IMG-20160823-WA0039

Атырдьах ыйын 10-14 күннэригэр Курскай герой-куоракка пауэрлифтинг араас көрүҥнэригэр аан дойду чемпионатыгар Петр Баттахов 100 кг үктүүр 60-64 саастаах ветераннарга кыттан, 200 кг ыйааһыннаах штанганы тобугар диэри тардан таһааран (становой тяга) аан дойду чемпионунан буолары ситистэ уонна аан дойду рекордун олохтоото!

Бэйэтин үбүнэн соҕотоҕун тиийэн күрэхтэһэн, үгүс сылларга тохпут көлөһүнүн боруостаата, сыратын-сылбатын тилиннэрдэ.

Уонта тахса дойду күүстээхтэрин күрэс былдьаһыыларыгар бастакы миэстэни Россия, иккиһи Иран, үсүһү Монголия хамаандалара ылаттаатылар. Монголлары ордук хайгыы көрбүт, хамаандаларыгар оҕолор, эр дьон, кырдьаҕастар кэлэн кыттыбыттар. 71 саастаах ветераннара 160 кг тобугар диэри таһаарбыт. Итини үчүгэй көрдөрүүнэн ааҕар. Калмыкияттан 81 саастаах тэп курдук сылдьар аҕам саастаах киһи эмиэ 160 кг тарпыт!

IMG-20160823-WA0034

Киһи киһини батыһар, киһи киһиттэн үөрэнэр. Петр Баттахов пауэрлифтининэн анаан-минээн улаханнык дьарыктамматах көрүҥэ. Ол гынан баран, мас тардыһыыта уонна хапсаҕай спордун маастардарын быһыытынан тимири кытта доҕордоспута ыраатта. Ону томороон быһыыта-таһаата, киппэ, дьиппиэн көрүҥэ итэҕэтэр. Билбэт киһи омос көрөрүгэр киһи толло, салла көрөр киһитэ. Кэпсэтэн, билсэн бардаххына – сүр эйэҕэс, киһини баһыйа сатаабат, сытыары сымнаҕас, күлэрин-үөрэрин сөбүлүүр, майгылаах мааныта. Чугас доҕотторо, үөлээннээхтэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ үчүгэйдик биллэр мас тардыһыытын маастардара Антон Адамов Португалияҕа, Николай Константинов Курскайга пауэрлифтинг көрүҥэр ветераннарга аан дойдуга чөмпүйүөннээннэр, сүбэлээн-амалаан, сыһыаран, Петр Баттаховы улаханнык умсугутан тураллар. Бу иннинэ, мас тардыһыытыгар саамай улахан көрдөрүүтэ диэн 2009 сыллаахха Калугаҕа 50-н үөһэ саастаахтарга Арассыыйаҕа абсолютнай чөмпүйүөннээн турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ биирдэ бастаабыта, хаста да миэстэлэспитэ. Пауэрлифтиҥҥэ  40 саастаах ветераннарга икки төгүл өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыта. Баһылай Манчаары спартакиадаларыгар мас тардыһыытыгар, гиирэ спордугар уонна атах оонньуутугар кыттыбыта. Онон тимир киһиэхэ күүһү-уоҕу, чэгиэн-чэбдик буолууну, доруобуйаны биэрэр диэн бигэ санаалаах.   

Петр Баттахов Курскайдааҕы аан дойду түһүлгэтигэр ситиһиититтэн улаханнык үөрэр, астынар. Ол  төрүөттээх. Аҕата Петр Акимович Баттахов Улуу Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Курскай Дуганы уонна Белгороды босхолоһон, биир кыргыһыыга тоҕус ньиэмэс саллаатын охторбут фронтовик-буойун, дойдутугар "Хорсунун иһин" бойобуой мэтээллээх эргиллибитэ. Сэттэ уонча сыл ааспытын кэннэ аан дойду түрбүөннээх түһүлгэтиттэн кыһыл көмүс мэтээли түллэҥниир кэтит түөһүгэр иилиммит төрөппүт уола Курскай сэриитин толоонун кыттыылаахтарыгар туруоруллубут өйдөбүнньүк пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн ууран кэллэ. Кыайыытын үлэҕэ-олоххо уһуйбут аҕатыгар анаата.

IMG-20160823-WA0047

Ньурба Чаппандатыттан төрүттээх-уустаах, күүс-күдэх өттүнэн оҕо эрдэҕиттэн бэйэтин лаппа кыанар уол спорду сэҥээрэ улааппыта. Үрдүгү ойууга Токиотааҕы Олимпиада чөмпүйүөнэ Валерий Брумель, Олимп чыпчаалын дабайбыт саха бөҕөстөрө Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов тулхадыйбат кумирдара. Чаппанда оскуолатыгар спорт көҕүлээччитэ Прокопий Николаевич Ефремов  ыытар  спортивнай секцияларыгар биири да ордорбокко, аҥаар кырыытыттан барыларыгар сылдьара. Сылайар, эстэр диэн билбэт этэ. Хара утуйуор диэри таһырдьаттан киирбэтэ. Тыа сиригэр үөскээбит буолан, мас-мастаан, муус киллэрэн, сайынын оттоон, тыа сирин үлэтигэр-хамнаһыгар миккиллибитэ элбэх. Ыарахаттары тулуйарга буспута-хаппыта, тиит мастыы кииллийбитэ. Аҕата төһө да сэриигэ бааһыран инбэлиит буолан эргилиннэр, декада устата иккилии гааны охсор сэниэлээх "баардаах" киһинэн биллэрэ. Петр Баттахов бииргэ төрөөбүт быраата Николай өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хапсаҕай маастара. Онон утумнааһын баар.

IMG-20160823-WA0040

Толкуйдуур дьоҕурдаах, муударай киһи үчүгэй спортсмен, олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар ситиһиилээх киһи буолар дииллэрин Петр Баттаховтан итэҕэйиэххэ сөп. Петр Петрович Үөһээ Бүлүүгэ физика уонна математика кылааһыгар ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Спордунан дьарыктаналлара бобуулаах буолан, кистээн тустуунан, ыстаныыларынан, сүүрүүнэн дьарыктанан тыынын таһаарара. Саха Государственнай университетыгар физмат факультетын бүтэрэн оскуолаҕа учууталлаан, дириэктэрдээн пенсияҕа тахсан баран, билигин "Маршрут-20" диэн ааттаах кэтэх автобус ХЭТ урбаанньытынан үлэлиир.  

Олоҕун былаһын тухары спорду аргыс оҥостон кэллэ. Эдэр-эмэн саастарыгар ыһыахтары кэрийтэлиирин бу баар курдук манньыйа ахтар. Тамалакааҥҥа күтүөттүү сылдьан уонна Исидор Барахов аатынан совхоз ыһыахтарыгар тустан, атах оонньоон, мас тардыһан олохтоох ыччаттары баһыйталаан, уонтан тахсалыы мүһэни ылаттыыра умнуллубат кэрэ өйдөбүллэр. Бэрт үгүс ыччат дьаһалларын көҕүлүүр Үөһээ Бүлүү оройуонун комсомолун сэкэрэтээрэ Петр Иннокентьевич Иванов 1980 сыллаахха Москватааҕы Олимпиада чиэһигэр оҥотторбут мэтээллэрэ күн бүгүн дьиэтин эркинин киэргэтэллэр.

Петр Петрович тапталлаах олоҕун аргыһынаан Ульяна Дмитриевналыын түөрт оҕону үлэһит дьон оҥортоон олохторун суолларын буллартаатылар. Кыра уоллара Петр Баттахов Москватааҕы юридическэй институту бүтэрэн наука кандидата, мас тардыһыытынан дьарыктанар, ыччат лидерэ. Улахан сиэн Москваҕа энергетика институтугар үөрэххэ киирдэ. 11 кылааска үөрэнэр иккис сиэн Сеня боксаҕа Дальнай Восток призера. Иккилээх-үстээх кырачаан сиэн-уолаттар дьиэ дьоно, уһуйаан иитиллээччилэрэ.

Петр Баттахов хоббита – дьиэ тутуута. Барыта сүүрбэ биир дьиэни уонна квартираны, сүүрбэ биир массыынаны уларыппыт. Харытын күүһүнэн уонтан тахса дьиэни туппут. Бэйэтин харчытынан. Оҕолорун барыларын дьиэлээбит. Новопортовскойга бэйэтэ туппут дьиэтигэр олорор, тэлгэһэтигэр гараж, баанньык, тэпэлииссэ о.д.а тутуулар элбэхтэр.

Петр Баттахов күннээҕи сүрүн дьарыга – сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэ. Сарсыарда алта чааска туран оҕуруотун, тэпэлииссэтин бэрийэр, дьаһайар. Онтон сүүрэр, этин-хаанын ириэрэр, былчыҥнарын, сүһүөхтэрин имитэр-хомутар, ууннаҥнатар. Бэйэтэ оҥорбут штангалардаах, снарядтардаах, гиирэлэр, гантеллэр бааллар. Үлэтин быыһыгар дьарыктанар, "Модун" спорткомплекска баран эмиэ эрчиллэр. Күн солото суох.

Спордунан дьарыктанан, чэгиэн туруктаах, олоҕор дьолу булбут Петр Петрович Баттаховы ыараханы көтөҕүүгэ аан дойду чөмпүйүөнүнэн буолбутунан эҕэрдэбитин тиэрдэбит! Аны да кыайыылар-хотуулар кэлэ туралларыгар баҕарабыт!

               

Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ

Поделиться:

#Новости