Дэгиттэр спортсмен, волейболист, баскетболист бэрдэ, теннисист үтүөкэннээҕэ, суоһарыылаах охсуулардаах боксер, сиртэн-буортан тэйбиттии, сүр чэпчэкитик туттан-хаптан сүүрэр-кылыйар, сахалыы атах оонньуутун маастара, күрэхтэһиилэр үгүс түһүлгэлэрин киэргэппит, бэйэтин кэмин ыччаттарыгар эрэ буолбакка, күн бүгүнүгэр диэри үтүө холобурунан туһанар Алексей Алексеевич Собакин кэриэһигэр уонна 75 сылыгар аналлаах СахаВА төрүттэммитэ 25 сылынан республика сахаваболга турнира Чурапчы Одьулуунугар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. СахаВА президенэ Сергей Иванович Иванов, олохтоохтортон, Аграрнай техникум физкультураҕа учуутала Анатолий Васильевич Ефремов, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Александр Петрович Старостин эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Альбина Иннокентьевна Поисеева биир дойдулаахтарыгар – Аграрнай техникум уонна Одьулуун нэһилиэгин хамаандаларыгар 25-тии толору комплект суруктаах-бичиктээх спортивнай формалары Москва курдук ыраах сиртэн сүгэн-көтөҕөн аҕалан бэлэхтээбитэ, үтүө санааны үөскэтэн, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Уһулуччулаах спортсмен, дьоҕурдаах физкультура учуутала
Алексей Собакин чугас доҕотторо, бииргэ күрэхтэспит үөлээннээхтэрэ, республикаҕа, Дальнай Восток уонна Бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһиилэргэ кыайыы көтөллөммүт дьоһун дьон, Клара Алексеевна Оконешникова, Альбина Иннокентьевна Поисеева, Петр Петрович Оконешников, Герасим Степанович Платонов, Клара Васильевна Макарова, 1950-60 сыллар үөрэнээччилэрэ истиҥ-иһирэх тылларынан ахтан-санаан аастылар.
Алексей Алексеевич төрөөбүт оройуонун спордун сайдыытыгар бөдөҥ кылаатын киллэрбитэ.
Үтүө-мааны төрөппүттэрин, НКВД начальнигынан, Госбанк управляющайынан үлэлээбит, кылыыһыт аҕатын Алексей Николаевич Собакины, Саха сиригэр биллэр иистэнньэҥ, уран тарбахтаах норуот маастара, сааһыт, булчут бастыҥа, сэбэрэлээх кэрэтэ ийэтин Софья Алексеевнаны утумнаан, Алексей Собакин дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕотуттан-кырдьаҕаһыгар диэри эйэҕэс сыһыаннааҕа, спорт маассабай көрүҥнэригэр, физкультура учууталын да быһыытынан, инники күөҥҥэ сылдьара.
1957 с. былыргы таҥара дьиэтигэр спорт көҕүлээччилэрэ Борис Гаврильевич Тытыгынаев уонна Аскольд Трифонович Кулаковскай остуол тенниһин көрдөрбүттэригэр, аан бастакынан, Клара Алексеевна Оконешникова, Любовь Дмитриевна Попова, Семен Николаевич Прокопьев, Виталий Михайлович Неустроев, Алексей Алексеевич Собакин умсугуйан туран дьарыктаммыттара. Чоҕулуччу көрбүт кыра кылаас уолун Петя Оконешниковы теннискэ уһуйбут Алексей Алексеевич Собакин. Кэлин, Слава Догордуров, Альбина Поисеева, Мария Кронникова уо.д.а. республиканы кыайыталыыллара. Дальнай Востокка, Россия тыатын сиригэр тиийэ тахсыылаахтык оонньууллара.
Петр Петрович Оконешников кэпсииринэн, 1959 с. Алексей Собакин хапытааннаах Чурапчы баскетболистара "Спартак" стадионун павильонугар Дьокуускай оҕолорун 50 очконан сабырыйаннар, ыраас техническэй кыайыыны ситиспиттэрэ, оонньуу эрдэ тохтотуллубута. Итинник оонньуу хатылана илигин, аны хатыламматын да сөҕөн кэпсиирэ истэргэ олус интэриэһинэй түгэн. Кылгыс сиргэ сүүрүүлэргэ Чурапчы стадионугар Иван Захаров, Петр Посельскай, Алексей Собакин үһүөн тутуспутунан тэбис-тэҥҥэ биэтэккэ кэлэллэрэ бэйэтэ ураты эриэккэс көстүү буолара! Атах оонньуутугар Петр Посельскайдыын сайыццы спартакиадаларга хардарыта оройуон рекортарын тупсартыыллара, умнуллубат кэрэ кестуулэр. Нэһилиэктэр ыһыахтарын матассыыкылынан кэрийэ сылдьан мүһэлэри хомуйталыыллара.
Сайынын, ыһыылаах-хаһыылаах волейболга үс туман түһүөр диэри түүннэри киирсиилэр, оройуон спартакиадаларыгар хатыьыылаах оонньуулар буолуталыыллара. Бырааттыы Григорий, Василий Оконешниковтар, Уйбааскы Поисеев, Дмитрий Собакин, Алексей Собакин волейбол күрэхтэһиилэрин киэргэллэринэн буолаллара. 1968 с. Василий Оконешников, Виталий Неустроев, Алексей Собакин, Михаил Нахоев, Герасим Платонов буоланнар Дальнай Востокка республика хамаандатыгар киирсэн күрэхтэһэн, волейбол мындырдарыгар уһуйуллан кэлбиттэрэ. Республика "Урожайыгар", Саха сирин Спартакиадаларыгар тахсыылаахтык оонньууллара. Алексей Собакин ураты хатыламмат техникалааҕа, атаҕар кыанар буолан үөһээ күөрэччи ойон тахсан мээчиги күүскэ охсоро, мээчиги аһарбат, халбаҥнаппакка тутар блоктааҕа. Кылбаа маҕан кыыс кыраһыабай Алексей Собакины үгүс спортсменнар үчүгэйдик билэллэрэ, ылыналлара, ытыктыыллара. "Алексей Собакин дуо?", - дэтэрэ. Кыыс бөҕө билсэ сатаан кистии-саба ытаабыт уолана этэ. Сэмэйэ бэрт буолан кыргыттарга чугаһаабатаҕа, эдэрдии эрчимин, өйүн-санаатын спорка анаабыта.
Киһи быһыытынан, дьоҥҥо-оҕолорго сыһыанынан, майгылаах мааныта этэ.
Физкультура учууталынан үлэтин Кытаанахтан саҕалаабыта. Таптыыр кыыһынаан Пашатынаан сурэхтэрин холбоон ыал буолбуттара, Одьулууҥҥа олохсуйан уһуннук үлэлээбиттэрэ. Билигин уолаттара Леонидтаах Петр туруу үлэһиттэр, сиэннэр, хос сиэннэр улааталлар. Алексей Алексеевич оскуола оҕолоругар наһаа үчүгэй сыһыаннааҕа, учууталларын кэнниттэн кус оҕолорун курдук батыһаллара. Оройуон оскуолаларыгар күрэхтэһиилэригэр мэлдьитин миэстэлэһэллэрэ. Тренер быһыытынан дьоҕурдааҕа, оҕолору бэйэтигэр тардар, тылын иһитиннэрэр хаачыстыбалааҕа. Талааннары таба көрөр дьиҥнээх иитээччи, учуутал, чугас доҕор-атас быһыытынан биллэрэ. Оҕо уйулҕатын эндэппэккэ билэрэ, кыайыыга эрэл санааны иҥэрэри сатыыра. Иитэр-үөрэтэр оҕолоро кыайтардахтарына, хоттордохторуна да мөхпөтө. Оҕолор оҥорбут сыыһаларын таба өйдүүллэригэр, кыахтарын бэйэлэринэн билинэллэрин, кыайыыга дьулуһууну сатабыллаахтык үөскэтэрэ. Учууталларын таҥара курдук көрөллөрө. Кини болҕомтотун ылбыт оҕо бэйэтин дьоллооҕунан ааҕынара.
Эрийсиилээх киирсиилэр
Дьокуускайтан "Туймаада", "Аргыс", Мэҥэ Хаҥаластан "Хотун Төҥүлү", Тааттаттан, Уус Алдан Сыырдааҕыттан, Чурапчыттан "Маарыкчаан", Одьулуун, Чыаппара, барыта аҕыс хамаанда түмсэн сахавабол диэн волейбол саҥа көрүҥэр күрэхтэстилэр. Хамаандалар састааптара, түөртүү эр дьон уонна дьахталлар. 45-гэр, 50-гар, 55-гэр уонна 60-тан үөһэ саастаахтар. Саастаахтар хаһыа да буолуохтарын сөп. Күрэхтэһии балаһыанньата атын-атын күрэхтэһиилэргэ хамсатыллар, уларытыллар.
Кылаабынай судьуйанан Афанасий Эдуардович Кузьмин үлэлээтэ.
Аграрнай техникум үс этээстээх толору хааччыллыылаах таас дьиэтин спорт саалатыгар уонна нэһилиэк арочнай спорт саалатыгар икки бөлөҕүнэн күрэхтэстилэр. Маҥнайгы бөлөххө сыырдаахтар уонна Хотун Төҥүлү хамаандалара, иккис бөлөххө Туймаада уонна Аргыс хамаандалара полуфиналга уонна финалга утарыта тахсан киирсии киэнэ кытаанаҕын көрдөрдүлэр.
Сахавабол балассааккатын сурааһыннарыттан, кээмэйиттэн саҕалаан уратыта элбэх. Эр дьон туспа, дьахталлар туспа оонньууллар. Түөртүү очкону ылыстахтарына солбуйсан иһэллэр. Дьиҥ хамаанда туһугар интэриэстээх оонньуу. Холобур, дьахталлар хоттордохторуна, эр дьон киирэн балаһыанньаны тэҥнииллэр. Ыһыылаах-хаһыылаах, хамаанда кыайарын туһугар улахан сыралаах киирсиилэр. Хамаандалар бары да тэҥ баайыылаахтар. 26:24, 28:26 хотустулар. Иккис күн, миэстэ иһин киирсиилэр болҕомтону тартылар. Саала иһэ биир-кэм өрө ньиргийэн олордо.
Үһүс миэстэ иһин киирсиигэ Афанасий Кузьмин, Михаил Сергеев, Николай Колесов, Валерий Дьячковскай, Светлана Пинигина, Люция Колесова, Ульяна Макарова, Светлана Соломонова волейболистардаах "Аргыстар" Иван Неустроев хапытааннаах, Гаврил Черкашин охсооччулаах Сыырдаахтары хоттулар. Бастакы миэстэ иһин оонньууга Янис Ефимов, Семен Афанасьев, Константин Сидоров, Егор Васильев, Лена Васильева, Зинаида Афанасьева, Марианна Тимофеева, Лилия Сидорова састааптаах "Туймаада" хамаандата Николай Баишев, Гаврил Колосов, Тиит Иванов, Роман Яковлев, Александра Иванова, Полина Гуляева, Гертруда Рожина, Анна Томская оонньооччулардаах "Хотун Төҥүлү" хамаандатын сабырыйда. "Туймаадаларга" 45 саастаах 190 см үрдүктээх Янис Ефимов элбэх кыайыы очкотун аҕалла. Семен Афанасьев блоктара эмиэ үчүгэйдэр.
Күрэхтэһии түмүгүнэн, "Бастыҥ оонньотооччуларынан" Афанасий Кузьмин (Аргыс), Ирина Боярова (Сыырдаах); "Бастыҥ быһааччыларынан" Янис Ефимов (Туймаада), Айталы Сергеева (Сыырдаах); "Бастыҥ көмүскээччилэринэн" Николай Баишев (Хотун Төҥүлү), Лилия Сидорова (Туймаада) ааттаннылар.
СахаВА өйдөбүнньүк Кубоктарын, мэтээллэрин, дипломнарын сэргэ, анал бириистэри оскуоланы 1967, 1970, 1971, 1972, 1973 сылларга бүтэрбиттэр, итиэннэ, СахаВАны төрүттээбит Александр Петрович Керемясов аймахтарын ааттарыттан Иван Николаевич Парфенов туттартаатылар.
Алексей Собакиҥҥа аналлаах кэлэр турнир аны биэс сылынан буолуоҕа.
Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Хараҕын хайгыы көрөр, күрэхтэһэллэриттэн астынар-дуоһуйар, сөҕөр-махтайар, биирдиилээн спортсменнар баар буолааччылар. Дэгиттэр спортсмен, волейболист, баскетболист бэрдэ, теннисист үтүөкэннээҕэ, суоһарыылаах охсуулардаах боксер, сиртэн-буортан тэйбиттии, сүр чэпчэкитик туттан-хаптан сүүрэр-кылыйар, сахалыы атах оонньуутун маастара, күрэхтэһиилэр үгүс түһүлгэлэрин киэргэппит, бэйэтин кэмин ыччаттарыгар эрэ буолбакка, күн бүгүнүгэр диэри үтүө холобурунан туһанар Алексей Алексеевич Собакин кэриэһигэр уонна 75 сылыгар аналлаах СахаВА төрүттэммитэ 25 сылынан республика сахаваболга турнира Чурапчы Одьулуунугар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. СахаВА президенэ Сергей Иванович Иванов, олохтоохтортон, Аграрнай техникум физкультураҕа учуутала Анатолий Васильевич Ефремов, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Александр Петрович Старостин эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Альбина Иннокентьевна Поисеева биир дойдулаахтарыгар – Аграрнай техникум уонна Одьулуун нэһилиэгин хамаандаларыгар 25-тии толору комплект суруктаах-бичиктээх спортивнай формалары Москва курдук ыраах сиртэн сүгэн-көтөҕөн аҕалан бэлэхтээбитэ, үтүө санааны үөскэтэн, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.