Оннук үтүө арылхай дьонтон биирдэстэрин Василий Непряхины волейбол түһүлгэлэригэр үгүс киһи бэлиэтии көрбүт буолуохтаах. Бөдөҥ-садаҥ үрдүк уҥуохтаах, модьу-таҕа, халыҥ эттээх-сииннээх Бааһынай Баһылай ньиэмэс төрүттээх буолан, арылхай киэҥ харахтардаах, кэрэ көстүүлээҕэ. Наҕыл-холку мичээрэ кыайыыга эрэли үөскэтэрэ, ситиһиилэргэ кынаттыыра. Олоҕун да суола оннук этэ. Былырыын кулун тутар ый бүтэһик күннэригэр эмискэ ыалдьан биһи кэккэбититтэн соһуччу туораабыта.
Былаһын тухары суол тутуутугар үлэлээн, Россия бочуоттаах суолу оҥорооччута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “СахаВА” спордун үтүөлээх маастара Василий Иванович Непряхин сырдык кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “СахаВА” волейболга турнира Даркылаахтыыр айан суолугар турар 2 № оҕо спортоскуолатын спортивнай саалатыгар аан-бастаан ыытылынна. Турнир кыттыылаахтарыгар , ыалдьааччыларга эҕэрдэлэр этилиннилэр, ахтыылар оҥоһулуннулар.
Чурапчы “Маарыкчаанын” хапытаана Петр Гуляев: “ Василий Ивановичтыын 1978 сылтан бииргэ оонньообуппут. Оччолорго сахаларга соҕотох “Урожай” хамаандатыгар киирэммит элбэх күрэхтэһилэргэ кыттар этибит. Республика чемпионаттыгар кыттарбыт. 1984 с Намҥа Тыа сирин волейболистарыгар бастаабыппыт, 1992 с Чурапчыга Тыа сирин оонньууларыгар кыайбыппыт, “Урожай” күрэхтэһиилэрин биэс сыл субуруччуҥ кыайбыппыт. Василий Иванович “СахаВА” тэриллиитигэр уонна Саха сиригэр волейбол сайдарыгар киллэрбит кылаата улахан”.
Тапталлаах кэргэнэ Тамара Трофимовна Непряхина: Василий волейболу олус сөбүлүүрэ. Кэпсээн-ипсээн сүргэтэ наһаа көтөҕүллэрэ. Оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас буолар майгылааҕа. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах, дииллэринии, бытовой малы-һалы бэйэтэ өрөмүөннүүрэ, улаханнык суохтуубут, ахтабыт. Хамаандалар кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махталбын тиэрдэбин!”.
“СахаВА” президенэ Сергей Иванов: “Аргыс” кулуупка киириэхпиттэн билсэбит. Тэриллэригэр баара. Мал-һал, мебель оҥороро. Барыан иннинэ сундуук оҥорторбутум. “СахаВА” оонньуута Василий Непряхин курдук дьон баар буоланнар республикаҕа сүрдээҕин сайынна, тарҕанна. Бириэмэ түргэнник ааһар. Быйыл “СахаВА” төрүттэммитэ номнуо 30 сыла. “Орто дойуга” түмсэммит Фестиваль тэрийиэхпит, үбүлүөйбүтүн бэлиэтиэхпит, күрэхтэһиэхпит. Ассоциацияны тэрийбит 60 үөһээ саастаах ветераннары зачекка киллэрдибит. “СахаваБОЛга” күрэхтэһиэхтэрэ. Сүрдээх үчүгэй мэтээл оҥотторон эрэбит”.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка ветераннарын ааттарыттан Константин Сидоров 70-80 сс.Саха университетын бастыҥ волейболиһыгар Вячеслав Поповка, “Урожай” чөмпүйүөнүгэр уонна призеругар Николай Неустроевка Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветераннарын дастабырыанньаларын туттартаата.
Василий Непряхинныын өр сылларга бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ, турнир сүрүн спонсора, Бүлүү суолун тутар-оҥорор сулууспа начальнига Руслан Макаров: Василий Ивановичтыын 20-н тахса сыл бииргэ үлэлээбиттэрин, Бүлүү суолугар сэттэ улахан өрүстэргэ, үрэхтэргэ понтоннай муоста туруортаабытын, билигинол понтоннар оннуларыгар барыларыгар муосталар тутуллубуттарын, киһи уонна үлэһит быһыытынан дэгиттэр дьоҕурдааҕын иһитиннэрдэ, аны, Халыма диэки хайысханы тутуһаннар Чурапчы суолун эһиил асфальтынан бүрүйүөхтээхтэрин туһунан андаҕайда.
“СахаВА” бочуоттаах маастара, бастакы категориялаах турнир сүрүн судьуйата Афанасий Кузьмин: сүүмэрдээһини ааһаннар алта хамаанда 62 оонньооччулара, ол иһигэр, 32 мохсоҕоллор, 30 кэрэ куолар түмсүбүттэрин, икки “СахаВА” үтүөлээх маастардара, 27 Бочуоттаах маастардар, 14 разрядтаах волейболистар кэлбиттэрин иһитиннэрдэ.
Доҕоттор-атастар ааттарыттан Светлана Климова саҥа айыллыбыт хоһуйуу хоһоонун анаата.
Турнир сүрүн тэрийээччитэ, көҕүлээччитэ, тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, Россия үрдүк үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, “СахаВА” бочуоттаах маастара Николай Кронников турниры аһыллыбытынан биллэрдэ.
Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри эр дьон уонна дьахталлар түөртүү киһилээх хамаандалара “Сахаваболга” оонньоотулар. Балаҕанныы (трапециялыы) сурааһыннаммыт балассааккаҕа хардарыта уларытыһа сылдьан кииртэлээн, бэрт сытыы, эрийсиилээх киирсиилэр буоллулар. Маннык саҥа быраабылалаах, сахалыы волейбол көрүҥүн Тулагы энтузиаст физкультура учуутал-тренер, атах оонньуутун уонна оҕунан ытыы маастара Герман Терютин айбыт. Хамаанданан оонньуу бэрт сэргэх, интэриэһинэй. Эр дьон баһыйтараары гыннахтарына, дьахталлар балаһыанньаны тупсараллар, хардарыта куотуһуулаах, ардыгар, тустаахтарга кыһыылаах даҕаны паартиялар бааллар. 24 очкоҕа тиийдэхтэринэ түмүктэнэллэр.
Былырыын ыытыллыахтаах турнир пандемия мэһэйдээн, быйыл буолла. Ахтыспыттара да сүрдээх быһыылаах, итийэн-кутуйан, туох-ханнык бэлэмнээхтэринэн оонньоотулар. 70-н ааспыт волейболистар техникаларын, урукку маастарыстыбаларын тута сылдьаллар буоланнар, мээчиги ылаллара, охсоллоро, блокка тахсаллара сүрдээх. Волейбол курдук маассабай спорт көрүҥэ уһун үйэлээҕин итэҕэтиилээхтик көрдөрөллөр. Непряхин оонньообут “Аргыс” клкки хамаандата икки хамаанданы туруорбут. Тахсыылаахтык оонньооннор, иккиэн үһүс бириистээх миэстэни былдьаспыттарыгар Николай Кронников хапытааннаах “Аргыс-2” хотто. Финалга Руслан Жирков хапытааннаах “Хатас” уонна Николай Баишев хапытааннах Мэҥэ-Хаҥаластан “Төҥүлү” кулууптарын хамаандалара бастакы миэстэни былдьаспыттарыгар “Хатас” ВК кыайда. “Бастыҥ оонньооччуларынан” Хатастан Евгений Петрищев, Татьяна Баринова, “охсооччулар” Төҥүлүттэн Виталий Никитин, Любовь Тарабукина (“Аргыс-2”), “көмүскээччилэр” Төҥүлүттэн Николай Баишев, Анна Свинобоева, “ситимнээччилэр” Хатастан Василий Борисов, Антонина Аммосова (“Аргыс-1”) анал бириистэринэн наҕараадаланнылар. Ону таһынан, “Көрөөччүлэр симпатиялара”, “Турнир кыраһыабай волейболистара”, “Кырдьыктаах судьуйа”, “Эдэр оонньоочу”, “Аҕам саастаах оонньооччу”, “Турниры тэрийиигэ көмөтүн иһин” номинацияларынан сыаналаах бириистэр туттарылыннылар.
Кыайыылаах “Хатас” хамаандатын салайааччыта Руслан Жирков:
-“Убайбыт, доҕорбут Непряхин бирииһин 1-кы турнирыгар кыайаммыт үөрдүбүт. Василий Иванович көнө, киэҥ көҕүстээх, үлэһит киһи этэ. Биһи хамаандабыт 1991 с. тэриллибитэ. Хатас хаһаайыстыбатыгар араас салааларга үлэлиир дьон бааллар. Үөрэҕириигэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, бэчээт органнарыгар уо.д.а. салааларга үлэлииллэр. От ыйын 2 күнүгэр буолуохтаах “Сахава” төрүттэммитэ 30 сылыгар аналлаах үбүлүөйүнэй фестивалга бэлэмнэнэн, бэрт күрэхтэһии буолла. Республика алта бастыҥ хамаандалара оонньоотубут. Бары тэбис-тэҥмит. Онон биһиги маннык тэҥ оонньууга кыайбыппытыттан олус үөрдүбүт!”.
Лучший игрок турнира из ВК “Хатассы” Евгений Петрищев:
-“Турнир удался. Был очень напряженный. Испытывали очень много положительных моментов. В волейбол играю давно. Раньше занимался баскетболом, из баскетбола вышел. Успехи раньше тоже были. Не в первый раз выигрываем. Организаторы молодцы, просто все сделали отлично! Многих наградили. Я считаю, наша команда была самая лучшая, самай красивая, техничная, ну и подтвердили хорошим результатом. Конечно, хорошо готовились, внутренне, эмоционально. Команда дружная, что помогло нам занять первое место. Дружба – это самое главное. Понимать друг друга, не ссориться, сплоченность, кто-то болел, кричал, подсказывал, добродушное, товарищеское отношение приводит к успеху. В такой команде легче играть и добиваться результатов. Ребята в поселке, конечно есть, но отобрались мы. Так получается, что мы лучшие!”.
Василий Непряхин 1-кы турнира үрдүк тэрээһиннэхтик, көхтөөхтүк ааста.
Мантан ыла сыл аайы буолуоҕа. Доҕоттор санаалара бигэ.
Баһылай Посельскай