Баһылай Үрүмээһэп сахалартан маҥнайгы уонна соҕотох Улуу тустуук. Билигин үрдүк ааттаах-суоллаах бөҕөстөргө күлүктэтэн, төһө да умнулла быһыытыйдар, кини биһиги, бастакы көлүөнэ бөҕөстөр уонна “ыалдьааччылар”, кумирбыт этэ. Тустуу албастарын баһылыы уонна үрдүк үөрэх гранит тааһын аала сатыы сылдьар эдэр уолаттар Баһылай Үрүмээһэп курдук буолбут киһи диэн ыра санаалаах буоларбыт. Кырдьык даҕаны, дэгиттэр киһи этэ: соҕуруу, саамай сайдыылаах Ленинград куоракка үрдүк үөрэҕи бүтэрбит, ааттаах нууччаһыт, тылыгар олус талааннаах, сахаҕа тэҥнээҕэ суох Улуу тустуук. Барыта, аныгылыы эттэххэ, эталон!
Көҥүл тустууну төрүттээччилэр Кирилл Григорьев, Василий Румянцев спорт салайааччыта Николай Тарскайы (ортоку) кытта.
Кини аата өссө Ленинградка үөрэнэ сырыттаҕына, Саха сирин тилийэ көппүтэ. Оннооҕор мин Саха сирин саамай түгэҕэр, ыраах Халыма Андрюшкино бөһүөлэгэр сытан, кини аатын, суон сураҕын истибитим. Оччолортон дьон сэргээн ааҕар “Советский спорт” хаһыатыгар саха уола Румянцев Аан дойду чемпиона Вахтанг Балавадзены кытта тустубут, балачча эрийсэн, өссө сахалыы тэбэн, икки баалга түһэрбит диэн тыллар мин сүрэхпэр олус да минньигэстик кутуллубуттара. Ол кэмтэн ыла, көбүөргэ көмүс көлөһүммүн балачча тохпут киһи быһыытынан, Баһылайы Улуу саха диэн төрүт саараабакка этэбин. Улуу салайааччы Максим Аммосов, Улуу суруйааччы Өксөкүлээх Өлөксөй, Улуу артыыс Дмитрий Ходулов, Улуу тустуук Баһылай Үрүмээһэп. Итинник саныыбын мин 84 сааспар үктэммит оҕонньор. Туох барыта улуулаах, ол иһигэр тустуу эмиэ.
1957 сыл тохсунньута. Дьокуускайга бургунас муоһа тостор тымныыта. Көҥүл тустууга куорат чемпионата саҕаламмытыгар биһиги, Чурапчы тустууктара, тыа дьонун сиэринэн, көбүөр кытыытыгар им-дьим олоробут. Арай диктор:“Көбүөргэ Василий Румянцев ыҥырыллар!” диэбитигэр сахаҕа үрдүк уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах эр бэрдэ тахсан, көрөөччүлэргэ тоҥхолдьуйда. Саала иһэ ытыс тыаһынан өрө хабылла түстэ. Мин кини тустарын көрөөрү, дьөрү тыыммакка да олоробун. Тустар истиилэ эмиэ атын буолла. Адьас көбүс-көнөтүк, чыначчы тутта сылдьар, төҥкөйбөт, аны атаҕын биэрэ сылдьар. Эмискэччи хаҥас атаҕын киһитин сымсыгар угаат, атаҕынан өрө баһан таһааран, үөһээнэн элээрдэн, көрүөх түгэнэ саннын хаптаҕайыгар түһэрдэ. Бары олус соһуйдубут, сөхтүбүт да этэ. Бу туттара, быраҕара түргэнин – көрүөх түгэнэ. Сыа төрүт сыстыбатах, иҥииринэн эрийэ хаппыт 26 саастаах уол көбүөргэ сүүрэн тахсара, төһө да 60 сыл аастар, харахпар бу баар. Оннук дьикти, кэрэ көстүү этэ. Оннук кыраһыабай уол этэ Баһылай. Оччолорго 82-83 кг ыйааһыннааҕа. 1956 сыллаахха сахалартан аан маҥнайгынан 79 кг ыйааһыннаахтарга Сибиир уонна Дальнай Восток зонатыгар чемпионнаабыта. Оччолорго бу зона Урал хайаларын бэтэрээ өттүн барытын хабара. Аны бу сыл Россия норуоттарын сайыҥҥы IСпартакиадатыгар сахалар ааттарыттан эмиэ аан бастакынан тустубута. Бу улахан түһүлгэҕэ даҕаны балачча ситиһиилээхтик тустан, икки киһини кыайбыта. Ону тоһоҕолоон бэлиэтиибин.
Баһылайы бэйэтин дьиҥнээх ыйааһыныгар – 79 кг – салгыы туһуннарбатахтара. Ыарахан ыйааһыннаахтарга зонаҕа, Россияҕа тустуох киһибит суох буолан, сыыйа кинини ыйааһынтан ыйааһыҥҥа көһөрөн испиттэрэ. Сороҕор, оннооҕор, үстүү лиитэрэ ууну иһэрдэ-иһэрдэ! Өскөтүн бэйэтин 79 кг ыйааһыныгар туста сылдьыбыта буоллар, сахалартан бастакы спорт маастара, Россия чемпиона кини буолуо этэ! Олус үрдүк техникалаах, олус түргэн тустуук этэ. Кини курдук атаҕынан тустар, отхват, обвив, ону таһынан тэбии, хатыйыы араас албастарын эҥкилэ суох оҥорор саха тустууга үөскүү илик курдук көрөбүн. Биһиги, бастакы тустууктар, кинини көрөн, үтүктэн тустуук буолбуппут. Дмитрий Данилов аатырар подсечкатын, Эдуард Гегеев аатырар обхваттарын, обвивтарын Баһылай Үрүмээһэптэн ылбыттара чуолкай.
Үтүөлээх тренердэр Дмитрий Коркин уонна Василий Румянцев
Баһылай тренер быһыытынан Саха сиригэр үтүөтэ-өҥөтө сүдү. Кини үөрэнээччилэрэ Дмитрий Данилов сахалартан бастакы ССРС спордун маастара, Николай Гоголев сахалартан бастакы Россия чемпиона буолуталаабыттара. Кинилэргэ эбэн кэбис уһулуччуулаах тустууктар, ССРС спордун маастардара Владимир Варламовы, Сергей Иванову.
Баһылай Ленинградка биллиилээх тустуук буола сырыттаҕына Дмитрий Коркин үөрэнэ тиийэр. Кинилэр төрүкү табаарыстыы этилэр, Дьокуускай 2-с оскуолатыгар бииргэ үөрэммиттэрэ. Баһылай көҕүлээн, Дмитрий самбо секциятыгар дьарыктанан, Улуу тренер буоллаҕа!
Баһылай Үрүмээһэп Саха сирин тустуутун хоруола этэ. Тэҥнээҕэ адьас суоҕа. Өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустууга 8 төгүл, хапсаҕайга 9 төгүл чемпионнаабыта. Барыта 17 төгүл Саха сиригэр чемпион. Манна өссө араас таһымнаах турнирдары, Спартакиадалары, Оонньуулары эбэн кэбис. Дьэ, биир киһи холугар, улуу ситиһии диэн этиэххэ сөп буолуо. Сүүрбэччэ сыл кэриҥэ көбүөргэ төһөлөөх көлөһүнүн тохпута буолуой?! Кавказ хайаларын хотойдоро Дзарасовка, Кулаевка, Асатиловка, Зангиевка этин-сиинин төһөлөөх быһыта тыыттарбыта, хайыта-дьөлүтэ харбаппыта буолуой? Ол барыта Саха сирин, саха норуотун туһугар диэн буолара.
Ону таһынан Баһылай Үрүмээһэп талааннаах салайааччы: Обкомол инструктора, “Спартак” ДСО Уобаластааҕы Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Бүлүүгэ, Дьокуускайга орто оскуолалар дириэктэрэ. Сүрдээх мааны, үрдүк культуралаах киһи этэ. Бэртээхэйин ааһан, ааттаах ырыаһыт. Оннооҕор опералартан быһа тардан, сүрдээх үчүгэйдик ыллыыра. Ордук Егор Дмитриевич Кычкинныын тапсан, ариялары толорор буолаллара. Соҕуруу күрэхтэһиилэргэ сырыттахха, официальнай көрсүһүүлэргэ нууччалыы да, сахалыы да ыллаан, “бис” бөҕөнү ылара. Аны үҥкүүһүтэ диэн! Ленинградка педагогическай институкка оҕолору үөрэтэргэ анаан, араас омук үҥкүүлэрин үөрэтэллэрэ үһү. Баһылайбыт соҕуруу сылдьан, ханнык да омук үҥкүүтэ буоллун, ол дойду дьонунааҕар өссө ордук, өссө эрчимнээх курдук көстөрө. Барахсан сүгүллэҥнэтэн түһэн, улахана да бэрт буолара! Оннук иннинэн эрэ сылдьар Эр бэрдэ этэ Баһылай барахсан – Саха сиригэр көҥүл тустууну төрүттээччи Василий Гаврильевич Румянцев.
Максим Сибиряков, ССРС, САССР спордун маастара,
САССР көҥүл тустууга сэттэ, хапсаҕайга икки төгүллээх чемпиона,
САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.