DSC0127 1

Хапсаҕайынан анаан-минээн дьарыктанар 130 оҕолор Сунтаартан, Үөһээ-Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Кэбээйиттэн, Горнайтан уонна Дьокуускай куораттан  кэлэн түмүстүлэр

Кэбээйи улууһун 2-с Лүүчүн нэһилиэгэр Саха сирин бастакы көлүөнэ бөҕөһө, ССРС успуорка маастардарын үрдүк аатын бэһис киһинэн ылбыт, өрөспүүбүлүкэ икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Саха АССР культуратын туйгуна Владимир Титович Варламов 80 сааһын туоларынан, кини сырдык кэриэһигэр 15-ис төгүлүн оҕолор ортолоругар хапсаҕай түһүлгэтэ ыытылынна. Саастарынан үс бөлөххө хайдыһан туһуннулар. Бу иннинэ көҥүл тустууга күрэхтэһиилэр буолаллара. Кэлин Мукучу хапсаҕайдьыт оҕолоро үчүгэй көрдөрүүлэри ситиһэллэринэн уонна улууска хапсаҕайы күүскэ сайыннарар инниттэн быйыл хапсаҕай турнира тэрилиннэ. Хапсаҕайынан анаан-минээн дьарыктанар 130 оҕолор Сунтаартан, Үөһээ-Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Кэбээйиттэн, Горнайтан уонна Дьокуускай куораттан  кэлэн түмүстүлэр. Бу туһунан хапсаҕай өрөспүүбүлүкэ федерациятын толорооччу дириэктэрэ Алексей Егорович Мостаховы кытта кэпсэттибит. Норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа кэпсээннэрэ мэлдьи да болҕомтону тардар, сэргэх буолааччылар.

Икки-үс сыллааҕыта 25, 30, 35 киилэҕэ диэри ыйааһыннарга кыра саастаах оҕолор сатаан тустубат курдук көстөллөрө. Кэбээйи улууһугар хапсаҕайы өрө туталлар. Кэлэр субуотаҕа Алексей Никифоров кэриэһигэр хапсаҕай турнира ыытыллаары турар. Ити күрэхтэһии хапсаҕай федерациятын күрэхтэһиилэрин халандаарыгар киирбитэ. Кэбээйигэ бэйэтигэр Владимир Егорович Сметанин кэриэһигэр турнир уонна Мукучуга Виктор Иванович Рожин  85 сааһыгар аналлаах оҕолорго улахан түһүлгэ ыытыллаары турар. Мукучу оҕолоро оскуоланы бүтэрэн, орто-анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар тарҕаһаннар, элбэх оҕолор улахан дьон тустар саастарыгар таҕыстылар. Ол иһин, ону учуоттааннар, оҕолору таһынан өссө 62 уонна 70 киилэлэргэ улахан дьоҥҥо күрэхтэһии ыытаары бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Владимир Титович Варламов турнирын Мастаах нэһилиэгин баһылыга  Аркадий Афанасьевич Гурьев кэлин уонча сылы быһа үрдүк тэрээһиннээхтик ыытан, чугастааҕы улуустар оҕолоро куруутун кэлэн көхтөөхтүк кытталлар. Оскуола дьаһалтата, нэһилиэнньэ уонна Владимир Титович Төрөппүт уола Александр Владимирович Варламов бэйэтинэн тиийэн элбэх бириистэри туруоран, ону таһынан биирдиилээн ыйааһыннарга үчүгэйдик тустубут оҕолорго харчынан анал бириэмийэлэри олохтоон, бу күрэхтэһии ыытыллыытыгар улахан көмөнү оҥордулар.

 DSC0019

Кыра оҕолор сүрдээҕин тустар буолбуттара, эбиллибиттэрэ көрөөччүлэри улаханнык үөртэ даҕаны, сөхтөрдө даҕаны. 45 киилэҕэ тустар биир оҕо Максим Николаевич Сибиряков саамай сөбүлээн туттар албаһын "кыбытыы" диэн ньыманы-албаһы үөһэттэн, тура сылдьан кэдэрийэн быраҕан утарсааччытын көхсүнэн түһэриитэ сүрдээҕин астыннарда. Максим Николаевич Сибиряков ону истэн улаханнык үөрдэ. Итинник Сибиряков албаһын дьиктитик туттуу урут биллибэт этэ. Уонна бу сайыҥҥы Саха сириттэн соҕотох бу сайыҥҥы "Азия оҕолорун" норуоттар икки ардыларынаа5ы спортивнай оонньуулар чөмпүйүөнэ Сергей Каратаев ыйааһыныгар үһүс миэстэни ылыыта соһуччу түгэн буолла. Аатын-суолун иһитиннэрбит хапсаҕайдьыт уол Мастаах үөрэнээччитигэр Алеша Уваровскайтан хотторуу хомолтотун биллэ. Аны туран,  абсолютнай бастыыр иһин хапсыһыыга, барыта сүүрбэ оҕо кыттыбытыттан, Дьулустаан Дьяконов диэн Тыайа оҕото, Х1 кылаас үөрэнээччитэ, Сергей Каратаевы финалга 3:1 ахсаанынан очконан кыайан Александр Владимирович Варламов олохтообут харчынан бириэмийэтин ылла. Итиэннэ, Дьокуускайтан суруналыыстыка ветераана,  Владимир Титович Варламовы кытта "Эдэр коммунист" хаһыакка биир кэмҥэ бииргэ үлэлээбит Угарова Варвара Николаевна "Саамай баһырхай быраҕыылаах хапсаҕайдьыкка" диэн анаан-минээн ыыппыт "Покорившие Олимп" диэн саҥа тахсыбыт кинигэтэ,  ыйааһыныгар үһүс буолбут уонна муҥутуур кыайыылаах аатын ылары ситиспит Дьулустаан Дьяконовка тигистэ.

Хапсаҕайдьыт оҕолор атаҕынан тэбэн охторууну, атаҕынан олуйан охторууну оҥортооннор түһүлгэни сэргэхситтилэр. Урут кыра оҕолор атахтарынан албастары оҥорооччулара суох этэ. Наар биир атахха киирэн, умса тардан эҥин тусталлара. Онон,  оҕолор тустар ньымалара, албастара кэҥээбитэ, элбээбитэ, тутталлара-хапталлара уларыйбыта үөрдэр. Билигин улахан тустууну көрдөххө, көҥүл тустууга туттуллар, ол эрэ буолуо дуо, тура сылдьан туттуллар албастары барытын оҥорор буоллулар. "Обхват", "Обвив", "Прогиб", оннооҕор, "Кочерга", "Мельница" уонна ата5ынан тэбэр, олуйар албастары биирдиилээн хапсаҕайдьыттар оҥорон буолан эрэллэр. Бу маассабай буоллаҕына, биһи хапсаҕай сайынна диэхпит. Хапсаҕай маастарыстыбата.

8-10 саастаахтарга 28 кг Ратмир Прокопьев (Бүлүү, Тыымпы), 30 кг Алеша Антипин (Арыктаах); 11-13 сс. 30 кг Алеша Антипин (Бүлүү), 45 кг Петя Алексеев (Бүлүү), 50 кг Саша Ноговицын (Мукучу); 14-17 сс. 45 кг Афоня Терехоа (Мастаах), 50 кг Сулус Степанов (Мастаах), 55 кг Проня Григорьев (Мастаах), 62 кг Ньургун Терентьев (Үөһээ-Бүлүү), 70 кг Алеша Уваровскай (Мастаах) кыайыылары ситистилэр. Сүүрбэ хапсаҕайдьыт уолаттар күөн көрсүбүт хапсыһыыларыгар Тыайаттан Дьулустаан Дьяконов финалга Тыымпы хапсаҕайдьыт уолун Сергей Каратаевы сэрэтиинэн баһыйда.

Түмүк быһыытынан бэлиэтээтэххэ, хапсаҕайга дьоҕурдаах оҕолор бааллар. Мастаах тренерэ Прокопий Прокопьевич Григорьев түөрт оҕону аҕалбыта бэйэлэрин ыйааһыннарыгар төрдүөн бастааһыннара үлэ сөпкө барыытын биир арылхай көстүүтүн быһыытынан сыаналанар. Итинник баар да эбит буоллаҕына, дэҥҥэ буолар ситиһии. Манчаары Оонньууларыгар тахсыылаахтык тустуохтарын сөптөөх үчүгэйдик хапсаҕайдыыр уолаттар бааллар. Холобур, Мастаахтан Проня Григорьев, Алеша Уваровскай, Сулус Степанов, Үөһээ-Бүлүүттэн Ньургун Терентьев, Бүлүү Тыымпытыттан Сергей Каратаев, Тыайаттан Дьулустаан Дьяконов үчүгэй өйдөбүлү хаалларбыттарын бэлиэтиэххэ сөп. Дьулустаан Дьяконов көҥүл тустууга Дальнай Восток чөмпүйүөнэ, этэ-сиинэ үчүгэй, хараахтардаах оҕо. Сергей Каратаев курдуктар салгыы утумнаахты дьарыктаннахтарына тахсыылаахтык тустар кыахтаахтарын, дьоһун хапсаҕайдьыттар үүнэн-сириэдийэн тахсыахтарын сөбүн итэҕэттилэр. Кэлэр сайын Үөһээ-Бүлүүгэ буолар Манчаары Оонньууларыгар тустуохтаах 1999-2002 сс.төрүөх уолаттар туһуннулар. Уонна, 2003-2005 сылларга төрөөбүт, 2020 сыллаахха Монголияҕа буолуохтаах У11 "Азия оҕолорун" Оонньууларыгар кыттыахтаах оҕолору тургутан көрүү буолла. Ити аата, түөрт сыл эрдэттэн бэлэмнэнии саҕаланна. 

Хапсаҕайдьыт уолаттарбыт кыайыы-хотуу аргыстаннынар!

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости

В селе Мяндиги Амгинского улуса открыли новый спортивный зал

Для жителей Мяндигинского наслега прошел один из радостных дней — открытие нового…

Программа Кубка Ивана Ярыгина — 2025

22-27 января в Красноярске пройдет международный турнир по вольной борьбе — Кубок Ивана…