2010 с. Сингапурдааҕы ыччаттар Олимпийскай оонньууларын чемпионката, 2012 с. XXX Лондоннааҕы олимпийскай оонньууларга художественнай гимнастикаҕа бөлөҕүнэн толорууга чемпионката, Аан дойду чемпионаттарын, Аан дойду кубогын уонна Европа күрэхтэһиилэрин элбэх төгүллээх кыайыылаахтара, 2013 сыллааҕы Казань куоракка ыытыллыбыт бүтүн Аан дойдутааҕы XXVII сайыҥҥы Универсиада үс төгүллээх чемпионката, Россия спордун үтүөлээх маастара Ксения Павловна Дудкина Покровскай к. спорт дыбарыаһыгар спорду таптааччылары кытта уонна кырачаан спортсменкалары кытта көрүстэ. Кинини дьүөгэтэ, художественнай гимнастикаҕа “Виолетта Иванова кыһата” спортивнай кулууп салайааччыта Виолетта Семеновна Иванова уонна СӨ художественнай гимнастикаҕа федерациятын толорооччу дириэктэрэ Ньургуйаана Юрьевна Заморщикова арыаллаан кэлэ сырыттылар.
Ыалдьыппыт К.П.Дудкина санаатын маннык үллэһиннэ:
- Мин Омскай куоракка төрөөбүтүм, алта аҥаар сааспыттан художественнай гимнастиканан дьарыктаныыбын саҕалаабытым. Онно бэлиэтии көрөннөр Москваҕа ыҥырбыттара, Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитим. Виолетта Семеновнаны кытта билсибитим үс сыл буолла. Кини ыҥырыытынан кэлэммин көмөлөһөр этим, маастар-кылаастары ыытааччыбын. Билигин “Виолетта Иванова кыһата” спортивнай кулуупка тренеринэн үлэлиибин. Мин Саха сиригэр художественнай гимнастика сайдыан баҕарабын. Спорт бу көрүҥэ киһини бэрээдэктээх, кэрэ буолууга уһуйар, кыыс оҕо кыраһыабай буолуохтаах. Покровскайга спортивнай кулууп филиала баар, ол быһыытынан бу кырачаан кыргыттары эрчийэбит, манна тренер-хореограф Анна Афанасьевна Матус тренер быһыытынан саҕалааһыннара куһаҕана суохтар. Биһиги үүнэн иһэр гимнасткалары эрчийиигэ кыһаллыахпыт, оттон художественнай гимнастика түргэнник сайдыа, - диэн санаатын үллэһиннэ олимпийскай чемпионка. Бу көрүҥҥэ Сахабыт сирин бастакы хараҥаччыта Виолетта Иванова киэҥ далааһыннаах үлэни ыытар.
- Биһиги спортивнай кулууппут сүрүн филиаллара Дьокуускай к. уонна Покровскайга к. бааллар, быһа холоон 3 саастарыттан 13-гэр диэри, 200-чэ эдэр гимнасткалар эрчиллэллэр. Бу көрүҥүнэн эрчиллиэн баҕалаах оҕо олус элбэх, ол гынан баран биһиги кытаанах талыыны ыытабыт. Ирдэбилбитигэр саамай сүрүнэ оҕо бу көрүҥүнэн дьарыктанарга тус баҕата буолар. Манна күүстээхтэн күүстээхтэр, дьулуурдаах уонна дьүккүөрдээх оҕолор хаалаллар. Соторутааҕыта буолан ааспыт Дьокуускай куорат аһаҕас чемпионатыгар олус күүскэ бэлэмнэммиппит. Эрчиллэр түмсүүлэргэ элбэхтик сылдьабыт, айанныыбыт. Билиҥҥи сыалбытынан, Покровскайдааҕы филиал үлэтин атаҕар бигэтик туруоран баран атын улуустарга эмиэ маннык филиаллары арыйарга былаанныыбыт. Покровскайдааҕы филиал арыллыытыгар спорт дыбарыаһын дьаһалтата, чуолаан О.И.Иванов элбэхтик кэпсэтэн, дьаныһан туран манна филиалы арыйтарбыта. Олег Иннокентьевич спорт бу көрүҥэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сайдыахтаах, онно Хаҥалас улууһун оҕолоро эрчиллиэхтээхтэр диэн тута дьарыктанар саала биэрбитэ,- диэн туран Олег Иннокентьевич ыытар үлэтин сөҕөрүн биллэрдэ Виолетта Семеновна.
Биһиги оҕолорбут бу соторутааҕыта буолан ааспыт Дьокуускай к. чемпионатын призердарынан уонна кыайыылаахтарынан буолбуттара. Сэтинньи ый 16-17 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ турнирыгар кыттыахтара.
Сэттэ сылы быһа Россия спорка бэлэмниир киинигэр, художественнай гимнастика Аан дойду таһымнаах маастардарын, олимпийскай чемпионкаларын кытта бииргэ сахалартан соҕотоҕун эрчиллибит Виолетта Иванова дьүөгэтинээн олимпийскай чемпионка Ксения Дудкиналыын Сахатын сирин иннигэр ытык иэстээх курдук сананан үлэлии-хамсыы сылдьара олус кэскиллээх.
Уйбаан УЙГУУРАП,
ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.