Анатолий Баишев "Кыым" хаhыакка улахан интервью биэрдэ

Амма улууһун дэгиттэр спортсмена, Дыгын Оонньууларын (2001) кыайыылааҕа, өрөспүүбүлүкэ тумус туттар мадьыныта, ат баайааччыта Анатолий Баишевы Саха сиригэр билбэт киһи суох буолуохтаах.

Мин кинини кытта “Будь в форме” диэн успуорт быыстапкатыгар көрсөн кэпсэппитим. Ити тэрээһин бочуоттаах ыалдьыта күүс экстримигэр аан дойду кылаастаах успуорт Михаил Кокляев этэ. Кинини кытта Анатолий Баишев 2009 сыллаахха Бүлүүгэ күөн көрсөн турар. Михаил Кокляев быыстапкаҕа кэлбит дьону кытта көрсүһүүтүгэр ол түгэни бастаан ахтыбыта:

– 2009 сыллаахха Бүлүүгэ судьуйалар сыыһа сууттууллар диэн кыһыйан-абаран туран, стадиоҥҥа хас эмэ тыһыынча көрөөччү баарына микрофону хаба тардан ылан эппитим-тыыммытым. Оннук быһыыламмыппыттан билигин кэмсинэбин уонна Саха сирин олохтоохторуттан бырастыы гыналларыгар көрдөһөбүн. Киһи сыыһа быһыыламмытын билинэрэ эмиэ күүс дии саныыбын.

Ити тэрээһин кэмигэр Анатолий Баишев Михаил Кокляевы кытта бэрт үчүгэйдик алтыспыттара. Бэл, Кокляев саха мадьынытын туһунан көр-күлүү ырыаны ыллаабыта Интэриниэт ситиминэн, Инстаграмынан киэҥник тарҕаммыта.

Анатолий Баишев бары ситиһиилэрин бэрт уһуннук суруйуохха сөп. Кини аҥаардас Манчаары Оонньууларыгар аҕыс төгүл кыттыбыта да элбэҕи этэр. Анатолий Баишев мас тардыһыытыгар Арассыыйа, Европа, аан дойду үрдүк кирбиилэрин ылаттаабыта.

Аны Саҥа дьыл буолуон аҕай иннинэ Амма 49 саастаах мадьыныта мас тардыһыыга Саха сирин муҥутуур кыайыылааҕа буолар. Уола Егор Баишевы кытта хапсыһыыта ити күрэхтэһии интэриэһинэй түгэнэ буолбута. Ити хапсыһыыга Анатолий уолун 2-1 ахсаанынан кыайбыта.

25586943 1788146087923358 3588140842641877386 o

 

Үлэни уонна хоббины дьүөрэлээн

– Анатолий, эн дэгиттэр спортсмеҥҥын. Дыгын Оонньууларын кыайыылааҕаҕын, мадьыны быһыытынан аҕыс төгүл Манчаары Оонньууларыгар кыттыбытыҥ, аны туран, дьоҕурдаах ат баайааччыгын.

– Бэйэбин оннук айылаах дэгиттэр спортсмеммын дэммэппин ээ. Мин саха киһитэ, тыа сирин олохтооҕо буоллаҕым дии. Оттон саха киһитэ былыр-былыргыттан бултуур-алтыыр, сыспай сиэллээҕи иитэр, аты айааһыыр, көрөр-истэр, кэмиттэн кэмигэр күүһүн-кыаҕын тургутан көрөр. Мин олоҕум эмиэ ити сиэринэн баран иһэр буоллаҕа. Сылгыһыттыыбын, онон сылгыны көрүү-истии – үлэм. Оттон мас тардыһыыта, аныгылыы сиэринэн эттэххэ – хоббим. Онон үлэ-хамнас быыһыгар сынньана таарыйа мас тардыһыытынан дьарыктанабын (күлэр).

– Михаил Кокляевы кытта 2009 сыллаахха Бүлүүгэ ыытыллыбыт Манчаары Оонньууларыгар күөн көрсөн тураҕын дии.

– Ол күөн көрсүүбүнэн киэн туттубаппын. Сүөргү соҕус быһыы-майгы тахсан турар. Кини, бастатан туран, бэйэтэ сыыһа-халты туттан оһолломмута. Мас тардыһыы уустук көрүҥ, ылбычча киирбит киһи илиитин-атаҕын, сиһин эчэтиэн сөп. Кини наар бицепскэ үлэлээбитэ, ол түмүгэр быччыҥа быстыбыта.

– “Хара күүспүнэн туура тардыам” дии санаатаҕа.

–  Күүс экстримигэр аан дойду кылаастаах успуорт маастара итинник санаалаах киирбитэ саарбаҕа суох. Ол эрээри биһиги төрүт көрүҥмүтүгэр күүс эрэ быһаарбат. Онно мин сөбүлээбэтэҕим диэн, кини микрофону хаба тардан ылан баран эппитэ-тыыммыта. Көнөтүнэн эттэххэ, үөхпүтэ да диэххэ сөп. Ол күн Бүлүү стадионугар олорбут дьон итини өйдүүр буолуохтаахтар.

Киэһэ балыыһаҕа эмиэ көрсүбүппүт (күлэр). Мин илиим быччыҥа эмиэ быстыбыта. Ол быччыҥы биһиги, мадьынылар, “задняй быччыҥ” диибит. Ол көрсүүбүтүгэр кини: “Сыыһа тылласпытым иһин миигин олохтоох иччилэр сөбүлээбэтилэр”, – диэбитэ.

МАС Баиш123

Атах “аллара түһүүтэ”

– Эн мас тардыһыытынан 1991 сылтан ыла дьарыктанаҕын. Оччоттон баччаҕа диэри эрчиллии ньымата, быраабыла төһө уларыйда-тэлэрийдэ?

– Эрчиллии ньыматыгар туох да уларыйбата, оттон быраабыланы наһаа уларыттылар. Холобур, атах тэбинэр мас үөһээ өттүттэн тирэниэ суохтаах, хапсыһыы иннигэр мадьынылар бэйэ-бэйэлэригэр бокулуоннуохтаахтар диэн буолла. 90-с сылларга мадьынылар үрдэл муостаҕа ойон тахсан баран, ыһыытаан-хаһыытаан, атахтарын тыастаахтык лиһиргэччи үктэтэлээн  хапсыһар турукка киирэллэрэ. Билигин ити бобулунна диэххэ сөп.

– Сэтинньигэ Эрчим Баппаҕайы кытта кэпсэппитим. Кини онно маннык диэн турар: “Атах “аллара түһүүтэ” бастаан дьикти баҕайы курдук этэ. Киһи сатаан үөрэниэ суох курдуга. Онтон анаан-минээн дьарыктанан бардахха, киһи үөрэнэр эбит. Билигин, төттөрүтүн, атах “үөһэ таҕыстаҕына”, дьикти баҕайы курдук буолбут”.

– Киһи-киһи физиологията, этин-сиин олоруута тус-туһунан дии саныыбын. Кимиэхэ эрэ быраабыла уларыйбыта үчүгэй, кимиэхэ эрэ – куһаҕан. Ол эрээри тус бэйэм быраабыла итинник тосту уларыйыа суохтаах дии саныыбын. Эрчиллии ньымата уларыйбата, төрүт хамсаныы-имсэнии оннунан хаалла. Оттон быраабыланы уларыта-тэлэритэ сатыыллар аҕай. Мин итини бобуу-хаайыы курдук көрөбүн. Куһаҕан баҕайы.

– Успуорт биллэр-көстөр кэмэнтээтэрэ Ылдьаа Скрябин: “Мас тардыһыыны уонна мас-рестлини араара тутуохха”, – диир.

– Итинник хайытар, араарар наадата суох. Сүнньэ биир буоллаҕа дии. Холобур: “Атах тэбинэр мас үөһээ өттүттэн тирэниэ суохтаах”, – дииллэр. Быраабыла уларыйыыта улахан уҥуохтаах дьоҥҥо сөп түбэһэр курдук. Сахалар уҥуохпутунан кыра дьон буоллахпыт дии, онон эчэйии тахсар түгэнэ элбээтэ. Итини физика сокуоннарыгар да сөп түбэһиннэрэн көрүөххэ сөп.

Чэ, холобур, мадьынылар хапсыһыыны саҕалаары утарыта олордулар. Мас тардыһа сылдьыбыт дьон билэллэр: атаххын тэбинэр мас аллараа өттүттэн тирэнниҥ да балаһыанньа олох атын буола түһэр. Физикаҕа эттик балаһыанньатын уларыттыҥ да, олох атын сокуон үлэлиир буоллаҕа дии. Манна эмиэ оннук. Уҥуоҕунан кыра киһи эмискэ түүрүллэн, “дэлби ыстанан” күрэхтэһэр. Ити хаачыстыбатыгар эбии кини атаҕын тэбинэр мас үөһээ өттүгэр уурдаҕына, өссө ордук балаһыанньаланар. Оттон атаххын алларааттан тэбинэр түгэҥҥэр уһун уҥуохтаах киһи ордук балаһыанньалана түһэр.

Маастар судьуйалыахтаах

– 2013 сыллаахха Дьокуускайга Арассыыйа Судаарыстыбаннай дууматын дьокутааттара кэлэ сылдьыбыттара. Итиннэ сөп түбэһиннэрэн “Олоҥхо дойдутун Куубага” диэн мас тардыһыытыгар күрэхтэһии ыытыллыбыта. Онно эн Иван Белолюбскайы кытта хапсыһыыҥ өр саҕаланан быстыбатаҕа. Эһиги бэйэҕитигэр табыгастаах балаһыанньаны көрдөөн, маһы эпсэри тутан баран, бэйэҕит диэки тарт да тарт буолар этигит. Күрэхтэһии сүрүн судьуйата Николай Колодко микрофонунан: “Арбитр, быһаара оҕус!” – диэн хас да төгүл төхтүрүйэн этэ сатаабыта. Онон түсүһүү саҕаланыыта мас тардыһыы биир саамай ыарыылаах “туочуката” быһыылаах дуу?

– Мин итини улахан кыһалҕа буолбатах дии саныыбын. Мадьынылары сөбүлээн туттар ньымаларыттан көрөн икки-үс бөлөххө араарыахха сөп. Холобур, “дэлби ыстанар күүстээхтэр” уонна “хара күүһүнэн тардан хачыгыратааччылар” диэннэргэ. Мас тардыһыы көрүҥ быһыытынан улаханнык сайынна, оттон судьуйалар биир таһымҥа туран хааллылар дии саныыбын.

Ити боппуруоска мин урут-уруккуттан киччим санаалаахпын: мас тардыһыы судьуйата хайаан даҕаны мадьыны буолуохтаах. Өссө көннөрү мадьыны эрэ буолбакка, мас тардыһыытыгар маастар нуорматын толорбут киһи судьуйалыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, маастар буолбут киһи түсүһүү бары ымпыгын-чымпыгын өйүнэн-санаатынан да, этинэн-хаанынан да олус үчүгэйдик билэр. Итини биһиги нууччалыы “чувство” диэн ааттыыбыт. Онон мас тардыһыытыгар маастарга тиийэ үүммэтэх дьон судьуйалыыллара охсуулаах. Кинилэр түсүһүү иннинээҕи ыгыыны-ыгыллыыны, тыҥааһыны үчүгэйдик билбэттэр, сүрэхтэринэн сэрэйбэттэр.

– Аттар түһэллэригэр анаан оҥоһуллубут ыстаартыыр массыына диэн баар. Ол быһыытынан мадьыныларга анаммыт итинник хабааннаах тэрили биир уус оҥорбут этэ.

– Ээ, ити балыыҥка буоллаҕа дии (күлэр). Үгүс киһи итини сэргээбэтэҕэ. “Итинник буоллаҕына, сотору кэминэн улуустар ааттарыттан роботтар мас тардыһа тахсаллара буолуо”, – диэн уот харахха үгэргээһин баар этэ. Ити тэрили күрэхтэһиигэ тутуннахтарына, мас тардыһыыта диэн буолбакка, ханнык эрэ атын көрүҥ буолара буолуо.

– “Мас тардыһыытын Олимпиада бырагырааматыгар киллэрэргэ дьулуһабыт” диэн буолар. Оччотугар мас тардыһыыта аан дойду ханнык баҕарар дойдутугар өйдөнөр, ылыныллар чуолкай быраабылалаах буолуохтаах буоллаҕа дии.

– Итиннэ чуолкай быраабыла диэн буолбакка, үрдүк таһымнаах, мас тардыһыы бары ымпыгын-чымпыгын өйдүүр судьуйалар баар буолуохтарын наада. Онон, бастатан туран, судьуйалар таһымнарын үрдэтиигэ үлэ күүскэ ыытыллыахтаах. Итиннэ төһүү буолар санаабын эттим дии – мас тардыһыы судьуйатынан маастар нуорматын толорбут киһи буолуохтаах.

– Мадьыны хапсыһыы иннигэр ыһыытыыр-хаһыытыыр, оттон сөкүндээннэрэ кинини күүскэ баҕайы көхсүгэр, буутугар, иэдэһигэр ытыстарынан сырбаталаан ылаллар. Итинник турукка киирэр ньыма төһө туһалааҕый?

– Ити күүскэ көмөлөһөр. Уйулҕа диэн уйулҕа. “Киһи – санаатынан” ˜ диэн буолар дии. Итинник турукка киирии мадьыныга туһалыыр. Хапсыһыы иннигэр бугуһуйуоххун, эккин-сииҥҥин, өйгүн-санааҕын даҕаны бэлэмниэххин наада. Биһиги көрүҥмүт ымпыга-чымпыга элбэх. Чыпчылыйыах түгэнэ түүрүллэ түһэн баран “дэлби ыстаныаххын” наада. Ити ньыма: “Экспрессивная динамика за короткое время”, – дэнэр. Дьэ, итиннэ анал турукка киирэ охсоруҥ ирдэнэр. Онон, аһара да омуннаахтык буолбатар, мадьыны ыһыытаан-хаһыытаан, бугуһуйан, сөкүндээнигэр этин-сиинин лис-лас оҕустаран тахсыахтаах. Мин итинник санаалаахпын.

57c6710e82907

 Оонньуулар уонна Лээги Куубага

– Эһиил Аммаҕа Саха сирин норуоттарын Спортивнай оонньуулара ыытыллыахтаахтар. Онно көрөөччүлэргэ анаан ат сүүрдүүтэ тэриллэрэ буолуо дии саныыбын.

– Оннук, “ат сүүрдүүтүн тэрийиэххэ наада” диэн санаалаахпыт. Аммаҕа күһүөрү сайын Лээги Куубага диэн ат сүүрдүүтэ ыытыллааччы. Ити боппуруоска биһиги генеральнай успуонсары кытта сүбэлэһэн турабыт. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ: “Итинник бырайыак баар”, – диэн эрэ этэр кыахтаахпын.

– Күһүн ыраас хааннаах сүүрүк аттардаах, анал көньүүһүнэлээх улуустар бэрэстэбиитэллэрэ соҕурууттан сүүрүк сылгыны аҕалааччылар. Аммалар да, биир эмэ сүүрүк сылгыны аҕалбыт буолуохтааххыт.

– Алтынньыга Краснодар уобалаһыгар баран кэлбитим. Биир сүүрүк сылгыны атыылаһан аҕалбыппыт. Онон сезоҥҥа бэлэмнэнии былаан быһыытынан бара турар.

– Саха сиригэр кыстаабыт сылгылар бастакы сезоҥҥа кыайан аһыллан сүүрбэттэр диэн буолара дии. Ити үгэһи ааспыт сайын чурапчылар Мэйн Кониг диэн сылгылара “туора кээспитэ”, Ил Дархан бирииһигэр сүүрүү кыайыылааҕа буолбута.

– Ыраас хааннаах сүүрүк сылгыны кытта үлэ ымпыга-чымпыга элбэх. Итини биһиги, быһаччы үлэлии-хамсыы сылдьар дьон, үчүгэйдик билэбит. Сорох сылгы олохтоох усулуобуйаҕа арыый түргэнник, сорох арыый бытааннык үөрэнэр. Үс саастааҕар Саха сиригэр аҕалыллыбыт сылгы эһиилигэр үчүгэйдик сүүрүөн сөп диэн буолар. Сорохтор: “Эһиилигэр олохтоох усулуобуйаҕа дьэ сыыйа үөрэнэн барар, адаптацияны ааһар”, – дииллэр. Ыраас хааннаах сылгыга айылҕабыт тыйыһа даҕаны, аһылыга атына даҕаны дьайар. Биһиэхэ, сүүрүк сылгы аһылыга соҕурууҥҥутааҕар быдан мөлтөҕүн таһынан аһара сыаналаах. Биһиги, холобур, биир туонна эбиэһи 850 солкуобайга атыылаһар буоллахпытына, соҕуруу 150 солкуобайга атыылаһаллар.

IMG 5424 Copy

Саха сылгытын анала атын

– Саха сылгытын сүүрдүүгэ мэлдьи мөккүөр бөҕөтө буолар. Анал хамыыһыйа уҥуоҕу-арҕаһы анал киритиэрийинэн кээмэйдиир эҥин. Эн итиннэ туох санаалааххыный?

– Мин ити боппуруоска санаам быһаччы – саха сылгыта сүүрбэт. Ат сүүрдүүтэ буолла да, ыраас хааннаах сылгылар сүүрэллэр. “Саха сылгыларын сүүрдэбит”, – диэн биһиги бэйэбитин албынныыбыт. Саха сылгытын анала атын. Кини ханнык баҕарар тыйыс усулуобуйаҕа мииниллэр миҥэ, сыалаах эт.

– Леонид Владимиров ДьТХА ректорынан үлэлии сылдьан: “Боруода да аты дэлби буомурдан, тарда аһатан баран, саха сылгыта диэн сүүрдүөххэ сөп”, – диэн соһуппуттаах.

– Итинник буолуон сөп, саамай сүрүнэ – анал киритиэрийдэргэ уҥуоҕа-арҕаһа сөп түбэһиэн наада буоллаҕа дии. Онон ат сүүрдүүтүгэр саха сылгыта диэн суох.

 Арассыыйа бастыҥ жокейдара

– Анатолий, эн соҕуруу бараҕын-кэлэҕин, ат успуордун бэрэстэбиитэллэрин кытта элбэхтик алтыһаҕын. Чэ, холобур, ат сүүрдээччилэри (жокейдары) ылан көрүөххэ. Соҕурууҥҥу ат сүүрдээччилэр туох эрэ уратылаах буолуохтаахтар.

– Биһиги дьоммут соҕурууҥҥулартан үөрэнэллэрэ элбэх. Соҕурууҥҥу жокейдар успуорт саалатыгар уонна тренажеркаларга элбэхтик сылдьаллар, дьарыктаналлар. Онон кинилэр таһымнара үрдүк. Сорох күрэхтэһиигэ тэҥ баайыылаах аттар эрбии биитин курдук эриһээччилэр, олох тэбис-тэҥҥэ сыыйылыннарыы буолааччы. Соҕуруу итинник күүрээннээх, олус тыҥааһыннаах эриһиигэ атын инники күөҥҥэ түһэрбит жокей үрдүк эриэйтиннэнэр, чиэстэнэр-бочуоттанар, ытыс үрдүгэр тутуллар.

Оттон биһиэхэ успуорт саалатыгар, тренажеркаҕа утумнаахтык дьарыктанар ат сүүрдээччилэр суохтар. Чэ, муҥутаан, биир-икки күн сылдьа түһэн баран бүтэллэр. Ол гынан баран, дьиктитэ диэн, соҕурууҥҥу жокейдар Саха сиригэр кэлэн кыайыы көтөллөммөттөр. Холобур, өрөспүүбүлүкэбитигэр Арассыыйа бастыҥтан бастыҥ жокейдара Магомед Каппушев, Мырзабек Каппушев уонна Михаил Белов кэлэ сылдьыбыттара. Ол гынан баран кинилэр Ил Дархан бирииһин кыайыылааҕа буолбатахтара. Саха сирэ туспа тыыннаах, айылҕалаах, иччилээх сир буоллаҕа. Дойдубут быстах кэмҥэ кэлбит дьоҥҥо тута “мичик” гыммат.

234

Дыгын Оонньууларын таһыма үрдээтэ

– Анатолий, 2001 сыллааҕы Дыгын Оонньуутугар бастаан тураҕын. Оччолорго “өһөс торбос” эҥин диэн көрүҥ баарын өйдүүбүн. “Билигин Дыгын Оонньууларын таһыма лаппа үрдээтэ”, – диэн этиини кытта сөбүлэһэҕин дуо?

– 2001 сыллаахха Дыгын Оонньуутуттан “тутум эргиири” ыланнар, бастаабытым (күлэр). Оччолорго араас көрүҥү элбэхтик киллэрэр-таһаарар этилэр. Холобур, биир сыл “тутум эргиир” баар, эһиилигэр суох буолааччы. 2001 сыллаахха Дыгын Оонньуутугар 17 буолан күрэхтэспиппит. Николай Колодко, Николай Максимов курдук спортсменнары кытта араас көрүҥҥэ күөн көрсүбүтүм.

Кырдьык, билигин Дыгын Оонньууларын таһыма лаппа үрдээтэ. Холобур, 2001 сыллаахха “үс төгүл үс” диэн тоҕуста төхтүрүйэн ыстаныыга мин 29 миэтэрэни түһэн, үһүс дуу, төрдүс дуу буолбутум. Билигин итиччэни ыстанар буоллаххына, олох ыраах сылдьаҕын. Онон таһым туох да мөккүөрэ суох үрдээтэ. Уолаттар анаан-минээн дьарыктанар буоллулар.

– Дыгын Оонньуутун суолтата да сылтан сыл аайы үрдээн иһэр. Билигин өссө икки түһүмэхтээх сүүмэрдиир күрэхтэһии ыытыллар буолла.

– Оннугун оннук. Иккис өттүнэн, ханна ботуччу харчы, баһырхай бириис оонньонор да, онно дьон-сэргэ интэриэһэ күүһүрэр. Улахан бириис турбут ат сүүрдүүтүгэр даҕаны дьон бөҕөтө тоҕуоруһар. Биһиэхэ үгүстэр барыны-бары үрдүттэн саба быраҕан сыаналыыр идэлээхтэр. Холобур: “Сүүрүк сылгы икки аҥаар мүнүүтэ сүүрдэ уонна хаһаайыныгар бачча мөлүйүөнү тэбэн биэрдэ”, – диэхтэрэ. Сүүрүк сылгыны көрүү-харайыы, аһатыы, эрчийии элбэх сыраттан тахсар. Аны ыраас хааннаах сүүрүк сылгы сыаната да ботуччу. Итини барытын өйдүүр, ат успуордун ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик өйдүүр киһи бэрт аҕыйах.

Соҕуруу биһиэнинээҕэр уонтан тахса төгүл элбэх сыаналаах бириис туруоруллар. Онно биһиэхэ курдук өрүкүйүү, ордук санаһыы, уорбалаһыы, кистээн туох эрэ иирээни, бутууру тэрийэ сатааһын төрдүттэн суох. Бары холку баҕайытык тутта-хапта сылдьаллар, ким да “үтүөлэспэт-анньыаласпат”, айдааны тоҕо тарда сатаабат. Биһиги итинник таһымҥа тиийиэхпитин баҕарабын.

– Эн билигин 49 сааскар сылдьаҕын, ол да буоллар эдэрдэри кытта тэҥҥэ күрэхтэһэҕин, сүүрүк аттары да эрчийэҕин. Күүһү-уоҕу, ахсаабат сэниэни хантан ылаҕын?

– Эр киһи чопчу сыаллаах-соруктаах буоллаҕына, үлэтэ-хамнаһа да таһаарыылаах буолар. Уонна, саамай сүрүнэ – баҕа санаа. “Баҕалаах маска ыттар” диэн олус бэргэн өс хоһооно баар дии. Дьэ уонна, этэргэ дылы, харыны ньыппарынан туран үлэлиэххэ наада, оччоҕуна туох барыта кыаллар дии саныыбын. Чопчу сыаллаах-соруктаах буоллаххына, барыта саас-сааһынан, былаан быһыытынан баран иһэр.

Ол гынан баран билигин урукку курдук күүскэ эрчиллибэппин. Эргэ дьиэбин успуорт саалата оҥостубутум. Онно оҕолорбун дьарыктыыбын. Кинилэри дьарыктыы сылдьан бэйэм эмиэ эрчиллэбин. Ол иһин кэмиттэн кэмигэр: “Боруобаланыахха дуу?” диэн санаа киирэн кэлээччи (күлэр).

Кэрэ айылҕалаах, сайаҕас дьонноох Аммаҕа

– Эһиил сайын Аммаҕа Саха сирин норуоттарын VII Оонньуулара ыытыллаары турар. Успуорт улахан тэрээһинэ улуускутугар ыытыллыбатаҕа ыраатта.

– Амма сиригэр-уотугар успуорт улахан тэрээһинэ инньэ 1987 сыллаахха ыытыллан турар. Ол сыл биһиги улууспутугар Манчаары Оонньуулара буолан ааспыта. Бэйэм 1991 сылтан ыла мас тардыһыытынан дьарыктанабын. Барыта аҕыс төгүл Манчаары Оонньууларыгар кытынным.

Успуорт улахан тэрээһинэ ыытыллыбыт улуустарыгар бары хайысханан сайдыы барар. Дьиэ-уот бөҕөтө тутуллар, суол-иис оҥоһуллар, элэктэриичэстибэ ситимэ саҥардыллар. Атын улуустарга тахсар уларыйыылары көрө-көрө: “Эчи, хаарыаны, итинник тэрээһин биһиэхэ хаһан ыытыллара буолла?” – диэн мэлдьи саныырым. Ити курдук өр сылларга кэтэһэн, туруорсан, эһиил, 2018 сылга, Аммаҕа Успуорт VII оонньуулара ыытыллар буолла.

Улууспут киинигэр бэртээхэй стадион тутуллар буолбутуттан сүрдээҕин үөрэбин. Куорат өттүттэн айаннаан Амма сэлиэнньэтигэр киириигэ (суол уҥа өттүгэр) үчүгэй баҕайы ырааһыйа баар. Ити -- айылҕа анаан оҥорбутун курдук бэртээхэй сир. Онно тутуллуохтаах стадион бырайыагын көрө-көрө, киэн туттабын. Бачча сааспар диэри элбэх стадиону көрбүтүм уонна биһиэхэ, Аммаҕа, аны сайын үлэҕэ киириэхтээх баараҕай тутууну барыларыттан саамай ордуктара курдук көрөбүн.

Мас тардыһыыта, биллэрин курдук, Успуорт оонньууларын бырагырааматыгар суох. Ол эрээри биһиэхэ араас толкуй, бырайыак баар. Онон эһиил кэрэ айылҕалаах, сайаҕас дьонноох Амма сиригэр-уотугар көрсүөххэ диэри!

Федор РАХЛЕЕВ.

Поделиться:

#Новости