Дуобакка аан дойдутааҕы категориялаах арбитр-судьуйа, ФМЖД маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, “Дети Саха-Азия” Аан дойдутааҕы фондатын стипендиата, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Догдоҥо, Бүтэйдээх, Дьаҥхаады, I Наахара, I Мэлдьэхси нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо. Спорт 21 көрүҥнэригэр күрэхтэһэн бука барыларыгар миэстэлэспитин үтүмэн үгүс грамоталара, дипломнара кэрэһэлииллэр.
Арааһа, итиччэ элбэх көрүҥҥэ дэгиттэр күрэхтэспит, бастаабыт уонна миэстэлэспит спортсмен Сахабыт сиригэр тарбахха баттанара дуу, олох суоҕа да буолуо. Ону таһынан, маанылаах буочардаах суруксут, статист киэнэ бэрдэ, туйгун коллекционер, байанайдаах булчут, ил-өйүн мэлдьитин тута сылдьар, көхтөөх олоххо угуйар, чөл олохтоох киһи киэнэ кэрэмэһэ. Сүөһүтүн-сылгытын, дьиэтээҕи хаһаайыстыбатын бүүс-бүтүннүү бэйэтэ көрөн-истэн, күн-бүгүнүгэр диэри сай устата 40-50 туоннаны соҕотоҕун оттуур чиҥ, тэтиэнэх туруктаах. Олоҕун аргыһынаан Мария Васильевнатынаан, ырыынак ыар тыынын билиммэккэ, астаах-үөллээх сэниэ ыал быһыытынан, ыалдьыттарын сибиэһэй сүөгэйинэн күндүлүүллэр-маанылыыллар. Көрүдьүөһүн, дьээбэтин, бараммат кэпсээннэрин итиннэ эбэн кэбистэххэ, бэйэтэ хас да айымньы буолара чуолкай. Ырыаһыт-үҥкүүһүт бэрдэ. Улуус үрдүнэн үтүө үгэс быһыытынан сыллата ыытыллар культура фестивалларын лауреаттара. Быһатын эттэххэ, Кэрэһиннээхтэн ыларын-сүһэрин, үөрэнэрин элбэх.
Дьэ, Кэрэһиннээхтиин дьоллоох киһи алтыһар, билсэр.
Билигин 82 сааһыгар сылдьар Дмитрий Васильевич Сыромятников – Кэрэһиннээх таһаартарбыт “Кэрэ киһи Кэрэһиннээх” кинигэтин сүрэхтэниитэ Майаҕа кыраайы үөрэтэр музейга от ыйын 15 күнүгэр буолла. Кинигэҕэ сыһыаннаах, чугас дьоно – үөлээннээхтэрэ, биир дойдулаахтара мустан үс чаас устата ахтыылары оҥордулар, кинигэ ис хоһоонун дириҥэтэн, байытан биэрдилэр.
Кэрэһиннээх 1940 сыл олунньу 20 күнүгэр I Мэлдьэхси нэһилиэгэр холхуостаах дьиэ-кэргэҥҥэ “Кэрэһиннээх” диэн алааска күөх окко төкүнүс гына түспүт. Түөрт саастаах уолу ийэтэ Дьэбдьиэй, эһэтэ Киргиэлэй талах олоппоско чоҕунан уруһуйдаан дуобаты оонньуурга үөрэппиттэр. Оскуолатыгар, нэһилиэгэр дуобаты сэргэ, мээчик, хайыһар, илии-атах бары көрүҥнэригэр, кими да тулуталаабат буола үүммүт-сайдыбыт. Оскуолаҕа хаһыс кылаастан хайдах күрэхтэспитин барытын суруммут, бэлиэтэммит тэтэрээттэрэ барыта бааллар. Хас килэмиэтири хаһынан кэлитэлээбитэ ырылыччы көстөллөр. Оҕо бэйэтин буочарынан толортообут, оччотооҕу кэми көрдөрөр дьоһун боротокуоллар!
Саха киһитигэр уҥуоҕунан да үрдүк, бэйэтин лаппа кыанар буолан, армияҕа сулууспалыыр сылларыгар спортсмен быһыытынан буһууну-хатыыны ааспыта. Владивостокка Тихоокеанскай флокка футболга флот командующайын Кубогын хаһаайына, боксаҕа хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, кыһыҥҥы спартакиадаларга хайыһарга, хаҥкыга күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара, призердара. Мэҥэ-Хаҥаласка уонтан тахса спорт көрүҥнэригэр бастаталыыра, олор истэригэр, хапсаҕайга кыайыы көтөллөнөрө. Дьокуускай педучилищетын бүтэрэн 40-н тахса сыл физкультура учууталын быһыытынан сүүрэн-көтөн оҕолору эрчийэн, ол быыһыгар бэйэтэ эмиэ эрчиллэн, сааһырыы диэни умнубут. Кэтит баппаҕайдарынан дорооболоһор киһитин илиитин ыга тутар, ыыппат адьынаттаах.
Бу таһаартарбыт кинигэтигэр 262-280 страницаларыгар хаһан, ханна, туох көрүҥнэргэ күрэхтэспитэ, бастаабыта, миэстэлэспитэ бэлиэтэммиттэр. Үксэ бастакы миэстэлэр. Ветераннарга дуобакка, саахымакка, ытыыга ситиһиилэрэ элбэхтэр. Кэтэхтэн күрэхтэһиигэ Аан дойду бастакы хамаанданан күрэхтэһиитин кыайыылааҕа. Ветераннарга Аан дойду түөрт төгүллээх призера, Европа ветераннарын призера.
1996 с. Африкаҕа Кот-д Ивуар куоратыгар Аан дойду дуобакка федерациятын Ассамблеятын үлэтин кэмигэр Дмитрий Васильевич сыромятниковка Аан дойдутааҕы арбитр үрдүк аатын-суолун иҥэрбиттэрэ. Аан дойду претенденнэрин матчарын судьуйата уонна сүрүн судьуйата. “Аан дойду саамай бастыҥ судьуйата” бэлиэ хаһаайына. Онон, аан дойду чемпионаттарыгар кыттар, судьуйалаһар бырааптаах буолан, ыҥырыы кэлэ турар. 2018 с. аан дойду чемпионатыгар “классикаҕа” боруонса, “чаҕылҕанныы түргэн оонньууга” үрүҥ көмүс мэтээллэрдээх. Кэлин, ковид ыарыы мэһэйдээн бара илик. Россия, Европа, аан дойду чемпионаттарыгар куруутун судьуйалыыр. 2019 с. аан дойду дьахталларын чемпионатыгар судьуйалаабыта, эмиэ пандемия мэһэйдээн кэнники бара илик. Быһаччы, аан дойду ыырдаах диэн этиэххэ сөп.
Судьуйа быһыытынан 1965 с. Саха сирин чемпионатын сүрүн судьуйанан үлэлиэҕиттэн билиниллибитэ. Онтон ыла бэйэтин дьоҕурун чаҕылхайдык көрдөрөн, итэҕэли ылан, киэҥ сиргэ тиийэ үүннэ-сайынна. Үйэ аҥаарыттан ордук кэм дуобат федерациятын солбуллубат чилиэнэ. ССРС, Россия дуобакка федерацияларын үрдүкү классификационнай хамыыһыйатын чилиэнэ. Дойду 11 чемпионаттаргыар судьуйаласпытыттан, 4-гэр кылаабынай судьуйа. Аан дойду элбэх улуу дуобаччыттарын, судьуйаларын кытта алтыһар. Бэйэтин учууталынан, наставнигынан ССРС-ка соҕотох Аан дойду кылаастаах арбитра Абрам Иосифович Виндерманы ааҕар. Доҕотторо-атастара аан дойду элбэх төгүллээх чөмпүйүөннэрэ, аан дойду дуобакка федерацияларын президеннэрэ.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр Юрий Тимофеевич Попов, Владимир Ильич Птицын, Афанасий Егорович Алексеев, Александр романович Брызгалов, Николай Николаевич Саввинов, Эмма Максимовна Павлова, Афанасий Петрович Илларионов, Юрий Егорович Никифоров, Виталий Михайлович Пестряков, Иван Иванович Новгородов, Анатолий Еремеевич Чыычаахап, Алексей Иванович Григорьев, Алексей Коркинович Васильев эҕэрдэлээтилэр.
Тыа сиригэр үөскээбит, улааппыт, киһи буолан сириэдийэн тахсыбыт алаас уола Дмитрий Васильевич Сыромятников – Кэрэһиннээх тапталлаах Сахатын сиригэр анаммыт, барыбытыгар холобур буолар эрчимнээх олоҕо дьонун-сэргэтин, үүнэр көлүөнэлэр тустарыгар салҕана турдун!
Баһылай Посельскай