Чурапчы нэһилиэгэр Александр Федотов аатынан успуорт уораҕайыгар 15 улуустан 195 бөҕөс (2009-2010 сыллааҕы төрүөх уолаттар) икки көбүөрүнэн туcтаннар, успуорду таптааччыларга умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтилэр.

Уолаттар төһө даҕаны саҥардыы тустан саҕалаабыттарын үрдүнэн үчүгэй санааны үөскэттилэр. Толкуйдаан, сытыы, түргэн хамсаныылары оҥордулар. Сорох бөҕөстөр элбэх бырахсыылаах, кытаанахтык киирсиэхтээхтэрэ эрдэттэн сэрэйиллэрэ.

Инньэ диэн туран, икки күннээх XXXII-с төгүлүн ыытыллар, көҥүл тустууга ССРС успуордун маастара, Саха биллэр тустууга Василий Гоголев бирииһигэр  хапсыһыы түмүгүн билиһиннэрэбит:

35 кг: 1. Андрей Макеев (Уус Алдан); 2. Ерлан Федосеев (Чурапчы); 3. Николай Платонов (Дьокуускай); 3. Мирон Протопопов (Бүлүү).

38 кг: 1. Егор Ефимов (Чурапчы); 2. Александр Пинигин (Чурапчы); 3. Леонард Соркомов (Чурапчы); 3. Артем Новиков (Дьокуускай).

41 кг: 1. Ариан Винокуров (Дьокуускай); 2. Игорь Аталларов (Чурапчы); 3. Власий Афанасьев (Мэҥэ Хаҥалас); 3. Дьулустан Капитонов (Чурапчы).

44 кг: 1. Максим Андросов (Амма); 2. Айсен Иванов (Нам); 3. Александр Попов (Чурапчы); 3. Вася Смирников (Чурапчы).

48 кг: 1. Леонид Павлов (Сунтаар); 2. Айтал Аммосов (Чурапчы); 3. Андрей Слепцов (Чурапчы); 3. Эльдар Осипов (Дьокуускай).

52 кг: 1. Фабиан Петров (Чурапчы); 2. Владимир Слепцов (Мэҥэ Хаҥалас); 3. Сандал Атласов (Чурапчы); 3. Арылхан Борисов (Чурапчы).

57 кг: 1. Арылхан Кононов (Хаҥалас-Чурапчы); 2. Александр Потапов (Сунтаар); 3. Александр Андросов (Чурапчы); 3. Арчын Готовцев (Сунтаар).

62 кг: 1. Эрхан Николаев (Сунтаар); 2. Ибрагим Габдоев (Уус Алдан); 3. Эйнар Максимов (Горнай); 3. Кирилл Спиридонов (Горнай).

68 кг: 1. Пантелеймон Софронеев (Бүлүү); 2. Тошав Молдакаев (Томпо); 3. Влад Негуслов (Дьокуускай); 3. Егор Жирков (Амма).

75 кг: 1. Андрей Николаев (Мэҥэ Хаҥалас); 2. Александр Ноговицын (Дьокуускай); 3. Дамир Капитонов (Амма); 3. Тимур Федоров (Дьокуускай).

85 кг: 1. Айхан Кривошапкин (Хаҥалас); 2. Никита Качан (Дьокуускай); 3. Айаар Михайлов (Чурапчы).

85 кг үөһэ: 1. Василий Софронов (Чурапчы); 2. Анатолий Васильев (Дьокуускай); 3. Анатолий Винокуров (Мэҥэ Хаҥалас); 3. Юра Кривошапкин (Томпо).

Ыспарсымыаннар бука бары мэтээллэринэн, гармоталарынан, өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕаарадаланнылар. Түгэнинэн туһанан тустууну тэрийээччилэр, сүрүн успуонсардарга: Афанасий Ефремовка (“Үрдэл” маҕаһыын), Владимир Пестеревка (“Детский Мир” маҕаһыын), урбаанньыт Иван Федуловка, улууска тустуу бэдэрээссийэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Саргыдаевка, “Чурапчы” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Алексей Егоровка, Покровскай куорат оҕо дыбарыаһын дириэктэрэ Олег Ивановка, “Востокстрой” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Иннокентий Пермяковка, улуус үөрэҕин үлэһиттэрин профсойууһун бэрэссэдээтэлэ Егор Давыдовка, Георгий Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Дьяконовка, Иван Федосеев-Доосо аатынан Дириҥнээҕи аграрнай орто оскуола дириэктэрэ Михаил Игнатьевка, урбаанньыт Петр Ефимов дьиэ кэргэнигэр, Чурапчы улууһун дьаһалтатын успуорка управлениетыгар, улуустааҕы ДЮСШ салалтатыгар, күрэхтэһиини тэрийиигэ сүүрбүт-көппүт уолаттарга бука барыларыгар дириҥ махталларын тириэрдэллэр.

Сэмэн Жендринскэй, «Сана Олох»

Поделиться:

#Новости

Ассоциация «Сахаада-спорт» выбрала лучших за 2024 год

В Республиканском центре национальных видов спорта имени В.Манчаары 5 декабря состоялось…

Минспорт Якутии и Сахатранснефтегаз будут развивать корпоративный спорт

Это первый проект в развитии корпоративного спорта среди работников промышленной сферы