Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ, спорт ветерана, 100 сааһын куоһарбыт Наум Трифонович Слепцов

бирииһигэр ыччаттар уонна ветераннар сүүмэрдэммит хамаандаларын дуобакка уонна саахымакка турнирдара 13-үс төгүлүн ыытылынна. М.К. Аммосов аатынан “Сэргэлээх уоттара” Культура Киинигэр тэриллибит  турнир Улуу Кыайыы 79 сылыгар ананна.

NT 17 17

Турнир үөрүүлээхтик аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов, физическэй культура уонна спорт миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай,

NT 16 16

студеннар эти-хааны иитиигэ Киинин салайааччыта Александр Черкашин, дуобат аан дойдутааҕы Федерациятын Бочуоттаах президенэ Владимир Птицын, саахымат Федерациятын президенэ Владимир Егоров,

NT 9 9

военкоматтан Дьокуускай куорат ветераннарын сэбиэтин  бэрэссэдээтэлэ Николай Тряпша эҕэрдэлээтилэр. “Ситим” үҥкүү народнай ансаамбыла, үтүөлээх алгысчыт Дмитрий Артемьев, виртуоз-хомусчут Нарыйаана Ренанто, кадеттар оскуолаларын курсааннара Кыайыы Знамятын арыаллаан киирэннэр, үөрүүлээх дьаһалы киэргэттилэр.  

NT 19 19

Наум Трифонович өйө-санаата дьэҥкэ, куолаһа чөллөркөй: “Бу турнир 2010 с. Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын үйэтитэр сыаллаах-соруктаах Улуу Кыайыы 65 сылыгар ананан аан-бастаан ыытыллыбыта. Дуобат-саахымат тэрийээччитэ-көҕүлээччитэ Юрий Егорович Никифоровка тыл көтөхпүппэр, үөрбүтэ, тута ылыммыта. Ис хоһоонун байытан биэрбиппит. Кыайыы хас сыла буолар да оччо дуоскаҕа, аҥаара дуобакка, аҥаара саахымакка турнирдар сыллата ыытыллан кэллилэр. Спорт интеллектуальнай көрүҥнэрэ сайдалларыгар олус туһалаах күрэхтэһии. Кыайыыны аҕалбыт улуу көлүөнэ албан аатыгар сүгүрүйүү бэлиэтэ. Быйыл эмиэ наһаа үчүгэйдик тэрийбиттэр. Тэрийээччилэргэ улахан махталбын тиэрдэбин! Республика улахан салайааччылара кэлэннэр, эҕэрдэлээн, чиэстээн бардылар.

NT 1 1

Саахымакка маастарга кандидаппын. Одесса куоракка Томпо Хаандыгатыттан бэһиэ буолан тиийэн оонньообуппут. Иккис дуоскаҕа балачча ситиһиилээхтик оонньообуппар маастарга кандидаты иҥэрбиттэрэ. Онтон, дуобакка хойутаан оонньооммун, 96 сааспын туолан бараммын кандидаты толорбутум. 2000 сылтан оонньообутум. Николай Николевич Саввинов көҕүлээбитэ, эппитэ. Куоракка, республикаҕа кыттыталаабытым, маҥнай 1-кы разряды толорбутум, онтон маастарга кандидаты толорбутум. Сенсация оҥордум быһыылааҕа, дьон эҕэрдэлэриттэн иһиттэххэ.

Саахымат, дуобат күүстээх өрүттэрэ элбэх. Бэрээдэктээх буоларга үөрэтэр. Быраабылалара  чуолкайдык толоруллуохтаахтар. Айдаан-куйдаан суох буолуохтаах. Дьону точнай, чуолкай, сыыһаны-халтыны оҥорбот буоларга, сокуону тутуһарга үөрэтэр. Киһи доруобуйата, олоххо ситиһиилэриҥ өйүн-мэйииҥ үлэтиттэн тутулуктаахтар. Олоххо буолуталыыр быһыыны-майгына анализтыыгын, ырытаҕын. Сайдыыга үөрэтэр. Дуобатынан-саахыматынан үлүһүйүүм  уһун үйэлэниигэ аҕалла диибин.

Саахыматынан дьарыктаммытым туспа остуоруйалаах. 90 сыл буолла саахымакка оонньообутум. Чөркөөххө 1-кы кылааска үөрэнэ сырыттахпына учууталбыт Тихон Семенович Таппыров куруһуок ыытара. Кини Платон Ойуунускайтан үөрэммит, куоракка семинарияҕа үөрэнэ сылдьан. Ойуунускай Өксөкүлээх Өлөксөйтөн үөрэммит. Үйэлэр ситимнэрэ баар. Ол Чөркөөххө 2-с кылааска саахымакка бастаабыппар, уон тэтэрээт бириис ылбытым. Оччолорго тэтэрээт сэдэх, олус күндү этэ.

Бэйэм идэбинэн учууталбын, үөрэх-иитии эйгэтигэр үлэлээтим. Мин санаабар, учуутал идэтэ бары идэлэртэн бастыҥнара. Араас идэлээх дьону иитэн таһаарар. Убайым Василий Трифонович эмиэ учуутал этэ. 1942 сылтан, Курскай Дугаттан саҕалаан, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, Чехословакия киин куоратын Праганы босхолоспута, дойдутугар 1945 с. бүтүүтэ эргиллибитэ. Учууталларга бронь биэрэллэрэ. Ону ол диэбэккэ, бэйэтэ тылланан барбыта. Мин эмиэ убайым суолунан барарга туруна сылдьыбытым. Быраатым Николай Трифонович эмиэ үйэтин тухары учууталлаабыта. Онон, үс бииргэ төрөөбүт бырааттыылар үлэбитин норуот үөрэҕириитигэр анаабыт дьоммут.

1941 с. Чурапчыга педучилищеҕа киирбитим. Саахымат күрэхтэһиилэригэр кыттарым. Чурапчы киһитин Семен Жирковы кыайаары олорон “ат вилкатыгар” киирэн биэрэммин, иккис буолбутум. 1943 с сэриигэ барыахтаах этим да, учуутал броньунан уонна ийэм ыалдьарынан ылбатахтара. Тыллана сылдьыбыппын, учуутал тиийбэтинэн аккаастаабыттара. “Үөрэххин бүтэр” диэн буолта. Уонна кыайыы чугаһаабыта биллэр этэ. Училищены бүтэрээри сылдьан, ийэм ыалдьарынан, быраҕан, 1944-45 үөрэх дьылыгар Чөркөөххө кэлэн интернакка баспытааталлаабытым. 1945 сыл сааһыгар баҕалаах армиябар, дьэ, ыҥырыллыбытым. Атырдьах ыйыгар Япония милититаризмын сэриитигэр кыттыбытым. 152 стрелковай полкаҕа пулеметчигынан анаммытым. Хайлары штурмалааһын кырыктаах сэриитигэр кыттыбытым. Хамандыырдарбыттан хайҕанарым. Өстөөх күүстээх бөҕөргөтүнүүтүн үлтүрүтэн Хайлары сэриилээн ылбыппыт. Үрүҥ былаахтарын быктарбыттара. Кыайбыппыт. Үөрүү-көтүү,  “Ураа!” хаһыы бөҕө. Билиэннэйдэри харабыллаан конвойнай чааска сулууспалаабытым. Итинник сэриилэһэн турабын.

Кэлин, Саха университетыгар нуучча тылын салаатын бүтэрбитим. Пенсияҕа тахсан бараммын, дуобат-саахымат оскуолатыгар Томпо оройуонун Кириэс-Халдьаайытыгар уһуннук тренердээбитим. История учуутала кэргэмминээн Аграфена Дмитриевнабынаан Герой Федор Матвеевич Охлопков Музейын тэрийбиппит. Улахан статуһу ылбыта.

Түгэнинэн туһанан этиэм этэ, саахымакка саҥа федерация тэриллэн, саахымакка хамсааһын бөҕө баран эрэр. Оҕолорбут Дальнай Востокка, Россияҕа тиийэ бастыыр, миэстэлэһэр буоллулар. Онон, саахымат инникилээх, сайдар кыахха киирдэ. Үөрэбин.

Алта оҕолоохпуттан, түөрдэ бааллар, уонтан тахса сиэн, уонтан тахса хос сиэннэрдээхпин. Үчүгэй дьон буолан сылдьаллар. Хос эһээлэрин таптыыллар. Оҕолорум, сиэннэрим тапталларыгар уйдаран кэллим. 10 саастаах Артем диэн сиэним бүгүн турнирга саахымакка оонньоото.

Олоҕу биллим, төһө да эриирдээх-мускуурдаах буоллар. Үйэ сааспар тиийдим. Оҕолорум, сиэннэри болҕомтолорунан, көмөлөрүнэн олордоҕум. Баҕа санаам – 100 сааска тиийии этэ. Билигин өссө даҕаны олорбохтуу түһүөххэ, Кыайыы 80 сылыгар тиийиэххэ, турниры өссө күүрүүлээх көрсүөххэ диэн”.

NT 2 2

NT 3 3

Иккилии партияны оонньоотулар. Түмүккэ, фронтовик-буойун Наум Трифонович Слепцов Улуу Кыайыыга анаммыт турнирыгар ыччаттар кыайыылары ситистилэр. Ксения Нахова хапытааннаах, Дайаана Алексеева, Тунаара Федорова, Алексей Большаков, Дайаана Кондратьева, Альбина Большакова, Нарыйаана Сергеева,  Альбина Колодезникова, Саяника Кондратьева, Глеб Борисов, Дайаана Габышева, Айыына Протопопова, Сандал Стручков, Виолетта Большакова уо.д.а. дуобаччыттардаах хамаанда 58,1/2 – 21,1/2 уонна Айдын Местников хапытааннаах Владислав Жирков, Альберт Постников, Арсений Чумаевскай, Артур Васильев, Амуо Курилов, Арина Васильева, Игорь Протодьяконов, Полина Пак, Евдокия Избекова уо.д.а. саахымаччыттардаах  хамаанда 45,1/2 – 32,1/2 кыайаннар, Сахабыт сиригэр дуобат уонна саахымат инникилээхтэрин, кэскиллээхтэрин көстүүлэринэн буоллулар. Турнир кыттыылаахтарыгар сертификаттар, харчынан бириистэр, бириэмийэлэр туттарылыннылар. Алта саастаах Давид Симонян “Саамай эдэр”, 84 саастаах Николай Иванович Харитонов “Аҕам саастаах оонньооччу” номинациялар ааттарын ыллылар.

KK 13 13

Сүрүн судьуйанан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ спорт интеллектуальнай көрүҥнэригэр Киин дириэктэрэ, дуобат Федерациятын вице-президенэ Юрий Егорович Никифоров үлэлээтэ. Күрэхтэһиини гроссмейстер, аан дойду чөмпүйүөҥкэтэ Матрена Ноговицына дириэктэрдээх дуобат-саахымат Киинэ үрдүк тэрээһиннээхтик тэрийэн-салайан ыытта.

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости

Ассоциация «Сахаада-спорт» выбрала лучших за 2024 год

В Республиканском центре национальных видов спорта имени В.Манчаары 5 декабря состоялось…

Минспорт Якутии и Сахатранснефтегаз будут развивать корпоративный спорт

Это первый проект в развитии корпоративного спорта среди работников промышленной сферы