portrait 01b

"Петр Дмитриевич Каратаев мас тардыһыытыгар Сахабыт сирин бастакы маастара, кырдьыктаах судьуйа, ирдэбиллээх тэрийээччи, далааһыннаах көҕүлээччи быһыытынан, саха спордун сайдыытыгар аата-суола көмүс буукубанан суруллар киһи" 

Спорт эйгэтигэр үйэ аҥаара үлэлээн, Сахабыт сирин биллэр спортсменнара араас салааларга бөдөҥ салайааччы буолан үүнэн тахсалларыттан олус үөрэбин, киэн туттабын. Кинилэр бары сыралаах эрчиллии, күүрээннээх күрэхтэһии диэни өйдөрүнэн-санааларынан, эттэринэн-хааннарынан билбит буолан, физкультураны уонна спорду өйүүр, өйдүүр дьон.

Оччотооҕу ССКП райкомун Iсэкирэтээрэ Максим Сибиряков, райисполком бэрэссэдээтэлэ Петр Попов, улуус баһылыктара Анатолий Добрянцев, Евгений Слепцов, Александр Михайлов, Ил Түмэн араас сыллардааҕы  депутаттара Александр Ким-Кимэн, Николай Румянцев, Павел Пинигин, Петр Юмшанов, Юрий Баишев, Иннокентий Григорьев. Кинилэргэ өссө киэн туттуунан эбиллэр СГУ бастакы ректора профессор Авксентий  Мординов, наука доктордара, кандидаттара, профессордар Алкивиад Иванов, Петр Гаврильев, Николай Гоголев, Николай Алексеев, наука кандидаттара Николай Босиков, Николай Волков, Владимир Торговкин, Илья Григорьев, Владимир Винокуров уо.д.а. Кинилэр бары саха спорда сайдарын туһугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьоһун дьон буолаллар. Биир оннук үтүөкэннээх киһи  –  билигин республикатааҕы онкологическай диспансер кылаабынай бырааһа, Кэбээйи Баҕадьатыттан төрүттээх Петр Дмитриевич Каратаев буолар.

Өбүгэлэрбит өркөн өйдөрүнэн айыллыбыт хапсаҕайбыт барахсан сайдыа, үүнүө, өссө улахан таһымҥа тахсыа диэн эрэл санаалаах 20-чэ сыл Көрдүгэмминиин иннэлээх сап курдук батысыһа сылдьан, элбэх улууһу хабан, төттөрү-таары кэлэбит-барабыт. Кэбээйи Баҕадьатыттан олох чугас (уруккута биир совхоз отделениелара) Мукучуга РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Виктор Иванович Рожин оҕолорго аналлаах турнира тэриллиэҕиттэн сылын аайы тиийэбит. Онно сылдьан, дьону-сэргэни кытта алтыстахха, нэһилиэк биллэр-көстөр, киэн туттар дьонун туһунан элбэҕи истэҕин. Кинилэр ортолоругар мин билэр дьоммуттан РФ үтүөлээх, СР норуодунай артыыһа Анатолий Павлович Николаевы, СР үтүөлээх бырааһа, РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Петр Дмитриевич Каратаевы истиҥ-иһирэх тылларынан өрүү ахталлар.    

Петр Дмитриевич киһи быһыытынан көнөтө, сайаҕаһа, үөрүнньэҥэ, дьон кыһалҕатын чугастык ылынара бэрт буолан, киһи киһитэ дэттэрдэҕэ. Ордук доруобуйаларын туруга мөлтөөбүт дьоҥҥо, кинилэр кыһалҕаларын тэҥҥэ үллэстэрин, көмөлөһөрүн иһин махтаналлар. Мукучулар, баҕадьалар, кэбээйилэр эрэ буолуо дуо, оскуолаҕа  үөрэммит Тааттатааҕы атастарын-доҕотторун таһынан, республика улуустарын уонна Дьокуускай олохтоохторун эбэн кэбис. Күн былаһын тухары ыарахан ыарыһах кыһалҕатын быһаарыы сыанан аҕаабата чахчы. Бэйэтин идэтин чахчы баһылаабыт, дууһатын ууран туран үлэлиир буолан, улахан дуоһунастарга ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сырыттаҕа, үрдүкү салалтаҕа үлэтэ-хамнаһа биһирэннэҕэ.

IMG 0247

Билигин Америкаҕа, Африкаҕа тиийэ биллэн, аан дойду таһымыгар далааһыннаахтык тахсыбыт, аан дойду чемпионата кытта ыытыллар буолбут мас тардыһыыбытыгар өрөспүүбүлүкэттэн аан бастакы спорт маастара. Кини бу үрдүк ааты көмүс көлөһүнүн тоҕон туран, 1983 сыл бэс ыйын 15 күнүгэр  ылбыта. 1983 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар ыытыллыбыт Манчаары Баһылай IХ Спартакиадатын Аар Дархана (абсолютнай чемпиона), Саха сирин 1983, 1985, 1987 сс. чемпиона, саамай күүстээхтэр түмсэн, анаан-минээн  күөн көрсөр Дьокуускай куорат 1984, 1985, 1986, 1987 уонна 1988 сыллардаах ыһыахтарын муҥутуур чемпиона! Биир киһи холугар сүрдээх дии!Буолаары буолан, 68-74 киилэлэргэ киирсэр киһи бэйэтиттэн быдан улахан, модьу-таҕа, күүстээх-уохтаах мадьыналары кыайталаабытын сөҕөбүн эрэ. 

Мин Петр Дмитриевич кылаабынай судьуйа быһыытынан салайан, иилээн-саҕалаан ыытар күрэхтэһиилэрин хаста даҕаны көрбүтүм. Ол күрэхтэһиилэр балаһыанньатаоҥоһуллуутуттан саҕалаан, миэстэтигэр кэлии-барыы, илдьии-аҕалыы, спортсменнар аһылыктара, хонор сирдэрэ, бириистэрэ, дьиэҕэ тарҕаһыыга тиийэ барыта ааҕыллан-суоттанан, туох даҕаны мөккүөрэ суох үрдүк таһымнаахтык барааччылар. Аны тэрийээччи быһыытынан үгүс өрүттээх үлэни ыытан, мас тардыһыыта салгыы сайдарыгар улахан хамсааһыны киллэрсибитэ. Өссө студенныы сылдьан, 1979 сыллаахха “Көмүс мас” диэн республика таһымнаах күрэҕи тэрийэн, ол турнир сыл аайы кыттааччыта элбээн, дьон кэлбит сирдэрин географията кэҥээн, күүстээх-уохтаах мадьынылар үүнэн-сайдан тахсыылара үксээн, киэҥ далааһыны ылбыта. Орто оскуоланы бүтэрбит, армияҕа барыар диэри үлэлээбит Тааттатын сирин олохтоохторо “биһиги уолбут” диэн, кини аатынан күрэҕи  20-чэ төгүл тэрийдилэр. Ол аата Петр Каратаев турнира 1989 сылтан саҕаланан, төһөлөөх элбэх саҥа ааттары, спорт маастардарын таһаарбытын ааҕан сиппэккин. Ол да иһин бу турнир билиҥҥи кэмҥэ республикаҕа биир саамай бастыҥнара буолар. Онно Петр Дмитриевич бэйэтинэн сүүрэн-көтөн, тэрийсэн, кыайыылаахтары үөрдэр, көрөөччүлэри сөхтөрөр улахан бириистэри туруортуурун эбэн кэбис.   

IMG 2755

Бириис туһунан эбии этэр буоллахха, Петр Дмитриевич төрөөбүт дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр ыалдьарын уу харахпынан көрөн, эт кулгаахпынан истэн, улаханнык астынан турабын. 2015 сыл ахсынньытыгар Мукучуга Саха сиригэр бастакынан “Хапсаҕай түһүлгэтэ” диэн анал саала аһыллыбыта. Табаарыһа Анатолий Павлович Николаевы кытта ботуччу кэһиилээх, этэргэ дылы илии тутуурдаах, өттүк харалаах тиийэн, барыларын үөрдүбүттэрэ. СР үтүөлээх тренерэ, СР спордун маастара М.В. Иванов иитиллээччилэрэ кыраларыттан улаханнарыгар тиийэ, араас түһүлгэлэргэ кыайан-хотон ылбыт мэтээллэрин кэтэн тахсан турбуттарын баар киһи барыта астына, дуоһуйа, киэн  тутта көрбүтэ диэтэхпинэ омун буолуо суоҕа дии саныыбын. Бу өссө ситиһиилээх үлэ-хамнас саҕаланыыта эрэ буоллаҕа дии. Аны 15 миэстэлээх интернат аһыллара былааннанар. Дьэ оччоҕо кинилэр өссө үүнэр-сайдар суолга киириэхтэрэ. Кэбээйи дьоно-сэргэтэ, салалтата мукучулар курдук Михаил Васильевиһы өйөөтөхтөрүнэ, хапсаҕай сайдар киинэ Мукучу буолуоҕа. Оттон Петр Дмитриевич улахан тэрилтэ салайааччытын быһыытынан, үрдүкү салалтаны кытта алтыһара элбэх. Онон бу кэскиллээх дьыала салгыы сайдарыгар туора турбакка, иилиэ-саҕалыа, көмөлөһүө диэн эрэнэбин. Онно барытыгар Дьокуускайга олохтоох кэбээйилэр сүрүн күүс-көмө буолалларыгар эрэл улахан.

Петр Дмитриевич Каратаев мас тардыһыытыгар Сахабыт сирин бастакы маастара, кырдьыктаах судьуйа, ирдэбиллээх тэрийээччи, далааһыннаах көҕүлээччи быһыытынан, саха спордун сайдыытыгар аата-суола көмүс буукубанан суруллар киһи. Ол да иһин саха спордун төрүт көрүҥнэрин сайыннарар  “Сахаада-спорт”  ассоциация биһиги бары төрөөбүт-үөскээбит, олорон ааспыт ХХ үйэбит лауреатын үрдүк аата иҥэрбитэ түбэһиэхчэ буолбатах. Көмүс көлөһүнүн тохпут, сыратын-сылбатын, талба талаанын биэрбит мас тардыһыыта төһөнөн улахан таһымҥа тахсар да, П.Д. Каратаев аата ааттана туруо. Билигин аҥаардас Манчаары Баһылай аатынан спорт национальнай киинин иһинэн араас таһымнаах күрэхтэһиилэр тэриллэллэр. Маны өссө кэҥэтэн, соҕуруунан, кыраныысса таһынан кэлэн-баран, мас тардыһыытын күрэхтэһиитин киэҥ далааһыннаан, ол анарааҥҥы дойдулар эмиэ көҕүлүүр, тэрийэр усулуобуйаларын оҥордоххо, биһиэхэ өбүгэлэрбититтэн бэриллибит бу бэртээхэй көрүҥмүт аан дойду биһирэбилин ылыа.

Дириҥ ытыктабыллаах Петр Дмитриевич! Эрчимнээх эдэр сааскар күүстээх-уохтаах мадьынылары турута тыыталаан кыайталаабытыҥ курдук,  туруоруммут сыалгын олоххо киллэрэргэ өйгүн-санааҕын, күүскүн-уоххун, бары сатабылгын киллэрэн ис, чөл олохтон, уһун үйэлэн диэн туран, 60 сааскынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин уонна норуодунай поэт Иван Гоголев-Кындыл 50 сааһын туолан баран суруйбут хоһоонугар майгыннатан түмүктүүм дуу:

          

Толкуйдуу түһээт, төрүт сааспын мыынным олуһун,

Сыччах биэс эрэ төгүл уоннуу сылы олорбуппун!

Оттон Эн, Петр Дмитриевич,

Сыччах алта эрэ төгүл уоннуу сылы олордуҥ,

Аны түөрт төгүл уоннуу сылы олор диэн

Алҕаатаҕым буолуохтун!

Алексей МОСТАХОВ, норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах I кылаастаах судьуйа, ССРС спордун маастара, РФ физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна, СР физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, СР ХХ үйэҕэ спорка лауреата, “Сахаада-спорт” ассоциация ХХ үйэҕэ лауреата, Ньурба улууһун бочуоттаах гражданина

                                       

Поделиться:

#Новости