Биэс сыл анараа өттүгэр, 2013 сыллаахха истиҥник саныыр доҕорум Илларион Федосеев туһунан дьоҕус кинигэ бэчээттэммитэ. Илларионнуун, иннэлээх сап курдук, батысыһан аҕай биэрэрбит, өрүү бииргэ сылдьарбыт. Ити кинигэҕэ доҕорум туһунан, санаабар, итии-истиҥ ахтыы суруйбуттааҕым. Онуоха баара, өрөспүүбүлүкэ биир биллэр хаһыатыгар кинигэ туһунан ырытыы оҥороругар, биир кылааска үөрэммит табаарыһым Гавриил Каприн бэркэ хайҕаан баран, арай мин ахтыыбыттан астымматаҕын туһунан санаатын эппит этэ. Сахалыы уустаан-ураннаан кыайан кэпсээбэт киһи суруйуутугар: “Барбыппыт, тустубуппут, төҥнөн кэлбиппит”, — диэн ааҕыллара буолуо. Төһө даҕаны кэмчитик суруйдарбын, тус олохпор сүҥкэн үтүөлээх, тустуу кэрэ эйгэтигэр киллэрбит, утумнаахтык дьарыктаабыт, улаханнык ытыгылыыр тириэньэрим Дмитрий Петрович Коркин сырдык аатыгар махтанан туран, кини туһунан ахтыы оҥоруохпун баҕардым.
Мин Чурапчы орто оскуолатыгар алтыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Дмитрий Петрович үлэлии кэлбитэ. Биир үтүө күн, перемена кэмигэр, уолаттары барыларын спортивнай саалаҕа ыҥыран муста. Онно тустуу секцията аһылларын туһунан иһитиннэрдэ. Син элбэх оҕо суруйтарда. Биһиги кылааспытыттан үһүө буолан сырыттыбыт. Дьарыктанар сирбит оскуола мастарыскыайыгар сыһыары тутуллубут кыра дьиэ этэ. Инньэ гынан спортивнай оскуола маҥнайгы сыла Чурапчы орто оскуолатын баазатыгар аһыллыбыта. Сэттис кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Алаҕар нэһилиэгэр саха оҕолоруттан Арассыыйаҕа бастакынан “Урожай” уопсастыба чөмпүйүөнэ Николай Барашковсырдык кэриэһигэр тустууга күрэхтэһии буолбута. Онно Алексей Ермолаев, оччолорго эдэрдэргэ Сэбиэскэй Сойуус чөмпүйүөнэ, куораттан кэлэн маастар-кылаас ыыппыта. Дмитрий Петрович Тбилиси куорат турнирыгар сахалар бастакы кыттыыларын туһунан киинэни көрдөрө туран, олус интэриэһинэйдик хос быһааран кэпсээбитэ. Ити бириэмэҕэ кини кэпсээнин уонна бу көрүҥү улаханнык сэҥээрбитим, интэриэһиргээбитим, тустуохпун баҕарбытым. Нөҥүө сылыгар спортивнай оскуола интэринээт томторугар көспүтэ. Оччолорго мин теннискэ, баскетболга уонна тустууга тэҥинэн дьарыктанарым. Ол сырыттахпына, Дмитрий Петрвоич ыҥыран ылан, биир көрүҥүнэн дьарыктаныахтааҕым туһунан быһаарбыта, итиэннэ эһиилги дьылга интэринээккэ тахсан тустуунан дьарыктанарга ыҥырбыта. Онон ахсыс кылааска интэринээт-оскуола иитиллээччитэ буолбутум. Үөрэх саҕаланыан иннинэ күүстээх үлэ барбыта. Спортивнай саалаҕа сыһыары тустуу саалатын үксүн оҕолор бэйэлэрэ туппуттара: улахан уолаттар эркинин таһаараллара, кыралар ханаппаакы охсоллоро, мас күүдээнин, буор куталлара. Төһө даҕаны үлэ кэмэ буоллар, дьарык тохтообот этэ. Маны барытын Дмитрий Петрович бэйэтэ салайара. Саалабыт икки этээстээх буолбута — аллараа этээскэ уопсай физическэй бэлэмнэнии, үөһэ этээскэ аҥаардас көбүөр тэлгэнэн сытара, онно тустуу эрэ дьарыктара буолаллара.
Оччолорго тустуунан дьарыктаныан баҕалаах оҕо элбэх этэ, араас оройуоннартан уолаттар кэлэннэр эрчиллэллэрэ. Билигин санаатахха, үчүгэй даҕаны күүстээх-уохтаах, айылҕаттан талааннаах уолаттар биир кэмҥэ кэлэн дьарыктаммыт эбиттэр. Киһи кими даҕаны чорботон ааттыан да билбэт бииртэн-биир чаҕылхай этилэрэ. Биирдэ Дмитрий Петрович Одьулуун нэһилиэгэр барыбытын таһааран туһуннарбыта. Онно Николай Захаров-Сахааччауонна Владимир Андросов-Андрос биир ыйааһыҥҥа тустубуттара. Олус интэриэһинэй хапсыһыы буолбута. Бөтүрүөбүс онно бэйэтэ судьуйалаабыта. Тустуу тэҥнэһиинэн түмүктэммитэ. Онно, омос көрдөххө, Андрос баһыйа тутара. Тустан тахсан баран Андрос: “Бөтүрүөбүс Сахааччаҕа ыалдьар, баалбын биэрбэтэ”, — диэбитэ. Оттон дьарыгы, үөрэҕи, бэрээдэги барытын соҕотоҕун Дмитрий Петрович тутан олорбута диэтэхпинэ, сымыйа буолбата буолуо. Сааһыран олорон санаатахха, кини уу сахалыы өйдөөх киһи эбит ээ. Оҕону тута хайдах киһи буолуохтааҕын, төһө уйанын-хатанын өтө көрөр дьоҕурдааҕа. Хас биирдии иитиллээччи эт-хаан өттүнэн төһө сайдыылааҕын билээри, оҕоҕо бэйэтигэр анкета толорторор этэ. Холобура, улахан кылаас уолаттарыгар анкета толорторбута баар. Оскуолаҕа киириэхтэрин иннинэ, оскуолаҕа киирэн баран кимнээҕи кытары тугу оонньообуттара, тустууну хас саастарыттан интэриэһиргээбиттэрэ, төһө өр дьарыктаммыттара, бу спортивнай оскуолаҕа кэлэн төһө ситиһиилэммиттэрэ, өссө оскуола инники өттүгэр хайдах сайдыан баҕаралларын суруйтарбыт эбит. Соҕуруу күрэхтэһэн кэлбит оҕолорго кими кытары хайдах тустубутун, ханнык албаһы туһаммытын, туга табыллыбытын, туохха сыыспытын суруйтарара. Кини ханнык даҕаны оҕону, улахан да дьону бэйэтигэр чугастык сыһыарбакка, тэйиччи тутара: “Панибратство баара кутталлаах”, — диирэ. Киниттэн кыралыын-улаханныын бары толлор этилэрэ. Бэрээдэги кэһиини улаханнык утарара, албыны-көлдьүнү олох сөбүлээбэт этэ. Тустууга “сытыһан” биэриини төрүт сэҥээрбэт буолара, барыта чиэһинэйдик барарын ирдиирэ.
Сороҕу дьиэтигэр ыҥыран көннөрү кэпсэтэрэ, кыһалҕаламмыт оҕолорго өйдөтүү үлэтин ыытара. Онус кылааска үөрэнэ сырыттахпына, бииргэ үөрэммиттэрим ыҥырыыларынан, Чурапчы орто оскуолатыгар аан бастакыбын биэчэргэ сылдьан турардаахпын. Икки кылаас үөрэнээччилэрэ, кылааспыт салайааччытын кытары бары бииргэ киирбиппит. Онно сылдьыбыппын истэн Бөтүрүөбүс: “Ноо, ол киһи эмиэ киирбит дуо?” — диэн бэркэ соһуйбут этэ. Сарсыҥҥы күнүгэр дьиэтигэр ыҥыран ылан: “Эн ойох ылыахтаах кыыһыҥ төрдүс кылааска үөрэнэр”, — диэн өйдөппүттээҕэ. Ол аата “аны биэчэрдэргэ, үҥкүүгэ кииримэ” диэн эргитэн эттэҕэ. Кырдьыгынан эттэххэ, үгүс уол аллараа оскуола биэчэрдэригэр киирэрэ. Дмитрий Петрович онно кимнээх баралларын билэр буолан, сорох уолаттары, субуота киэһэ 10 чааска бэйэтигэр кэлэн сылдьалларыгар ыҥырара. Инньэ гынан онно ыҥырыллыбыт уол аллараа кыайан киирбэккэ хаалара.
Сорох сырыыга буруйдаахтары дьарык кэмигэр ыҥыран, барыбыт дьүүлүгэр өйдөтүү үлэтин ыытара. Биир күн алын кылааска үөрэнэр буолан баран үрдүк уҥуохтаах, кэтит баҕайы Ленскэй оройуон Бэчинчэтиттэн кэлэн үөрэнэ сылдьар уол арыгы испитин баспытааталлар үҥсүбүттэр этэ. Ону дьарык кэмигэр, бары истэрбит курдук, арыгы буортутун туһунан өйдөттө, уолу мөхтө. Түмүгэр: “Сарсын эмиэ иһэн баран кэлээр”, — диэтэ. Уол синньигэс, хайдах эрэ тыҥкынас баҕайы куолаһынан: “Хаска?” – диэн ыйытааччы буолла. Онно бэйэтэ да тулуйбакка, Бөтүрүөбүс күлбүтэ аҕай. Дмитрий Петрович ыалдьар буолан, үрүҥ аһы аһыыра. Благовещенскай куоракка Уһук Илин уонна Сибиир зонатын күрэхтэһиитигэр сырыттахпытына, киэһэ күрэх кэнниттэн ол Ленскэйтэн сылдьар уолу маҕаһыынтан кефир ыллара ыыппыта. Киһибит өр да өр буолан, олох хойут: “Кефир суох, пыыва диэн напыытак баар”, — диэн кэлбитэ. Хата ол “пыыва” диэн напыытагы ылбатах этэ.
Дмитрий Петрович уолаттары улахан күрэхтэһиигэ кыттарга эрдэттэн бэлэмниирэ. Холобура, Саша Иванову, Никон Брызгаевы, миигин Тбилиси куоракка норуоттан икки ардыларынааҕы турнир хомууругар икки төгүллээн илдьэ сылдьыбыта, күрэхтэһиини көрдөрбүтэ. Ырааҕы көрөр тириэньэр буолан өй-санаа өттүнэн эрдэттэн бэлэмнээбит эбит диэн сыаналыыбын. Ол күрэхтэһиилэргэ сылдьан Сойуус аатырбыт тустууктара, Америка, Иран о.д.а. дойду бөҕөстөрө хайдах тутта-хапта, таҥна-симэнэ сылдьалларын, көбүөргэ чаҕылхай тустууларын көрөн, элбэххэ үөрэммит буолуохтаахпыт. Оҕолорго аан дойду күрэхтэһиитигэр тахсар хомуурга барарбытыгар эмиэ эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Оннооҕор соҕуруу дойду бириэмэтигэр сөп түбэһиннэрэн, түүн ыҥыран дьарыктыыра. Хомуурга сылдьан атын тириэньэрдэр эрчийэллэрин астыммат буолан, бэйэтэ түһэ сытар хоһугар муостаҕа матараас быраҕан баран албастары үөрэтэрэ, хос иһигэр дэлби туһуннаран сөптөөх дьарыгы биэрэрэ. Онно Цахкардзорга Сойуус сборнайыгар киирэр хапсыһыыны оҥорбуттара. Мин татаар омук уолунаан Нигматуллины кытары туста тахсарбар, Дмитрий Петрович: “Мөккүспэттэрин курдук гына, көтөҕөн ылаҥҥын олох ньиччи быраҕан кэбис,” – диэбитэ. Ньиччи бырахпатаҕым буолан баран, элбэх очукуонан баһыйан, Сойуус сборнайыгар киирбитим. Ол кэнниттэн Бөтүрүөбүс, Москубалаабыта. Америкаҕа тахсарбытыгар түспүт гостиницатыгар тиийэн тириэньэрбитин көрсүбүппүт. Америкаттан Саха сиригэр кэлэн баран, Дмитрий Петровиһы Дьокуускай куорат спортивнай кэмитиэтигэр көрсүбүппүт. Кини онно: “Саха тустуутун таһаардыгыт!” – диэн хайҕаабыта, олус үөрбүт, астыммыт этэ.
Интэринээт-оскуоланы түмүктээн баран, салгыы тустуунан дьарыктанар сыалтан Чурапчыга хаалбытым. Дмитрий Петрович: “Тустар кэмҥит сүрдээх кылгас, үөрэҕи кэлин да үөрэниэххит, онон билигин күүскэ дьарыктаныҥ,” – диирэ. Оччолорго Дмитрий Петрович кэргэнинээн Александра Семеновналыын түөрт кыбартыыралаах дьиэҕэ биир кыра кыбартыыраҕа олороллоро. Мин кинилэргэ аһыырым уонна үлэһит уолаттар олорор эргэ уопсай дьиэлэригэр хонорум. Онтон ити сыл саҥа дьиэ туттан киирбиттэригэр аны онно олорбутум. Александра Семеновна оччолорго аҕыс кылаастаах оскуолаҕа учууталлыыра итиэннэ дьиэтин-уотун көрөрө, элбэх киһи аһыыр аһын астыыра. Дмитрий Петрович ыалдьыта мэлдьи элбэх буолара, соҕурууттан тиийэ кэлэллэрэ. Кыыстара Геяны таһынан бырааттара уолаттар бааллара. Бу санаатахха, Александра Семеновна барытыгар бириэмэтэ хайдах тиийэрэ буолла?
Бөтүрүөбүс дьарыгар 15 чааска уонна 20 чаастан барара, киэһэ 22 чааска бүтэн кэлэрэ. Кыратык чэйдии түһээт, үлэлиир хоһугар киирэн, түүн хойукка диэри олороро, хаска утуйа сытарын билбэппин. Тириэньэрбит дьиэтигэр-уотугар сүрдээх сымнаҕас этэ, көнньүөрдэҕинэ, муннун аннынан киҥинэйэн ыллыы сылдьар буолара. Александра Семеновналыын наар көр-күлүү курдук кэпсэтэллэрэ. Аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн баран эмиэ Бөтүрүөбүстээххэ олорон тириэньэрдээбитим. Онно оскуоланы саҥа бүтэрбит, Амма оройуонун Абаҕатыттан сылдьар Миша Скрябинмиигин кытары биир хоско олорбута. Кини Дмитрий Петровичка көмөлөһөөччү этэ. Күрэхтэһиилэргэ бииргэ сылдьан киинэҕэ устара. Тустууну бэйэлэрэ эрэ өйдүүр бэлиэлэринэн ким хайдах киирсибитин, туох албаһы туһаммытын суруйара. Дмитрий Петрович ону кэлин дьиэтигэр баран ырытара. Устубут киинэлэрин Бөтүрүөбүс Москваҕа оҥорторон аҕалара. Миша, биир үгүс Бөтүрүөбүстэн элбэххэ үөрэнэн, кэлин сүрдээх мындыр, биллиилээх тириэньэр буола үүммүтэ. Элбэх үрдүк кылаастаах тустууктары иитэн таһаарбыта. Аны санаатахха, Бөтүрүөбүс, Мишаны тириэньэр үлэтигэр эрдэттэн бэлэмнээбит эбит. Дьарык кэнниттэн Дмитрий Петровичтыын дьиэбитигэр аргыстаһан барарбыт, сороҕор салгын сии таарыйа, чараҥҥа хаамарбыт, онно элбэҕи кэпсиирэ-үөрэтэрэ. Мишаны даҕаны бииргэ сылдьан элбэххэ үөрэппит буолуохтаах. Ити нөҥүө сылыгар Мишалыын уонна Коля Ивановтуун Минскэй куоракка физкультурнай институкка үөрэнэ барбыппыт. Бөтүрүөбүстүүн суруйсар этибит, сибээстэһэрбит. 1975 сыллаахха Минскэй куоракка ыытыллыбыт Аан дойду чөмпүйэнээтигэр кини кэлэ сылдьыбыта. Олорор дьиэбитин, үөрэнэр усулуобуйабытын көрбүтэ. Үөрэнээччитэ Павел Пинигин бу күрэхтэһиигэ чөмпүйүөннээн бэркэ астынан барбыта. Үөрэхпитин бүтэрэн кэлиибитигэр Мишаны бэйэтигэр хаалларбыта уонна олоҕун тиһэх күннэригэр диэри бииргэ үлэлээбиттэрэ.
Тириэньэрбит биирдэ даҕаны иллэҥ сылдьарын өйдөөбөппүн. Кэнсиэрдэргэ, киинэҕэ сылдьыбата, бириэмэтэ суоҕа. Бырааһынньыктары да, өрөбүллэри даҕаны билиммэккэ үлэлиирэ. Кыыһын Геяны наһаа таптыыра, куруутун сиэтэ сылдьара. Александра Семеновна дьиэтигэр кинини тугу да гыннарбата, барытын бэйэтэ толороро.
Дмитрий Петрович соҕуруу олорор элбэх тириэньэрдэри кытары билсэрэ, сибээстэһэрэ. Холобура, ЦСКА старшай тириэньэрэ Сергей Андреевич Преображенскайы кытары кэпсэтэн, элбэх саха уолаттара, кинилэр истэригэр Роман, Гаврил Дмитриевтар, Петр Платонов, Илларион Федосеев о.д.а. ЦСКА-ҕа сулууспалаабыппыт. Ол барыта Дмитрий Петрович үтүөтэ этэ. Оттон сорох тириэньэрдэри олох сэҥээрбэт буолара. Холобура, Чита куорат армыйатын спортивнай кулуубун тириэньэрэ Фрунджиевы сөбүлээбэт этэ. Ити тириэньэр Дмитрий Петрович үгүс уолаттарын, бэлэм тустууктары эккирэтиһэн туран бэйэтигэр сулууспаҕа ылара, салгыы үчүгэйдик дьарыктаабат этэ. Ол иһин күрэхтэһиилэргэ Фрунджиевы кытары олох кэпсэппэт буолара, ол да киһи бэйэтэ улаханнык саллар быһыылааҕа, чугаһаабат этэ. Уопсайынан, Дмитрий Петрович курдук ис-иһиттэн кыһаллан туран дьарыктыыр тириэньэргэ, аармыйаҕа да сулууспалыырбар, институкка да үөрэнэр сылларбар түбэспэтэҕим.
Бөтүрүөбүс бэйэтэ сүрдээх кытаанах буолан санаатын таһыгар биллэрбэт этэ. Үөрэнээччитэ тустан кыайтардаҕына, олоппоһугар олорон хаалара, атын тириэньэр кэлэн туруордаҕына биирдэ соһуйан турара. Ол курдук бүттүүн өйүнэн-санаатынан тустууга киирэн хаалара уонна онтон бытааннык өрүттэрэ. Атын тириэньэрдэр курдук хаһыытыы-ыһыытыы, көбүөрү тула өрүтэ ыстаҥалыы сылдьыбат буолара. Доруобуйата даҕаны онно эппиэттэспэт курдуга. Соҕуруу күрэхтэһиигэ барар сылбытыгар элбэх буолан куоракка киирбиттээхпит. Спорткэмитиэт дьиэтигэр бэрэссэдээтэл хоһугар Дмитрий Петровичтыын иккиэн сыппыппыт, ол түүн кини олус улаханнык ыалдьыбыта. Ыалдьарын эрдэттэн билэр этим буолан баран, онно көрөн улаханнык саллыбытым. Сарсыныгар Чурапчыттан Константин Сергеевич Постников кэлэн, биһигини илдьэ барбыта. Тириэньэрбит дьиэтээҕи усулуобуйата үчүгэй буолан, дьиэ кэргэнэ харыстабылларынан уонна бэйэтэ көрүнүүтүнэн эрэ олоро сатаабыта. Аска-үөлгэ кытаанах диетаны тутуһара, биһигини бэйэтэ сыҥалаан аһата сатыыра.
Билигин санаатахха, үлэлиир усулуобуйата оччотооҕу кэм сиэринэн тэриллибит эбит. Бары кылаастарынан арахсан утуйар хостоох, бииргэ аһыыр остолобуойдаах, дьарыктанар саалалаах этибит. Үөрэх уонна дьарык күөстүү оргуйара, ситиһии да баара. Ол кэми Дмитрий Петрович биирдэ: “Оо, үчүгэйдик да хаардыы хаама сылдьыбыт эбиппит!” – диэн астынан ахтан аһарбыта. Бөтүрүөбүс уонна Александра Семеновна мин тус олохпор үтүөлэрэ үгүс. Аҥаардас тустуук эрэ быһыытынан буолбакка, киһи буолан иитиллэн тахсыыбар, сайдыыбар, идэни баһылыырбар Дмитрий Петрович сабыдыала улахан. Кинилэргэ махталым муҥура суох.
Дмитрий Петровичка үөрэммит, дьарыктаммыт уолаттары барыларын, сүгүрүйэр, ытыктыыр тириэньэрбит 90 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин! Кыайыы өрөгөйүн, кыайтарыы хомолтотун биллэрбит көлөһүн сыттаах саалабытын, бииргэ үөрэммит, уһуйуллубут доҕотторбун мэлдьи истиҥник саныыбын, умнубаппын.
Ааптар: Сэмэн МАКАРОВ – Д.П. Коркин иитиллээччитэ.