республика боксаҕа турнира түмүктэннэ. 15 улуустар, оройуоннар уонна Дьокуускай куорат спороскуолаларын, кулууптарын, Жатай, барыта 22 хамаандалар 142 боксер оҕолоро кытыннылар. “Быйылгы “Азия оҕолорун” кыттыылаахтара, Дальнай Восток, Россия күрэхтэһиилэригэр миэстэлэспит оҕолор бааллар. Рингэҕэ сытыы, сэргэх киирсиилэр буоллулар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин боксаҕа оскуолатын дириэктэрэ, ССРС тыатын сирин чөмпүйүөнэ, ССРС спордун маастара Константин Бурцев этэринэн, тохтуу сылдьыбыт турнир сөргүтүлүннэ. Тренердэр оҕолору сайыҥҥы лааҕырдарга эрчийэннэр, көхтөөхтүк кытыннылар, бэлэмнээхтэр, үчүгэйдик хомуллан кэлбиттэр. Боксер уолаттар сылы тиргиччи эрчиллибит буоланнар, иҥнэн-толлон турбакка, сытыы, сэргэх киирсиилэри көрдөрдүлэр. Тохсунньу ыйга “Турнир сильнейших” турнирыгар сүүмэрдээһини ааһыахтара, Дальнай Восток чемпионатыгар путевка былдьаһыахтара.
Биэс күннээх барыллааһын киирсиилэргэ уонна полуфиналга кыайбыттар, финалга утарыта таҕыстылар. Сытыы киирсиилэр түмүктэринэн, 42 кг Арчыл Павлов (Сунтаар), 44 кг Эрсан Макаров (Сунтаар), 46 кг Петр Лукин (Мэҥэ-Хаҥалас), 48 кг Абдуллах Хосаров (Нерюнгри), 50 кг Тимур Дюжев (Нерюнгри), 52 кг Захар Панавкин (Нерюнгри), 54 кг Ренат Эверстов (Мэҥэ-Хаҥалас), 57 кг Мичил Егоров (Дьокуускай), 60 кг Леонид Олесов (Нам), 63 кг Павел Черданцев (Нерюнгри), 66 кг Дисар Дмитриев (Бүлүү), 70 кг Григорий Томоян (Жатай), 75 кг Глеб Иванов (Нерюнгри), +80 кг Илья Мунгалов (Нерюнгри) бастаатылар.
57 кг бастаабыт Мичил Егоров: “Боксанан маҥнайгы кылаастан Андрей Егорович Трофимовка дьарыктаммытым. Рингэҕэ барыта 50 таҕыстым, онтон 40-гар кыайдым. Быйыл “Азия оҕолоругар” кытынным, Дальнай Востокка, Россия оҕолоругар миэстэлэспитим. Бу турнирга үстэ киирсэн кыайдым, бастаатым. Тохсус кылааска үөрэнэбин. Бокс киһини бэрээдэктиир, дьиссипилиинэлээх буолаҕын. Кыайыыбын тренербэр уонна билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар аҕабар аныыбын, билсэ турабыт, үөрүүбүн кытта үллэстиэм”.
Кыайыылары ситиспит боксер оҕолор өйдөбүнньүк мэтээллэринэн, кубоктарынан, дипломнарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Сүрүн спонсор Саха Өрөспүүбүлүкэтин боксаҕа Федерациятын Исполкомун чилиэнэ, Ил Түмэн депутата Гаврил Парахин турнир “Бастыҥ боксерыгар” Артем Павловка (Сунтаар) сүрүн бирииһи билисэпиэти бэлэхтээтэ. Ону таһынан, бу ааспыт нэдиэлэҕэ Иркутскайга боксаҕа Россия улахан дьоҥҥо чемпионатыттан 48 кг үрүҥ көмүс мэтээллээх кэлбит турнир бочуоттаах ыалдьытыгар Павел Васильевка харчынан бириэмийэни туттарда.
Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллибит 19 саастаах Павел Васильев санаатын кытта үллэһиннэ: “Уопутум тиийбэтэ. Финал атмосферата букатын атын эбит, камералар да элбэхтэрэ, киһини баттыыр эбит. Дьиҥинэн, бэйэбэр эрэллээх этим. Инники өттүгэр кыайыы туһугар кыһаллыахпын наада. Элбэхтик сбордарга, күрэхтэһиилэргэ сырыттахпына эбиллиэм дии саныыбын. Оскуолатааҕы саастарбыттан Бороҕон спортоскуолатын тренеригэр Алексей Ивановка эрчиллэн кэллим. Бу иннинэ 18 саастаахтарга үһүс буолбутум, Россия студеннарыгар бастаабытым, ыччаттарга эмиэ үһүс миэстэлэммитим уонна бу улахан дьоҥҥо иккис буоллум. Сыалым-соругу, биллэн турар, эбиллэн иһиэххэ диэн. Дойду таһынааҕы турнирдарга элбэхтик кыттан, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар нуорматын толоруу. Онтон, барыта этэҥҥэ баран истэҕинэ аан дойдуга тахсыы. Россия сүрүн тренерэ Фархутдинов күүскэ үлэлэтэр санаалаах. Киһи кыайбата диэн суох, бэйэ кыаҕар эрэнии наада. Оччоҕо барыта кыаллыаҕа. Билигин университиэккэ тутуу институтугар үөрэнэбин. Николай Дмитриевкэ дьарыктанабын”.
Турнирга ситиһиилэммит боксер оҕолор тохсунньу ыйга “Күүстээхтэр турнирдарыгар” кыттыахтара, онно кыайыылары ситиспиттэр Дальнай Восток чемпионатыгар Сахаларын сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ.
Баһылай Посельскай