыл көмүс уонна бэтэрээннэргэ Арсен Семёнов боруонса мэтээллэри ылан, бөҕөстөргө «ыалдьа» кэлбит Сунтаар улууһун олохтоохторун үөртүлэр. Чөмпүйэнээт хаамыытын өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр успуорт суруналыыһа, ааттаах-суоллаах комментатор Александр Васильев-Көрдүгэн кэпсээн-ипсээн, күүстээх киирсиилэри тута батыһыннара сырдатан, ордук сытыырхатан, хайа да көһүүн бэйэлээҕи уһугуннаран, дьону астыннарар гына комментарийдаата. Кини курдук көрөөччүнү түмэ тардар успуорт комментатора ахсааннааҕын өссө төгүл итэҕэттэ.

Сунтаар улууһун тыа хаһаайыстыбатын салалтата саамай күүстээх ыалдьааччыга диэн анал бирииһи туруорбута турнир биир сэргэх түгэнинэн буолла. Ол курдук, биир даҕаны түгэни мүччү туппакка, күүстээхтик «ыалдьан» бөҕөстөр киирсиилэрин тыҥааһыннаан биэрбит көхтөөх көрөөччү Егор Чалбанов анал бирииһи — биир дьааһык (10 кг) арыыны ылла.

Күрэхтэһии түмүгүнэн Сунтаар улууһун хамаандата бочуоттаах үһүс миэстэни ылла.

Чөмпүйэнээт уопсай түмүктэрэ:

57 кг
1 м. Егор Находкин (Үөһээ Дьааҥы)
2 м. Сергей Санников (Чурапчы)
3 м. Олег Федотов (Үөһээ Бүлүү)

65 кг
1 м. Кирилл Павлов (Сунтаар)
2 м. Серегей Николаев (Кэбээйи)
3 м. Ньургун Терентьев (Үөһээ Бүлүү)

75 кг
1 м. Тимур Николаев (Үөһээ Бүлүү)
2 м. Рустам Прокопьев (Үөһээ Бүлүү)
3 м. Ньургустан Борщев (Үөһээ Бүлүү)

85 кг
1 м. Константин Власов (Хаҥалас)
2 м. Аян Петров (Ньурба)
3 м. Алексей Захаров (Чурапчы)

95 кг
1 м. Николай Николаев (Бүлүү)
2 м. Дьулустан Калачаев (Чурапчы)
3 м. Айсен Копырин (Уус-Алдан)

95 кг үрдүк
1 м. Гаврил Михайлов (Сунтаар)
2 м. Степан Тобонов (Ньурба)
3 м. Даниил Иванов (Хаҥалас)

Бэтэрээннэргэ

60 кг
1 м. Иван Друзьянов (Чурапчы)
2 м. Юрий Кузьмин (Хаҥалас)
3 м. Владимир Степанов (Үөһээ Бүлүү)

70 кг
1 м. Айаал Павлов (Чурапчы)
2 м. Николай Иванов (Таатта)
3 м. Пётр Осипов (Ньурба)

80 кг
1 м. Иван Ким (Чурапчы)
2 м. Прокопий Петров (Хаҥалас)
3 м. Арсен Семёнов (Сунтаар)

90 кг
1 м. Платон Саввинов (Үөһээ Бүлүү)
2 м. Гаврил Ушницкий (Уус Алдан)
3 м. Гаврил Слепцов (Нам)

90 кг үрдүк
1 м. Александр Румин (Нам)
2 м. Степан Гаврильев (Хаҥалас)
3 м. Гаврил Саввинов (Үөһээ Бүлүү)

Муҥутуур
75 кг кыра ыйааһыҥҥа
Очиржап Очиржапов (Хаҥалас)

75 кг үрдүкү ыйааһыҥҥа
Эдуард Максимов (Дьокуускай).

Бу курдук ыраахтан-чугастан кэлбит кыттааччылар күүстэрин-кыахтарын холонон, бэртээхэй икки күннээх тыҥааһыннаах киирсиилэри көрдөрөн сунтаардар сэргэхсийдилэр, астыннылар.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ,  

Поделиться:

#Новости