түөрт сылга биирдэ тэриллэн ыытыллар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр Спартакиадата үгэннээн бара турар. Быйылгы 5-ис Спартакиадаҕа кыттыыны ыла кэлбит хамаандалар, тэрийэр-салайар үлэһиттэр, судьуйалар, суруналыыстар, Алданынан, Нерюнгринэн түһэр-олорор, күрэхтэһэр сирдэрин автобустарынан, араас массыыналарынан, поеһынан, самолетунан айаннаан булатаабыттара. Арыый эрдэ тиийбиттэр, маҥнайгы күннэргэ сүүрэр суолларын үөрэтэн-чинчийэн билистилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, 16 хамыыһыйалардаах Өрөспүүбүлүкэ тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, физическэй культура уонна спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, миниистир солбуйааччыта Гаврил Мохначевскай, физической культура уонна маассабай спорт Управлениетын начальнига Роман Оконешников, үүннээн-тэһииннээн салайаллар. Спартакиада сүрүн судьуйатынан Бүтүн Россиятааҕы категориялаах судьуйа Альберт Иванович Трофимов, сүрүн сэкэрэтээрэ Гаврил Викторович Трофимов, Алданнааҕы хайыһар Киинин баазатын тутан олорор Олимпийскай солбук оҕо спортоскуолатын дириэктэрэ Максим Скупой үлэлииллэр. көрөн-истэн, салайаллар. Тэрээһиннэр сүнньүлэринэн сүбэ-мунньахтары, кэпсэтиилэри ыыталлар, ыйыылары-кэрдиилэри биэрэллэр.
Алдан хайыһарын суолларыгар спорт сэттэ көрүҥнэригэр: хайаттан хайыһарынан түһүүгэ, слаломҥа, хайыһарынан куоталаһыыга, биатлоҥҥа, кыһыҥҥы ориентированиеҕа, кыһыҥҥы многоборьеҕа, шорт-треккэ; Нерюнгригэ хоккейга, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа уонна хотугу многоборьеҕа күрэхтэһиилэр болҕотону тардаллар. Кыһыҥҥы Спартакиада аан-бастаан 2008 сыллаахха ыытыллыбыта. IV-үс Спартакиада ковидтан көһөрүллэн, 2021 с. буолбута. Онно, Сахабыт сирин күүстээх хайыһардьыттара, спорт маастардара Коконкин Андрей, Катлярчук Ярослав, Рыбкин Владимир, Клуген Александр уонна Шестаков Никита икки ардыларыгар сытыы киирсиилэр Спартакиада күүрээнин үрдэппиттэрэ. Хамаанданан түмүккэ, 1-кы бөлөххө Дьокуускай, Нерюнгри, Алдан оройуоннара; 2-ис бөлөххө Амма, Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас улуустара; 3-үс бөлөххө Томпо, Өймөкөөн, Уус-Майа, 4-үс бөлөххө Муома, Аллайыаха, Анаабыр улуустара бастакы. Иккис, үһүс миэстэлэри ылаттаабыттара”.
Быйылгы Спартакиада программатын быһыытынан, кэлбит спортсменнар бэйэлэрин спортарын көрүҥнэринэн хайыһар Киинин трассаларынан тиэтэйбэккэ аа-дьуо анньынан, “классикалаан”, “коньковайдаан” сыыйдылар. Киин биэс этээстээх тупсаҕай, эргиччи хааччыллыылаах гостиница-корпуһугар үрдүттэн олорон, аһыыллар, утуйаллар, сынньаналлар, спортивнай саалаларыгар уонна стадиоҥҥа дьарыктаналлар. Этэргэ диэри, таһырдьа таҕыстылар да, дьиэлэрин ааныттан хаһыйардарын кэтэллэр уонна анньынан кэбиһэллэр. Бу мааны, сиэдэрэй дьиэҕэ-уокка, хайыһар дьоһун базатыгар, дэлэҕэ, Россия Олимпийскай хамаандата бүтүннүү көһөн кэлэн Алдан тайҕатын күһүҥҥү маҥнайгы хаарыгар ыйы-ыйынан эрчиллэн, күүс-уох ылан бараллар. Сахабыт сирин бастыҥтан-бастыҥ хайыһардьыт оҕолоро, ыччаттара, аҕам саастаах ветераннар, олимпиецтары кытта бииргэ аһаан-сиэн, тэҥҥэ дьарыктаналлар. Хатас оҕо спортоскуолатын тренерэ Степан Степанович Контоев иитиллээччилэрин сыллата, кэмиттэн-кэмигэр, оҕолорун бу Алдан базатыгар аҕалан эрчийэр. Анал хостордоохтор. Билигин спортоскуола иитиллээччилэрэ сааскы каникулларыгар Россия күрэхтэһиилэригэр уонна дьиэлэригэр тарҕаспыттар. Онон, миэстэ баар. Оҕолор хосторугар түһэн олоробут. Орто ыраах уонна уһун сиргэ сүүрүүлэргэ Россия сүүрэр суолларын кыайыылааҕа, призера, блогер Николай Боякинов өрдөөҥүттэн олохтоммут үгэһинэн, сэрээккэлии таарыйа, оннооҕор түүн 3 чааска туран, тренердэри, судьуйалары кытта лаампаларынан сырдатыллыбыт трассаны үөрэтэн сүүрэр, хайыһардыыр. Спорка ураты бэриниилээҕин көстүүтэ. Хайыһарга бэлэмнэнии дьоһун Киинин, базатын сүүрбэччэ сыллааҕыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев хотунан-соҕуруунан сүүрэн-көтөн, туттаран астарбытын санатар тоҕоостоох. Билигин хайыһар траассаларын былаһын тухары түүннэри-күнүстэри сырдык уотунан сандаарар, киһи эрэ хайыһардыан баҕарар бэртээхэй хайыһар-биатлон киинигэр буолан турар.
Олохторун хайыһар спордугар анаабыт аҕам саастаах ветераннар ортолоругар Римма Павловна Алексеева, Галина Степановна Сырмолотова, Николай Николаевич Костромин, Людмила Викторовна Мезенцева, Клавдия Михайловна Шелковникова, Семен Иванович Эверстов, Иван Константинович Федоров эрчимнээх эдэр саастарын эргитэ саныыллар. Хайыһар Киинин биэс этээстээх сүрүн корпуһугар, сүнньүнэн, судьуйалар, суруналыыстар, блогердар түстүлэр. Судьуйалар, хамаандалар бэрэстэбиитэллэрэ күннэтэ сүбэ мунньахтыыллар, күннээҕи түмүктэри таһаараллар.
Нэһилиэнньэни, общественноһы кытта үлэ көхтөөхтүк барар. Украинаҕа анал байыаннай дьайыы байыастарын уонна кинилэр дьиэ-кэргэттэрин кытта көрсүһүүлэр буолуталаатылар. Хайыһарга кылгас сиргэ сүүрүүгэ, сприҥҥэ, Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөнэ, үрүҥ көмүс призера, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, бу Алдан хайыһарга киинигэр кэлэн эрчиллэн-бэлэмнэнэн барар Никита Крюков уонна Олимпийскай оонньуулар биатлоҥҥа икки төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ, эмиэ Алданнааҕы маҥнайгы хаар туһатын үчүгэйдик билэр Ольга Зайцева ыччаттары, спортсменнары, тренердэри кытта көрсөллөр, маастар-кылаастары ыыталлар. Спорт миниистирэ Леонид Спиридонов арыаллыыр. Үгүс ыйытыыларга хоруйдаатылар. Холобур, “Дьулурҕан” хаһыат редактора Петр Павлов Никита Крюковтан хайдах дьарыктанарын ыйыппытыгар “Коркин стенкатынан” сөбүлээн дьарыктанарын кэпсээбитэ сэҥээриини ылла.
Крюков Никита, чуолаан, санаатын кытта маннык үллэһиннэ: “Я выступал за Якутию. И все три золотые медали по лыжным гонкам, которые я имею, принес Якутии, также серебро с Сочинской Олимпиады. Поэтому эти медали по праву относятся якутской земле. Начиная с 2012 года я тренировался на Алданской базе, на Алданском снегу, и знаю как много трудов было приложено, чтобы улучшить результаты. Чтобы принести ранний снег, который был нужен, просили Байаная, чтобы от тоже попросил, чтобы выпал снег в тот момент, когда это нужно было. Поэтому Якутия имеет большое значение в моей жизни, и я по сей день сюда приезжаю каждый год, в подготовке, которая была сделана. Сейчас я работаю тренером в лыжной гонке с препятствиями, это летний вид спорта и здесь пока наверное не приеду, пока не получится, потому что нам там снег не нужен, нам нужно препятствие, нам нужно бегать и в Якутии пока не проходят такие соревнования, в которых нам нужно участвовать. Но, в процессе может быть, все изменится и мы начнем приезжать сюда тоже. Якутянам хочу пожелать не замерзайте зимой. Если зима теплая мягкая, то обязательно катайтесь на лыжах, и любите этот вид спорта также как я люблю!”
Күрэхтэһиилэр хаамыыларын комментатор Михаил Чугунов сэргэхтик кэпсээн тупсарар, күрэхтэһии таһымын үрдэтэр. Араас спордунан дьарыктанааччылары хамаандаларын туһугар күрэхтэһэллэр. Ыччаттар ортолоругар дуобакка аан дойду, Европа чөмпүйүөҥкэтэ Тунаара Федорова 10 км “классикаҕа” бэркэ түмүктээтэ.
Күүстээхтэр кыайыылары ситистилэр. Классическай ньыманан сүүрүүгэ 10 км Инна Рыбкина (Алдан), Людмила Бронникова (Нерюнгри), Регина Петрова (Нерюнгри; дьахталларга Анастасия Дубова (Алдан), Евгения Сергеева (Дьокуускай), Альбина Абсатарова (Нерюнгри); 15 км Нерюнгри уолаттара Алексей Распутин, Вадим Кривоногов, Александр Процук; эр дьоҥҥо Михаил Соснин (Алдан), Никита Шестаков (Амма), Александр Филиппов (Нерюнгри), туһааннааҕынан, бастакы, иккис, үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.
Михаил Соснин – спортсмен-инструктор Алданской РСШОР: “Дистанцию прошел хорошо. Мы, спортсмены, просто показали на что способны. Погода очень тяжелая, с утра было холодно, сейчас отпускает. Мазь на грани фола. Спасибо тренерам, что лыжи подготовили. Лыжи сегодня летали. Мы просто ехали. Завтра у нас спринт, потом день отдыха, и командные эстафеты, командный спринт- классика, эстафета классическая, смешанная. Я, в основном, дистанционщик. Завтра будет очень тяжело. Ребята будут мстить мне за сегодня. Филиппов, Шестаков зверюги вообще. Спринтера. Завтра будет очень интересно. А, мы с ними поборемся. На этапах Кубка России бегаю, на спартакиадах сильгнейших участвовал, выиграл ДВФО, на Кубке Сибири получилось выиграть коньковый ход, на Сыктывкарской лыжне второй был. Всегда выступаю с надеждой на успех”.
Кулун тутар 26 күнүгэр көрөөччүлэринэн туолбут тырыбыналардаах хайыһар Киинин стадионугар Спартакиада үөрүүлээхтик аһыллыыта дьиҥ спорт бырааһынньыгар кубулуйда. 29 хамаандалар улуустарын, оройуоннарын былаахтарын туппутунан киирдилэр. Улуустар баһылыктара Амматтан Степан Кузьмин, Горнайтан Никита Андреев, Мэҥэ-Хаҥаластан Дмитрий Иванович Тихонов, Чурапчыттан депутаттар мунньахтарын бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников спортсменнарын кытта хаамыстылар. Аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар Олоҥхо театрын “Эрэл”, Ю.А. Платонов аатынан эстрада театрын, Алдан оройуонун Хатыыстыыр бөһүөлэгин “Энэкэн”, Алдан куорат Гэлэн” фольклорнай ансаамбылларын үҥкүүһүттэрэ, “Далбар Хотун” эбэҥки кулуубун эбээлэрэ түһүлгэни киэргэттилэр. Куорат олохтоохторун күүһүнэн “Көмүстээх Алдан” этномузыкальнай композиция оройуон былыргы төрүттэриттэн саҕалаан, көмүһү бастакы арыйааччыларын, эдэр саас, спорт, үлэ албан аатын билиһиннэрэр куорат историятын толорон көрдөрүүлэрэ, спортивнай дьиэ-кэргэттэр, биир санааланыыны, или-эйэни кэрэһэлээтилэр, сүргэни көтөхтүлэр.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Спартакиада тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, Алдан оройуонун баһылыга Александр Шестопалов, Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Шегельняк, физкультура уонна спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, культура уонна духуобунас миниистирэ Афанасий Ноев, Олимпийскай чөмпүйүөннэр Ольга Зайцева, Никита Крюков эҕэрдэлэрэ дуораһыйдылар.
Сергей Местников: “Биһи өрөспүүбүлүкэбитигэр сүрдээх элбэх көрүҥнэргэ таһымнаах спартакиадалар ыытыллаллар, национальнай көрүҥнэргэ, норуоттар спартакиадалара, ыччат спартакиадата, оҕо спартакиадата. Ол гынан баран, биһиэхэ Кыһыҥҥы Спартакиадата ураты көстүүлээх уонна кэрэ түгэн буолар. Бу спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр 5-ис Спартакиадабытын тэрийэн ыытабыт. Манна урут кыттыбатах улуустар кэлэн кыттыыны ыла сылдьаллар. Чуолаан, хоту улуустар уонна сүрдээҕин астыналлар, сөҕөллөр-майтайаллар. Инникитин бу хоту улуустарга спорт кыһыҥҥы көрүҥнэрэ сайдыыны ылалларыгар улахан төһүү күүһүнэн буолуоҕа диэн эрэнэбин. Иккиһинэн, кыһыҥҥы Спартакиада диэн сааскы сибиэһэй салгын, кэрэ айылҕа. Биатлон, хоккей, хайыһар, хайаттан түһүү курдук уо.д.а. атын кыһыҥҥы көрүҥнэр киһи болҕомтотун тардар ураты күүстээхтэр, дьону-сэргэни мунньаллар. Спартакиада үрүөлээхтик аһыллыыта сүрдээх үчүгэйдик ааста, дьон-сэргэ санаата кэлбитэ, үөрбүтэ-көппүтэ көстөр. Бу күннэргэ Алдаҥҥа, Нерюнгригэ сүрдээх үчүгэй түһүлгэлэр тэриллиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит!”.
Спартакиада сүрүн судьуйата Альберт Трофимов хамаандалар күрэхтэһэргэ бэлэмнэрин туһунан иһитиннэрдэ. Олимпийскай чөмпүйүөннэр Никита Крюков, Ольга Зайцева, Бүтүн Россиятааҕы хайыһар күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа спорт маастара Михаил Соснин, биатлоҥҥа Россия призера Регина Петрова Спартакиада Былааҕын тутан киллэрэн флагштокка иилэннэр тэлибирэччи өрө көтөҕөн таһаардылар. Спорт кыһыҥҥы көрүҥнэрин бастыҥ спортсменнара, спорт маастардара Анастасия Дубова, Николай Максимов, Александр Филиппов, Августина Иванова, Надежда Елисеева, Александр процук, Инна Рыбкина Никита Шестаков Спартакиада Уотун стадиону эргиччи уларытыһа сылдьан тутан, күлүбүрэччи уматтылар! “Уруй-Айхал”, “Уруй-Туску”, “Айхал-Мичил” тыллара дуораһыйдылар!
Спартакиада салҕанар
Баһылай Посельскай