Арассыыйа хоммуньуустарын баартыйата (РКП) кэлэр күһүн сэтинньи 7 күнүгэр дуораннаах улуу өрөбөлүүссүйэ 100 сылын бэлиэтиирэ чахчы!
Зюганов Путинӊа киирэ сылдьыбытын тэлэбиисэргэ көрөн аһарбатым. 100 сыл туһунан быһаарсыбыт буолуохтаахтарын сөп. Мин бу сылы сааскыттан санаабытым: «тугунан эрэ бэлиэ оҥорбут киһи” диэн.
- Эн бу өрөбөлүүссүйэҕэ туох сыһыаннааххыный?- диэн ыйытыы үөскүөн сөп. Мин 1952 сыллаах төрүөхпүн. Онон кини олохтообут сэбиэт былааһыгар иитиллибит, үөрэммит, интэрнээтигэр аһаан-таҥнан сүһүөхпэр турбут оҕонньорбун. Бартыыннай билиэтэ да суоҕум иһин, били “Аһаабыт иһитигэр кулгуйбут дуо” диэн үгэ хоһооҥҥо дылы, тоҕо хомуньуустары утары буолуохпунуй? Онон, 39-пар диэри олорбут былааһым өрөбөлүүссүйэтин бэлиэтээн диэн, бэлисиппиэккэ күрэхтэһии туруораары гынабын. Сэрэххэ диэн сааскыттан бэлисиппиэт үрдүгэр олоро сылдьабын. Куоракка бэлисиппиэт бөлөҕө (велогруппа) элбээбитин бэлиэтии кереммүн, биирдиилээн да бу спорт көрүҥэр сүгүрүйээччи элбээбитинэн сибээстээн, интэриэһинэй буолсук диэн, тумүк санааҕа кэллим. Онон бу ыстатыйам таҕыстаҕына, бу оҕонньору өйүүбүт дуу, өйөөбөппүт дуу диэн быһаарсыахтара диэн эрэнэбин.
Күрэхтэһии балаһыанньата
Манна атахтарын төбөтүгэр эргичийэ сылдьар эдэр дьон, оҕолор да кыттыахтарын сөп. Күрэхтэһээччи улуу өрөбөлүүссүйэ 100 сылынан 100 км-гэ сүүрэр. Онтон мин, 1917 сыллаахха буолбутунан курдук, быйыл да 2017 сыл диэн сибээстээн, кырдьаҕаһым быһыытынан, 17 км арыттаах сир ылабын. Онон мин дистанциям 83 км буолар. Күрэхтэһээччи көстөн-көс аайы киирдэр-киирэн, биэтэккэ тиийиибэр, көхсүбэр сыста түһүөхтээх. Дьэ ону хайыыллар эбит диэн таабырын күрэхтэһии туруорабын. Икки ардыбыт ырааҕын быһыытынан, оҕолорго чэпчэтии бэриллэр, санааларын көтөҕө диэн. Мин оҕонньор Нуучча Уйбаан борустуой бэлисиппиэтинэн куота сатыыбын, өскөтүн сиппэппит диэн дьиксиниэхтэрин сөп, онон бэлисиппиэтим борустуой буолар. Мин саныахпар, омук бэлисиппиэттэрэ борустуойу таах чугаһаппахтыыллар ини, сыыдамнык көтүтэн эрийэн кэлиэхтэрэ дуу? Билэр суох. Мин кинилэргэ эһээ курдук буолларбын да, хараҕым аҥара көрбөт да буоллар, айаным наһаа нэһэ суох буолуо, сыапкаспын ыһыкта илик оҕонньор биир тэҥник үргүлдьү бара туруом диэн бэйэбэр эрэллээхпин. Онон мин дэммит талыы уолаттар киириэххитин наада. Икки ардыбыт ыраах, онон айанҥыт дохсун буоллаҕына, миигин ситиэхтээххит.
Күрэхтэһии күнэ-ыйа
РКП өйөөтөҕүнэ, балаҕан ыйын Сэмэнэп таҥара ылааҥы күннэриттэн биирдэстэригэр буолуо. Онон күммүт хаамыылаах. Үйэҕэ биирдэ буолар күрэхтэһиини уонна 100 сылы өйүүллэрэ буоллар, атын көлүөнэ бэлиэтиирэ – бэлиэтээбэтэ биллибэт. Дьэ онон эрэх-турах санаалаах хаалабын. Курэхтэһии бигэргэтиитин иккис тахсыы хаһыакка кэтэһиҥ.
Г. И. ЕГОРОВ,
Марафон-Дьөгүөрэп,
СӨ спордун маастара.
Чурапчы Хадаарыттан.
Билсэр нүөмэр: 89142649603