0056

Ааспыт субуота-өрөбүл күннэригэр Томтор бөһүөлэгэр көҥүл тустууга республика түөрт төгүллээх чемпиона, хапсаҕайга Саха сирин абсолютнай чемпиона Республика, оҕо спордугар уонна спорка солбугу бэлэмниир Управление спорка отделын начальнига Александр Савельевич Оконешников маассабай спорду көҕүлээччи, тэрийээччи, Саха Республикатыгар физическэй культура уона спорт сайдыытыгар Бочуоттаах бэлиэлээх аҕатын Савелий Иванович Оконешников сырдык кэриэһигэр хапсаҕайга республика IV турнирын тэрийэн ыытта.             

Өймөкөөҥҥө

Өймөкөөнү билбэт буоллаххына, Сахаҥ сирин билбэт эбиккин диэн кырдьаҕастар бэйэлэрин икки ардыларыгар кэпсэтэллэрэ үһү. Оннук дириҥ, баай историялаах. Дьокуускайтан Халымалыыр трассанан тус илин Магадан диэки, кутуу таас суолунан сырылатан, Мэҥэни, Чурапчыны, Ытык-Күөлү, Хаандыганы ааһыталаан, Өлүөнэ уонна Алдан өрүстэри уҥуордаан, суукка кэриҥэ 900 км айаннаан, Дьааҥы адаар таас очуостарын уҥуордаан, уос номоҕор сылдьар, үһүйээҥҥэ киирбит хоту эргимтэҕэ хапсар Өймөкөөн улууһун 2-ис Бороҕонун нэһилиэгэр Томторго тиийэн кэлэҕин.

Бастатан туран, бу сир-дойду тымныы полюһунан (киининэн) аатырар. Баҕар ол да иһин буолуо, итиэннэ, дьикти айылҕатынан, ыалдьытымсах дьоннордооҕунан,   омуктар бэркэ сөбүлээн сылдьаллар. Ону сэргэ, иэдээннээх сэрии сылларын кэминээҕи ГУЛАГ ынырык лааҕыра манна баар. Халыма суола сүүһүнэн тыһыынча дьон уҥуохтарын үрдүгэр тутуллубут.

Ону билиһиннэрэр литературнай, кыраайы үөрэтэр музей баар. Репрессия ыар тыына уйулҕаны хамсатар. Туох да  буруйа суох дьону, ол иһигэр отучча суруйааччылары хаайыыга аҕалан  холуобунай буруйдаахтары кытта бииргэ симэттэбиттэрэ, инчэҕэй эттээх тулуйбат кытаанах усулуобуйаҕа дэриэспэ таас хайаны үлтү сынньан, суол тутуутугар сор-муҥ бөҕөнү көрөөхтөөбүттэр. Үгүстэр аччыктаан-хоргуйан, кырбанан сырдык тыыннара быстыбыттар. Санааларын түһэрбэккэ, өлөр өлүүгэ бэриммэккэ, үйэлээх сүдү айымньылары айбыттар! Бу туһунан музей дириэктэрэ Россия үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Мария Поликарповна Боярова долгутуулаахтык кэпсиир, улахан кылаас үөрэнээччилэрэ уолаттар нууччалыы-сахалыы хоһооннору ааҕан иһитиннэрэллэр.

Ханна да тиийдэххинэ хонук сиргин булунаҕын. Томторго кэлбит ыалдьыттар, биир үксүн, омуктар, биһигини, спорт эҥэрдээх дьону, чааһынай гостиницаҕа түһэрдилэр. Үтүө-амарах санаалаах хаһаайка Сусанна Сергеевна Заболоцкая сахалыы-махалыы минньигэс, тотоойу аһылыгынан, ураты истиҥ ийэлии кыһамньытынан сөхтөрөр. Киэҥэ-холкута, майгыта үчүгэйэ, хоту дьон мааны, ыалдьытымсах майгыларын кэрэһэлиир. Сусанна Сергеевнаҕа  бу хаһыат нөҥүө  итии-истиҥ махталбытын биллэрэбит!

Дьол диэн тугун билбит аҕа

0057

Савелий Иванович төһө да кылгас олоҕу олорон аастар, Өймөкөөҥҥө спорт сайдыытыгар биллэр суолу-ииһи хаалларбыта. Бэйэтэ улахан спортсмен да буолбатар, общественник быһыытынан биллибитэ. Баҕар, волейболу өрө тутар Чурапчы Мугудайыттан төрүттээх-уустаах буолан буолуо, ордук, волейболлуурун сөбүлүүрэ. Үөрэппит-такайбыт үөрэнээччилэрэ кини аатын үйэтитэн, күрэхтэһиини көҕүлээбиттэрэ түбэһиэхчэ буолбатах. Нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, ордук ыччат, спордунан дьарыктанарыгар, чөл олоҕу тутуһарыгар туох-баар өйүн-санаатын уурбута. Ол иһигэр, уолаттарын Сашалаах Ваняны оҕо эрдэхтэриттэн спортсмен оҥортуурга кыһаллара.  Бэйэтин кытта батыһыннартаан спортсаалаҕа илдьэ сылдьара. Киһи быһыытынан элэккэй, кыаллыбаты кэпсии-ипсии сылдьыбат майгылааҕа, олоххо сыаллаах-соруктаах буоларга үөрэтэрэ. Үөлээннээхтэрин, до5отторун кытта бииргэ туруорсан, сүүрэн-көтөн, оҕо спорт оскуолатын астарбыттара, "Үтүө Дьыала" чэрчитинэн 2000 сыллаахха Томторго спортсааланы олоххо киириитин ситиспиттэрэ. Спорду өрө тутаннар, хоту бөлөх улуустарга Саха сирин норуоттарын Спортивнай оонньууларыгар миэстэлэһэр, өссө бастыыр буолбуттарыгар киллэрсибит кылаата сүҥкэн. Бэйэтин кэмин дьонугар холобурунан туһанара. Александр аҕатын эрэлин толорбута. Бөҕөс быһыытынан икки төгүл массыына хаһаайынынан буолуталаан аҕатын үөрдүбүтэ. Били, "Кыайыы 50 сыла" спорт Дыбарыаһыгар Зыков диэн Красноярскай бухатыырын финалга атаҕыттан түөрэ баһан таһааран охторон, кыайыыны ситиспитигэр, аҕата Савелий Иванович үөрүүтүттэн түһүлгэҕэ сүүрэн киирэн уолун кууһан, сыллаан ылбыта. Уолуттан дьоллонуу диэн тугун билбитэ.

Быйылгы турнирга Оконешниковтар спортивнай дьиэ-кэргэн ийэлэрэ Парасковья Васильевна уолун Александры кытта тиийэ сырытта, бириистэри туттарыста. Кыра уол Иван Оконешников Чурапчы Чакырыттан хапсаҕайдьыттары аҕалтаан, кытыннылар. Бэл, 80-тан тахсыбыт саастаах сүрдээх эйэҕэс-сайаҕас эбээлэрэ Ылдьаана Чакыртан телефоннаан, ыйыталаһа-туоһулаһа олордо.

Улахан уол Александр Савельевич улаатан, үлэһит буолан, аҕатын аатынан турниры салгыы сайыннарар, ыытар бигэ санаалаах. Аҕатын "туйаҕын хатарар". Турнирга Дмитрий Шадрин, Айаал Павлов, Михаил Захаров, Александр Корякин, , Игнат Андросов, Увар Тимофеев курдук ааттарын соргулаахтык ааттаппыт, республика күүстээх бөҕөстөрө тустубуттара. Быйыл Семен Семенов-Сэмэнчик кэлэн тустан, бар-дьонугар тустуу сиэдэрэй хамсаныыларын бэлэхтээтэ.

0058

Сиэдэрэй бырахсыылар

Айана ыраах диэбэккэ, хотунан-соҕуруунан 12 улуустартан 79 кыттааччы, ол иһигэр сэттэ спорт маастара күөн көрүстэ. Турнир маастар нуормалаах буолан сытыы хапсыһыылар буоллулар.          Кылаабынай судьуйанан норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа, республика хапсаҕайга федерациятын толорооччу дириэктэрэ Алексей Егорович Мостахов үлэлээтэ. Биллиилээх комментатор Александр Васильевич Васильев - Көрдүгэн кэпсээн-ипсээн күрэхтэһии хаамыытын сэргэхситтэ. Саха Республикатын уолаттарга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ, бу Өймөкөөн Томторуттан көҥүл тустууга бастакы ССРС спордун маастара, бу хоту сиргэ тустууну көҕүлээбит, Алексей Филиппов, Александр Крылов курдук республика тустуук салайааччыларын таһаартаабыт, бу хоту сир бас-көс киһитэ Прокопий Семенович Иванов тылын-өһүн, өйүн-санаатын тиэртэ. Монголияҕа Улан-Баторга буолан ааспыт норуоттар икки ардыларынааҕы турниртан республика уолаттарын ситиһиилэрдээх кытыннартаан кэлээт, төрөөбүт-үөскээбит түөлбэтигэр тиийэн кэлбитэ элбэҕи этэр. Улуу тренер Д.П. Коркин иитиллээччитэ Геннадий Хабаров, Уус-Алдан тустууга оскуолатын тренерэ Вадим Данилов, "Сүрэхпэр - доҕотторум бука бары" киинэҕэ Николай Захаров - Сахаачча оруолун оонньообут, Чурапчы институтун бүтэрэн Уус-Ньараҕа тренеринэн үлэтин саҕалаан эрэр Дьулус Попов судьуйалааннар, хапсыһыылар эҥкилэ суох барыыларын хааччыйдылар. 

Кыттааччы ахсаана төһө да аҕыйах курдугун иһин, хаачыстыбата үчүгэй диэн буолла. Уолаттарга олохтоохтор Томтордор күннээтилэр: Гриша Стручков, Асмат Хаметов, Герман Луковцев, Дьулусхан Софронов уонна Дьокуускайтан Вася Слепцов, 70 кг үөһэ ыарахан ыйааһыннаахтарга Айсен Готовцев бастакы миэстэлэри ылаттаатылар.

Тыҥааһыннаах хапсыһыылар улахан дьоҥҥо буолуталаатылар. Икки спорт маастардара, 55 кг Чурапчы институтугар үөрэнэр Кэбээйи ыччата Петр Максимов  уонна 70 кг "Модуҥҥа" эрчиллэр Дьааҥы маастара, республика боруонса призера Алексей Эверстов утарсааччытын көхсүттэн күлүүстээн бобо тутан быраҕаара хам баттатан кэбиһэн үһүс миэстэлэринэн дуоһуйдулар. Итинтэн атын ыйааһыннарга маастардар ааттарын-суолларын түһэн биэрбэтилэр. 62 кг Василий Попов (Кэбээйи-ЧГИФКиС), үөһэ ыйаһыннарга финалга хапсыһыыларга маастардар ким күүстээҕин быһаарсыыларыгар, Наумов Пантелеймон ("Модун"-Сунтаар) Уус-Алдантан Василий Местниковы, Семен Семенов -Сэмэнчик (Уус-Алдан, Дьокуускай) Бүлүүттэн Николай Николаевы хотуталаатылар. Кыайыылаахтар уонна иккис-үһүс миэстэлэргэ тиксибиттэр сыаналаах бириистэринэн уонна харчынан биһирэннилэр.

Абсолютнай чемпион аатын былдьаһыыга уолаттарга Дьокуускай Айыы Кыһатын онус кылааһгар үөрэнэр Николай Таллаев бииргэ эрчиллэр киниттэн уонча киилэ ыарахан ыйааһыннаах Александр Алексеевын ыйааһына чэпчэкитинэн баһыйда. Эр дьоҥҥо уон алта бөҕөс суруттарда. Бииртэн биир эр бэртэрин бырахсыыларыгар бүтэһик финальнай киирсиигэ икки толуу көрүҥнээх спорт маастардара Семен Семенов-Сэмэнчик уонна Николай Николаев утарыта тахсыбыттарыгар, республика күүстээх баай уопуттаах бөҕөһө Сэмэнчик, киирээт утарсааччытын көрүөх бэтэрээ өттүгэр атахтаан баран күөнүнэн тиэрэ көтөн кэбистэ уонна 50 тыһ.солк. наҕараадаланна.

Маастардар түһүлгэни улаханнык киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Семен Семенов-Сэмэнчик Николай Николаевтыын маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Бөҕөстөр туох-ханнык сыыһалары-алҕастары оҥорбуттарын хапсаҕай төлөннөөх салайааччыта-тэрийээччитэ Алексей Егорович Мостахов быһааран истэ, ол кэнниттэн, Сэмэнчик бэйэтин сөбүлээн туттар албастарын кэпсээн көрдөртөөтө. Сэмэнчик хас хапсыһыытын аайы тус-туһунан хапсаҕай албастарын туттан утарсааччыларын охтортообутун көрбүт эрэ барыта астынна, улахан бөҕөскө көхтөөх ытыс тыаһынан  улахан махталларын биллэрдилэр.

Үйэтитиллэр аналлаах

Хоту улуустарга улахан дьоҥҥо республика турнира бу Өймөкөөҥҥө эрэ баар. Мантан үчүгэй тустууктар тахсалларыгар эрэл баар. Бу иннинэ сыл көтөөтө ыытыллан кэлбит буоллаҕына, эһиил Дьокуускайга ыытыллан, сыллата тэриллэр буолуоҕа. Бу туһунан рсепублика хапсаҕайга федерациятын толорооччу сэкэрэтээрэ Алексей Мостахов, улуус спордун салайааччыта Иван Зедгенидзев, Савелий Иванович Оконешников чугас доҕотторо, үөлээннээхтэрэ эттилэр.

Онон, эһиил көрсүөххэ диэри!

                                                              

Баһылай Посельскай

Өймөкөө - Дьокуускай

Поделиться:

#Новости