Оҕолор айылҕалыын алтыһарга, дьону кытта бодоруһарга, тулуурдаах-дьулуурдаах буоларга, бэйэни сайыннарыы кистэлэҥнэрин баһылаан кэллилэр. 

Киһи – айылҕа оҕото. Саха сирин дьикти, ураты айылҕата элбэх кистэлэҥнэрдээх. Билигин да наука айылҕа үгүс таабырынын таайа илик.  Ону ааһан, былыргы өбүгэлэрбит айылҕаны кытта ураты сыһыаннаах олохторо-дьаһахтара билигин үгүс интэриэһи үөскэтэр.

DSC00078

«Тоҥуочаан» лааҕыр үгүс сыл устата оҕону айылҕа ураты кистэлэҥнэрин, бэлиэтии көрөргө, кэрэтин кэрэхсииргэ, араас ньымалары туһанан сайыннарарга үгүс хайысхалаах үлэлэри ыытта. Республика, Россия араас таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэригэр ситиһиилээхтик үлэбитин сырдаттыбыт.

Саха сиригэр үгүс ученайдар, политссыльнайдар кэлэн саха тылын, этнографиятын, фольклорун чинийбиттэрэ. Бу билигин норуот инники сайдыытын түстүүргэ олук буолар.

1e36044a 629f 4cfd 9d23 8ad7c923a498

“Тоҥуочаан” лааҕыр Ричард Маак экспедициятын суолунан кэлиҥҥи сылларга үлэлээн кэллэ. Хас экспедициябыт аайы экспедиция кыттыылаахтара: учуонайдар, үөрэнээччилэр, улуус, оскуола дьаһалтата буолан бырайыак суруйабыт. Быйылгы экспедициябыт сүрүн уратытынан Бүлүү ГЭһ-ин каскадын, бассейнын тула сытар улуустар айылҕаларын чинчийдибит. Бүлүү эбэбит билиҥҥи уонна инники дьылҕата  хас биирдии Саха сирин олохтооҕун долгутар. Бу сытыы боппуруос тула үгүс учуонай үлэлиир.  Бырайыакпытыгар биир санаанан, Бүлүү эбэбит тула киэҥ чинчийэр үлэни тэрийдибит. Ол курдук чинчийиилэрбит хайысхаларынан: Бүлүү эбэ уутун туруга, балыгын хаһаайыстыбата, энтомологическай, этнографическай, метеорологическай чинчийиилэри ыыттыбыт.

Бырайыакпыт сүрүн соругунан Бүлүү өрүс бассейнын тула үөскээбит тукулааннарын, криопустыняларын уратыларын чинчийиигэ сүрүн болҕомтобутун уурдубут.

Айылҕа барахсан ситэн-силигилээн турар кэмигэр бэс ыйын 14  күнүттэн 26 күнүгэр диэри  экспедициябыт маннык маршрутунан айаҥҥа туруммута: Үөһээ Бүлүү-Чаппанда, Чаппанда-Күүкэй, Күүкэй-Кэмпэндээйи, Кэмпэндээйи-Мииринэй, Мииринэй-Чернышевскай. Экспедицияҕа барыта 21 киһи сырытта, 15 араас саастаах оҕолор. Оҕолор бары чинчийэр үлэлээхтэр, научнай салайааччылаахтар. Бу нэһилиэнньэлээх пууннары тулалыыр айылҕа уратытын, өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун-дьаһахтарын, краеведческай-экологическай хабааннаах чинчийиилэри оҕолор ыыттылар.

56ab813e f7fd 47a7 a1a8 9c5764f1483e

Хас биирдии экспедиция кыттыылааҕа научнай үлэнэн дьарыктанарын таһынан киһи быһыытынан толору сайдыыны ылар. “Айылҕа – улуу педагог” диэн улуу учуутал эппит бэргэн этиитэ биһиги үлэбитин бигэргэтэр.

Оҕо айылҕа уһуктуутун, кини ураты тыаһын-ууһун истэргэ, араас өҥнөөх кырааскатын сөҕө-махтайа көрөргө бэйэтин ураты айылгытынан сылдьан, иһийэн ылынар. Ол түмүгэр, оҕолор хоһоон суруйар,  уруһуйдуур дьоҕурдарын эмиэ сайыннараллар. Айылҕалыын алтыһарга, дьону кытта сатаан бодоруһарга, тулуурдаах-дьулуурдаах буоларга, бэйэни сайыннарыы кистэлэҥнэрин баһылаан кэлэллэр.  Экспедиция кыттыылаахтара бэйэлэрин санааларын маннык суруйаллар:

- Мин аатым Прокопьева Варя, Үөһээ Бүлүүтээҕи Михаил Алексеев лиссиэй-интэринээтин 11 кылааһын үөрэнээччитэбин. Бу экспедицияҕа 3 сылбын сөбүлээн сырыттым. Бүлүү Үгүлээтиттэн кэлбитим. Бастакы лааҕыр кэнниттэн лиссиэйгэ туттарсан киирбитим уонна ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьабын. Экспедицияҕа сылдьыахпыттан элбэҕи көрдүм, биллим, научнай үлэнэн интэриэhиргээн дьарыктанарга сананным. Ол курдук лыахтары чуолаан үөрэтэбин. Кинилэри хайдах тутартан саҕалаан чинчийэргэ, көрүҥүнэн араарарга үөрэнним. Научнай салайааччым А.А. Попов, криолитозона биологическай проблемаларын институтун үлэһитэ, ученай-энтомолог. Конференцияларга ситиһиилээхтик кыттабын. Быйыл өссө үлэбин кэҥэттим.  Сунтаар, Мииринэй лыахтарын эбии хомуйдум.

Бу "Тоҥуочаан" лааҕыр полевой усулуобуйаҕа үлэлииргэ, эт-хаан өттүнэн сайдарга, тулуурдаах буоларга, киьи ис санаатын этинэригэр үөрэтэр уонна бу лааҕыр көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэбит             элбэх кэрэ көстүүлээх сирдэригэр сырыттым. Элбэх эрэллээх  доҕордоннум диэн киэн туттабын. Хомойуох иһин,  бу миэхэ бүтэһик оскуола оҕотун быһыытынан сылдьыбыт экспедициям 

буолар. Ол эрэн улаатан, үөрэнэн баран бэйэм оҕолору үөрэтэ-иитэ кэлиэм диэн эрэнэбин.

a12c6a75 4618 4a67 80bc ed5fa583fcc2

- Мин аатым Долгунова Карина, 8 кылаас үөрэнээччитэбин. Мин бу экспедицияҕа бастакы сылбын сылдьабын уонна олуһун сөбүлээтим. Бу «Тоҥуочаан" лааҕырга сылдьыбыт оҕолор бары ситиһиилээх буолалларын иһиттим, көрдүм даҕаны. Ону араас таһымнаах конференцияларга кыттыы, араас интэриэһинэй профессияны талыы, төрөппүттэр сыанабыллара дакаастыыр эбит. Өссө даҕаны бэйэм экспедицияларга кыттыам.

d9f4199c 9397 4d78 8673 a7c82fc5be75

Юлиан Николаев, 7 кылаас үөрэнээччитэ:

Маак суолунан тэрээһиҥҥэ иккис сылбын сылдьабын. Бастакы сылга устуоруйа хайысхатын талбытым уонна сэргэлэри үөрэппитим. Быйыл климаты үөрэтэр география хайысхатыгар А.Н. Петрова, ИЕН старшай преподавателын салайар бөлөҕүгэр дьарыктанным. Араас прибордарынан үлэлииргэ үөрэнним, олохтоох нэһилиэнньэттэн элбэх интервью ыллым. Бүлүү регионугар климат уларыйыытын кэтээн көрөн чинчийэр үлэбин саҕалаатым. Биһигини кытта О.Н. Петрова, режиссер сырытта. Кини  хайдах айылҕаны хаартыскаҕа түһэрэргэ үөрэттэ. Оҕолор сүрдээҕин сөбүлээн үөрэннилэр. Быйыл күһүн лиссиэйгэ улахан фотовыставка оҥорорго быһаардыбыт.

d8b11ec6 75b1 4ede a66e 848662e23e52

“Тоҥуочаан” лааҕыр  кэнчээри ыччаты кытта доҕордоспута номнуо 18 сыл буолла. Бу лааҕыр чэрчитинэн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Дойдум барахсан” научнай-практическай кэмпириэнсийэ үһүс төгүлүн ситиһиилээхтик ыытылынна. “Тоҥуочаан” быйылгы үлэ түмүктэригэр тирэҕирэн, саҥа айымньылаах суолун былаанныыр, саҥа доҕотторун кэтэһэр.

Экспедициям кыттыылаахтарыгар, «Тоҥуочааным» доҕотторугар айымньылаах, кэскиллээх үлэлэригэр ситиһиини баҕарабын!

Сардаана ЗАХАРОВА, экспедиция салайааччыта

DSC09226

ПО СЛЕДАМ РИЧАРДА МААКА…

Мысли будущего путешественника

Лагерь «Тонуочаан» традиционно открыл 18-й сезон 15 ребятам из Верхневилюйского и Вилюйского районов. Целью нашей экспедиции «По следам Ричарда Маака в Вилюйском регионе» в этом году было комплексное исследование природной и социокультурной среды, а также экологического состояния бассейна реки Вилюй.

В течение 10 дней мы, участники экспедиции, под началом нашего незаменимого руководителя – энтузиаста Сарданы Петровны Захаровой побывали в шести в местах Нюрбинского, Сунтарского и Мирнинского районов. Мы были вовлечены в интересные занятия, которые проводили наши учителя. Мы изучили основы фото- и видеосъемки на природе у режиссера О.Н. Петровой, узнали много интересного о насекомых от энтомолога А.А. Попова, о неизвестных нам традициях нашего народа поведала этнограф С.А. Алексеева, о метеорологии узнали у А.Н. Петровой, старшего преподавателя ИЕН СВФУ им.М.К. Аммосова.

Наше путешествие началось с села Чаппанда Нюрбинского района, где мы посетили музей и старинную церковь 19 века. По итогам двухдневных исследований был разработан проект «Проблемы и перспективы села Чаппанда», в котором затронули социальные, экономические проблемы и предложили пути дальнейшего развития.

В селе Кюкяй Сунтарского района мы побывали в одноименном острове-озере, на котором провели полевые исследовательские работы. Узнали много нового о растениях и насекомых, также увидели окопы 1922 года, в которых белогвардейцы лежали в засаде, ожидая отряд Строда.

DSC09315

Следующей нашей остановкой стало село Кемпендяй Сунтарского района, известное своим добыванием соли. Но, как оказалось, не только соль делает известной Кемпендяй. В этом селе есть скала, на которой остались останки древних насекомых и ракушек.

Летом в каждом улусе, селе проводится национальный праздник – ысыах. И нам посчастливилось посетить один из них – известный сунтарский ысыах. Как и всем гостям ысыаха провели обряд алгыс, а также мы приняли участие в национальном танце осуохай.

Город Мирный встретил нас с распростёртыми объятиями. В городе мы посетили знаменитую трубку «Мир». Но дальше нас ждал поселок Чернышевский. Он известен не только своим рыболовецким заводом, где разводят рыбью икру, но и тем, что здесь находится Каскад Вилюйских ГЭС.

Весь маршрут экспедиции мы вели свои полевые дневники, в которых записывали свои наблюдения, исследования и мысли.  Все это должно стать началом наших научно-исследовательских работ. Мы узнали много нового и интересного о географии, энтомологии, истории и краеведении разных местностей нашей необъятной республики.

По возвращению домой я понял, что, оказывается, так мало знал о своей республике, о близлежащих районах. Что есть прекрасные места, которые должен посетить каждый житель нашей республики. Ведь все самое интересное и увлекательное находится рядом, и для этого нужно только желание и стремление постигать неизведанное. И самое главное, это испытания – трудности походной жизни, которые мы преодолели, которые помогут нам в нашей будущей жизни!

Давид ХАРИТОНОВ, ученик 8 класса ВВРЛИ М.А. Алексеева

cb1fcf9f 4027 4940 9243 cc59e8562757

Поделиться:

#Новости

Ассоциация «Сахаада-спорт» выбрала лучших за 2024 год

В Республиканском центре национальных видов спорта имени В.Манчаары 5 декабря состоялось…

Минспорт Якутии и Сахатранснефтегаз будут развивать корпоративный спорт

Это первый проект в развитии корпоративного спорта среди работников промышленной сферы