Үөһээ бүлүүлэр үгэскэ кубулуйбут үс иилээх хапсаҕайдара үгүс дьон сэҥээриитин ылла

Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааттаах-суоллаах бөҕөстөрбүт төрөөбүт нэһилиэктэрин чиэһин көмүскүүр үс иилээх хапсаҕайдарын түһүлгэтигэр быйыл эмиэ 21 убаһа оонньонно.

Быйылгы хапсаҕай түһүлгэтин биир уратыта: сорох нэһилиэктэр баһылыктара Тыва өрөспүүбүлүкэтиттэн ыалдьыттыы кэлбит бөҕөстөрү наймыласпыттар.

Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн, сыллата буоларын курдук, Тыва чөмпүйүөннэрин уҥа-хаҥас быраҕаттаан, уолаттарбыт Платон Саввинов уонна Увар Тимофеев күөн көрүстүлэр. Алта мүнүүтэлээх икки бөҕөс хапсыһыытын түмүгэр Увар Тимофеев очконан кыайда уонна Ороһу нэһилиэгин баһылыга Анатолий Антоновтан биэс убаһаны бирииһигэр тутта.

Анатолий Антонов, «Ороһу нэһилиэгэ» МТ баһылыга:

— Уварбыт кыайыытыттан астынныбыт. Сылгыларын элбэтэр санаалаах, номнуо икки үөрдээх. Өссө элбэтэ турарыгар сир биэрбиппит. Онон үөрэн-көтөн туран 5 убаһаны бэлэх ууннум.

Николай Васильев, Тамалакаан нэһилиэгин олохтооҕо, биэнсийэлээх:

— Платон Саввинов Тыва бөдөҥ бөҕөһүн кытта киирсэрин көрөн салла санаабытым даҕаны, уолбут өр гыммакка охторбутуттан олус астынным. Маладьыас уол! Олус үчүгэй хапсаҕай буолла.

Ааптар: Кристина Семенова, газета "Үөһээ Бүлүү"

 

Поделиться:

#Новости