2002 сыллаахха физкультура учуутала, тренер, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ Захар Иванович Федоров “Кыайыы 50 сыла” спорт Дыбарыаһыгар аҕам саастаахтар ортолоругар тэрийбит “Чэбдигирии” кулууба бэрт сэргэх үлэни ыытар. Нэдиэлэ сэттэ күннэрин толору туһаналлар, биир да күн өрөөбөттөр. Сэрээккэ эрэ оҥоруутунан муҥурдамматтар, киһи чуҥкуйбат, доруобуйаларыгар туһалаах араас өрүттээх дьаһаллары ыыталлар. Ааттара да этэрин курдук, чэбдиктик сылдьаллар.
Сүрүн сыал-сорук
“Чэбдигириилэр” күһүн-кыһын-саас сарсыарда алта ааһыыта мустаннар, сэрээккэлииллэр. Илии-атах-сис сүһүөхтэрин имитиилэри-уһатыылары таһынан, тыыныы хамсаныыларын оҥороллор. “Звукотерапияҕа” тыҥаларын уонна сүрэхтэрин сайыннараллар, муннуларынан, истэринэн тыыналлар, сахалыы “уо”, “иэ”, “ыа”, “үө” сахалыы дифтоннары, “һа-һа”, “һо-һо”, “һуу-һуу” дорҕооннору таһаарар хамсаныыларынан түөстэрин ытыстарынан таптанан, тэтимнэрин сыыйа түргэтэтэллэр. “Смехотерапияҕа” күлүү хамсаныыларын оҥороллор. Ол кэнниттэн, эргиччи сарын-сарыннарыттан тутуһан туран “Ырыа кэһиилээх кэллим!”, онтон, сиэттиһэн туран “Барыта үчүгэй!” уопсай ырыаларынан, “уруй, үүммүт үрүҥ күҥҥэ!”, “махтал, айбыт аар-айылҕаҕа!”, “махтал, махтал, махтал!” өрөгөй тылларынан сэрээккэлэрин түмүктүүллэр.
Итинник хамсаныылар ис оргаҥҥа, күөмэйгэ, харахха үчүгэйдик дьайар уратылардаахтар. Пандемиянан сибээстээн бэйэлэригэр сөптөөх хамсаныылары эбэн, киллэрэн биэрбиттэр. Күлүү хамсаныыларыгар үөрүү гормоннара үөскүүллэр, мэйиилэрэ үлэлиир. Бэйэлэрэ быһааралларынан, күлүү гимнастиката ыарыыга утарсар иммунитеты күүһүрдэр. Түмсүүлээх, доҕордуу сыһыаннаах буолуу өйө-санаата эмиэ үөскүүр.
“Чэбдигириилэри” билигин чөл олох аргыстаах, инженер-энергетик идэлээх Егор Семенович Макаров салайар:
-Кулууппут сүрүн сыала-соруга киһи ис кыаҕын уһугуннаран, бэйэбитин салайынан, хамсанан-имсэнэн, эйгэбитин сайыннаран, олоххо көхтөөх буолуу, кыраһыабайдык кырдьыы принцибинэн салайтаран сылдьабыт. Графикпыт быһыытынан, понедельникка уонна сэрэдэҕэ Япония учуонайа, профессор Кацудзо Ниши ньыматынан тоноҕоско, оптуорунньукка, бээтинсэҕэ Тибет медицинатын ньымаларынан чакраларбытын, ойбоннорбутун уһугуннарарга үлэлэһэбит, чэппиэргэ, цигун ньыматынан ис кыахпытыгар, ис энергиябытыгар, субуотаҕа-өрөбүлгэ таһырдьа салгыҥҥа скандинавскай хаамыынан дьарыктанабыт. Доруобуйаҕа өрөбүл диэн суоҕун өйдүүбүт. Үбүлүөйдэри, кэрэ-бэлиэ түгэннэри бэлиэтиибит.
Ыарыыны киэр кыйдаан
Мария Винокурова - землеустроитель, 20 сыл “Гипроземҥа” үлэлээбит, 20 сыл ПТУ преподавателлээбит үлэ стажтаах, пенсияҕа олорор:
- Айар дьоҕурум арыллан сүрдээҕин туһанным. Ол курдук, ПТУ-ларга учебник таһаардым, “Секреты пошива головных уборов” 1000 экземпляры оҥороммун, бүтүннүүтэ атыыга барбыта. Вышивкалыырга үөрэнэммин “Якутия мастеровая” куонкурусугар кыттаммын бастакы бирииһи ылбытым. Аны, дьиибэтэ диэн, үҥкүүлүүр буоллум. Былырыын Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска японскай үҥкүүнү толороммун дипломант буолбутум. Киһи сүргэтин наһаа көтөҕөр. Уонна былырыын кэргэмминээн Николай Николаевичтыын бииргэ олорбуппут 50 сылыгар “Цветение сакуры” диэн туристическай путевканан Япония алта куораттарыгар сылдьыбыппыт.
Пермяков Петр Петрович – физико-математическай наука доктора, Наукалар Академиятын үлэһитэ:
-Ыалдьаммын эпэрээссийэ бөҕөнү ааспытым уонтан тахса сыл буолла. Турукпун тупсарынаары кэлэммин сэрээккэлиибин. Ыччаттарга туһаайан этиэм этэ, эһэлэргитин, эбэлэргитин хамсата үөрэтиҥ. Биһиги курдук сарсыарда аайы манна кэлэн сэрээккэлээтинэр. Билигин аныгы технология күүскэ сайдар, онно өркөн өйдөөх дьоннор олус наадалар. Төлөпүөнү наһаа хаһыспакка, бириэмэҕитин онно халтайга ыыппакка, сэрээккэлииргэ, хамсанарга ыҥырабын.
Каратаева Варвара Ивановна – нуучча тылын учуутала, логопед:
-1975 с. сүрэх бырааһа миэхэ “сердечная недостаточность, ревматизм центрального клапана” диагноһы туруорбута. Салгыным тиийбэт курдук буолар этэ. Сарсыарда аайы таһырдьа сылдьар буолбутум. Хас да сыллар ааспыттарын кэннэ быраастарым бэттэх кэлбиккин диэбиттэрэ, “не активная фаза” диэни туруорбуттара, ол гынан баран учуоттан устубатахтара. 2007 с. “Чэбдигириигэ” кэлбитим. Миэхэ сөп түбэһэр этэ. Манна кыһынын дьарыгырабыт. Сайын даачаларга, сайылыкка, тыаҕа эҥин барыталыыбыт. Ким төһө-тугу кыайарынан дьарыгырар. Мин эдэрбиттэн эрдэһиппин. Даачабар күн тахсыыта сарсыарда таһырдьа тахсаммын дьарыгырабын. Хаһаайыстыбабын да көрүнэбин. Одышкам билигин этэҥҥэ. Соторутааҕыта поликлиникабар терапевка уонна кардиологка сылдьыбытым, туох да моһуоктуур суох, прививка ылыаххын сөп диэбиттэрэ. Онон, прививка ылан баран сылдьабын. Күһүн ахтыһан аҕай кэлэбит, үөрүү-көтүү бөҕө буолабыт. Положительнай эмоция ылабыт.
Иванова Ксения Ивановна – фельдшер, “Студия долголетия” оскуола салайааччыта:
-Чэбдигирии” бөлөххө сылдьыбытым 20-чэ сыл буолла. Күн аайы тохтообокко кэлэ турабыт. Кэлэр биричиинэбит диэн манна доруобуйа ылабыт, күүс-уох ылан күнү быһа айа-тута, үөрэ-көтө, ыллыы-туойа сылдьарбыт наһаа үчүгэй. Быйыл эбии “минута смеха” киллэрдибит. Күлүү киһи иммуннай системата бөҕөргүүрүгэр туһалыыр. Чэгиэн сылдьартан ордук киһиэхэ туох наада буолуой. “Школа третьего возраста” чэгиэн олоҕу дьон өйүгэр-санаатыгар тиэрдэбин, уруок ыытабын, хайдах уһун үйэлэниэххэ сөбүн кэпсиибин, үөрэтэбин.
Захарова Светлана Михайловна – биология учуутала, методист:
- 2009 с. ыалдьаммын хас да эпэрээссийэни барбытым, туругум олох мөлтөх этэ. Сэниэм суоҕа, саҥам испиттэн тахсыбат этэ. Ол турукка сылдьар кэммэр миэхэ таҥара чөл олоҕу тутуһар дьону көрсүһүннэрбитэ. Кацудзо Ниши системата уопсай доруобуйаҕа туһатын таһынан рак курдук ыарыыттан үтүөрэргэ уонна профилактикатыгар туһаайыллар. Кэнники сылларга күлүүнү уонна тыыныыны киллэрэн биэрдибит. Күлүү киһи доруобуйатыгар улахан дьайыылаах, иммунитеты бөҕөргөтөр, ыарыыны кыайарга көмөлөһөр, бактерияттан, вирустан көмүскүүр антитела ахсаанын элбэтэр уонна киһи мэйиитин үлэтин күүһүрдэр, тупсарар. Хааны кислородунан байытар, тыыныыны дириҥэтэр, тыҥаны ыраастыыр. Учуонайдар дьахтар аймах эр дьоннордооҕор тоҕо уһун үйэлээҕин этэллэр. Тоҕо диэтэххэ, дьахталлар элбэхтик уонна улаханнык күлэллэр. “Үөрэр сүрэх эмп курдук туһалаах, санаа түһүүтэ сүрэҕи кэрбиир” диэн Библияҕа да этиллэр. Дьарыкпыт кэнниттэн бары көхтөөхтүк туран ыллыыбыт. Ырыа эмиэ киһи доруобуйатыгар туһалаах, “песня лекарство для души и тела” диэччилэр. Мин манна дьарыктаныахпыттан сэниэлэнним, хааным-сииним чэбдигирдэ, куолаһым чөлүгэр түстэ. Дьарыгым олоҕум сүрүн аргыһа буолла. Кини мин аһылыкпын, утуйар уубун кытта тэҥнээх.
Тарагайская Маргарита Константиновна – тыа хаһаайыстыбатын экономиһа:
-Дьиэбиттэн тахсыбат ыарыһах этим. “Чэбдигириигэ” 20 сыллааҕыта саҕаланыытыгар кэлбитим. Онно 1-кы группалаах имбэлиит этим. Элбэҕи кыайан хаампат, аҕылыыр этим. 202 мкр баар дьиэбиттэн 55 мүн хааман кэлэрим. Билигин 20 мүн кэлэбин. Астмам ааста диэххэ сөп, хаамарым икки аҥаар төгүл түргэтээтэ. Аҕылаабаппын. Тыынарым кэҥээтэ, доруобуйам бэттэх кэллэ. Барыбытыгар оннук. Быраастарым 2-с группаҕа таһаарбыттара. Инньэ гынан, сэрээккэ, хамсаныы миэхэ туһалара элбэх.
Эрдэ туруу – дьол!
Аҕам саастаах дьон чэгиэн-чэбдик сылдьар туһугар сарсыарда эрдэ тураллар, хамсаналлар-имсэнэллэр, сэрээккэлииллэр. Кыһыннары бытарҕан тымныыларга, аан-туман быыһынан “Кыайыы 50 сыла” спорт Дыбарыаһыгар күн аайы кэлэллэр-бараллар. Чаас аҥарын кэрэйбэккэ сатыы сылдьаллар. Өрөбүллэригэр да өрөөн көрбөттөр. Көрсөн кэпсэтэллэр-ипсэтэллэр, сэлэһэллэр, сонун-нуобас үллэстэллэр, хаамаллар-сиимэллэр, буулаабыт ыарыыларын киэр кыйдыыллар. Оҕолоругар, сиэннэригэр көмө-тирэх буолаллар. “Чэбдигириилэр” ааттарын сөпкө талбыттар. Чөл, чэбдик туруктаах сылдьыы минньигэһэ, үчүгэйэ, туохха да тэҥнэммэт сүдү суолтата оччо!
Олоххо дьулуһуу чаҕылхай холобурун көрдөрөллөр.
Баһылай Посельскай