“Өбүгэ оонньууларын” XIV этнофестивалыгар ахсынньы 19-21 күннэригэр Дьокуускайга “Модун” споркомплекска түмсэн күрэхтэстилэр. 13 улуустартан кэлбит 80 кыттааччылары Ил Түмэн депутата Антонина Григорьева, Ил Түмэн депутата, “Манчаары” аатынан спорт национальнай Киинин дириэктэрэ Геннадий Васильев, өрөспүүбүлүкэ “Юные якутяне” үөрэх тэрилтэтин дириэктэрин солбуйааччы Александр Брызгалов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Агро-оскуолаларын дириэктэрэ Петр Дягилев эҕэрдэлээтилэр.
Агро-оскуолалар үөрэнээччилэрин эт-хаан өттүнэн иитиигэ киллэрбит кылааттарын иһин Уус-Алдан улууһун Баатаҕайын физкультураҕа учуутала Николай Адамович Николаев, Таатта улууһун үөрэҕин управлениетын эти-хааны иитиигэ методиһа Константин Афанасьевич Ширяев, Горнай улууһун Маҕарас оскуолатын дириэктэрэ Максим Васильевич Максимов түөскэ иилиллэр “Наставник” Бэлиэлэринэн наҕараадаланнылар.
Быйылгы этнофестиваль Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 уонна Агро-оскуолалар тэриллибиттэрэ 35 сылларыгар ананна. Былыргы өбүгэлэрбититтэн тиийэн кэлбит тоҕус көрүҥнэргэ 8-10 кылаас оҕолоро күрэхтэстилэр. Улуустарыгар бастаабыт хамаандалар. Инньэ гынан, хамаандалар бары да кичэллээхтик бэмнэммиттэрэ харахха быраҕыллар. Күрэс көрүҥнэрэ элбэх эрчиллиини, дьарыгы эрэйэр уустук хамсаныылардаахтар. Күрэхтэһэр оҕолор бэлэмнэрэ тэҥ буолан, эрийсии бөҕө. Хамаандалары физкультура учууталлара салайан илдьэ сылдьаллар. Сорох чугастааҕы улуустар оскуолаларын дириэктэрдэрэ көстөн ааһаллар. Күнтэн күн биирдиилээн уонна хамаанданан көрдөрүүлэргэ күүстээхтэр биллэн истилэр. Көрүҥнэр бириэмэнэн хааччахтаналлар, онон тэтим быһаарар.
Сүрүн судьуйанан Николай Николаев, сэкэрэтээринэн Константин Ширяев үлэлээтилэр.
Эргиччи дьоҕурдаах буолууну итэҕэтэр “Бэйэни билиһиннэриигэ” хамаанда уолаттара-кыргыттара бука бары кытыннылар. Сахалыы таҥнан, хантан хааннаахтарын, кимтэн кииннээхтэрин этэн-тыынан, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, оһуохай бөҕө. Горнай улууһун Маҕараһын Агро-оскуолатын оҕолоро бастакы, Сунтаар Бордоҥо иккис, Хаҥалас II-Малдьаҕара үһүс миэстэлэннилэр.
Күрэс уолаттарга “Көтөх ынаҕы туруоруу” курдук олус уустук, ылбычча киһи сатаабат көрүҥүттэн саҕаланна. Сиргэ олорон эрэ икки илиилэринэн биир атахтарын тилэҕиттэн илиилэринэн тутуһан, уҥа, онтон хаҥас атахтарынан туран кэлэллэр. Төһө кыалларынан элбэхтэ оҥорорго кыһаллаллар. Амма Бөтүҥүттэн Айтал Сергеев 19 уонна 14 туруталаан 33 көрдөрүүлээх бастаата, Горнай Маҕараһыттан Алгыс Михайлов уонна Эдуард Ксенофонтов 32-лиитэ тураттааннар иккис, үһүс үчүгэй көрдөрүүлэннилэр. Хамаанданан бастакы миэстэни Сунтаартан Бордоҥ, иккиһи Горнайтан Маҕарас, үсүһү Уус-Алдантан Суотту оскуолалара ылаттаатылар.
Кыргыттар бүдүрүйэри билбэт“Кириэс тэбиигэ” кириэстии ууруллубут мастары кылыйар атахтарынан таарыйбакка туора-маары ойуоккалаабыттарыгар Альберта Алексеева (Хаҥалас, II-Малдьаҕар), Мелисса Эверстова (Кэбээйи оскуолата), Елена Осипова (Хатас) хамаандаларыгар кыайыы очколарын аҕалтаатылар. Хаҥалас II-Малдьаҕара бастаата, Кэбээйи иккис, Горнай Маҕараһа үһүс буоллулар.
Имигэс туттуулаах-хаптыылаах, сыыйа намыһаан иһэр кэккэлэһэ туруоруллубут “ыаҕастары”, биир атахтарын уонна кулгаахтарын эминньэҕиттэн илиилэринэн тутан, төҥкөйөн, олбу-солбу ытыран ылаттаан иһэр “Ойбонтон уулааһыҥҥа” Антонина Андреева (Сунтаар, Бордоҥ), Мелисса Эверстова (Кэбээйи), Люба Максимова (Кэбээйи); Сайян Мельчекитов (Үөһээ-Бүлүү, Кэнтик), Данил Еремеев (Сунтаар, Бордоҥ), Айтал Сергеев (Амма, Бөтүн) миэстэлэстилэр. Хаҥалас II-Малдьаҕара бастаата, Сунтаар Бордоҥо иккис, Уус-Таатта үһүс.
Киһи үксэ сөбүлүүр түргэн-тарҕан туттуулаах остуол оонньууларыгар, хабылыкка Айгуль Прокопьева (Уус-Таатта), Любовь Максимова (Кэбээйи), Сандаара Родионова (Үөһээ-Бүлүү, Кэнтик); Дьулустаан Данилов (Сунтаар, Бордоҥ), Сахаян Конников (Амма, Бөтүҥ), Данил Еремеев (Сунтаар, Бордоҥ) бириистээх үс миэстэ иһигэр киирдилэр. Хамаанданан түмүккэ, Сунтаар Бордоҥо, Хаҥалас II-Малдьаҕара, Мэҥэ-Хаҥалас Хорообута инники күөҥҥэ таҕыстылар.
Хаамыскаҕа Сандаара Родионова (Үөһээ-Бүлүү, Кэнтик), Люба Максимова (Кэбээйи), Камилла Дайбаннырова (Уус-Таатта); Дьулустаан Данилов (Сунтаар, Бордоҥ), Лука Далбаев (Чурапчы, Дирин). Хамаанданан түмүккэ Сунтаар Бордоҥо бастаата, Уус-Таатта иккис, Мэҥэ-Хаҥалас Хорообута үһүс.
Сыраны-сылбаны, тулууру эрэйэр “Наартаны нөҥүө ойууга” кыргыттарга Леонора Саввинова (Горнай, Маҕарас-211 наарта), Алиса Семенова (Горнай, Маҕарас-208,), Дайаана Семенова (Мэҥэ-Хаҥалас, Хорообут-204); уолаттарга Алгыс Михайлов (Горнай, Маҕарас, 276 наарта), Владимир Гуляев (Таатта, Уус-Таатта-275), Эдуард Ксенофонтов (Горнай, Маҕарас-254) үстүү бастыҥнарга кииртэлээннэр, Горнай Маҕараһа бастакы, Уус-Таатта иккис, Мэҥэ-Хаҥалас Хорообута, туһааннааҕынан, бу көрүҥҥэ бастакы, иккис, үһүс буолуталаатылар.
Эт-сиин өттүнэн чахчы кыахтаах буолууну көрдөрөр “Тутум эргииргэ” кыргыттарга Альберта Алексеева (Хаҥалас, II-Малдьаҕар-46), Альмира Макарцова (Чурапчы, Дирин-29), Мелисса Эверстова (Кэбээйи-26); уолаттарга Эдуард Ксенофонтов (Горнай, Маҕарас-49), Валентин Егасов (Уус-Таатта-46), Владимир Ксенофонтов (Мэҥэ-Хаҥалас, Хорообут-45). Хамаанданан түмүккэ, Сунтаартан Бордоҥоскуолата бастаата, Тааттаттан Уус-Таатта иккис, Хаҥаластан Малдьаҕар үһүс буоллулар.
Кыраҕы харах, кытаанах тарбах күрэһигэр саха оҕунан ытыыга Сандаара Родионова (Үөһээ-Бүлүү, Кэнтик), Люба Максимова (Кэбээйи), Альберта Алексеева (Хаҥалас, II-Малдьаҕар); Альберт Харлампьев (Кэбээйи), Никита Лукин (Уус-Таатта), Севастьян Спиридонов (Бүлүү, Бөкчөҥө) эр-биир 15 м тэйиччи туруоруллубут “куобахтары”, тииҥнэри табыталаатылар. Кэбээйи, Чурапчы Диириҥэ, Сунтаар Бордоҥо үс иһигэр киирдилэр.
Түргэн, сымса, аһарыгас буолууну эрэйэр, нуучча лаптатыгар маарынныыр “Чыысхай” оонньууга хамаандаттан үстүү уол, иккилии кыыс буолан кытыннылар. Мээчигинэн таба бырахсаллар, таптарбыттар туораан иһэлллэр. Бу оонньуу көрүҥүн уонча сыллааҕыта Тулагы физкультураҕа учуутала Петр Иванович Хабаров айбыта. Билигин Кангаласс оскуолатыгар физруктуур уола Денис Петрович судьуйалаабыта кэрэхсэбиллээх. Бу бэрт сэргэх, ыһыылаах-хаһыылаах көрүҥҥэ Горнай Маҕараһын хамаандата бастаата, Чурапчы Дириҥэ иккис, Хаҥалас II-Малдьаҕара үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.
Олоҥхону толорууга Лена Степанова Амма Бөтүҥүн 9 кылааһын үөрэнээччитэ бастаата, Үөһээ-Бүлүү Кэнтигиттэн Василина Иванова иккис, Уус-Тааттан Никита Лукин үһүс үчүгэй көрөдрүүлэннилэр, хамаандаларыгар кыайыы очколарын аҕаллылар.
Ити курдук, үс күн устата Агро-оскуолалар үөрэнээччилэрин ортолоругар үтүө үгэс быһыытынан сыллата ыытыллар “Өбүгэ оонньууларын” XIV Өрөспүүбүлүкэтээҕи этнофестивалыгар түөрт көрүҥҥэ бастаабыт, икки көрүҥҥэ иккис миэстэлэрдээх Сунтаар улууһун Бордоҥун хамаандата 38 очколаах бастаата. Икки бастакы, биир иккис, үс үһүс миэстэлэрдээх Хаҥалас улууһун II-Малдьаҕарын оҕолоро иккис, икки бастакы, биир иккис, биир үһүс миэстэлэрдээх Горнай улууһун Маҕараһа үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр уонна туһааннааҕынан, 30, 20, 10 тыһ.солк. сертификаттарынан, көһөрүллэ сылдьар улахан Кубогынан, мэтээллэринэн, дипломнарынан, миэстэлэспит оҕолор сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Биэс бириистээх миэстэлэрдээх Уус-Таатта хамаандата төрдүс; үс бириистээх миэстэлэрдээх Мэҥэ-Хаҥалас Хорообута бэһис, Биир бастакы, биир иккис миэстэлээх Кэбээйи алтыс, биир үһүс миэстэлээх Уус-Алдан Суоттута сэттис буолуталаатылар.
“Өбүгэ оонньууларын” төрүттээбит Уус-Алдан Баатаҕайын физкультураҕа учуутала Николай Адамович Николаев этэринэн, 2000 сыллаахха Е.П. Жирков олоххо киллэрбит национальнай концепциятыгар олоҕуран, өбүгэлэрбит төрүт оонньууларынан оҕолор эттэрин-сииннэрин сайыннарар анал программа оҥоһуллан өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаммыта. Прокопий Прокопьевич Готовцев бэрэссэдээтэллээх “Урожай” физкультурнай-спортивнай тэрилтэ уонна Өрөспүүбүлүкэ Агро-оскуолаларын дириэктэрэ Николай Семенович Жирков өйөөннөр, сөптөөх хайысха диэннэр, 2008 с. 1-кы этно-фестиавль ыытыллыбыта. Оҕо хамсанар, толкуйдуур дьоҕура сайдарыгар туһалаах. Евгения Гоголева-Адамова, Ян Готовцев, Юлия Сыроватская, Альберт Готовцев курдук күүстээх спорт маастардара, Россия чөмпүйүөннэрэ курдук араас спорт көрүҥнэригэр улахан сопртсменнар иитиллэн тахсыбыттарынан киэн туттар. Бастакы сылларга күрэхтэспит оҕолор эттэригэр-хааннарыгар дириҥник иҥэн, билигин отуттарыттан тахсыбыт ыччат-дьон өбүгэлэрбит хамсаныыларын кэбэҕэстик оҥороллоруттан, Николай Адамович астынарын биллэрэр. Имигэс, сымса, тэтиэнэх, бэйэни кыанар, тулуурдаах буолуу курдук үгүс үтүө хаачыстыбалара сайдаллар. Россия үөрэҕин систиэмэтэ, учуонайдар сэҥээрэллэр.
Бастаабыт хамаанданы салайан илдьэ кэлбит Сунаатр улууһун Бордоҥун оскуолатын дириэктэрэ Михаил Алексеевич Максимов билинэринэн, оскуолаларыгар “Өбүгэ оонньууларыгар” аналлаах бырайыактаахтар, оҕолор начаалынай кылаастартан анаан-минээн дьарыктаналлар, төрөппүттэр, оскуола кэлэктиибэ өйүүллэр. Эһиил, кэлэр сыл Саҥа Дьыл иннинээҕи ахсынньы ахсынньы ый ортотугар XV “Өбүгэ оонньуулара” Сунтаарга ыытыллыахтара.
Баһылай Посельскай