3249

Мас тардыһыытыгар кэнники кэмҥэ саамай үрдүк рейтиннээх күрэҕинэн “Көмүс мас” турнира буолла

Кэлин түөрт сылга Дьокуускай куорат аһаҕас чемпионатын статуһун ылан үгүс кыттааччыны түмэринэн, тэрээһининэн. Онтон “Көмүс мас” диэн ааттаах турнир 37 сыл аннараа өттүгэр Саха государственнай университетын уопсай дьиэлэригэр аан бастаан тэриллэн, бастакы республикаºа сыл аайы ыытыллар турнир буолбута. Бу кэмҥэ мас тардыһыы ыһыахтарга уонна Манчаары спартакиадатыгар эрэ ыытыллара. Турнирга кыттаары анаан дьарыктанар буолбута. Мас тардыһыы спорт көрүҥүн быһыытынан сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрбитэ. Араас толкуйдар, ньымалар, сатабыллар, дьарык ситимнэрэ бу турниртан ситимнэнэллэр.

Быйылгы чемпионакка 12 ыйааһыҥҥа 194 кыттааччы күрэс былдьаста.

60кг, 38 кыттааччы

Сэрэбиэй сааһылаан оҥоруутунан лидердэр бастакы эргиирдэргэ утарыта түбэспэтилэр.

Бу ыйааһыҥҥа Балыктах уолаттара күннээтилэр. Аан дойду чемпиона Игорь Дьяконов биир дойдулаахтарыгар “Көмүс мас” турнирын икки төгүллээх кыайыылааҕар Павел Кычкиҥҥа уонна республика икки төгүллээх чемпиона, Манчаары спартакиадатын кыайыылааҕа, кылгас кэм иһигэр тохтуу сылдьыбыт Сергей Черкашиҥҥа биирдии маһы биэрэ сырытта. Эрэллээхтик бастаан бастакы республика чемпионатын тэрийбит Чурапчытааҕы МПМК оччотооҕу салайааччыта Иван Ильич Поповтан анал бириис тутта. Павел Кычкин бастакы күн Степан Сосиҥҥа хотторон балаһыанньатын уустугурда сырытта. Ол гынан иккис күн олох атын Кычкины көрдүбүт. Сергей Черкашин Чурапчы Манчаарытын кэнниттэн дьарыгын тохтотон баран быйылгаттан саҥа күрэхтэһэн эрэр. Иккис күрэҕиттэн мэтээллээх барда. Бу иннинэ 56кг ыйааһыҥҥа лидердээбит ааспыт сыл түмүгүнэн республика күүстээх мас тардыһааччытын аатын ылбыт Томпоттон Дмитрий Саввин, Амматтан Дмитрий Неустроев, Мэҥэттэн Степан Сосин, Сунтартан Артем Зорин иккис күҥҥэ иккитэ хотторон күрэхтэн туораатылар. Ыйааһынннара кыра дуу диэн санаа үөскүүрдүү. Эдэр уолаттар Амматтан Евгений Удин, Уус Алдантан Андрей Никифоров үчүгэй өйдөбүлү хааллардылар.

Бу ус уол бастакы тренеригэр Андрей Винокуровка 1994 сыллаахха мас тардыhыы улахан туhулгэтин тэрийбит Василий Васильевич Скрябин аатынан Чемпионат бастыц тренерэ бирииhи Ходоро нэhилиэгин дьаhалтатын баhылыга Алексей Коркинович Васильев туттарда.

65кг – 37 кыттааччы

Саҥа ыйааһын. Саҥца лидердэр. Бастаабыт Таатта кэскиллээх ыччата Иннокентий Попов эмиэ биир да хотторуута суох бастаата. Мэҥэттэн Игорь Захаровка уонна Гаврил Архиповка биирдии маһы биэрэ сырытта. Уонна барыларын 2-0. Киниэхэ бастакы оҕолорго республика таһымнаах күрэҕи тэрийбит билигин Тыыллыма нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Руслан Васильевич Афанасьев анал бириис туттарда. Чемпионат биир арыйыытынан университет студена Мэҥэ Хаҥалас Тиэлиги ыччата Александр Кириллин буолла. Үгүс киирсиилэригэр кыайыыга дьулуурун көрдөрөн быһаарыылаах үһүс киирсиитигэр кыайыыны сурунан түмүккэ иккис буолла. Мас тардыһыытыгар көмүскэнэр стиллээх мас тардыһааччылар сэдэхтэр. Олус уустуга бэрдиттэн, кыайыы үгүс сыранан кэлэриттэн буолуо. Егор Владимиров, Александр Яковлев, Максим Марков дьон хараҕар хатаммыт мас тардыһааччылары санатардыы ЧИФКиС студена, Мэҥэ ыччата Гаврил Архипов ураты тулуурдаах мас тардыһыыны көрдөрдө. Сатабыл баарын, тардар күүһү хайдах уҕарытары, уһун тулуурдаах тарбах тутар киирсиилэри. Бу ыйааһыҥҥа Горнайтан, Дмитрий Агеевы сөбүлүү көрдүбүт. Кэлин кэмҥэ Горнайтан саҥа аат тахсара олус сэдэх этэ. Дьэ биир уол баар буолбут. Бастакы эргиирдэргэ республика чемпиона Модест Баишевка эрэ биир маһы биэрэ сырытта. Онтон Модест бу түһүлгэҕэ хайдах эрэ ыараханнык кииристэ. Бастакы эргииртэн 2-1 икки киирсии, бастаан Геннадий Федоровы бэрт сыранан кыайар, иккискэ хотторор, үһүскэ Иван Болтуновы 2-0 хотор, салгыы төрдүс эргииргэ Верхоянскайтан Виктор Юмшановка 1-2 хотторон туораата. Ыйааһын түһэриитэ моһуоктаата дуу.

70кг, 39 кыттааччы

Бу да ыйааьыҥҥа сэрэбиэй обургу лидердэри бастакы эргиирдэргэ көрүһүннэрбэт курдук аттарылынна. Былырыын 69кг ыйааһыҥҥа бу турнирга бастаабыт Мэҥэттэн республика, Манчаары чемпиона Александр Пинигин бу да сырыыга кыайардыы оҥостон кэлбит. Бастакы күн ол гынан ыараханнык саҕаланар. Табаарыһыгар Николай Татариновка биир маһы биэрэн кыайар. Уонна бастакы күн бүтэһик эргииригэр Амматтан Геннадий Борисовка соһуччу 0-2 хотторор. Иккис күн онтукатын оһорунан Афанасий Платоновы уонна Михаил Ковалигы 2-1 хотор. Афанасий аны Михаил Коваликка эмиэ тэҥ киирсиигэ 1-2 хотторон төрдүс буолла түмүккэ.

Михалик Коваликка сэрэбиэй бастакы эргиирдэргэ эдэрдэри түбэһиннэртээн баран, көрдөххө холкутук 2-0 кыайыылар. Түмүккэ утуу-субуу күүстээхтэри кытта киирсии буолан таҕыста. Ол киирсиилэр буолуон иннилэринэ биир эргиир сынньатан баран. Бастаан Александр Пинигин 1-2 хотторуу. Аны Афанасий Платонов 2-1 кыайыы. Финалга Геннадий Борисов 0-2 хотторуу. Ыйааһыҥҥа бастаабыт Геннадий Борисов Хатас спортоскуолатын залыгар оҕҕо эрдэхтэн элбэхтик кыайыы өрөгөйүн билбит сирэ. Киирсибит көрсүһүүлэригэр барыта 2-0 ахсаан. Арай Афанасий Платоновка туох да утарсыы оҥорбокко 0-2 хотторуута уопсай хартыынаны буорту гынна. Бу ыйааһын саамай дьон болҕомтотун таппыт ыйааһынынан буолла. Алдьархайдаах тыҥааһыннаах киирсиилэр буолбуттарынан.

3250

75кг, 19 кыттааччы

Бастаабыт Кэбээйиттэн республика призера Егор Гуляев олус кыахтаахтык бастаата. Бастакы эрэ эргииргэ Манчаары призерыгар Ньургун Седалищевка биир маһы биэрэ сырытта уонна барыта 2-0 кыайыы. Иккис буолбут Манчаары икки төгүллээх чемпиона Егор Кудрин Гуляевка эрэ финалга хоттордо уонна барыта 2-0.  Кудрин киһи сөҕөр мас тардыһааччыта. Федор Матвеевич Дегтярев бүтэһик көлүөнэ иитиллээччитэ өссө уон сыллааҕыта Манчаарыга 62кг бастаабыт киһи, билигин да эдэрдэргэ ыарахан таһаҕас. Ньургун Седалищев ытык иэһин толорон армияҕа сулууспалаан кэлэн баран бастакы улахан старта. Дьарык сүппэтэх эбит.

80кг, 12 кыттааччы

Бу күннэргэ Ньургуннар күннэрэ эбит диэни куораттан кыттыбыт Ньургун Пестряков өссө биирдэ бигэргэттэ. Финалга Дьокуускай куорат икки төгүллээх чемпиона Дьулустан Ноговицынныын тахсыбытыгар хайдах эрэ Дьулустаан кыайара буолуо диэн олорбутум. Арай Ньургун бастакытын туура тардан кэбистэ. Эс. Ама дуу. Онтукайбыт иккиһигэр өссө итэҕэтиилээхтик кыайан соһутта. Утарсааччыларын барыларын 2-0 хотон бастакы “Көмүс мас” турнирын тэрийбит уолаттар харахтарыгар хатанан кинилэр анал бириистэрин хаһаайына буолла. Аны Ньургуннар күннэрин өссө биирдэ бигэргэтэрдии, бары чемпионнар сэрэбиэй таппыттарын түмүгэр киниэхэ мас тардыһыытын сайыннарыыга дьоһун кылааты киллэрбит меценат Семен Семенович Бурнашев анал бирииһэ автомат саа бириис тигистэ. Үһүс миэстэни ылбыт Намтан Роман Заровняев былырыын 69кг үһүс буолбут буоллаҕына быйыл ыйааһын көтөн миэстэлэспитэ туһугар эмиэ туспа ситиһии.

90кг, 13 кыттааччы

Бу ыйааһыҥҥа итиччэ уол кыттыбыта туһугар эмиэ туспа сонун. Кинилэр истэригэр үгүстэрэ эдэрдэрэ өссө киһини үөрдэр. Биллэн туран, Павел Чернорадскай суоҕунан Дмитрий Попов уонна Егор Баишев киирсиилэрин дьон кэтэстэ. Оруобуна финалга тахсан кииристилэр. Дмитрий олох туох да эрэл кыымын  биэрбэтэ. Эдэр уол Дьулустан Охлопков бастакы улахан дьоҥҥо ситиһиитэ диэн сыаналыахха сөп. Үһүс миэстэ иһин финала киирсиигэ олохтоох Хатас биир эдэр кэскиллээх уолун Владислав Никифоровы хотто. Владиславка көрөөччүлэр анал бириистэрин 1997 сыллаахха Аммаҕа үс массыына бириистээх улахан түһүлгэ тэрийбит оччотооҕу Амма улууһун баһылыга Дмитрий Федосеевич Наумов анаан туттарда.

Икки ыарахан ыйааһыҥҥа

Тоҕо эрэ кыттааччы ахсаана эбиллибэт. 105кг Эрчим Баппагай эрэллээхтик бастаата. Ыарахан ыйааһыҥҥа Ньурбаттан Гаврил Никифоров Анатолий Баишевка утарсыы оҥороро буолуо диэн ким эрэ күүппүтэ. Анатолий олох тутуһуннарбата. Анатолий өссө кыаҕырбыт көрүҥнээх.

Ветераннарга

Республика күүстээхтэрэ ыйааһын аайы бааллар. Бэйэтэ эмиэ туспа күүрээннээх күрэх буолан ааста. Ыйааһыннарынан ол гынан лидердэр ааттарын өссө биирдэ дакаастаатылар.

65кг 7 кыттааччыга Петр Ноговицын Дмитрий Устиновтыын киирсиитэ эрдэ күүтүллүбүтэ. Араас санаа баара. Киирсии да оннук буолла. 2-1 Устинов туһатыгар. Дмитрий быйыл дойдутуттан Төҥүлү оскуолатыгар кэлэн мас тардыһыыга тренеринэн үлэлээн эрэр. Саҥа үлэтигэр ситиһиилэри баҕарар алгыс тыллаах норуот маастара, аатырбыт хайыһардьыт Дмитрий Петрович Попов анал бирииһэ туттарылынна. 75кг-8 кыттааччы Үөһээ Бүлүүгэ Манчаары буоларын санатан бу улуустан Гаврил Ботуев бастаата. Биир дойдулаахтарыгар эрэл кыымын уматта. Быйыл бастаан ветеран сааһын туолбут республика икки төгүллээх, Спортивнай оонньуулар кыайыылаахтара Чурапчыттан Федор Иванов бастаан кыттаат үһүс буолбута ветераннарга бастакы ситиһиитэ. 85кг бастакы эргииргэ Дьокуускайтан Данил Стручков Бүлүүттэн республика биир лидерын Власий Семеновы 2-0 хотон соһутта. Ол гынан бу ыйааһыҥҥа кэлин сылларга Власий Сергей Кузьмины кытта киирсиитэ ураты болҕомтону тардара, бу да сырыыга оннук буолла. Ол гынан бу күҥҥэ дьарык Сергейгэ ордук эбит. Бу ыйааһыҥҥа эмиэ саҥа ветеран сааһын туолбут Максим Михайлов кытынна. Бастакы эргииргэ 20 сыллааҕыта Бороҕоҥҥо буолбут Спортивнай оонньууларга боруонса мэтээли былдьаһар киирсии хатыланна. Онно Максим Сергейи кыайан үһүс буолбута. Бу да сырыыга бастакыны Максим ылан долгутууну үөскэтэ сырытта. Ол гынан Сергей диэн Сергей буоллаҕа. Ыарахан ыйааһыҥҥа Андрей Винокуров биир эмиэ ураты киһи. Кинини мас тардыһыы түһүлгэлэригэр көрбүтүм 23 сыл буолла. Биир да сыл тохтообокко, үс иһиттэн түспэккэ кыттара бу туһугар эмиэ ураты ситиһии.

3251

Сыарҕаны тардыы – 1008 кг

Чемпионат бүтүүтүгэр мас тардыһааччылар төһө күүһүнэн тирэнэр мастан тэбинэн тардалларын билээри сыарҕаны тардыыны ыыттыбыт. 2014 сыллаахха Анатолий Баишев, Николай Дьяконовтыын 17 куулу таппыт буоллахтарына. Бу сырыыга анаан оҥоһуллубут сыарҕаҕа бастаан 400кг штанга блинылара ууруллубуттара. Эрчим Баппагай, Егор Баишев, Дмитрий Попов холкутук тардан кэбистилэр. Салгыы төһө ыйааһыны уурабыт диэн боппуруос үөскээбитигэр 1000кг диэн уолаттар бары сөбүлэһэн сайаапка биэрдилэр. Дьэ бэлэмнэммит блинылар бары ууруллуннулар, эбии икки 24кг гиря ууруллан сыарҕа ыйааһына 1008кг буолла. Сыарҕа толору. Ама дуу. Ама кыайыахтара дуу. Дьэ боппуруоска Егор Баишев үчүгэйкээн диэн эппиэт биэрдэ. Сыарҕа чэпчэкитик сыҕарыйбытыгар соһуйуу, астыныы улахана буолла. Биир тонна. Үгүспүт санаабытынан олох ыраах ыйааһыммыт дии. Дьэ уолаттар тардаллар эбит! Ол аата утарыта олорон итиччэ күүһүнэн тардалларын туталлар  эбит дии диэн саҥалар иһилиннилэр. Егор Баишевка Төҥүлү эдэр кэскиллээх ыччата Гаврил Данилов кыайыытын туоһутунан аныгы үйэ киһитигэр олус наадалаах  планшет бириис туттарда.

3252

Дьэ итинник икки күннээх күүрээннээх күрэҕи куорат спорка уонна физкультураҕа управлениета мас тардыһыыта сайдыытыгар бэлэхтээтэ.

Ылдьаа СКРЯБИН

Поделиться:

#Новости