2020

Надежда Елисеева хайаан да үтүөрэригэр эрэл санаа үөскээтэ

Киһи биирдэ олорон ааһар бу Орто дойдуга чэгиэн-чэбдик сылдьыахпытын бука бары баҕарабыт. Ол эрээри ыарахан ыарыы кими-баҕарар, хаһан баҕарар үөйбэтэх өттүбүтүттэн, соһуччу булуон сөп. Тус олоххор алдьархай ааҥнаатаҕына, иэдээн эҥэрдэстэҕинэ, аттыгар дьон баара тугунан да кээмэйдэммэт, сыаналаммат.

Сахабыт сирин дьахталларыттан аан бастакынан хайыһарга уонна биатлоҥҥа Россия спордун маастардарын үрдүк ааттарын ылаттаабыт, биатлоҥҥа Россия чемпионката, Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Надежда Елисеева, соһуччу ыарахан рак ыарыынан ыарыйда. Билигин химиотерапия бара сылдьар. Алта куурс ылла, аны түөрдэ хаалла. Надежда Елисеева салгыы эмтэнэр кыахтанарыгар Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет "Сэргэлээх уоттара" Культура киинигэр "Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас" девизтээх аһымал акция оҥоһулунна. Саха эстрадатын сулустара Аскалон Павлов, Эрхаан, Анастасия Готовцева, Далаана, Ый Кыыһа, Сахаайа, Герман, Клавдия Хатылаевтар, Майя Сергина, Анна Павлова, "Северное сияние", Хатастааҕы "Ситим", "Фанки Бум" үҥкүү ансаамбыла кыттыылаах улахан кэнсиэр туруорулунна. Сцена улахан экраныгар иккис кылааска үөрэнэр Надя хайыһарга хайдах аан бастаан кэлбитин, дьарыктаныы түгэннэрин, күрэхтэһиилэргэ кыайыыларын, сынньалаҥар дьонугар көмөлөһөн ынах ыырын, окко үлэлиирин көрдөрөр хаартыскалар, видеокиинэлэр болҕомтону ыллылар, дьону долгуттулар. Саалаҕа элбэх көрөөччү, ыччат, спорт ветераннара  кэлбиттэрэ үтүө санаа, түмсүү баарын кэрэһэлээтэ.

Үгүс киһи Надежда Елисееваны өйүүргэ, ыарахан ыарыыттан өрүһүйэргэ тыл эттилэр, харчынан көмөнү оҥордулар. Саха Республикатын үтүөлээх учуутала Виталий Михайлович Неустроев, Республика инвестиционнай компаниятын гендиректорын солбуйааччы Иннокентий Николаевич Аммосов амарах санаа дьыалата түбэһиэх оҥоһуллубатын, Сахатын сирин спордун албан аатырдыбыт күөгэйэр күнүгэр сылдьар, өссө да элбэх көрдөрүүлэри ситиһиэхтээх, айылҕаттан дьоҕурдаах, эдэркээн хайыһардьыт кыыска анаммыта саамай сөптөөҕүн; физкультура-спорт институтун дириэктэрэ Дмитрий Николаевич Платонов уон биэс сыллааҕыта дьон көмөтүнэн рак ыарыыттан үтүөрбүтүн, өрүттүбүтүн туһунан ылыннарыылаахтык эттилэр; Надежда Елисеева биир дойдулаахтара, "Чурапчы түмсүү", хадаардар, оскуолаҕа, институкка бииргэ үөрэммит оҕолоро, учууталлара, тренердэр, республика хайыһарга федерацията, чугас аймахтара, эмтэнэригэр харчынан көмө оҥорорго биир санаалаахтарын биллэрдилэр.

Надежда салгыы эмтэннэҕинэ, үтүөрүөн сөбүн туһунан этиилэр мустан олорор дьону улаханнык сэргэхситтилэр, итиэннэ Надежда Елисееваны аан бастаан кыра оҕо саастарыгар хайыһар суолугар туруорбут, эрчийбит, киниэхэ тренердиир аҕата,  хайыһарга маастарга кандидат Егор Дмитриевич Елисеев кыыһынаан Надятынаан, ыарахан ыарыыга бэриммэт, рагы кыайарга кытаанах, бигэ санаалаахтарын, иһитиннэрдэ. Надежда Елисеева бу кыһыары саас Алдаҥҥа буолар Саха сирин норуоттарын кыһыҥҥы Спартакиадатыгар кыттыан баҕалааҕын туһунан истэн, аһымал акцияҕа кэлэн олорор дьон сэргэхсийдибит, санаабыт күүһүрдэ. Хайыһар уонна биатлон маастара Надежда Елисеева хайаан да үтүөрэригэр эрэл санаа үөскээтэ.

2021

 

Сахабыт сирин соргулаахтык ааттаппыт уонна  ааттатыахтаах хайыһардьыт кыыспыт ыарахан ыарыыттан өрүттэригэр көмөлөһүөхтэрин баҕалаахтар "Сбербанк": № 8603; кор.счет банка: 30101810400000000609; БИК банка: 049805609; счет получателя 40817 81077 60000 19662 Елисеева Надежда Егоровна аатыгар харчыгытын ыытыаххытын, эбэтэр аҕатыгар Егор Дмитриевич Елисеевка 8(914) 265-98-22 телефоҥҥа эрийэн чуолкайдаһыаххытын сөп.

Күн киһитэ көмүкэс, айыы киһитэ аһыныгас!        

Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ.

Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ

               

Поделиться:

#Новости

Ассоциация «Сахаада-спорт» выбрала лучших за 2024 год

В Республиканском центре национальных видов спорта имени В.Манчаары 5 декабря состоялось…

Минспорт Якутии и Сахатранснефтегаз будут развивать корпоративный спорт

Это первый проект в развитии корпоративного спорта среди работников промышленной сферы