Биһиги, сахалар, олох сырдыкка-кэрэҕэ ыҥырар-угуйар бары көстүүлэрин ис сүрэхпититтэн, өйбүтүнэн-санаабытынан ылынар, үрдүккэ талаһар омукпут. Мөлтөөбүтү-кыамматы аһынабыт, күүстээҕи-күдэхтээҕи өрө тутабыт. Төһө кыалларынан инники диэки дьулуһабыт. Тыйыс айылҕалаах буоламмыт, баҕар, оннук оҥоһуулаахпыт буолуо. Ыарахаттарга бэриммэт, өһөс, дьүккүөр, кытаанах санаалаахпыт. Тулуурдаахпыт, сындалыйбат уһун тыыннаах уһунньуппут, эстибэт эрчимнээхпит. Итиэннэ, биир сүрүн уратыбыт – үгэстэри ытыктыыбыт, сүгүрүйэбит. Ол арылхай холобурдарынан, былыргы удьуордарбытыттан утумнанан бүгүҥҥү аныгы олохпутугар тиийэн кэлбит өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын, оонньууларын аан дойдуга тиийэ тэнитэ, тарҕата, сайыннара сылдьарбыт буолар.
Мин бүгүн кэпсиэхпин баҕарар спордум көрүҥэ – ытыы. Булт саатынан, доруоп саанан ытыы көрүҥэ. Аныгылыы аата – спортинг. Хайа баҕарар көрүҥү биирдиилээн уһулуччу дьоннор таһаараллар, кинилэр ситиһиилэрэ, көрдөрүүлэрэ уос номоҕор киирэллэр, кэрэ кэпсээҥҥэ тиһиллэллэр. Ыраатан-тэнийэн, барыбыт киэн туттуутунан буоланнар, сөҕүүнү-махтайыыны үөскэтэллэр.
Сахалар тииҥи тириитин буортулаабат туһуттан харахха табар кыраҕы харахтаах, саанан хамсаабакка туран ытар, кытаанах тарбахтаах, сорсуннаах булчут бэртэрэ буоларбытын, уоттаах сэриигэ элбэх ахсааннаах өстөөҕү суоһарар бэргэн ытааччылар буоларбытын үгүс улахан омуктар билэллэр. Сөҕөллөр, астыналлар, ытыктыыллар уонна билинэллэр.
Улахан спорка чороҥ соҕотоҕун киирбэккин, эмискэ баар буола түспэккин. Барыта букатын эрдэттэн кичэллээхтик толкуйданан оҥоһуллубут тэрээһиннэртэн, дьону түмүүттэн тутулуктаах. Ырааҕы көрөр дьоҕурдаах тэрийээччилэр, сатабыллаах салайааччылар быһаарыылаах күүһүнэн буолаллар. Ханнык да уһулуччулаах уонна улуу дьыала букатын дуона суохтан, кыраттан саҕыллар. Улахан спорка киирии эмиэ оннук бэрт судургу дьыалаттан саҕаланар.
Бүтүн омугу биир үтүө киһи соргулаахтык ааттатар.
Бастыҥ үлэлээх федерация
Макаров Иван Константинович, өтөрдөөҕүтэ, "Туймаада-нефть" салайа олорон, киин куораттарга булт саатынан ытыы көрүҥэ баарын билэн-көрөн, сахатын хаана оргуйан кэлбитэ уонна бу спортинг диэн аатынан биллэр спорт көрүҥүн сайыннарарга бигэ санаа ылыммыта. Бу элбэх үбү-аһы, ороскуоту эрэйэр спорт көрүҥэр, бэйэтин тула онуоха эппиэттэһэр дьону мунньан, балачча элбэх буоланнар, саҥа көрүҥүнэн үлүһүйбүттэрэ. Спортинг федерацията тэриллибитэ. Календарнай былаан оҥоһуллан, сыллата, республика күрэхтэһиилэрэ ыытыллыбыттара, бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттыбыттара. Бастакы спорт маастардара тахсыталаабыттара. Санаа да бөҕөхсүйбүтэ. Ааспыт сыллар түмүктэринэн олимпийскайа суох спорт көрүҥнэригэр лауреат аата иҥэриллибитэ. Онтон стендэбэй ытыы олимпийскай көрүҥэ федерацияҕа эбиллэн, тэрээһин бүгүн далааһына быдан кэҥээтэ. Ыччаттар сөбүлээн ылсан эрэллэр. Сахабыт сиригэр булт саатынан ытыыны сайыннарар инниттэн, үгүс кэпсэтиилэр түмүктэринэн, 2016 сыллаахха Дьокуускайга буолар "Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы алтыс спортивнай оонньуулар программаларыгар стендэбэй ытыы көрүҥэ киллэриллиитэ ситиһиллэн, оскуола саастаах оҕолор дьарыктанан эрэллэр. Спортинг "Бэргэн" ытыы баазатыгар стендэбэй ытыы площадкалара оҥоһуллан эрэллэр.
Онон хамсааһын улахан.
Быйылгы ытыы сезона түмүктэннэ. "Бэргэн" уонна "Орто Дойду" базаларыгар барыта 16 күрэхтэһиилэр буоллулар. Ытааччылар ахсааннара эбиллэн, маастарыстыбалара тупсан иһэр. Республика иһинээҕи турнирдарга, оҕолору киллэрэн туран, сүүсчэкэҕэ тиийэ кыттааччы кэлээччи. Россия ытар площадкаларыгар биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин күрэхтэһиилэргэ үрдүк ситиһиилэр бааллар. Россия чемпионатыгар улахан спортиҥҥа бастаатылар уонна дуплетнай спортиҥҥа иккис миэстэлэннилэр.
Ордук табыллан, былырыыҥҥы аан дойду чемпиона Айаал Макаров күрэхтэстэ. Сэттэтэ күрэхтэспититтэн, биэһигэр бастаталаата! Сахалар өтөр-наар ситиспэтэх кирбиибитин ылла. Италияҕа буолан ааспыт Европа чемпионатыгар икки сүүс ытыыттан 199 табыыны оҥорон рекорд олохтоото! Онон, сахалар, чахчы мындыр уонна бэргэн ытааччылар буоларбытын өссө төгүл итэҕэттэ. Иван Константинович этэринэн, ытыыны сыаналааччылар астыналларын биллэрэллэр. Айаал Макаровы лидер быһыытынан ылыналлар.
Дуплетнай ытыыга Николай Кобяков Россия чемпионун үрдүк аатын сүктэ. Уолаттарбыт компакт-спортиҥҥа бэйэлэрин тэҥ саастыылаахтарыгар бастаатылар. Спорт ветерана Василий Михайлович Алексеев уонна уолаттарга Сунтаартан Володя Петров дойду чемпионатыгар кыттаннар, маастар нуорматын толордулар. Маастарга кандидат, бастакы разряд нуорматын толорбуттар элбэхтэр. Саха сирин хамаандатын ытааччылара куруутун инники күөҥҥэ сылдьалларын иһин, үчүгэй бэлэмнээх, күүстээх сүрүн утарсааччыларынан көрөр буоллулар. Эдэр, дьоҕурдаах ытааччылар тахсан эрэллэр.
Хайа да үтүө саҕалааһын өйөөччүлэрдээх буоларыныы, спортинг уонна стендэбэй ытыы федерациятын саҕалааһыннарын таба өйдөөннөр, спорт министиэристибэтэ (Гуляев М.Д.), оҕо спордун уонна спорка солбугу бэлэмнээһин управлениета (Егоров В.И.), спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолата (Игнатьев А.А.) ылынаннар, федерация ыытар дьаһалларыгар көмө-тирэх буолан, ытыы олимпийскай көрүҥнэрин сайыннарарга, "Азия оҕолорун" оонньууларыгар бэлэмнэниилэргэ бииргэ үлэлэһэллэр. "Круг", Траншея" диэн толору компьютеринэн, технология көрүҥнэринэн сэбилэммит стендэбэй ытыы олимпийскай балассааккаларын тутуу күргүөмнээхтик саҕаланна. Бэс ыйыгар бүтэн, бэлэм буолуохтаахтар. От ыйын маҥнайгы күннэригэр "Азия оҕолорун" оонньууларын кыттыылаахтара, дойду регионнара, омуктар кэлэн күрэхтэһиэхтэрэ. Барыта чуолкай, эҥкилэ суох буолуохтаах. Маныаха республика Аҕа баһылыгын уонна правительство төһүү күүс буолаллар. Киэҥ хоннохтоох, улахан суолталаах хардыылар!
Оҕо спордун управлениета хамаанданы бэлэмнээһиҥҥэ ыкса ылсан үлэлиир. Ытыы спорда сайдыыбыт Татарстан Республикатыгар эдэр ытааччылары үөрэнэр-эрчиллэр түмсүүлэргэ хас да төгүл илдьэ бара сылдьыы тэрилиннэ. Дьоҕурдаах уолаттарбыт ытыыга аналлаах Казаннааҕы олимпийскай эрэл училищетыгар киирэн үөрэнэр кыахтаннылар. Бастыҥ оҕолорбут хамаандаҕа сүүмэрдэнэн, Сахаларын сирин көмүскүөхтэрэ.
Спортинг уонна стендэбэй ытыы федерациятын сүрүн сыала-соруга: ытыыга аналлаах базаны бөҕөргөтүү, олимпийскай ытыы көрүҥнэринэн дьарыктаныы уонна дойду бастыҥ ытааччыларын бэлэмнээһин. Ытыыга үчүгэй көрдөрүүнү ылары ситиһиини аҥардас ытар спортсмен быһаарбат. Үчүгэй ытыы хайдах сэптээххиттэн-сэбиргэллээххититтэн эмиэ тутулуктаах. Итиниэхэ олоҕуран, Саха республикатын спорка миниистирэ Михаил Гуляев аан дойдуга биһирэнэр стендэбэй саалары ылыыга биллэрбит аукционугар 12 саалар номнуо ылылыннылар. Аны 52 устуука тэриэлкэлэри таһаарар массыыҥкалары, компьютердары, акустическай систиэмэни ылыыга аукцион биллэрилиннэ. Онон сыыйа барыта ситэн-хотон, стендэбэй ытыылар күрэхтэһиилэригэр аналлаах табыгастаах усулуобуйалар тэриллиэхтэрэ.
Бэргэн ытааччы
Россия, Европа, аан дойду чемпиона Айаал Макаров ити хас биирдиибитигэр тиксибэт дьоһун ааты-суолу төһөлөөх эрчиллиинэн, үгүс үлэнэн, көлөһүн тоҕуутуннан ылбытын бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.
Дьэ, ситиһии кистэлэҥэ туохханый?
Бастатан туран, күүстээх ис кут, туруоруммут сыалы булгуччу ситиһэр дьулуур, бэйэҕэ эрэнии. Ити олох бары өрүттэригэр. Айаал Григорьевич спортинг көрүҥэ үөдүйүөҕүттэн дьарыктанан барбыта. Ситиһии тута кэлбэтэҕэ. Республика турнирдарыгар миэстэлэспэт этэ. Кыра тиийбэтэ. Кэмниэ-кэнэҕэс, сордоһон-сордоһон, маастары толорбута. 2006 сыллаахха. Маастар аатын ылбыт киһи быһыытынан тохтуохха да сөп эбитэ буолуо да, ол Айаал Макаровка эрэ буолбатах. Маастар аатын сүгүү салгыы өссөүрдүк үрдэллэри дабайыыга кынаттаабыта, кэккэ толкуйдары үөскэппитэ. Дохсун санаатын толорорго эмиэ кэккэ сыллар ааспыттара. Киэҥ сырыы-айан, элбэх күрэхтэһиилэр суола-ииһэ суох хаалбатахтара. Россия бастыҥнарын, чулууларын кытта доҕордоспута. Кирилл Юрьевич Гончаров диэн норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарын, Россия тренерин кытта бииргэ эрчиллибиттэрэ. Тренер быһыытынан билинэр. Сыыһаларбын көннөрүүгэ күүскэ үлэлээбиппит диэн улаханнык махтанар. Улахан чемпионаттары кыайталааннар, сөп хайысхалаахтык, таба суолунан дьарык баран иһэллэрин билэннэр, күүстэригэр күүс, кыахтарыгар кыах эбиллибитэ. Мишени (сыалы) таба көрөргөүөрэммитэ, психологическай бэлэмнэнии суолтатын өйдөөбүтэ, ытыы мындыр техникатын баһылаабыта. Сөптөөх экипировкаламмыта, сааламмыта. Хайа да омук дойдутугар тиийдэр, кыбыстыбакка сылдьар гына толору сэбилэммитэ. Дьиэ-кэргэҥҥэ, тустаах үлэҕэр, барыта этэҥҥэ буоллаҕына, ону таһынан бэйэҥ чэгиэн-чэбдик буоллаххына, туруоруммут сыалгын-соруккун ситиһиэххин сөп диэн куруутун этэр.
Ситиһии чэпчэкитик, күдээринэ кэлбэтин, өр, утумнаах эрчиллии, дьарык эрэ кэнниттэн көрдөрүү кэлэрин санатар. Уонча сыллар усталаах-туораларыгар ытыы техникатын дьэ булан эрэрин, ытыы диэн муҥура суоҕун бэлиэтиир. Ытыы спорда ол курдук умсугутуулаах. Төһөнөн ытарын элбиир, сыл-хонук ааһар да, соччонон билбэтин дьэ арыллан иһэр диэн этэр. Ол курдук, ытыы траекториялара, ытар сирин-уотун, хайалара, аппалара-дьаппалара, тыа быыһа, түһүүлээх-тахсыылаах сирдэр уларыйаллар, онуоха, барыларын хараххынан тута быһаара охсуу эрэйиллэр. Киһи билбэтэ элбэх, сааһын тухары үөрэниэхин наада диэн этэр. Уонна биллэн турар, ытар үөрүйэҕин быһаарар. Ханнык да бэйэлээх мишени сэниир табыллыбат, хас биирдии мишень көмүскэ тэҥнээх диэн ааҕар. Кырдьык да олус бэргэн этии – хас биирдии очко "көмүскэ тэҥнээх" буоллаҕа.
Хайдах барыта биир тэҥҥэ баран иһиэҕэй? Түһүү-тахсыы хаһан-ханна да баар. Ордук табыллыбакка сылдьар кэмҥэр, хомойорун, кыҥаабакка да ытарын, ыгылыйарын, чэпчэки мишени сыыһарын, ол да ханна барыаҕай? Буолуталыыр түгэннэр.
Дьэ, итинник түгэннэргэ, чаҕылхай туругун быһаарар. Эт-сиин, илии-атах, сис былчыҥ эрчиллиилэрэ, хомуллуулаах буолуу, уйулҕа ырааһа, медитация, хараххын харыстааһынын, чөл сылдьыыҥ, тулалыыр эйгэҕэ, дьоҥҥо сыһыаныҥ киирэллэр. Хапсаҕай албастарыгар үөрэнэн орто дойдуга тирэхтээхтик, эрэллээхтик сылдьар. Үтүө киһини ыччат утумнуур. Төрүт дьарыкпыт – булт саатынан ытыы спорда сайдар кэскиллээх. Инникилээх.
Оннук эрэ буоллун!
Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ