Өр сылларга тренерынан үлэлээбит Нам Партизаныттан төрүттээх Ньурба Күндээдэтин күтүөтэ Петр Петрович Неустроев кэпсиир:
- Билиҥҥи тустууктар дьарыктанар усулуобуйалара, дьиэлэрэ-уоттара, күрэхтэһиигэ кыттыылара таһыччы уратылаах, уруккуттан уонунан ордук. Ол эрээри биир бэйэм олох сөбүлээбэтим тымныы ууну иһэн (уруттааһын), көлөһүн алдьаныыта буолар.
- Бэйэм 7-8 кылааска үөрэнэр кэммэр Намҥа Эһэлээх арыыга илии звенотугар сылдьан Дьэкиим кырдьаҕаһы кытта үлэлээбитим. Сарсыарда аҕыс чааска үлэбитин саҕалаан абаран, күнүс 11 чааска тиийбэккэ, утатан ыксаан, тымныы ууну иһээри тиһэрбитин, звеноводпут кытаанахтык бобор этэ. Оо, онно утатан уу иһэр баҕаттан араас албаһынан сөтүөлээри, тымныы ууну иһээри хаайарбытын, хайдах да 1-1,5 чаас сойутан баран сылаас чэйи иһэрдэрэ. Төһө да эрэйдэннэрбит, уонча хонугунан хатан, кууран, ууга кыһаммат буола кииллийбиппит. Ити күһүн 40 киилэҕэ Приленскэй оройуоннарга холкутук бастаабытым. Дьэ баайыы кистэлэҥэ итиннэ сытар. Аныгы оҕолор дьарыктанан тахсаат, тымныы ууну холодильниктан ылан иьэн уруттууллар, ол түмүгэр икки-үс тустуунан быста ыран хаалаллар.
- Дьоллоох киһи буолан, Владимир Андросов, Николай Захаров-Сахаачча эрчиллиилэрин көрбүтүм. Биһиги дьарыктана кэлэрбитигэр тустан биликтэһэ, прием оҥорсон хачыгыраһа, икки куоска курдук эриллэн тустан күдээритиһэ сылдьар буолаллар. Балтараа чаас буолан дьарык бүтэн дьиэлиирбитигэр син биир дьарыктана имитэ хаалаллара. Дьэ бу буолар сындылыйбат сындааһын, дьарыктаныы, баайыллыы сөптөөҕө диэн!
- Тренер үөрэнээччитин биир соругу толорорго анаан эрчийиэхтээх, холобур, Россия, Европа, Аан дойду чемпионаттарыгар, Олимпиадаҕа. Тустуук онно эрэ тиийэн ситэр буоллаҕына, дьэ ол улуу Коркинныы баайыы, эрчийии.
- Тустуук икки-үс таптаан туттар приемнаах, ону утуйа да сыттаҕына туруордахха, сатаан оҥорор буолуохтаах. Карпов приема, Сибиряков кыбытыыта, Дмитриев атахтааһына, Пинигин атаҕынан, илиитинэн үлэлээһиннэрэ, Александр Иванов партерга үлэлиирэ улууканнаах кыайыыга тириэртэхтэрэ.
- Тустуук быста сылайан туһуннаҕына, кырата ол сыл аҥаарынан этэ-хаана чөлүгэр түһэр, ырбыт-сылайбыт тустууктан кыайыыны кэтэһимэ.
- Тренердэр эрчийэр оҕолоргутун көрөн-истэн, дьиэтээҕи усулуобуйатын билэн, анал программа оҥостон үлэлиэхтээххит. Дьарык кэмигэр хас биирдиии оҕону анаан сайыннарар иһин, сороҕу күүһүн, сороҕу приему оҥорорун кэтээн көрөр дневник наада. Ханнык да балаһыанньаҕа оҕолор бэйэлэрэ эрэ дьарыктана хаалларалларын таһаарыа суохтааххыт. Оҕоҕут, дьарыктанар киһигит тугу аһыырын, тугунан интэриэһиргиирин чопчу билэргит наада.
- Ситиһии олус элбэх үлэттэн, сындалҕаннаах дьарыктан, үгүс эрэйтэн эрэ кэлиэҕэ. Оҕону 4-5 сааһыттан дьарыктыыр системаҕа киирэр кэм кэллэ. Саха оҕолоругар талаан баар, таба тайанан үлэлиир кэм кэллэ. Оҕолорго да, улахан да дьоҥҥо ыйааһыны аһары түһэриинэн үлүһүйүмэҥ, тустуук хас биирдии утарылаһааччытыгар дьиэтээҕи кистэлэҥ приемун бэлэмнээтин.
Баҕа санааны түмэн суруйдум Андрей ВАРЛАМОВ