Итинник суруйан кэс тылын хаалларбыта 89 саастаах Афанасий Дорофеев. 

Чурапчыга ойбоҥҥо сөтүөлүүр “Чэбдик” кулууп тэриллибитэ 25 сылыгар аналлаах бэртээхэй дьаһал Амма өрүс үрдүгэр турар Мырыла бөһүөлэгэр номоххо киирбит ытык Тэйэр Хайа анныгар кулун тутар 21 күнүгэр буолан ааста. Сүрүн көҕүлээччилэринэн Афанасий Дмитриевич Дорофеев 1995 сыллаахха төрүттээбит “Чэбдик” кулуубугар дьарыктанааччылар, ойбоҥҥо сөтүөлээһини утумнааччылар буоллулар.

Сааһын тухары суоппарынан үлэлээбит Афанасий Дмитриевич Дорофеев 50 сааһыгар сүрэх-тымыр, давление, онкология ыарыылара “баалларын биллэрбиттэрэ”. Эмп, укуол бөҕөнү ылбыта да, туһамматаҕа. Ыарыылара улам хам ылан испиттэрэ. Өр балыыһаҕа сыппыт ыарыһаҕы дьиэтигэр “сынньан” диэн таһаарбыттара. Эдэрчи саастарыгар орто дойдуттан арахсар санаата суох Афанасий Дмитриевич буулаабыт ыарыылартан босхолоноору, үтүөрээри, тымныы, дьыбардаах күннэргэ салгыҥҥа сылдьыбыта, тымныы уунан куттуммута, онтон, ойбон алларан, сөтүөлүүр дьарыктаммыта. Дьиктиргиэн иһин, туруга тупсубута. Быраастар учуоттан устубуттара.  Тымныы уу туһалааҕын билэн, 1995 сыл кыһыныгар ойбоҥҥо сөьүөлээһининэн дьарыктанааччылар кулууптарын аспыта. Дьоҥҥо сүбэ биэрэр, үөрэтэр Учуутал буолбута. Доруобуйаҕа аналлаах учуонайдар, медиктэр научнай-чинчийэр айымньларын булан, хасыһан ааҕара. Теорияны тус бэйэтин олоҕун, тус практикатын кытта ситимнээбитэ. Анатомияны хаһыспыта, киһи организмыгар тымныы дьайыыта туһатын тус-бэйэтин этинэн-хаанынан билбитин туһунан “Олох олоруу мөкүөрүгэр” диэн кинигэ суруйан таһаартарбыта. Чэгиэн-чэбдик буолууга, чэбдигирии эйгэтигэр билиитэ-көрүүтэ дириҥээбитэ, кэҥээбитэ.

М.Д. Гуляев бэрэссэдээтэлээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Госкомспордун болҕомтотугар киирбитэ. Сахабыт сиригэр скандинавскай хаамыыны тэниппит-тарҕаппыт наука кандидата М.И. Лыткин начальниктаах физическэй культура уонна маассабай спорт Управлениета үлэлэтэр “Доруобуйа” оскуолатыгар” ыҥырыллан, улуустарынан сылдьыталаан, тымныыны сатаан туһаныы, ойбоҥҥо сөтүөлээһин доруобуйаҕа туһатын тустарынан лекция оҥороро, кэпсиирэ. Чардаат сакаастаан оҥотторон, салайааччыларга, нэһилиэнньэҕэ сөтүөлээн көрдөрөрө, сөҕүүнү-махтайыыны ылара. Өймөкөөҥҥө тиийэ сырыттахпытына, миигин эмиэ дэлби көҕүтэн, -47 тымныыга өрүскэ  алларыллыбыт чардаакка кииртэлээбитим. Ол сөтүөлээбит күннэрбэр эппин-сииммин тыһыынчанан иннэлэр кэйиэлээннэр, сүрдээх чэбдиктик, сүргэм көтөҕүллэн, ис туругум тупсан, үөрэ-көтө, сүр чэпчэкитик сылдьыбытым. Ойбоҥҥо киирэн тахсыы, чахчы, киһини улаханнык сэргэхситэр эбит этэ! Бүлүү бөлөх улуустарынан, Мииринэйинэн, Ленскэйгэ тиийэ сылдьыталаабыппыт.

Тымныыны туттан, ойбоҥҥо сөтүөлээн, Афанасий Дмитриевич эрдэ “барыахтаах” олоҕун 30-н тахса сыл уһатта. Үөрэҕин утумнааччылары хаалларда. Кэккэ улуустарга Дорофеев үөрэҕин батыһааччылар баар буолбуттара сэҥээрдэр. Билигин “Чэбдиктэр” салайааччылара, Афанасий Дорофеевка дьарыктаммыт ыкса доҕоро-атаһа Николай Романович Дьячковскай көҕүлээһининэн Чурапчыттан, Тааттаттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Дьокуускайтан, барыта 70-ча киһи, Тэйэр Хайаҕа баран кэлиилэрэ тэрилиннэ. Үлэхтээх сирбитигэр тиийээт да үрдүк, туруору Ытык Хайаны дабайан бэйэни тургутунуу буолла. Үөһэ тахсан сахалыы сиэр-туом оҥоһулунна. Үрдэли дабайаммыт, хайдах эрэ, сүөм үрдээн, сэниэбитигэр сэниэ эбиллэргэ дылы буоллубут.

            Онтон, аллара түһэн, элбэх дьон тоҕуорустубут. Тыын ылан уоскуйуу кэмигэр, нэһилиэк баһылыга Мария Филипповна Кронникова ыалдьыттары Ытык сиргэ кэлбиппитинэн үөрэ-көтө көрүстэ, эҕэрдэлээн, алгыһын анаата:

            -“Бүгүн сахаҕа ытык күн – Дьөһөгөй күнэ, түүн уонна күн тэҥнэһэр күнэ. Айылҕа сокуонун билэр дьон анаан-минээн, Ытык сирбитигэр кэлбиккитинэн эҕэрдэлиибин! Олохтоохтор элбэх киһи манна кэлэн эһигини көрө-истэ сылдьаллар. Элбэҕи билиэхпит, бэйэбит доруобуйабытыгар туһанарга элбэх сүбэни-аманы ылыахпыт дии саныыбыт. Биһи Мырылалар спорт үгүс көрүҥнэринэн  дьарыктанабыт. Манна хаалыктаах хаамар киһи элбэх. Биһи манна Ытык сиргэ төрөөбүт дьоллоохпут. Эрчим, күүс-көмө ылабыт. Манна киһи сүрэ күүһүрэр”.

            Онтон, эрчимнээх уолаттар сылбырҕатык алларбыт чардааттарыгар олбу-солбу кииртэлээһин саҕаланна. Кубулҕаттаах кулун ыйа киһини курдат үрэр сытыы тыаллаах. Хаҕыс, тымныы күн. Сылаастык таҥныбыт киһи дьагдьайар. Үтүлүккүн уһуллаххына илиин тоҥор. Ол түгэҥҥэ Дьокуускай куораттан кэлбит “Моржтар” салайааччылара, бу күһүн “Саха” телевидениетин ханаалыгар көрдөрүллүбүт “Олох диэн олох”, “Хаһан сайын буоларый?” киинэлэр сериалларыгар сүрүн оруолларга оонньообут Николай Николаевич Софронеев намыын холку, куолаһын истэммит, киинэҕэ оонньоһо сылдьардыы сананныбыт:

            -“ Биһигини манна Чурапчы “Чэбдик” кулууба ыҥыран, сөтүөлээри кэллибит. Сөтүөлээһиммитин ойбоҥҥо сөтүөлээһини саҕалаабыт Афанасий Дмитриевич Дорофеевка аныыбыт. Мин Дьокуускайга 1994 с. кэлбитим, онно уунан куттар уонна өрүс тоҥуор диэри сөтүөлүүр этим. Саас муус бардаҕына эмиэ тута сөтүөлүүр этим. 2000 сыллартан ойбоҥҥо сөтүөлүүр буолбутум”.

Чурапчы “Чэбдиктэрэ” айылҕа ваннатыгар, ууга киирэн олорон кэпсииллэр. Тина Захарова:

-“Ууга эмтэнэ киирэбит диибит, тымныйдахпытына эҥин. Оччоҕо тымныйбыппыт ааһар. Ууттан тахсан баран сүһүөхтэрбитин, эппитин-сииммитин ириэрэбит, хамсанабыт. Испититтэн тымныыбытын таһаарабыт. Клеткаларбытын тилиннэрэн уһугуннарабыт. Дьарыктаммытым аҕыс сыл буолла. Дорофеев үөрэнээччилэрэбит”.

Өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах тутааччыта, болуотунньук Николай Николаевич Новгородов:

-“Кэпсээттэххэ уһун. Сүнньэ диэн, тымныыны искэр иҥэриммэккэ, тута таһаарыахтааххын”.

“Чэбдик” кулууп салайааччыта Николай Романович Дьячковскай:

-“Бастаан, настройкаланаҕын, киириэн иннинэ сылаас буолуохтааххын. Тһөһ кылгастык:уһуннук олороргун бэйэҥ билэҕин. Тыалга сыыстарыахха сөп, ол иһин уһаабаккын. Ууттан тахсан бараҥҥын хайаан даҕаны тымныыгын таһаараҕын. Ылбыт тымныыгынан көмөлөһүннэрэҥҥин, хамнанан, доруобай турукка киирэҕин. Тымныы уунан эмтэнэбит диэн ааттыыллар, сөтөллө сылдьар дьон сөтөллөрө ааһар, ыарыылара суох буолар”.

Инньэ диэн баран, ууттан ойон тахсан Марианна Карсанаевалыын уонча миэтэрэ тэйиччи сүүрэн тиийэн тоҥуу хаарга умустулар. Үрдүлэригэр хаары тарыйан куттуммуттарын көрөммүт, сөҕүү-махтайыы буоллубут.

Куйаар диэн аатынан биллэр, суоппар идэлээх, 70 сааһын туолбут эрээри, сааһыттан эдэрси көрүҥнээх, эдэр киһилии түргэн туттуулаах-хаптыылаах Егор Михайлович Пермяков - олох атын, ураты өйдөөх-санаалаах:

-“Киһи төбөтүн иһигэр ойбоннордоох, ону аһан биэрдим, аһаҕас буоллаҕына эмтиибин, энергията күүстээх, ыалдьыбатахпыт ыраатта, тумуу да киирбэт”.

Куораттан кэлбит Анатолий Иванович ойбоҥҥа харахтарын симэн уһуннук олордо, уонча мүнүүтэ олорбутун былаһын тухары элбэх киһи киирэн таҕыста. Куораттар элбэхтэр, чомплоноллор. -50 кыр тымныы күннэри аахсыбакка, көтүппэккэ 203 мкр анныгар алларбыт чардааттарыгар сөтүөлүүллэр. Онон, дьарыктаахтар, тымныыттан куттамматтар. Чаһыыларын кэппитинэн киирэр дьон бааллар. Оскуолаҕа биир кылааска үөрэммит Фекла Катакинова-Винокурова киирдэ, дуоһуйуутуттан үөгүлүүр. Ыраас тымныы, дьэҥкир уунан туолбут  ванна түгэҕэ көстөр, дьөлөҕөһүгэр үктэнэн, халтарыйаллар, бүдүрүйэн тимирэн ылаллар. Ыраастык сахалыы саҥарар нуучча киһитэ баар – “Авксентий диэммин”,- диир, урбаанньыт эбит. Сахабыт сирэ дьикти дойду – тымныыны бэйэбит туспутугар туһанабыт. Бу кэмҥэ дэгиттэр дьоҕурдаах тамада уонна блогер Клим Федоров Африкаҕа тиийэн сөтүөлүү сыльар, онно күлүккэ +45 кыраадыс үһү, биһиэннэрэ муустаах ууга сөтүөлүүллэр. Тустарыгар туһаналлар. Дьок куорат моржтара харса суох кииртэлээн эрэллэр. Итинник, уонча мүнүүтэни быһа кэпсиэхпэр диэри, Анатолий ваннатыгар олордо, тахсыбата. Номоххо киирбит Бөҕө Тараҕай хаан сиэнэ Гаврил Луковцев киирэн умсан хаалла. Дойдутугар кэлэн бэлиэтэннэ, былыргы өбүгэлэрин сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин көрдө, бэйэтин да көрдөрдө. Массажист, илбийээччи Андрей Константинов кэлэн киирдэ. Ойбонтон тахсан эттэрэ-сииннэрэ кытаран тахсыар диэри, кураанах гына улахан махровай соттордорунан соттоллор, сылаас, сымнаҕас халааттарын кэтэллэр, тапочкаларын анньыналлар. Автобустарыгар киирэн уларытталлар, хамсаналлар, итии чэй, кофе иһэллэр. Улахан астыныыны, дуоһуйууну ылбыттара биллэр.

Культура-сынньалаҥ дьиэтигэр, кулуупка тиийэн уонча мүнүүтэ холобурдаах хамсаныы, илбийсии, ириэрсии, буолла. Ирии-хоруу кэнниттэн конференция, санаа атастаһыыта тэрилиннэ. Сценаҕа бастакынан Егор Михайлович Пермяков таҕыста:

-“Тоҕо сөтүөлүүбүтүй? Киһи 85 бырыһыан ууттан турар. Киһи эттигин клеткалара кырдьаллар, ууга наадыйаллар. Учуонайдар үөрэтэн билбиттэринэн, уу барытын истэр, билэр. Ханнык баҕарар эттиги уунан сууйабыт. Ол аата, дьайы ыраастыыбыт. Чараас эйгэ-дьай. Туох барыта икки өрүттээх – көстөр, көстүбэт. Испитигэр баар куттарбытын уһугуннарабыт, турукпутун тупсарабыт”.

“Чэбдик” кулууп салайааччыта Николай Романович Дьячковскай:

-“Ойбоҥҥо сөтүөнү, уу суолтатын өйдөөһүн – ол наада. Үлүбээй буолбакка.  Эти-хааны чэбдигирдии, клеткалары уһугуннарыы. Миэхэ олохпор, үлэбэр, айарбар, уһанарбар улаханнык көмөлөстө. Сүһүөхпүнэн моһуогурар этим. Бөҕөргөтүү барбыта, Эппин-хааммын сайыннараммын, бөҕөргөтүннүм”.

            Куорат “Моржтарын” салайааччыта Николай Николаевич Софронеев:

-“2018 сылтан мустабыт, элбээтибит, 30-ча киһи баарбыт. Былааммыт, инникибит элбэх. Харбыыр сир оҥоруохпут, куоракка киирдэххитинэ кэлээриҥ. Ахсыс кылааска диэри тымныйан, ангиналаан, пневмониялаан, ыалдьар этим. Пиницилининэн эмтэнэрим. Өр итинник эмтэниигэ иммунитеккын  олордоҕун, мөлтөтөҕүн. Биирдэ, физкультурабыт учуутала хаарынан закаливание оҥостуу туһунан кэпсээбитэ. Ону туттаммын, онтон ыла тымныйыым сүппүтэ. Доруобуйам көммүтэ. Үөрэххэ киирбитим.  Ньурба авиаотрядыгар, театрга үлэлээбитим. 90-с сылларга Порфирий Иванов “деткатын” туһ истибитим, хаарынан соттуу туһатын туһунан. Сайыҥҥаттан саҕалаан өрүс туруор диэри сөтүөлүүрүм, кыһыннары уу куттарым, саас муус баран эрдэҕинэ сөтүөлээбитим. Маннык түмсүүнү салгыахха”.

Марианна Карсанаева:

-“Эрдэ, 1996 с. Порфирий Иванов "Детка" систематынан таһырдьа кыһыннары уу куттар дьарыктааҕым. 20 сааспар улаханнык ыалдьыбытым, медицина аккаастаммыта. Тупикка киирбитим. Порфирий Корнеевиһи түүлбэр көрдүм, ыарыыттан тахсар эбиппин, деткалаабытым, таһырдьа уунан куттаммын ыарыыбын кыайбытым. Ыалдьа сылдьар бириэмэбэр күҥҥэ биэстиитэ тахсан куттарым. Ол курдук ыарыыттан босхолонон турардаахпын. Тымныы уунан куттууну, ойбоҥҥо сөтүөлээһини 2016 с. Дорофеевтан билбитим.  Афанасий Дмитриевичкэ кэлбиппэр, утары олоппоско олорпута уонна диагноспын эппитэ, диагноспын туруорбута. Ойбоҥҥо киирэрбэр сүбэлээбитэ. Балтыбын тымныйыылааххын, бүөрүн ыалдьар, ууга кииримэ диэн боппута. Уникальнай киһи, көрөн туран этэн биэрэр. Сэрэхтээх. Дьон ыалдьыахтара диэн куттанар, методпынан үлүбээй туһананнар ыалдьыахтара диэн. Махтанабын. Тиийэ сылдьыбыппытыгар алҕаан ыыппыта. Үөрбүтэ, оҕолору, ыччаттары аҕалла диэн, куораттан. Кэпсээнин дктофоммар устан ылбытым. Тымныы уу туһалаах, быраҕыма диэбитэ. Биллибэт ыарыылар кэлиэхтэрэ, бэлэм буолуохха диэбитэ. Доруобуйа суолтата улахан. Дьон кэлиэ диирэ, атын сиртэн.  “Чэбдиктэргэ” махтанабын.  Үчүгэйдик көрсөннөр, элбэҕи биллим. Николай Николаевич Новгородов учууталым, энциклопедия.  Билбэтэ диэн суох. Аймахтарым курдук, Николай Романовичтыын телефонунан кэпсэтээччибит, сүбэлиир. Мырылаҕа аан бастаан сырыттым, сөбүлээтим”.

Фекла Винокурова-Катакинова:

-“Биһи маннык дьарыктанарбыт наһаа үчүгэй. Сайыына кэлэ сылдьыбыта. Афанасий Дмитриевич 2003 с. угуйан ойбоҥҥо киллэрбитэ. Элбэҕи биллибит. Арыллыбыппыт, доруобуйабытын тупсардыбыт. Айар дьоҕурбут арыллыбыта. Ыллыыр, үҥкүүлүүр буоллубут. Мин хоһоон таһаарар, тойуктуур буолбутум. Аччыктыахха эмиэ сөп. Туһалыыр. Сылаас ыраас ууну иһэ сылдьыллыахтаах. Элбэх уу сайҕаан таһаарар.  Тымныы уу бүөргүн ыарытыннарар. Айыы аймаҕа сахалар, күн сирин оҕолоро, дьоллоох-соргулаах буолуҥ!”.

Тааттаттан эдэр уолаттар кэлбиттэр. Албан Бытыйа:

-“2010 с. студенныы сылдьаммын Алаас От диэн киһи ыстатыйатын аахпытым, сахалыы ааттаныахха баар эбит диэн толкуйдаабытым. Онтон сыыйа, олоххо оҕустаран-хайаан, атын аат ылыныыһыкпын диэн санааттан сахалыы ааты ылыммытым. Эйгэм үчүгэй өттүгэр уларыйан киирэн барбыта. Духовнай эйгэ баар эбит диэн билбитим.  Бэйэм дьарыктанан, бэйэбин сайыннара сатыы сылдьабын. Билигин кыралаан дьону кытта үлэлэһэбин, айылҕаҕа эҥин эмиэ кыралаан үлэлиибит.  Бу ойбонунан дьарыктанар киһи ис туругар наһаа улахан суолталаах эбит. Аҕыйах ый сөтүөлээн бараммын тугу билбиппинэн кырдьыкпын этэбин. Киһи туругар түргэнник тиийэр эбит. Мантан сиэттэрэн медитацияҕа эҥин ылыстым, туруккун күүһүрдэн биэрэр.  Духовнай эйгэлээх дьон сөтүөлүүр буолаллар эбит диэн оннук түмүккэ кэллим”.

Эдик Тарабукин:

-“Уһанабын. Мастерскойбар олорон эрэммин тууйуллан хаалабын. Ол кэмҥэ үс күннээх Албан Бытыйаҕа энергия күүһүрдээһинэ алгыска сылдьыбытым, сайын. Энергия күүһүрдүүтүгэр. Чакраларым утуйан, чувстволарым мөлтөөн хаалбыттар эбит этэ. Таптал чувствота, эрэл, махтал, эҥин диэн мөлтөөбүттэр этэ. Эрдэттэн да арыгылыыр эҥин этибит. Эр дьон, уолаттар бары да кыра-кыралаан иһэллэр. Арыгы киһи туругун, үчүгэй хаачыстыбаларын сабан кэбиһэр эбит. Албан миигин тыаҕа дэлби сырытыннаран чакраларбын уһугуннарбыта. Махтал! Хайдах эрэ оҕо сааспар төннөн, чэпчээн хаалбытым. Салгыы сиэр-туом бөҕө буолбута. Ол кэнниттэн үчүгэйи көрдүү сылдьар буолан хаалбытым, бэйэбин көрүнэр буоллум, сөтүөлүүр буоллум. Ол иннинэ наар толкуйга сылдьарым. Тэйэн хаалбыт курдугум. Саҥардыы дьарыктана сылдьабын. Хомус оҥоробун, хомустуубун, быһах оҥоробун. Хомуһум тыаһа хайдах эрэ тупсубут, үчүгэй баҕайы буолбут этэ. Ойуулуурбун-бичиктиирбин сөбүлүүбүн, киэргэтэбин. Саха тимиринэн оҥоһуллубут хомус. Дьүрүһүйэрэ атын тыас. Маннык көрсүһүүнү сыл аайы оҥоруохха, суолбут арылыннаҕа дии!”.

Иван Табунанов:  

-“Даайа-Аммата уонна Мырыла икки ардыларыгар турар Тэйэр Хайаҕа сырыттыбыт. Үөһэ наһаа үчүгэйдик тахсан энергия, күүс ыллыбыт. Акробатиканан дьарыктаммытым. Сергей Расторугев айар группатыгар Саха цииркэтин 1999 с. бүтэрбитим. Тааттаҕа 10-н тахса сыл культура театрыгар үлэлээбитим. Оҕолору эрчийэн, дьарыктаан. Түөрт оҕом Пекини бүтэрэн кэлэннэр Саха циркэтигэр үлэлии сылдьаллар. Биир кыыс канатаходец, икки уол акробатика. Хайдах маннык эйгэҕэ киирэн хааллын диэн интэриэһиргиир буоллахытына, мин ангиналаах этим. Хайдах эрэ куһаҕан санааҕа, куһаҕан эйгэҕэ, куһаҕан тыыҥҥа, стресовай турукка киирэн хаалбытым. Онтон Дорофеевы көрсөн бараммын саппаҕырбыт санаам уларыйбыта. Киниэхэ бара сылдьыбытым, дьарыктаныахпын баҕарарбын биллэрбитим. Ону өр баҕайы утары көрөн олорон баран, харыстаныаххын сөп эбит диэбитэ. Бастаан биэдэрэлээх тымныы уунан кутта үөрэн, айылҕа бэйэтэ сыыйа булларан иһиэҕэ диэн сүбэлээбитэ. Ол кэнниттэн дьиэбэр кэлэн, нэдиэлэҕэ иккитэ тымныы биэдэрэлээх уунан куттар этим, ахсынньы-тохсунньу тымныыларыгар. Сыыйа-баайа арыллан, хайдах эрэ үчүгэй баҕайытык чэбдигирэн, хамнанан, энергиялар киирэн кэлбиттэрэ. Итинник тымныынан дьарыгырар киһи доруобуйатыгар улаханнык туһанар эбит. Бэйэм үөрэтэн көрдүм. Ыччаты манна уһуйа сатыахпытын наада. Дьарыгыраллара буоллар, быраҕыллыбакка сайдан иһиэх этэ”.

Ити кэнниттэн, Эдик Тарабукин хомустаан иһитиннэрдэ. Эҥсиилээх, дьикти музыка дорҕооно киһини тардар, тыаһатара, оонньуура да дьикти буолла.

Конференция, санаа атастаһыылар кэннилэриттэн, аҕалбыт өйүөбүт-аспыт эгэлгэтинэн остуол тардынан тото-хана аһаатыбыт. Күүс-уох ылынаммыт, үтүө өйгөҕө-санааҕа уйдараммыт “аныгыс көрсүөххэ диэри!”,- дэһэммит тарҕастыбыт.  Арыллан иһэр аартыктарынан дьиэлэрбит диэки айаннаатыбыт. Байааннаах ырыалары көҕүлүттэн туттубут!

Баһылай Посельскай

Дьокуускай – Тэйэр Хайа

Поделиться:

#Новости