Сахаларын сирин чиэһин көмүскүөхтээх дуобаччыттарбытыгар ситиһии тосхойдун!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка Министиэристибэтин уонна дуобат Федерациятын көҕүлээн тэрийиилэринэн, кулун тутар 12-14 күннэригэр “64-харахтаах” дуобакка өрөспүүбүлүкэҕэ биирдиилээн бастыыр иһин чемпионакка Амматтан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Чурапчыттан, Тааттаттан, Уус-Алдантан, Горнайтан, Намтан, Ньурбаттан, Үөһээ-Бүлүүттэн уонна Дьокуускайтан  32 кыттааччы, ол иһигэр, 18 эр дьон, 14 дьахталлар түмсэн ким үчүгэй бэлэмнээҕин быһаарыстылар. Алта гроссмейстер, тоҕус Россия уонна аан дойду  таһымнаах маастардар оонньоотулар. Ону таһынан, үгэс быһыытынан, оонньуур маастарыстыбалара үрдүк, улахан дьону кытта тэҥҥэ эппиэттэһэр, хорсуннук иннилэрин диэки баран иһэр оскуола оҕолоро тургутустулар. 

Бүтэһик туурдарга диэри ким инники тахсара биллибэт түгэннэрэ буоллулар. Очколара тэҥнэһэннэр коэффициеннэринэн аахсыстылар. Онон, Сахабыт сиригэр дуобат сайдан иһэрэ арылхайдык көһүннэ.  Сүрүн судьуйанан үлэлээбит Норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Гаврил Винокуров иһитиннэрбитинэн, аҕыйах хонугунан бастыҥнар Россия чемпионатыгар оонньуу бараары сылдьаллар, Россияҕа миэстэлэспитэр онтон салгыы, аан дойду түһүлгэтигэр тахсыахтаахтар. Аан дойду чемпионатыгар кыттарга календарнай былаан оҥоһуллубут. Урукку сыллар курдук улахан ситиһиилэри түстүүллэр. Ол оруннаах. Билиҥҥи туругунан дуобаччыттар оонньуур таһымнара сыллата үрдээн иһэр. Билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥиир. Оонньоон бүттэхтэринэ бэйэлэрин икки ардыларыгар түмүктэммит паартияларын ырытыһаллар. Кэнники кэмҥэ оскуола оҕолоро улахан гроссмейстердэри кытта тэҥҥэ атах тэпсэн олорон оонньуур буоллулар. Кыайбаталлар да, очколарын аҥардаһаллар. Саҥа үрдэллэргэ тиийэллэрэ үөрдэр. Эр дьон ортотлоругар Горнайтан оонньуу сылдьар Арсен Михайлов икки гроссмейстери уонна биир тутаах маастары тэҥнэһии балаһыанньаларыгар хотуталаата. Маастардар биир түгэни, биир хамсааһыны сыыһа оҥороннор балаһыанньаларын уустугурдан кэбиһэллэр. Эдэркээн дуобаччыт болҕомтолоохтук, алҕас оҥорбокко үчүгэй оонньуулары көрдөрбүтэ хайҕаныан эрэ сөп. Ити курдук, оскуола оҕолоро уопсай түмүк тахсарыгар улахан оруоллаахтар. 


Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ, гроссмейстер Александр Азаров этэринэн, бу чемпионакка үгүстэрэ билиҥҥи кэмҥэ сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирэр дуобаччыттарбыт кытыннылар. Гаврил Колесов эрэ кыттыбата. Уоннааҕылар бары кииристилэр. Манна кинилэр сыл устата хамаандаҕа киирэннэр Россия чемпионатыгар путевканы ылаллар. Ким туга-ханныга быһаарыллар. Кулун тутар 18-н Москва уобалаһын Одинцово куоратыгар саҕаланар Россия хамаанданан күрэхтэһиитигэр уонна Россия Кубогар кыттарга Саха сирин хамаандата сүүмэрдэнэр. Хас биирдии дуобаччыт иннигэр эппиэтинэс турар. Ону бары өйдүүллэр.

Үс күннээх оонньуулар түмүктэринэн, эр дьоҥҥо 14 кыайыы очколаах гроссмейстер Николай Гермогенов (Дьокуускай) бастаата. 13-түү очколаах гроссмейстер Андрей Федотов (Амма) уонна спорт маастара Николай Никаноров (Мэҥэ-Хаҥалас) иккис миэстэҕэ ким тахсарын коэффициенинэн быһаарыстылар. 10-нуу тэҥ кыайыы очколардаах үс дуобаччыт дьахталларга  гроссмейстер Матрена Ноговицына (Чурапчы) коэффициенинэн кыайда. Очколара уонна коэффициеннэрэ тэҥнэһэннэр, “Түргэн оонньуулаах” матч оонньооммутугар утарсааччытын хотон маастарга кандидат Дайаана Кондратьева (Дьокуускай) иккис миэстэни, үһүс миэстэни спорт маастара Сайыына Попова (Нам) ыллылар. Ити үөһэ ааттаммыт дуобаччыттар бука бары Россия чемпионаттарыгар кыттарга путевкаланнылар.  
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн үлэлиир Ю.Е. Никифоров дириэктэрдээ спорт интеллектуальнай көрүҥнэригэр Киин инструктор-тренерэ, гроссмейстер Николай Гермогенов өрөспүүбүлүкэ аҕыс төгүллээх чөмпүйүөнүнэн буолары ситистэ:
-“Тренерим В.И. Кононов, тоҕус сааспыттан эрчийэр. Кыайыы ыараханнык кэллэ диэххэ наада. Састаап күүстээх. Ким бастыыра бүтэһик туурга диэри биллибэт этэ. Элбэх кыраһыабай паартиялардаах күрэхтэһии ааста. Бары да партиялар үчүгэйдэр этэ. “Жеребъевка дебютов” диэн паартияны улахан таһымнаах күрэхтэһиилэргэ бары ааһаллар. Ол аата, саҕалааһын позиция атыннык, хайдах баҕарар буолуон сөп. Ол иһин оонньуурга бэрт интэриэһинэй. Улахан теория суох. Барыта өй оонньуута буолар. Үчүгэйдик дьарыктаннахха, элбэхтэ оонньоотоххо уонна дуобаты күүскэ таптаатахха кыайыы кэлэр дии саныыбын. “Нуучча дуобатыгар” Европа чемпионата буолуохтаах, “100 харахтаахха” аан дойду чемпионата буолар уонна Россия чемпионата буолуохтаах . “100-хэ” аан дойду чемпионата Таллиҥҥа буолар. Онно кыттарбыт-кыттыбаппыт билигин биллибэт”. 

Сахаларын сирин чиэһин көмүскүөхтээх дуобаччыттарбытыгар ситиһии тосхойдун!.

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости