Түргэн тэтимнээх аныгы үйэбитигэр дэҥ-оһол үөйбэтэх өттүгүттэн кэлэр. Чэгиэн, сүүрэ-көтө сылдьар дьон аана суох алдьархайга түбэһэллэр, киһи аҥаара буолан хаалаллар. Онуоха судаарыстыба, общественнай тэрилтэлэр өйөбүл-тирэх буолаллар, туох кыалларын барытын оҥоро сатыыллар. Тарбахха баттанар аҕыйах дьон санааларын күүһүнэн саҥа олоҕу саҕалыыллар.
Доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнар комплекснай спартакиадаларын чэрчитинэн буулдьанан ытыыга уонна дуобакка чемпионаттарыгар 13 улуустартан уонна Дьокуускай куораттан балтараа сүүсчэкэ кыттааччылар түмсэн күрэхтэстилэр. Дуобат-саахымат киинигэр уонна “Дохсун” спорткомплекска буолуталаабыт чемпионаттар үөрүүлээхтик аһыллыыларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы Александр Бугаев, Адаптивнай спорт киинин дириэктэрэ Анастасия Михайлова, хараҕа суохтар өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэлэ Ибрагим Ишниязов, истибэттэр обществоларын бэрэссэдээтэлэ Анастасия Соломонова, Адаптивнай спорка өрөспүүбүлүкэ XIII комплекснай спартакиадатын сүрүн судьуйата Юрий Иванов эҕэрдэ тыллары эттилэр.
Буулдьанан ытыы чемпионата түмүктэннэ. Мөлтөхтүк истээччилэргэ Дьокуускай хамаандата бастаата, горнайдар иккис, таатталар үһүс миэстэлэри ылаттаатылар. Чурапчы төрдүс, Нам бэһис, Амма алтыс буолуталаатылар. Итинтэн салгыы Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Нерюнгри, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Томпо хамаандалара.
Мөлтөхтүк истээччилэргэ Россия уонна Европа чөмпүйүөннэрэ Евдокия Каторгина, Мария Егорова инники күөҥҥэ сырыттылар.
Сүһүөхтэринэн ыарыылаахтар ортолоругар бастакы миэстэни ылбыт Горнай улууһуттан 1-кы разрядтаах кэлээскэлээх ытааччы Семен Семенов санаатын кытта үллэһиннэ:
- Ытыыга күрэхтэһиилэр сылын аайы ыытыллар буоланнар кыттааччылар ахсааннара элбээн, күрэхтэһии таһыма үрдээн иһэр. Туспа бырааһынньык курдук. Көрдөрүүм соччото суох. 60 ытыыттан 536 очкону. Маҥнайгы разрядка эппиэттээбэт. МР диэн нуучча бэстилиэтин уларсан ыттым. Бэйэм киэнэ боростуой, күрэхтэһиигэ сөбө суох. Син эмиэ бары спортсменнарга курдук, сыал-сорук паралимпиадаҕа кыттыы. Ол биллэн турар, күүстээх дьарыгы эрэйэр. Өлүөр эрдэхпинэ боксанан, спортивнай гимнастиканан, сүүрүүнэн дьарыктаммытым. Уон биир сыллааҕыта баһаарынай чааска сулууспалыы сылдьаммын дьиэ үрдүттэн суулламмын сиһим тоноҕоһун тоһуппутум. Ытыы спорда миигин олоххо төнүннэрдэ, дьону кытта тэҥҥэ сылдьабын. Спорт көмөтө улахан. Ытыы ураты спорт – тулуур, хонтуруол наада, олоххо ыарахаттары көрсүбүттэргэ туһалаах, тулуурдаах, сыаллаах-соруктаах, олоххо интэриэстээх буолаҕын. Сыалы табарга кыһаллыы, сыыһаны оҥорбот буола сатааһын хаачыстыбалара үөскүүллэр. Чугастааҕы сыалым-соругум – ытыым спордун бырахпакка дьарыктана сылдьыы, онтон көстөн иһиэҕэ.
Дуобат чемпионатыгар
Манна сүһүөхтэринэн ыарыылаахтар, мөлтөхтүк истээччилэр уонна көрбөттөр күрэхтэстилэр. Элбэхтэрэ бэрт буолан икки этээһинэн толору олорон оонньоотулар. Ньурбаттан Александр Ефимов балтараа очко атыылаах бастаан иһэр. Намтан 82 саастаах Егор Петров, Мэҥэттэн Егор Афонскай, Томпоттон Анатолий Гуринов, Дьокуускайтан Василий Саввинов түөртүү очколаах иккис үчүгэй көрдөрүүлэрдээхтэр. Оонньуулар сытыырхайан, тыҥааһыннанан иһэллэр. Ким да хооторуон баҕарбат, бары кыайыыга дьулуһаллар.
Күрэхтэһии хас биирдии кыттыылааҕа эр санаа көстүүлэринэн буолаллар.
Спартакиада салҕанар. Бастыҥнар ыам ыйыгар Россия чемпионатыгар Сахаларын сирин аатын көмүскүөхтэрэ.
Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ