IMG 7354

Саха сиригэр көҥүл тустуу төрүттэммитэ 60 сылыгар

Мэҥэ-Хаҥалас өрөспүүбүлүкэҕэ спорду өрө тутар улууһунан биллэр. Ол сиэринэн, көрдөрүүлэрэ да улахаттар, ботуччу ситиһиилэр да кэлэ тураллар. Бу ааспыт нэдиэлэ субуотатыгар ытык-мааны Хотун Төҥүлү бөһүөлэгэр, Сахабыт сиригэр көҥүл тустуу төрүттэммитэ 60 сылын кэрэ-бэлиэ көрсө, толору хааччыллыылаах, таас тустуу саалата үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Алгысчыт Анатолий Скрябин аал уоту оттон, сахалыы сиэри-туому толордо. Саҥа тустуу саалатын символическай күлүүһүн олохтоох  эдэр тренердэр Иван Белолюбскай уонна Семен Десяткин туттулар. Улуус баһылыга Николай Прокопьевич Старостин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тустууга федерациятын вице-президенэ, оҕо спордугар уонна спорка солбугу бэлэмниир СӨ Управлениетын начальнига Василий Иванович Егоров, Майатааҕы оҕо тустууга оскуолатын дириэктэрэ Василий Петрович Уваров, Төҥүлү нэһилиэгин баһылыга Анатолий Петрович Плотников тустуу саалатыгар киирэр лиэнтэни дохсун ытыс тыаһын ортотугар быстылар.

Ханна салалта өйдүүр уонна өйүүр сиригэр хамсааһын баар буолааччы. Мэҥэлэр, ити чааһыгар, салайааччыларыгар табыллыбыт улуус. Хаһаайыстыба атын салааларын ахтыбакка туран, аҥардас спорт эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьаллара да үгүһү этэр. Аан дойдутааҕы уонна Россия дуобакка федерацияларын сатабыллаахтык салайбыт спорт куттаах баһылык Владимир Ильич Птицын ыыппыт үлэтэ-хамнаһа Николай Прокопьевич Старостинынан күн бүгүн дьоһуннаахтык салҕанар. Улууска газ оттук кэлиитин мэҥэлэр көдьүүстээхтик туһанан эрэллэр. Төҥүлүгэ таас чоҕунан оттуллан бүтүн кварталы сылытан олорбут, "Стройиндустрия" ХЭТ (ген.дир. Егор Петр Неустроев), өссө, 1986 сыллаахха тутан үлэҕэ киллэрбит таас котельнайа, газ оттукка киирбиттэринэн, тута тохтотуллан, былырыыҥҥыттан түргэн тэтимнээхтик тустуу саалатын реконструкциялаан тутаннар, олоххо киллэрдилэр. Улуус баһылыгын дьаһалынан. Николай Старостин баһылык быһыытынан үлэни киэҥ хонноохтоохтук ыытар, чопчу этиилэри киллэртиир өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо тирэҕирэр уратылаах.

IMG 7402

Олортон биирдэстэринэн, улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин иитиллээччитэ, Саха сиригэр үгүс көлүөнэ Сэбиэскэй Союз, Россия, Европа, аан дойду чөмпүйүөннэрин, призердарын, үгүс спорт маастардарын бэлэмнээн таһаартаабыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Россия үтүөлээх тренерэ Василий Петрович Уваров этэринэн, кырдьык да, Төҥүлүлэр бэртээхэй тустуу Дьиэлэннилэр! Спортсаала улуус уонна нэһилиэк үбүнэн-аһынан тутулунна.

Тутууну ыыппыт дьоҥҥо Махтал Суруктар үрдэ суох туттарылыннылар.

IMG 7573

Улуус баһылыга Николай Прокопьевич Старостин эҕэрдэ тылыгар бэлиэтээн эппитин курдук, спорт историятыгар саҥа кэрдиис кэм саҕаланна. 2016 сылы  улууска спорт сылынан биллэрэннэр, кэккэ хамсатыылаах дьаһаллар ыытыллаллар, киһи үөрэр-астынар ситиһиилэрэ бааллар. Тирии бэрчээкки маастара Василий Егоров аан дойду рингэтигэр үрүҥ көмүс мэтээли, бөҕөс Ньургун Скрябин Иван Ярыгин Норуоттар икки ардыларынааҕы Гран-при турнирыгар кыһыл көмүс мэтээли аҕалтааннар норуоту бүтүннүтүн үөрдүбүттэрэ, барыбыт киэн туттуубутунан буолбуттара! Быраттыы Алексей уонна Петр Копыловтар аан дойдуга бастаатылар, Уйгулаан Иванов субу аҕай Россияҕа бастаата. өссө биир Төҥүлү тустуук ыччата Дьулус Сивцев Улан-Удэҕэ буолан ааспыт Борис Будаев бирииһигэр Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга 66 кг тустан бастаабыта эмиэ үөрүүлээх сонун. Улуус уон биэс бастыҥ спортсмен ыччата Одимпийскай эрэл училищеҕа, спорка дьоҕурдаах элбэх оҕо Чурапчытааҕы физкультура-спорт институтугар буһууну-хатыыны ааһаллар. Маныаха, айымньылаах үлэлээх тренердэр Аркадий Николаевич Тастыгин, Яков Яковлевич Филиппов үтүөлэрэ-өҥөлөрө улахан. Аан дойду чөмпүйүөнүн Герман Контоевы иитэн-эрчийэн таһаарбыт үөтүөлээх тренер Василий Петрович Уваров биэс сыллааҕыта Майаҕа иккистээн эргиллэн кэлэригэр аан дойду чөмпүйүөннэрин таһаарыахпыт диэн эрэннэрбитэ туолбута мээнэҕэ буолбатах. Киэҥ хабааннаах дьаһаллар ыытыллаллар.  Аллара-Бэстээххэ    эмиэ саҥа спортсаала тутуута бүтэн эрэр. Таракка Роман Цыпандин аатынан спортсаала бу субуотаҕа аһыллаары турар. Хараҕа эргэ тустуу саалата көтүллэн, саҥа спортсаала тутуута саҕаланыаҕа, о.д.а. тутуу үлэлэрэ элбэхтэр. Депутаттары кытта биир ситимнээхтэр.

IMG 7461

Оҕону-ыччаты иитиигэ, эт-хаан өттүнэн буһарыыга-хатарыыга, өй-санаа өттүнэн иитиигэ күүскэ ылсыбыт, дьиҥ патриоттуу санаалаах салайааччылар соруктара хорсуттар, хамсатыылаахтар.

Төҥүлү буоруттан Анатолий Габышев, Алексей Атласов, бырааттыы Василий, Егор Борисовтар, Алексей Баишев, Алексей Стручков, Петр Романов, Сергей Степанов, Василий Эверстов курдук көбүөр күүстээх маастардара тахсыбыттарыттан, сорохторо үлэ үөһүгэр сылдьаллар, төрөөбүт нэһилиэктэрин тутаах дьоно.

Олортон биирдэстэрэ, көҥүл тустууга Россия, хапсаҕайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара Никифор Попов кэриэһигэр, оҕолор ортолоругар Өрөспүүбүлүкэ көҥүл тустууга турнира ньиргиэрдээхтик тэриллэн ыытылынна.  Өрүс илин эҥэринээҕи улуустартан, ол иһигэр Томпоттон, Хаҥаластан уонна Дьокуускай куораттан 250-ча тустуук оҕолор кэлбиттэр. Бэйэтин кэмигэр тахсыылаахтык туста сылдьыбыт эдэр маастар Никифор Попов Төҥүлүгэ буолуталаабыт түһүлгэлэри барыларын кыайталаан нэһилиэгин аатын соргулаахтык ааттаппыта, Чурапчы уонна Мэҥэ-Хаҥалас улуустарын хапсаҕайдарын түһүлгэлэригэр абсолютнай чөмпүйүөннэринэн буолуталаабыта. Кини төрөппүт аҕата, Күүстээх Дэһээккин аатынан спортсаала дириэктэрэ Ким Никифорович Попов кыттыыны ыла кэлбит тустуук оҕолорго, кинилэр тренердэригэр улахан махталын, эҕэрдэтин тиэртэ.   

Икки күн устата тустуук оҕолор иэмэх талахтыы эристилэр. Албас диэн "Утарсааччыгын албыннааһын" диэн иҥиннэрбэккэ хоруйдуур сытыы-хотуу уолаттар бааллар. Араас бэлэмнээхтэр кэлбиттэр. Киирээт, көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыраастык  түһэрсээччилэр сэргэхситиини үөскэттилэр. Бэйэтэ эмиэ тустуук уоллатардаах,  турнир сүрүн судьуйатынан үлэлээбит, Россия уонна Сойуус чөмпүйүөннэрдээх Чурапчы Чакырыттан төрүттээх-уустаах, олохтоох тренер, ССРС спордун маастара Николай Прокопьевич Сивцев сыаналыырынан, турнир састааба күүстээх. "Азия оҕолоро" оонньуулар кыттыылаахтара бааллар. Оҕолор тусталлара, хамсаналлара, харса суохтара, тустар, кыайарга-хоторго баҕалара сүрдээх.

IMG 7352

Саҥа үлэҕэ киллэриллибит саала хаһаайына, оҕолорго, ыччаттарга Россия түһүлгэтин кыайыылааҕа уонна призера, Төҥүлү Тумулун ыччата, эдэр тренер Иван Елисеевич Белолюбскай аан маҥнай Николай Прокопьевич Сивцевкэ тустуутун саҕалаабыт, онтон сэттис кылааска Чурапчыга үөрэнэ тиийэн Данил Романович Неустроевка дьарыктаммыт. Салгыы институкка киирбит. Саҥа киллэриллибит тустуу Дьиэтигэр үлэ миэстэтэ баар буолбутунан, Чурапчы институтугар кэтэхтэн үөрэнэргэ көһөртөрбүт. Үөрүүтэ, долгуйара өйдөнөр. Биэс уон оҕону эрчийэллэриттэн 41-рин турнирга туһуннарабыт диир, үчүгэйдик тусталларыгар эрэнэр уолаттардаахтар. Ол уолаттара, эппитин курдук, биир бастакы, икки иккис, икки үһүс миэстэлэннилэр.

IMG 7574

Дьэ, ити курдук, 12-16 саастаахтарга 24 кг Эрчим Жирков (Дьокуускай), 26 кг Айаал Соловьев (Төҥүлү), 28 кг Дьулус Петров (Хаҥалас), 30 кг Вова Филиппов (Хаҥалас). 32 кг Егор Федотов (5 № спортоск), 35 кг Петя Гуляев (Хара), 42 кг Витя Яковлев (ОЭУ), 46 кг Петя Ероглазов (Чурапчы), 50 кг Зафар Оцинаев (Чурапчы), 54 кг Коля Сыромятников (ОЭУ), 58 кг Ньургустаан Иванов (Чурапчы), 76 кг Саша Винокуров (ОЭУ-Ал.Бэстээх) бастакы миэстэлэри ылаттаатылар.  "Бастыҥ бөҕөс" ааты Олимпийскай эрэл училищеттан Витя Яковлев, "Бастыҥ хапсыһыы" иһин Олимпийскай училищеттан Дьулус Петров уонна Хаҥаластан Максим  Петров сүрүн бириистэри ыллылар.

Кыайыылары ситиспит уонна миэстэлэспит тустууктар көлөһүннэрин тоҕон ылаттаабыт мэтээллэрин уонна дипломнарын  дьиэҕитигэр илдьэн ийэлэрин-аҕаларын, эһээлэрин-эбээлэрин үөрдүөхтэрэ турдаҕа!

Баһылай Посельскай

 

Поделиться:

#Новости