IMG 2653

Төрөөбүт норуотун былыргытын билбэт киһи силиһэ быстыбыт үүнээйи кэриэтэ. Софрон Данилов

Биһиги, сахалар, омук быһыытынан үтүө төлкөлөөх, өбүгэлэрбит үгэстэрин харыстаан, кэлэр кэнчээри ытчаттарбытыгар көрдөрөн-кэпсээн биэрэ сылдьар ураты суолталаахпыт. Өркөн өйдөөх, чэгиэн-чэбдик дьонноох-сэргэлээх норуот, уһун үйэлэнэр уонна ыччата ситиһиилээх буолар.

Ханнык баҕарар көрүҥҥэ саха ыччаттара ылсан дьарыктаннахтарына, булгуччу ситиһиилэнэллэр. Холобур, биһиги спортсменнарбыт чулууттан-чулуулар ахсааннарыгар киирэллэр, күрэс былдьаһыытыгар, атын кэрэхсэнэр көрүҥнэргэ чаҕылхай кыайыылары ситиһэллэрэ киһини сөхтөрөр.

Үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэргэ ыччаттарбытыгар туох көмөлөһөрүй? Дьиҥэр кистэлэҥ суох. Ыччаты өй-санаа, эт-хаан өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах оҥорорго өбүгэлэрбит үгэстэринэн, сахалыы хамсаныыларынан салайтарарбыт көмөлөөҕө мөккүөрэ суох!

Саха оҕотун борбуйун көтөҕүөҕүттэн олоххо бэлэмнээһин саҕаланар. Кини кыратыттан айылҕаҕа сылдьан, айылҕалыын алтыһан, сахалыы хамсаныылары оҥорон, дулҕанан ыстаҥалаан, хапсаҕайдаһан, мас тардыһан, сайыҥҥы куйааска үөҥҥэ-көйүүргэ сылдьан, от оттоон, кыһынын аам-даам тымныыга мас-мастаан үлэлээн хамсаан, буһан-хатан олоххо бэлэмнээх ыччат буолан тахсара саарбаҕа суох.

Былыргы өбүгэлэрбит аҕыс ыйдаах кыһыммыт кэнниттэн «күөххэ үктэннибит» диэн үөрэн үөһэ тыыналлара. Урукку дьылларга кулубалар, баайдар сайын оройугар бэйэлэрин ходуһаларыгар, ыһыах ыһан от охсуутугар, от мунньуутугар күүлэй (көмө) тэрийэллэрэ биллэр. Сэбиэскэй кэмҥэ табаарыстыбалар, артыаллар (1930 с.), кэлин уларытыллан холкуостар, сопхуостар о.д.а. тэрээһиннээх холбоһуктар от охсуутугар күүлэйгэ майгынныыр күрэхтэри тэрийэллэрэ.

 Күүлэй саха омук биир төрүт дьарыга буолар. Күүлэй бастакы өйдөбүлэ “көмө” диэн. Э.К. Пекарскай тылдьытыгар «күүлэй» диэн тылы от үлэтигэр этинэн, кымыһынан, чэйинэн күндүлээһиннээх ыаллыы көмө диэн быһаарар. Хоннохтоох охсооччулар аат-суол былдьаһар, илин-кэлин түсүһэр, далааһын холоһор үтүө үгэстэрэ күүлэй буолара. Былыр уһунньут, үүдэһиннээх, хоннохтоох охсооччуну ордук чорботон сыаналыыллара, биһирииллэрэ. Оччотооҕу охсооччулар көрдөрүүлэрэ билиҥҥи киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук сөҕүмэр буолара.

Сэрии иннигэр 1938 с. Таатта талыы ыччата, уһулуччу охсооччута А.И. Кладкин 5,07 гектар сири биир күн охсубута бэлиэтэнэр, аан дойдуга даҕаны маннык илии хотуурунан охсор киһи суох буолуохтаах. 

Н. Н. Баишев-Байыыс Куола, Горнай Орто Сурт, илиинэн от охсооччулар республикатааҕы кэтэхтэн күрэхтэригэр кыттан, 1982 с. биир ый устата 25 гааны, онтон 1983 уонна 1986 сс. 10 хонуктаах куонкурстарга бастаталаан, үһүс төгүлүн «Республика чемпион охсооччута» ааты ылбыта. Ону тэҥэ 1978 с. – 601 цн, 1985-87 сс. 600-туу центнер оттоон сопхуоска туттарбыта. «Муҥутаан күҥҥэ 80-тан тахса бугулу охсорум», - диэн сэмэйдик бэйэтэ ахтар. Маннык курдук, урукку дьон охсубуттара архыыпка бэлиэтэнэн хаалбыттар. «Саха омук от үлэтигэр сир үрдүгэр бастыҥ омук», - диэн В.Л. Серошевскай бэлиэтээбиттээх.

Билигин омук дойдуларыгар хамаанданан уонна биирдилээн илиинэн оту охсооччулар аан дойдутааҕы чемпионаттара ыытыллар буолла. Ол курдук АХШ-ка, Францияҕа, Швейцарияҕа о.д.а. дойдуларга күрэхтэһиини бэрт кыра иэннээх учаастакка хотуурунан оҕустараллар эбит.

Билиҥҥи кэмҥэ хотуурунан оту охсуу сүттэ, бары техника да мотокоса буоллулар. Оччуттар эрэһиинэ саппыкы кэтэн, аппа сирдэри, үрүйэни бата охсубат буоллулар, бары кеданан, тапочканан сылдьан, бааһына оҥоруу сирдэри оттуур буоллулар. Кураан дьылларга ходуһалара хатан хааллаҕына, «оппут үүммэтэ» диэн сис туттан туран, үөһэттэн правительствоттан көмө көрдүүр аакка бараллар. Кэннилэригэр аппалаах, дулҕалаах, сииктээх сирдэрэ тиэрэ үүнэн турдахтарына.

Маннык балаһыанньаҕа олоҕуран, Ил Дархантан саҕалаан оскуолаҕа физкультура учууталларыгар тиийэ уонна төрөппүттэр илиинэн оттооһуну ыччаттарбытыгар, бэйэбит холобурбутугар олоҕуран, көрдөрэн, үөрэтэн от охсуутун, илиинэн оттооһуну өрө тутан, чөл туруктаах ыччаттанар инниттэн күүстээх пропаганда үлэтин ыытыахтаахпыт!

Төттөрү хамсааһын суох буолуохтаах, ол  курдук быйыл 2017 сылга республика күүлэйэ ыытыллыбата! Урукку сылларга тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, «Урожай» уопсастыба тэрээһининэн, сылын ахсын ыытыллара эр дьоҥҥо 10 чаастаах охсуу, дьахтар аймахха алта чаастаах, оҕолорго түөрт чаастаах. Эбиитин эттэххэ, быйыл 2017 сыл Россия үрдүнэн Экология сылынан биллэриллибитэ, дьэ манна илиинэн оту оттооһуну, экологияны киртиппэккэ бензин, сэлээркэ гааһын таһаарбакка, айылҕаҕа буортута суохтук ыраастык оту оттооһуну көрдөрөн туран ыытыахха сөп этэ.

DSC 0014

Сахалыы хамсаныылары, ыччаттар умнубаттарын инниттэн маннык дорожнай картаны көрөбүт:

  1. Улуустарга федерациялары тэрийиэххэ, холобура, мэҥэ хаҥаластар урут уруккаттан от охсуутун улаханнык сэҥээрэллэр, ыччаттарыгар сахалыы хамсаныылары от охсуутун курдуктары эрэ туталлар. Бэйэлэрин истэригэр күүлэйи сылын аайы оҥороллор. Онно энтузиаст дьоннордоохторо улахан өҥөлөөх Дмитрий Тихонов, Виталий Пестряков курдуктар, салалта да күүскэ өйүүр. Кэлэр көлүөнэ ыччаттарыгар ураты болҕомто уураннар, «Төрүт дьарык» диэн федерация тэрийбиттэр. Онно оттооһун, куйуур, булчут күрэҕэ киирэллэр эбит, бу федерацияны Дмитрий Иванович Тихонов салайан үлэлэтэр.
  2. Биир энтузиаст убайбыт Слепцов Марк Петрович (1947-2013 сс.) 2000 сыллаахтан «Хотуур – тэлэр дьарыгым» диэн хотуур музейын төрүттээбитэ, коллекциятыгар150 араас хотуурдар бааллар, 80-ча кыстыктар, игиилэр онтон д.а. окко сыһыаннаах инструменнар бааллар. 1990-1992, 2000-2006 сс. араас экспериментальнай хотуурдары улууска уонна республикаҕа боруобалааһыны ыыппыта. 2005 с.ТХ министиэристибэтин сакааһынан, «Арти» собуокка баран, анал ванадийдаах ыстаалтан хотуурдары сакаастаан 5.000 устууканы оҥотторбута.  «Хотуур тыаһын лыҥкынатыах» 2003 с., «Маҥаны бастыҥ охсооччулара» 2012 с., «Күүлэй күүстээх тэтимэ» 2012 с. диэн брошюралары таһааттарбыта. Кэлин 420-чэ киһиэхэ хотуурдары оҥорон биэртэ. Республика күүлэйдэригэр хас да төгүллээх чемпион призера этэ. Марк Петрович олоҕун тухары саха хотуурун историятын үөрэтэн, хотуурдары мунньан, эдэр ыччакка үөрэтэр сүрдээх улахан материал хаалларбытын сыаналаан туран кинини кэриэстээн үйэтитэн, Марк Петрович Слепцов аатынан сылын ахсын Республиканскай күүлэйи «Урожай» уопсастыба ыытара сөп этэ.
  3. Горнайга 2021 сыллаахха, 21-с Манчаары оонньуулара ыытыллара күүтүллэр. «От охсуутун күүлэйи күрэх биир көрүҥүн быһыытынан киллэриэххэ» диэн этиилээхпит. Күрэх хаамыытын маннык көрөбүт. Урожай уопсастыба 2020 сылга, Дьокуускай куорат таһыгар Күөх хонууга республиканскай күүлэйи ыытар, эр дьоҥҥо, дьахталларга, оҕолорго кыргыттарга уонна уолаттарга күрэх түмүгүнэн, бастыҥ 12 иһигэр киирбиттэр 2021 сылга Горнай улууһугар, 21-с Манчаары оонньууларыгар улууһун аатыттан кыттар быраабы ылар. Биллэрин курдук, Горнай улууһугар илин эҥэрдэр курдук киэҥ сыһыылар-алаастар суохтар, онно олоҕуран, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин «Маай» эбэтигэр улахан дьоҥҥо 30 суотайы быһан, оҕолорго 20-лии суотайы оҕустарыахха сөбө.
  4. Маннык хабааннаах үлэлэргэ, үөһээ дьаһалтаттан өйөбүл ылан, Ил Дархан Егор Афанасьевич Борисов, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Петр Николаевич Алексеев, Баһылай Манчаары аатынан национальнай көрүҥ сыантырын директора Иннокентий Юрьевич Григорьев, “Урожай” уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Егор Егорович Неустроев, улууспут баһылыга Никита Викторович Андреев биир санааны түмэн туран үлэлээтэхпитинэ, төрүттэрбититтэн илдьэ кэлбит сахалыы- хамсаныыбытын, саха омугу саха дэппит илиинэн оту охсууну национальнай спорт биир көрүҕүнэн билинэн, кэлэр көлүөнэ ыччакка үөрэтэн-такайан, пропагандалаан, иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар эбээһинэстээхпит.

  Түмүкпэр этиэҕи баҕарыллар: «Өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит төрүт дьарыкпытын хотуурунан от охсуутун, билиҥҥи ыччатарбыт эттэринэн-сииннэринэн билиэхтээхтэр, өйдөрүн-санааларын ууран туран, тутан-хабан илииннэн от охсуута маннык диэн билиэхтээхтэр. Хомолтолоох буолуо этэ,  арай ыччатарбыт аны уонча сылынан хотууру музейга, хаартыскаҕа көрөн, үөрэтэн билэр буоллахтарына».

Ариян АЛЕКСАНДРОВ,СР үөрэҕиритин туйгуна,

СР ыччат политикатын туйгуна,

ОртоСурт, Горнай улууһа

IMG 2254 

Охсон көрүҥ хотуурбунан

Хотуур тыаһа ханна барда,

Ходуһаҕа ыллаабата,

Сайдыы кэлэн ньимийдэҕэ,

Кэрии тыаҕа кирийдэҕэ.

Истиҥ, саҥа охсооччулар,

Хотуур тыаһын иһиллээриҥ,

Хоннох сыыйа аһылларын,

Көрүҥ, сэргээн, үөрэнээриҥ.

Хардыы киэҥэ далааһына,

Охсуу гиэнэ кыайыылааҕа,

Хотуур биитэ хотуулаҕа,

Охсор киһи оҥоһуута.

Ылыҥ, охсон көрүҥҥүтүүй,

Хотуур диэни билиҥҥитиий,

Эһээҥ охсор хотуурунан,

Охсо үөрэн санааҥҥын.

Сата Уола

Поделиться:

#Новости

Крупнейший вуз Якутии обеспечит услуги перевода на спортивных играх «Дети Азии»

Северо-Восточный федеральный университет в Якутии и Дирекция VIII Игр "Дети Азии"…