Оонньуулар кыттыылаахтара, олор истэригэр, Сахабыт сирин спортсмен оҕолоро, судьуйалар, волонтердар, тэрийээччилэр биир кэккэҕэ хааман киирбиттэрэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Икки нэдиэлэ устата тиргиччи Азия дойдуларын уонна Россия 19 хамаандаларын 1000 спортсмен оҕолоро түмсэн, спорт 10 көрүҥнэригэр 57 комплект мэтээллэри ылаттаатылар. Оонньуулар сабыллыылара спорт уонна доҕордоһуу бырааһынньыгар кубулуйда.
Таас чоҕунан, тимири уһаарыынан аатырар Кузбасс сиригэр-уотугар күрэхтэһиилэр Кемерово, Новокузнецк, Междуреченск, Таштогол куораттарынан уонна Шерегеш оройуонугар буолуталаатылар.
Оонньуулар кыттыылаахтарын Кемерово уобалаһын губернатора Сергей Цивилев, Россия физичеескэй культураҕа уонна спорка миниистирин 1-кы солбуйааччы Азат Кадыров, Россия Олимпийскай кэмитиэтин генеральнай сэкэрэтээрэ Родион Плитухин уонна “Азия оҕолорун” Норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин президенэ Владимир Максимов эҕэрдэлээтилэр, махталларын биллэрдилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Леонид Спиридонов уонна миниистир 1-кы солбуйааччыта Александр Бугаев хардарыта солбуһа сылдьан, Оонньуулары саҕалаатылар уонна түмүктээтилэр, хардарыта аһыллыыларыгар уонна сабыллыыларыгар кытыннылар, күрэхтэһиилэр буолуталаабыт куораттарынан, орйуоннарынан күрэхтэһиилэр тэрээһиннэрин кытта билистилэр, көрдүлэр-иһиттилэр, оҕолорбутугар ыарыйдылар. Салайааччылары, тэрийээччилэри кытта көрүстүлэр. Бу туһунан Александр Бугаев санаатын кытта үллэһиннэ.
Александр Николаевич, бастатан туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин делегациятын аатыттан тэрийэр кэмитиэккэ махталын биллэрдэ. Тэрийээччи быһыытынан бэлиэтииринэн, биир сүрүн уустуга диэн, күрэхтэһиилэр бэйэ-бэйэлэриттэн 200-300 км тэйиччи сытар биэс сирдэринэн буоллулар. Транспорынан хааччыйыыга, куораттар аайы сүүһүнэн оҕолору, тренердэри түһэрии, аһатыы, күрэхтэһиилэри ыытыы улахан үлэттэн тахсар. Биһи оҕолорбут, тренердэрбит астыналлар, махтаналлар. Волонтердар үчүгэйдик үлэлээтилэр.
Оҕолорбут уон биир көрүҥтэн сэттэтигэр кытыннылар. Хамаандабыт уопсайа аҕыс мэтээллэннэ. Маҥнайгы күннэргэ сноубордка Алдан спортоскуолатын иитиллээччитэ Илья Соколов маҥнайгы боруонса мэтээли аҕалбыта. Хайыһардьыттарбыт сэттэ мэтээли аҕаланнар үөртүлэр. Тэҥнээн көрөр буоллахха, 2019 с. Сахалиҥҥа хайыһардьыттарбытыгар мэтээл суоҕа, биатлоҥҥа үрүҥ көмүс мэтээли Николай Максимов аҕалбыта. Быйыл хайыһарынан сүүрүү “спринт” эстафетатыгар кыргыттарга Инна Рыбкина уонна уолаттарга Вадим Ширяев үрүҥ көмүс, Вадим Кривоногов боруонса мэтээллэри ылаттаатылар. Хайыһарга “Доҕордоһуу” холбоһуктаах интернациональнай эстафетатыгар кыттан Николай Копырин кыһыл көмүс мэтээли аҕалла, Полина Николаева үрүҥ көмүс, Анна Глотова уонна Павел Сергеев боруонса мэтээллэри ылаттаатылар. Биир дойдулаахтарын, төрөппүттэрин, тренердэрин үөртүлэр.
Онон, Кемеровоҕа күрэхтэһиилэр этэҥҥэ түмүктэннилэр. Оҕолорбут салгыы сбордарынан, күрэхтэһиилэринэн барыахтара. Билиҥҥи аан дойдуга буола турар уустук кэмҥэ биһиэхэ спорт, ол иһигэр, оҕо спорда өрө тутуллара кэрэхсэбиллээх. Афганистан, Кувейт, Таиланд, Ливия курдук омук дойдуларыттан, урукку бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэртэн кэлэн кытыннылар. Сүрдээҕин махтаналлар, бары биир хамаанда буолабыт диэн эттилэр, суолтатын өйдүүллэр. Аны да инники өттүгэр кыһыҥҥы, сайыҥҥы Оонньууларгы кэлэн кыттыахпыт диэтилэр.
Эһиил, 2024 сыл сайыныгар Дьокуускайга VIII сайыҥҥы “Азия оҕолорун” оонньуулара ыытыллыахтара. Онон, улахан тэрээһин үлэлэр бараллар. Өрөспүүбүлүкэ спордун салайааччылара Кемеровоҕа кэлэ сылдьар сүрүн сыаллара-соруктара оҕолорбутугар ыалдьыы, өйөөһүн, Кемеровотааҕы спорт министиэристибэтэ, бырабыыталыстыбата бу Оонньуулары хайдах тэрийбиттэрин билсиһии. Онон, тэрээһин боппуруостары көрүү-истии буолла. Эһиил бэйэбитигэр, Дьокуускайга Оонньуулары тэрийэн ыытарга бу сырыылар-айаннар туһалаах буолуохтара.
Күрэхтэһиилэр түмүктэринэн, хайыһарынан сүүрүүгэ, шорт-треккэ, хоккейга, сноубордка, хайаттан түһүү спордугар, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа, хайыһарынан трамплинтан ыстаныыга, керлиҥҥэ, фристайлга, хаҥкылаах сүүрүүгэ, хаарга волейболга уонна киберспорка 15 кыһыл көмүс, 13 үрүҥ көмүс уонна 11 боруонса мэтээллэрдээх Сибиир федеральнай уокуругун хамаандата бастаата, 15 кыһыл көмүс, 9 үрүҥ көмүс, 10 боруонса мэтээллээх Москва хамаандата икки, 10 кыһыл көмүс, 8 үрүҥ көмүс, 9 боруонса мэтээллээх Урал федеральнай уокуругун хамаандата үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.
Көстөрүн курдук, үгүс көрүҥнэр биһи Сахабыт сиригэр суох көрүҥнэр. Аҕыйах сыллааҕыта Алдаҥҥа спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр Киин саҥа аһыллан, итиэннэ, хоккейга, хайыһарга, хаҥкылааһыҥҥа, шорт-треккэ оҕо спортоскуолалара тэриллэннэр сүһүөхтэригэр туран эрэллэр. Уопут да сыыйа мунньуллар. Баай үтүө үгэстээх хайыһарынан сүүрүүгэ мэтээллэри хото ылаттаатыбыт. Оҕолорбут улахан олимпийскай базалардаах, олимпийскай уонна аан дойду чөмпүйүөннэрдээх регионнар оҕолорун кытта баар кыахтарынан, утаа-сабаа, тэҥҥэ кэриэтэ күрэхтэстилэр. Инникитин да күрэхтэһиэхтэрэ турдаҕа.