Аатырбыт спортсменканы чиэстээһин түгэннэрэ

Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера, аан дойду уонна Европа иккилии төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ элбэх төгүллээх призера, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылааҕа, Россия спордун үтүөлээх маастара Анастасия Диодороваҕа  анаммыт  доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнар Бүтүн Россиятааҕы “Хотугу долгун” 1-кы харбааһыҥҥа күрэхтэһиилэригэр Ханты-Мансийскайтан, Хабаровскайтан, Самараттан уонна Саха сириттэн түмүстүлэр. Сахатын сирин, Россияны албан аатырдыбыт Анастасия Диодорова  20 сыл бэриниилээхтик күрэхтэһэн, улахан спортан барарыгар аналлаах “Кыһыл көмүс” харбааһыны оҥорон көрдөрдө.

diod 4 4

“Чолбон” бассейн көрөөччүлэринэн ыып-ыччары туолла. Өтөр-наар кэлбэтэх элбэх киһи кэлбит. Күрэхтэһии үөрүүлээхтик аһыллыытын түгэнигэр күрэхтэһии кыттыылаахтарыгар, ыалдьаттарга эҕэрдэлэр дуораһыйдылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Анастасия Диодорова олоҕун спорка анаан кытаанах эр санааланыы, кыайыыга дьулуһуу чаҕылхай холобурун көрдөрбүтүн,  ситиһиилэриттэн Саха сирэ бүттүүнэ киэн туттубутун, ону кэрэһэлээн, элбэх көрөөччү кэлбитин, мэлдьитин аттыгар баар буолан көмөлөспүт, өйөөбүт ийэтигэр Людмила Николаевнаҕа махталын биллэрдэ;  Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов Анастасия Диодорова тренеригэр Наталья Викторовна Степановаҕа, кэлбит хамаандаларга махтанна, уус-уран киинэ көрдөрүүгэ тахсыахтааҕын санатта;  Россия Паралимпийскай кэмитиэтин аан дойдутааҕы отделын салайааччыта Екатерина Пронина  Россия Парлимпийскай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Рожков эҕэрдэ Суругун ааҕан иһитиннэрдэ, Анастасия Диодорова аатынан күрэхтэһии Россия календарнай былааныгар киллэриллибитин; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Паралимпийскай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев Анастасия Диодорова ситиһиилэрэ улахан үлэттэн кэлбиттэрин бэлиэтээтилэр. 

diod 9

Ити күн биир сүрүн түгэнинэн, “Пресс-подход” тэриллэн, суруналыыстар ыйытыыларыгар,  Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар сүүрбэччэ сыл дойду чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээбит Анастасия Диодорова сиһилии хоруйдары биэрэн, ис санаатын истиҥник үллэһиннэ.

Бастатан туран, утумнаах күүстээх дьарык, талан ылбыт спордун көрүҥүн таптааһын, чуолаан, кини харбааһынтан астыныыны-дуоһуйууну ыларын, күннээҕи режими тутуһуу ситиһиигэ тиэрдэллэрин;  саамай үрдүк наҕараадатынан Пекиннээҕи Паралимпиадаҕа ылбыт үрүҥ көмүс мэтээлин ааҕарын, ол кини спортивнай олоҕор буолбут умнуллубат  чаҕылхай  түгэнинэн буоларын;

diod 11

мотивация диэн киниэхэ иннигэр туруоруммут сыалы толорууга кыайыыга дьулуһуу, ыарахаттартан толлубат буолуу, баҕа санаа, үлэттэн куотуммат, сүрэхтээх буолуу улахан оруоллаахтарын; кыһыл көмүс мэтээли ыларга баҕа санаа спортивнай олоҕор мэлдьитин батыһа сылдьыбытын; улахан спортан барар, күрэхтэһэрин тохтотор туһунан санаа, аан-бастаан, өссө өрдөөҕүтэ, 2012 сыллаахха Лондоннааҕы Паралимпийскай оонньууларга кыайыыны ситиһэр баҕа санаата туолбатаҕыттан үөскээбитин, ол кэнниттэн, бэйэтин уоскутунан, бу кэлин сылларга диэри күүскэ эрчиллибит, күрэхтэспит. Ол эрээри, Паралимпиада кыһыл көмүс мэтээлэ кыаллыбатаҕа уһуннук, уонча сыллар тухары өйүн-санаатын ыарыы курдук аала сылдьыбыт, улахан спортан тохтуур бүтэһиктээх быһаарыныыга кэлбит, улахан спортан барыы киниэхэ ыараханын, кэпсээтэ.

diod 3 3

Бүгүн тэриллибит “Кыһыл көмүс” харбааһын кини спортивнай олоҕун түмүктүүр түгэнинэн буоларын, онуоха, төрөөбүт Сахатын сиргэр, ахтылҕаннаах дьонун-сэргэтин ортотугар тэриллибититтэн астынарын уонна элбэх көрөөччү кэлбититтэн үөрэрин, улаханнык долгуйарын иһитиннэрдэ. Махталын тиэртэ. Спортивнай карьератын тохтотон да баран, бу олоххо бэйэтигэр эрэ буолбакка, оҕолорго, улахан дьоҥҥо, тугу эрэ үчүгэйи оҥоруотааҕын, ол иһин билигин “бу бэйэбин ханнык эйгэҕэ, ханна элбэх туһаны биэриэххэ сөбүн көрдүү сылдьабын”- диэн суруналыыстары кытта көрсүһүүтүн түмүктээтэ. Саха сиригэр харбааһын көрүҥүнэн элбэх оҕо-ыччат дьарыктанан, Олимпиадаҕа тиийэ үүнэллэригэр-сайдалларыгар баҕа санаатын биллэрдэ.

diod 10

Күрэхтэһиилэр иннинэ Анастасия Диодорова 50 миэтэрэ дистанцияҕа “Кыһыл көмүс” харбааһына буолла.  Тренерэ Наталья Викторовна стаартыыр туумбаҕа арыаллаан аҕалла. Паралимпиадаҕа уонна Европа, аан дойду бассейннарыгар мэтээллэри аҕалтаабыт “брасс” уонна “баттерфляй” ньымаларынан тэтимнээхтик харбаан  бар-дьонун биһирэбиллэрин, дохсун ытыс таһыныыларын, уруйдарын-айхалларын ылла!

diod 8 8

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости